Кэтэхтэн хоһоон ааҕыытыгар көрүү күрэх биллэрэбит

Кэтэхтэн хоһоон ааҕыытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү күрэх
Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Дьабыыл нэһилиэгэ» МТ биир дойдулааҕа, поэт, прозаик, 90-с сылларга уопсай орто үөрэхтээһиҥҥэ киирбит «Төрүт култуура» бырагыраама ааптара Илья Гаврильевич Баишев төрөөбүтэ 80 сылын көрсө кэтэхтэн хоһоон ааҕыытыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү күрэх биллэрэр.
Күрэх 2026 сыл сэтинньи 11 күнүттэн ахсынньы 7 күнүгэр дылы нэһилиэктээҕи Константин Дмитриевич Борисов аатынан «Түһүлгэ» култуура түөлбэтэ тэрийиитинэн ыытыллар.
Көрүү күрэх сыала-соруга: поэт, прозаик, «Төрүт култуура» үөрэх бырагырааматын ааптара, Илья Гаврильевич Баишев айымньылаах үлэтин киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, тарҕатыы, кини сырдык аата үйэтитиллиитигэр олук ууруу.
Күрэх түөрт бөлөҕүнэн араарыллан ыытыллар:
- Өрөспүүбүлүкэ уопсай орто үөрэхтээһинин оскуолаларын үөрэнээччилэрэ. Бөлөҕүнэн ааҕыы (саастарыгар хааччах суох);
- Өрөспүүбүлүкэ уопсай орто үөрэхтээһинин оскуолаларын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара;
- Өрөспүүбүлүкэ ыччата (18 сааһыттан 35 саастарыгар дылы);
- Өрөспүүбүлүкэ култуурунай тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ (художественнай салайааччылар, режиссердар, бибилэтиэкэрдэр).
Көрүү күрэх ирдэбилэ: күрэххэ кыттааччы поэт, прозаик Илья Баишев биир айымньытын уус-ураннык ааҕыытынан кыттар. Уһуллубут видеоматырыйаалын mkukmfkk@yandex.ru электроннай почтаҕа кыттааччы толору аатын, төрөөбүт күнүн, сылын, хантан сылдьарын, тэрилтэтин аатын; бөлөҕүнэн кыттааччылар: бөлөх аатын, салайааччы аатын, ханнык оскуолата, улууһун аата сайаапка форматыгар (приложение №1; №2) толорон, усунуос төлөммүт чиэгин холбуу сыһыаран ыытар.

Кыттыы иһин усунуос: хас биирдии кыттааччы 300 солк., бөлөҕүнэн кыттааччылар 600 солк. сберонлайн 9244604558 моб.нь. Матрена Романовна Б ыытар.
Кыайыылаахтары быһаарыы: видеоматырыйааллары тутуу 2026 сыл ахсынньы 7 күнүгэр киэһэ 18ч.00м. түмүктэнэр. Кыайыылаахтары быһаарыы ахсынньы 8 күнүгэр түмүктэнэр. Хас биирдии бөлөҕүнэн араарыллан кылаан кыайыылаах уонна I, II, III миэстэлэр быһаарыллаллар. Кыайыылаахтарга дипломнар электроннай почталарга, анал бириистэр Арассыыйа почтатынан ыытыллыахтара.
Ону таһынан Дьокуускай куоракка ахсынньы 18 уонна Дьабыыл нэһилиэгэр ахсынньы 12 күннэригэр Илья Гаврильевич төрөөбүтэ 80 сылыгар ананан ыытыллар тэрээһиннэргэ ыҥырыы суруктар ыытыллыахтара.
Кыттааччыларга көмөҕө: Илья Гаврильевич Баишев “Ыраах сулус тырыма”, “Дойду тардыыта”, “Үйэ оргуйар үөһүгэр” хоһооннорун хомуурунньуктарын электроннай варианнарын https://elib-mk.ru/index.php/kategorii/14-khudozhestvennaya-literatura/302-yraakh-sulus-tyryma; облако сыһыарыыга: https://max.ru/c/-71118184508071/AaHEqBzuIzM; https://max.ru/c/-71118184508071/AaHEqIclUe8 сыылкаларынан көрүөххүтүн сөп.
Ыйытыктары 89248610161; 89142317667 төл.нь. ыйыталаһыаххытын сөп.
Приложение №1
Кыттааччы САЙААПКАТА
| № | Кыттааччы АААА | Төрөөбүт сыла | Почтовай уонна электр.почта аадырыстара | Үлэ миэстэтин толору аата, дуоһунаһа |
Приложение №2
Кыттааччы САЙААПКАТА
| № | Бөлөх аата | Салайааччы аата (толору) | Почтовай уонна электр.почта аадырыстара | Оскуола толору аата, улууһа, оройуона |