04.07.2022
17:55
чтение: 1 мин
Тускул: Тугу эрэ сыыhа халты туттубуттар…
Тускул для Sakhaday Ханнык ба5арар Улахан тэрээhиннэри тэрийиэх иннинэ сири уоту аhатан кердеhен баран тэрийиллэр. Былыр маннык тэрээhиннэр иннинэ 2-3 о5уhу елерен хаан таhаараллар, онтон сири уоту аhаталлар ойуун ыныран кыырдараллар. Ити холорук диэн олохтоох кырдьа5ас себулээбэккэ кэлэн барда5а, тугу эрэ сыыhа халты туттубуттара буолуо. Холорук, буур5а бу дойдулаах кырдьа5астан кэлэн бараллар бэйэлэрин баардарын биллэрэллэр. […]
Тускул для Sakhaday
Ханнык ба5арар Улахан тэрээhиннэри тэрийиэх иннинэ сири уоту аhатан кердеhен баран тэрийиллэр. Былыр маннык тэрээhиннэр иннинэ 2-3 о5уhу елерен хаан таhаараллар, онтон сири уоту аhаталлар ойуун ыныран кыырдараллар. Ити холорук диэн олохтоох кырдьа5ас себулээбэккэ кэлэн барда5а, тугу эрэ сыыhа халты туттубуттара буолуо. Холорук, буур5а бу дойдулаах кырдьа5астан кэлэн бараллар бэйэлэрин баардарын биллэрэллэр. Улахан олохтоох кырдьа5астар (ойууннар) 200-300 сыл устата бэйэлэрин баалларын биллэрэ дьайа сыталлар. Онон олохтоохтор субэлэhэн баран икки атах билбэтинэн хаан таhаарыахтаахтар алгыс алгаан кердеhуехтээхтэр бу барыта кистээн оноhуллуохтаах.








