чтение: 0 мин

Сайа: САҤА ДЬЫЛЫМ АЛГЫҺА

❄Чолбон сулус уотун кэрдэр Модун санаа тугун билэр Туруу саха кимий дэтэр Улуу үйэ кимэн иһэр… ❄Сандаарыахтын санаа эмиэ Саҥа дьыллыын көрсүһэртэн, Манньыйыахтын харах эмиэ Мааны, уоттаах харыйаттан. ❄Маҥан хаардыы сырдык, сылаас Махталынан сылбыт бүттүн, Эдэр сылгы курдук айаас Эҕэрдэлээх сылбыт үүннүн. ❄Айыылартан тэһииннэнэн Арҕас үөһэ мэлдьи буолуох, Үрүҥ күннээх омук буолан Өрөгөйдөөн, туругуруох! ❄Ырыа […]

❄Чолбон сулус уотун кэрдэр

Модун санаа тугун билэр

Туруу саха кимий дэтэр

Улуу үйэ кимэн иһэр…

❄Сандаарыахтын санаа эмиэ

Саҥа дьыллыын көрсүһэртэн,

Манньыйыахтын харах эмиэ

Мааны, уоттаах харыйаттан.

❄Маҥан хаардыы сырдык, сылаас

Махталынан сылбыт бүттүн,

Эдэр сылгы курдук айаас

Эҕэрдэлээх сылбыт үүннүн.

❄Айыылартан тэһииннэнэн

Арҕас үөһэ мэлдьи буолуох,

Үрүҥ күннээх омук буолан

Өрөгөйдөөн, туругуруох!

❄Ырыа буолан төлө көтөн

Ыра санаа ыраатыахтын,

Эрчим буолан өрө мөҕөн

Эрэл үөскэ эрдиниэхтин.

❄Чороон аайы дьол кымыһа

Тапталынан дьалкыйыахтын,

Сүрэх аайы санаа кыыма

Саҥа дьолго саҕыллыахтын!

САЙА

??БАРЫГЫТЫН САҤА ДЬЫЛЫНАН ЭҔЭРДЭЛИИБИН!

❤БАҔАРАБЫН ЭРЭЛИ, ТАПТАЛЫ, ЭЙЭНИ!

Читайте также:

Ещё по теме

Лента новостей

Популярное