чтение: 1 мин

Бэлэх буолбут талаан

Биллиилээх модельер-дизайнер, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ РФ, үөрэҕириитин туйгуна А.Н.ФИЛИППОВА сырдык кэриэһигэр

Талаан тарбах! Көмүс тарбах!

Күрэннэҕэ олохтон!

Үөһээ уураах, атын уураах

Орто сиртэн ыйыппат!

Саха сирин аатырдыбыт,

Омук сирин сөхтөрбүт

Горнай чулуу кыысчаана!

Көмүс ааттаах Далбара!

Кыптыыйынан кырыйбыта,

Иннэтинэн тикпитэ

Кэпсээн буолан тарҕанара!

Кэрэ көстүү буолара!

Саха омук кута-сүрэ

Кэпсэммитэ таҥаска!

Тымныы дойду сылаас тыына

Илгийбитэ ойууттан!

Кыыһын киинин кырыйбыты

Көрөн турбут  аҕата

«Кыыһым кэлин кыптыыйынан

Дьикти ойуу кырыйыа»

Аҕа алгыы санаабыта

Киирбит илэ олоххо!

Кыптыый кынат буолан кыыһын

Аата ыраах кыырайбыт!

Кыырайбыта, биллибитэ

Саха кыыһын талаана!

Ааспат, сүппэт аата хаалла

Бэлэх буолан норуокка!

Памяти Августины Николаевны Филипповой

ПОЛИНА ПОБЕДА

25.11.2026

Читайте также:

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Ещё по теме

Лента новостей

Популярное