чтение: 1 мин

ЛитАйар– сахалыы тыллаах аудио-кинигэ эйгэтэ

«ЛитАйар» – сахалыы тыллаах электроннай уонна аудио-кинигэ эйгэтэ!

Куйаар ситимэ кэҥээн, билиҥҥи кэмҥэ сахалыы тыллаах, үрдүк хаачыстыбалаах электроннай уонна аудио-контент ирдэнэрэ улаатта. «ЛитАйар» сыһыарыы – бу сахалыы тыыннаах, култуураны байытар, дьон сынньалаҥын уонна үөрэҕин тэҥҥэ дьүөрэлээбит бэртээхэй былаһаакка. Манна электроннай кинигэ эрэ буолбакка аудио-кинигэлэр эмиэ бааллар. Уонна саҥа сахалыы тыллаах контент күннэтэ эбиллэ турар, ол курдук биллэр-көстөр дьоннорбут аудиолара киирдилэр.

  1. Масаха Мэхээс (Михаил Масаха) – Устуоруйаны тилиннэрээччи

Масаха Мэхээс Саха сирин устуоруйатын киэҥ араҥаҕа 2019 сылтан тарҕатар. Кини бастаан бэйэтин тэттик видеоларынан дьонугар төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын кэпсээбитэ. Билигин кини кинигэ ааптара. «ЛитАйарга» Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар» суругун сахалыы тылбааһын ааҕан, аудио-кинигэ таһаарыыта киирдэ. Манна санаатын, көрүүлэрин киирэн истиэххитин сөп.

  • Эбээ Маайа (Майя Слепцова) – дьон кутун туппут ааҕааччы

Майя Слепцова дьоҥҥо-сэргэҕэ Эбээ Маайа диэн аатынан биллэр. Кини – СӨ үтүөлээх уонна Ньурбатааҕы тыйаатыр артыыһа. Эбээ Маайа нарын куолаһынан ааҕыллыбыт аудио-кинигэлэрэ сыһыарыыбытыгар элбэх. Маны сэргэ, билигин ааҕааччы биһирэбилин ылбыт суруйааччы Д.Н. Пономарев-Дьолуолаах «Ньырбакаан» диэн аатырбыт арамаанын уонна «Ньырбакаан удьуора Омолдоон» диэн саҥа сэһэнин аахта. Устуоруйаны билэргэ, култуураны дириҥник өйдүүргэ бу айымньылар улахан суолталаахтар.

Ахсынньы 25 күнүгэр диэри «ЛитАйарга» киириҥ, сахалыы тыл сүмэтин истиҥ уонна сүүйүүлээх бириистэри ылыҥ! Сыллааҕы сурутуу сыаната чэпчээн турар – 1900 солкуобай. Samsung Galaxy уонна да атын сыаналаах бириистэри сүүйүҥ!

Сыһыарыыны хачайдааҥ (lit.ayar.ru) уонна сахалыы тыллаах аан дойдуга киирэн биэриҥ. Манна классик суруйааччыларбыт айымньылара, оҕо литературатын бастыҥ холобурдара уонна аныгы суруйааччылар саҥа кинигэлэрэ барыта бааллар.

Саха тыла – омук тыына. Биһигини кытта бииргэ буолуҥ!

Реклама. АО НИК “АЙАР”, ИНН 1435328670

erid: 2VtzquiqjGA

Читайте также:

Источник: Пресс-служба НИК Айар
Фото: Пресс-служба НИК Айар

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Ещё по теме

Лента новостей

Популярное