чтение: 1 мин

Быыбар санаалара

«Талабын-талбаппын,

Сирэбин-сирбэппин,

Билэбин-билбэппин» —

Биэс аҥы лэбэҥкэ!

«Барабын-барбаппын,

Куоласпын биэрбэппин,

Барытын сотобун!»-

Диэччилэр да бааллар.

«Кими да туруоран

Олохпут тупсубат,

Депутат, баһылык  

Бу туохха наадалар?».

Сипсиһии, мөккүһүү

Сүүс аҥы 

хайдыһыы

Бу быыбар кэмигэр

Тоҥ күөстүү оргуйар!

Бу маннык өйүнэн

Ханна сир өтөбүт?

Бу маннык санаанан

Хантан дьол булабыт?

Тус бэйэҥ эн сиэпкэр

Ким харчы угуоҕай?

Булгуччу эн дьиэҕэр

Ким килиэп киллэриэй?

Быыбардыыр табаарыс,

Эн уоскуй, толкуйдаа —

Аҥардас ылаары

Тойонноох буолбаппыт.

Кэпсэтии ыытаары,

Көрдөһүү этээри,

Өйүктээх буолаары

Тойонноох буолабыт!

«Былыр…» диэн баран

Быар куустан кэбиһэр —

Биир сиргэ тэпсэҥниир

Бириэмэ буолбатах!

Оҕобут, сиэннэрбит

Ураты көстүүлэр —

Ол курдук олохпут

Атын тыын! Атын өй!

Былыр да, быйыл да

Быыбар баар буолара,

Хайа да үйэҕэ

Хайдыһыы буоллаҕа —

Бу олох көстүүтэ!

Бу саҥа көрүүлэр!

Эргэни-саҥаны

Сиидэлиир түгэммит!

Барабын? Барбаппын?

Эс, барар буоллаҕым!

Сарсын туох буоларын

Мин сэргиир буоллаҕым!

«Кэннитэ кээнчэ да…»

Бэл ытыы таптыырбар

Мин диэбэт буоларым —

Бүгүн да ТАПТЫЫБЫН!

Муннукка муммакка,

Күлүккэ саспакка

Саҥалыы санааны

Самнарбат буолуоҕуҥ!

Үтүөнү өтөрү

Көрөрү сатыаҕыҥ!

Инники олоҕу

Иилиэҕиҥ эйэнэн!

БЫЫБАРГА-БЫЫБАРГА

САНААНЫ ТҮМҮӨҔҮҤ!

БЫЫБАРГА-БЫЫБАРГА

КУОЛАСТЫЫ ТИИЙИЭҔИҤ!

Түүл сахалыы тылдьыта

ПОЛИНА ПОБЕДА. 2026

Фото: ЦИК РС (Я)

Читайте также:

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Наши рекомендации