Өймөкөөҥҥө ҮЧҮГЭЙ СВО уолун талбыта…

ҮӨРЭ-КӨТӨ ҮЛЭЛЭЭ
Өймөкөөн улууһун ҮЧҮГЭЙ нэһилиэгэр эдэр баһылык ТИМУР ПЕТРАКОВКА ананар

Быыбар курдук киирсиилээх,
Тута куолас ааҕыылаах
Былдьаһыктаах дуоһунас
Баарын билбэт курдукпун.
Өймөкөөҥҥө ҮЧҮГЭЙ
СВО уолун талбыта,
Сыл аҥаарын кэтэһэн
Кэллэ талбыт уоллара!
Бүтүн дойду туһугар
Буспут-хаппыт буойуну
Дойдутугар, дьонугар
Күүстээх үлэ кэтэһэр!
«Где родился — там пригодился»
Тирээн кэллэ ТИМУРГА!
Олор норуот туһугар —
Биллиҥ олох сыанатын!
Хахха буолар хайалар,
Үтүө дойдуҥ салгына
Күүскэр күүһү биэриэҕэ!
Өйгөр өйү эбиэҕэ!
Норуот эрэ туһугар
Тобул өрүү үтүөнү!
Кыһалҕалаах дьоннору
Сүрэххинэн өйдүүр буол!
Кытаат, ТИМУР, хас күҥҥүн
Дьоһуннаахтык эн көрүс!
Дрон көппөт сиригэр
Үөрэ-көтө үлэлээ!
Алаадьылаах көрсүһэн
Алгыс этэн куустулар!
Элбэх киһи эрэлин
Түһэн эрэ биэримэ!
ПОЛИНА ПОБЕДА/ 10.02.2026 с.
Читайте так же Заочно избранный глава наслега прибыл из СВО в Якутию