Билиҥҥи кэм геройа Тута — Ньурба ньургун уола

Соҕотох саха байыаһа өстөөҕү кытары биир-бииргэ киирсибит хорсун быһыыта бу күннэргэ ситимнэргэ киэҥник тарҕанна. Билиҥҥи кэм геройа Тута — Ньурба ньургун уола.

Ньурбаттан СВО-ҕа элбэх байыаннай сулууспалаах сылдьар, ол иһин хас биирдиилэрин билэ, билсэ сатыыбыт диэххэ сөп. Онон сэтинньигэ Андрей украинскай сиригэр бойобуой сорук толоро киирэн баран атакаҕа түбэһэн сураҕа суох сүппүт диэн иһитиннэрии ыар сурах буолан кыра Ньурбаны тута толорбута. Онтон аҕыйах хонон баран «Андрей тыыннаах үһү» диэн үөрүүлээх сонун хараҥа былыт кэннэ күн тыкпытыныы биир дойдулаахтарын үөрдүбүтэ. 5 оҕо тапталлаах аҕата тыыннааҕын истэн бары үөһэ тыыммыппыт.

Саҥа сылы көрсө Тута кэпсээниттэн волонтер Александр Седалищев суруйбут очерката, Тута тыыннаах хаалар иһин хабыр хапсыһыытын видеота ситимнэринэн тарҕанна, дьиҥ киирсии хайдах буолбутун эт харахпытынан көрдүбүт.
Бүгүн улуус дьаһалтатын дьиэтигэр баһылык бастакы солбуйааччыта Василий Семенов, баһылык солбуйааччыта Наталия Петрова, Ньурбатааҕы военком Николай Афанасьев Тутаны уонна кэргэнин кытта көрүстүбүт, кэккэ боппуруостары дьүүллэстибит. Үгэс быһыытынан үрүҥ көмүс харысхал, байыаһын наборун туттардылар..

Лена Петрова, @gazetanyurba@ulusmedia

Читайте еще:

Илон Маск отреагировал на видео рукопашной нашего земляка, которое завирусилось в мире

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх