Саха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

1. Саха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?

Маны элбэхтик дьоҥҥо быһаара сатаатым. Үрдүкү Таҥарабыт, үгүс улахан дьоммут билинэллэринэн, олоҥхобут да этэринэн, былыргы дьиҥнээх кэпсэллэртэн да кэлбитинэн – Үрдүк Дьүүллээх Үрүҥ Аар Тойон буолар. Бу итэҕэл, ол аата сахалыы итэҕэли билинэр хас биирдии киһиэхэ уларытыллыбат канон буолуохтаах. ХVII үйэҕэ христианствоны киллэрэллэригэр миссионердар сахаларга Айыы Тойон диэн өйдөбүлү киллэрбиттэрэ. Бу нууччалыыта Бог-Творец диэн Христос аата буолар, Айар Таҥара диэн. Сахалар бутуллубуттара, бу Айыы Тойон Таҥара диэн кимий диэн, сорохтор Үрүҥ Аар Тойон иккис аатын курдук өйдөөбүттэрэ. Миссионердар сахаларга бу Христос аата буолар диэн чуолкайдык эппэтэхтэрэ. Онон сахалар христианствоҕа киллэриллэллэригэр Айыы Тойон Таҥара диэни Үрүҥ Аар Тойоҥҥо чугас аат диэн өйдөөбүттэрэ. Ити христианство киириитин чэпчэппитэ. Бу улахан киитэрэй политика этэ.

Аны сорох дьоммут халлааннааҕы Таҥараларын Үрүҥ Айыылар диэн ааттаан эрэллэр. Бу маннык ааттаан, кинилэр айыылар диэн аҥардастыы ааттыыртан куотар курдук саныыллар. Бу дьиҥ ис хоһооно тугуй? Сахаларга улахан үөрдэри эмиэ айыылар диэн ааттыылар. Холобур, Болугур Айыыта, Бахсы Айыыта, Алтан Айыыта, Тойбохой Айыыта. Үрүҥ Айыы диэтэхпитинэ, ол аата бу Таҥаралар диэн өйдүүллэр. Манан өссө улахан алҕаһы оҥорон таһаараллар. Христианнар христианскай итэҕэли үгүс норуоттарга итэҕэл диэн ааттаан тарҕаппыттара. Дьэ, ол иһин нуучча ыраахтааҕыта үрүҥ ыраахтааҕы, оттон сахатытыллыбыт Христос аата Үрүҥ Айыы Тойон буолбута. Христианнар атын итэҕэллэри барыларын хара итэҕэллэринэн ааттаабыттара. Дьэ, ол иһин сыылынай Трощанскай сахалар итэҕэллэрин хара итэҕэл диэн кырааскалаан суруйбута. Онон Үрүҥ Айыы Тойон, Үрүҥ Айыылар диэн этиилэр христианствоҕа өссө улаханнык чугаһааһыннар буолаллар.

Ыһыахтарга олоҥхоттон ыланнар, Үрүҥ Аар Тойон Аан дойдуну айбыта дииллэр, онтон тута Үрдүкү Таҥарабыт Үрүҥ Айыы Тойон диэн ньамалаһан бараллар. Олус сүөргү быһыы уонна көстүү (кощунство). Баар баарынан, кырдьык кырдьыгынан буолуохтаах. Өскөтүн, П.А. Ойуунускай Үрдүкү Таҥарабытын «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо Үрүҥ Аар Тойон диэн чуолкай ааттаабыт буоллаҕына, ону ханнык киһи хантан ылбыт быраабынан улахан ыһыахтарга «Үрдүкү Таҥарабыт Үрүҥ Айыы Тойон» диэн ньамаара туруохтааҕый?

Онон, былыргы түүрдэр итэҕэллэрин, тенгрианствоны кытта биир төрүттээх итэҕэлбитин Аар Айыы итэҕэлэ диэн чуолкай этиэхтээхпит. Оттон Үрдүкү Таҥарабыт Үрүҥ Аар Тойон буоларыгар ханнык да саарбахтааһын суох буолуохтаах. Ону ким даҕаны уларытар бырааба суох уонна христианствоҕа бэрт буола сатаан, «Үрдүкү Таҥарабыт Үрүҥ Айыы Тойон» диэн христианствоны сахатытан, иккис христианскай итэҕэли сахаларга киллэрэ сатааһын кимиэхэ наадалааҕый?

Былыргы итэҕэлбитин – Аар Айыы итэҕэлин уонна Үрдүкү Таҥарабытын Үрүҥ Аар Тойону Үрүҥ Айыы Тойонунан ааттааһын, дьону бутуйуу уонна булкуйуу, улахан ыар аньыылаах дьыала буолар. Ону өйдүүр уолдьаста дии саныыбын.

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх