Миграция туһунан

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Биһиги эрабыт саҕаланыытыгар буолбут дьон төттөрү-таары халҕаһанан көһүүлэрэ, норуоттар чөкө олорууларын ыһыллыыта буолбута. Билигин эмиэ итинник кэм кэлэн эрэр. Сүрүн төрүөтүнэн Хотугу сирдэр, Арктика сирин баайын-дуолун туһаныыга үлүһүйүү буолар. Европа сирдэригэр өссө билиҥҥиттэн Хоту сир баайын киһи-аймах уопсай туһаныахтаах диэн лозунунан быраҕаттанан эрэллэр. Ити улахан кутталлаах этии буолар. Саха сиригэр нефть, газ турбалара, тимир суол тутуллар буолбутунан сибээстээн, олус элбэх киһи үлэлии кэллэ. Билиҥҥи туругунан Кыргызтантан, Таджикистантан, Узбекистантан, Украинаттан бэрт элбэх киһи кэллэ. Биллэн турар, элбэх киһи кэлиитэ, аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуктарга улахан уустук проблемалары үөскэтэр. Миграция уонна глобализация боппуруостарын киэҥник ырыта барбакка: «Биһиги намчы айылҕабыт тулуйар кыахтаах дуо, олохтоох дьоммут бу көстүүгэ төһө бэлэмнэрий?» – диэн толкуйдуохтаахпыт. Кэлэр дьон, биллэн турар, биһигиннээҕэр букатын атын майгылаах, туспа өйдөбүллэрдээх, биһиги норуоппут уратытын, тылын-өһүн, культуратын адьас билбэт, сороҕор билиэн да баҕарбат дьон буолаллар. Кэлии дьон биһиги усулуобуйабытыгар төһө сөп түбэһэн үлэлииллэрэ, ол үлэлэрэ төһө туһалаах буолара, үлэлиир таһымнара төһө үрдүгэ биир биллибэт суол буолар. Үксүгэр хара үлэни соччо сатаабат, техника эрэ күүһүн туһанар дьон буолуохтарын сөп. Миграция олохтоох эйгэҕэ, республика дьонугар-сэргэтигэр биир туспа улахан ноҕурууска буолар. Атын республика дьоно бэйэлэрэ туспа итэҕэллээх, абыычайдардаах дьон. Кэлии дьоҥҥо баһыйар ахсааны мусульманскай итэҕэллээх дьон ылаллар бадахтаах. Ити эмиэ биир туспа хартыынаны үөскэтиэн сөп.

1912 сыллаахха саха бөлүһүөк поэта А.Е. Кулаковскай «Ойуун түүлэ» диэн улахан айымньыны суруйан турардаах. Ону саха киһитэ барыта билэр. Дьэ, глобализация уонна миграция кэмнэрэ кэллилэр. А. Кулаковскай эппитин курдук, «итиннэ норуоппут бэлэм дуо?» диэн улахан боппуруос көтөҕүллүөхтээх. Кини араас дьон мустуохтара, бастыҥ сирдэрбитигэр адаҕыйан олохсуйуохтара, биһиги кинилэри кытары тэҥҥэ кэпсэтэр, аахсар, «муос-муоска, тиис-тиискэ» буоларбыт наада диэн эппитэ. Дьэ, итинник таһымҥа кэллибит дуо диэн боппуруос үөскүүр. Билиҥҥитэ саарбах эрэ диир кыахтаахпыт. Бэйэбит бигэргитиллибит, киирбит итэҕэлбит суох. Кинилэр буоллаҕына, араас былыргыттан баар итэҕэл дьоно. Холобур, мусульманскай итэҕэлгэ Кавказ, Орто Азия дьоно бары киирэллэр. Онон кинилэр бары биир буола түһэр кыахтаахтар. Бу инникитин элбэх биир туспа мэһэйдэри үөскэтэр боппуруос буолуон сөп.

Балары этэн туран, саха норуота уонна салалтата маннык боппуруостары көрүннүннэр диэн ытык кырдьаҕас киһи буоларым быһыытынан этэбин:

Кэлэр миграннар үгүстэрэ наркотик тэнийбит дойдуларыттан кэлэллэр. Онон биһиги норуоппутугар аны наркотик тарҕанар куттала үөскүүр. Урут арыгыга убаныы барбыта. Онтон эмтэнэн-томтонон, норуоппут саҥа оронон тахсан эрдэҕинэ, аны бу атын дьаллык куттала үөскүүр. Наркотик арыгытааҕар кутталлаах уонна дьон онно түргэнник ыллараллар. Аҕыйах ахсааннаах омуктар манна киирэн биэрдэхтэринэ, бүтэр кутталланаллар. Онон бу боппуруоска улахан правительственнай программалар оҥоһуллан ылыллаллара, туспа анал сокуон тахсара наадалааҕын кэм-кэрдии ирдээтэ.

Кэлии дьон доруобуйаларын туругун кытаанахтык көрүү-истии, хонтуруоллааһын хайаан да наадалаах буолла. Араас сыстыганнаах уонна венерическай ыарыылар, сэллик, тирии ыарыылара түргэнник тарҕанар кутталлара улаатар. Онон республика доруобуйатын харыстабылын салалтата манна олус улахан, үрдүк таһымнаах үлэни ыытара наадалаах буолла.

Миграннары барыларын туох эрэ улахан үтүөнү оҥоро кэлбит дьон халҕаһатын курдук көрөр табыллыбат. Онон кинилэргэ сыһыан кинилэр бэйэлэрэ хайдахтарыттан, туох туһаны оҥороллоруттан, олохтоох дьоҥҥо уонна айылҕаҕа хайдах сыһыаннаһалларыттан, быһыылара-майгылара хайдаҕыттан көрөн буолуохтаах. Мин дьону, атын норуоттары абааһы көрөн, маны эппэппин, бэрээдэк уонна сөптөөх сыһыаннаһыы баар буолуохтаах диэн санааттан маннык этэбин. А.Е. Кулаковскай, дьэ, бу маннык сыһыаны эппит: «Тиис-тиискэ, муос-муоска буолуҥ!», – диэн. Сэриилэһиҥ диэбэтэх. Кэлии дьон үксээһинэ элбиирин билэн эппит, ол гынан баран кинилэри үчүгэйдик бэрэбиэркэлээн көрүҥ, тэҥҥэ кэпсэтэр, бэйэҕит быраапкытын көмүскэнэр буолуҥ, диэбит. Биһиги, сахалар, олус ыалдьытымсах омукпут. Ол өйдөнөр. Киэҥ-куоҥ дойдуга олорор былыргы саха хас көрсүбүт киһитин атас-доҕор курдук көрсөрө, төһө кыахтааҕынан күндүлүүрэ, көмөлөһөрө. Ити майгыбыт билиҥҥи бу дьалхааннаах кэмҥэ бэйэбитин утары буолуон сөп. Ону өссө өйдүү иликпит. Хас кэлбит киһини туох эрэ улуу ыалдьыт курдук көрсөбүт, маанылыыбыт, бэлэх-туһах биэрэбит уонна туох баар сэкириэппитин кэпсээн биэрэбит. Холобур, сирбит төһө уонна туох баайдааҕын, туох бултаахпытын. Өссө ааһа баран, сааны үйэтигэр туппатах, булт диэни билбэтэх киһини бултата, балыктата илдьэ барабыт. Аны туран, кыргыттарбыт кэлии дьоҥҥо, омуктарга олус «эйэҕэстэр», кэпсэтэн-билсэн иһэллэр. Ону ким да боппот, сэмэлээбэт, үөрэппэт. Түмүгэр, кэлии дьон олохтоох дьон олоҕун эйгэтин, быһыыларын-майгыларын бэрт түргэнник өйдүүллэр уонна билэллэр. Биһиэхэ туох да кытаанах ирдэбил, бобуу-хаайы, суоҕун, кэлии дьоҥҥо сөптөөх ирдэбиллэр суохтарын тута өйдүүллэр. Түмүгэр, олохтоох дьону олус сэнииллэр. Орто Азия, Кавказ дьонугар бардаххына, эн кинилэр кыргыттарын, дьахталларын кытта кэпсэтэр быраабыҥ суох, дьиэлэригэр киллэрбэттэр, ис сэкириэттэрин тугу да кэпсээбэттэр, сүрдээх кытаанахтар. Дьэ, ол иһин итинник олус «ыалдьытымсах» уонна аһаҕас дьону сэнииллэр. Дьэ, онон, бу боппуруоспутугар сахалар элбэхтик толкуйданарбыт уонна сөптөөх таһымҥа кэлэрбит наадатын эмиэ бириэмэ ирдээтэ. Кэлии дьон истэригэр араас сыаллаах-соруктаах кэлбит дьон эмиэ баар буолуохтарын сөп, харчы эрэ өлөрө буолбатах. Баараҕай тутууларынан үлүһүйүү айылҕаҕа уонна дьоҥҥо охсуута сүдү буоларын өйдүүр хайаан да наадалаах. Баараҕай тутуулар баар буолууларын, баҕар, бириэмэ ирдээбитэ буолуо. Ол гынан баран кинилэри үчүгэйдик үөрэтэн, сыыйа ыытар наада буолуо этэ.

«Бу – биһиги сирбит-уоппут, өбүгэлэрбит ытык сирдэрэ, биһиги манна үөскээбиппит, бу – биһиги Ийэ дойдубут, бу – мин норуотум, мин айылҕам, мин баайым-дуолум», – диэн өйдөбүл биһиэхэ олус мөлтөх. Ити биһиги норуоппут биир мөлтөх өрүтэ. Үгүс үйэлэргэ ыраахтааҕы батталыгар олоруубут, самныыбыт итинниккэ тиэрдибитэ буолуо эрээри, кэнники кэмнэргэ патриотическай өйдөбүллэрбит түргэнник күүһүрүөхтэрин сөп этэ. Ол кыаллыбата. Глобализация саҕаламмытынан, миграция үксээбитинэн бу боппуруос оҕолорго кыра саастарыттан үөрэтиллиэхтээх уонна өйдөтүллүөхтээх этэ. Ити үлэ сөптөөх таһымҥа барбата. Онон, бу боппуруоска эмиэ улахан таһымнаах правительство уонна Үөрэх министерствота кыттыылаах улахан программа оҥоһуллуон наада.

Сахалар ытык сирдэригэр, заповедниктарга кэлии дьону халҕаһалаан киллэрии, көрдөрүү эмиэ сөбө суох көстүү. Холобур, ытык өбүгэлэрбит олорбут сирдэрэ уонна ытык уҥуохтара хараллыбыт сирдэрэ, ытык хайалар, кистэлэҥнээх сирдэр-уоттар эмиэ туспа анал юридическай көмүскэллээх буолаллара наадалаах. Бу боппуруоска эмиэ анал туспа сокуоннар наадалар.

Сиртэн хостонор баайбытыттан барыһы сөптөөхтүк аахсан, туруорсан ылыы уонна ыытыллар үлэлэргэ ыччаттарбыт омуктарга баһыйтарбакка кыттыылара, үлэҕэ, олоххо, дьыалаҕа бэйэ норуотун кытта биир санаалаах, биир тыыннаах буолуу ирдэнэр. Кыаҕырбыт акциялаах дьоммут бэйэлэрин норуоттарыгар туһалааҕы оҥоруулара ирдэнэр. Сотору араас омуктар общиналара тус-туспа түмсүөхтэрэ, сир ылыахтара, тутуулары ыытыахтара, ол кэмнэргэ сахалар самнархай дьиэлэргэ олорон хаалыылара улахан батталлаах буолуоҕа. Онон үптээх-астаах тэрилтэлэрбит уонна дьоммут норуот уопсай олоҕор кыһаналлара эмиэ улахан наада буолуоҕа. Ыччаттары түргэнник техническэй үөрэхтээн, бу тутууларга үлэлиир усулуобуйаларын тэрийэргэ уонна салайар үлэлэргэ дьоҕурдаах оҕолору таһаарарга. Бу эмиэ Кулаковскай кэриэһин толоруу буолар. Ол аата бу эмиэ «муос-муоска, тиис-тиискэ» буолуу көстүүтэ диир сөп. Бу тыын боппуруоска эмиэ туспа үрдүкү салалтабыт кыттыыта уонна сөптөөх сокуоннар, балаһыанньалар наадалар.

Кэлбит атын омуктар биһиги ис иирсээннэрбитин тута билэллэр, көрөллөр, ону тута барытын кэпсии охсор кэпсэҕэй дьон бааллар. Ол иһин сахалары бэйэбитин бэрт сотору иирсиһиннэртээн-мөккүһүннэртээн, ону көр-нар оҥостон бараллар. Ити норуоту ыһар дьайыы буолар. Онно бэйэбит киирэн биэрэбит. Норуот иһигэр баар иирсээннэр-мөккүөрдэр тустарынан туора омуктарга кэпсэниллиэ суохтаах. Атын омуктар ис мөккүөрдэрин туспа омуктарга төрүт биллэрбэттэр. Ити саамай сөптөөх. Сорох итэҕэлбит дьоно атын дьон, туспа итэҕэллээх буолан баран, сөптөөх өйдөбүллэрин уонна үлэлэрин намтатан, бэйэлэрин итэҕэллэрин христианствоҕа чугаһатан, Таҥара дьиэлэригэр тиийэн кэпсэтэн, сүүрэкэлииллэрэ эмиэ биллэр суол. Ити барыта норуоппут биир сүрүн туһаайыыга, өйдөбүлгэ киллэриллибэтэҕин уонна уопсай биир сахалыы салалтаҕа иитиллибэтэҕин бэлиэтэ буолар. Үрдүкү былаас дьаһалын, кини тугу этэрин кэтии сылдьыы, бэйэ анал сахалыы өйдөбүллэрэ сүтүүлэрэ биһиги норуоппутун итинник иэд аҕаллаҕа дии. Былыр сахалар нуучча администрациятыгар бэйэ-бэйэлэрин үҥсүспүттэрэ, түсүһэн биэрбиттэрэ үгүс. Ити норуот иэдээнэ буолар, дьол буолбатах. Онон сахалар сахалыы куппутун-сүрбүтүн, өйбүтүн-санаабытын, үрдүкү итэҕэлбитин, үтүө үгэстэрбитин өрө тутан, сөптөөх өйдөнө-санаалана охсуоҕуҥ! Үрүҥ Аар Тойон үтүө хараҕынан көрдүн, көмөлөстүн!

Домм! Домм! Домм!

Cаха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх матырыйааллар архыыпка бааллар дуо?

Ойууттар тустарынан суруйуулар

Арҕааттан анысхан тыал үрэриттэн хайдах көмүскэнэбит?

Кутталлаах ыарыылар тустарынан

Сахалар ахсааммыт уонна араас муодалар тустарынан

Алгыстар. Самаан сайыммыт. Көмүс күһүммүт

В.А. Кондаков, «Аар Айыы итэҕэлэ». 5-с чаас. 204-238 с.

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх