Ил Дархан ийэтин кытта кэпсэтэн баран…
Буолан ааспыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи Төрөппүт сугулааныгар Ил Дархан ийэтэ, өр сылларга Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх салалтатыгар үлэлээбит, иитии-үөрэтии эйгэтигэр дириҥ билиилээх Тамара Сергеевна Николаева “Кэпсэтии түһүлгэтигэр”кэлэн дьону кытта сэһэргэстэ. Кини эппит санааларыттан мин манныктары cөбүлүү иһиттим.
• Биир сүрүн этиитэ: “Төрөппүт оҕотун сахалыы саҥардара — кини дойдутун иннигэр Ытык Иэһэ”.
• “Саха сиригэр сахалыы саҥарбат оҕо сайдыбат, ситиһиилэммэт”.
• “Хайа баҕар тыа сиригэр сайдыылаах, үрдүк таһымнаах билиилээх-көрүүлээх киһи иитиллэн тахсыан сөп”.
• “Чахчы даҕаны, билигин бас-көс дьоммут, биллэр-көстөр, омук сайдыытыгар өҥөлөөх дьон үксүлэрэ улуустан, тыаттан сылдьаллар. Сайдыы мэктиэтэ — куоракка үөрэнии буолбатах.”
• “Кинигэни ааҕыы оҕо сайдарыгар улахан суолталаах.” Тамара Сергеевна дьиэтигэр 7000 кэриҥэ кинигэ баар эбит.
Ити курдук оҕо төрөппүттэрин санаатын ылынан, тулалыыр дьонун толкуйун иҥэринэн үүнэн тахсара Тамара Сергеевна этиилэриттэн ала-чуо көстөн кэллэ.
2011 сыллаахха, тыл туһугар туруулаһар үлэм саҥа саҕаланар кэмигэр, Дьокуускайдааҕы Үөрэх салалтатыгар ыҥыран ылан: «Тоҕо саха кылааһыгар оҕоҕун киллэрэ сатыыгын, оҕоҥ инникитин быһаҕын, киин үрдүк үөрэх кыһаларыгар сатаан киириэ суоҕа» диэн турардаахтар. Итинник сыһыан баарын билбит киһиэхэ Айсен Сергеевич 2012 сыллаахха, Дьокуускай мээрэ буолаат, үлдьү тыл туһугар үлэтин саҕалаабыта улахан суолталаах этэ. Сахалыы иитэр-үөрэтэр кылаастары, бөлөхтөрү элбэтэр былааны оҥотторбута. Ону толороору, бастакы сылларга хаста даҕаны уопсастыбанньыктары, үөрэх салалтатын, дириэктэрдэри, сэбиэдиссэйдэри ыҥыран мунньахтыыра. Былаан төһө туоларын, туох кыһалҕа баарын ырытыһарбыт. Ол курдук, араас үлэ оҥоһуллан хамсааһын бөҕөтө барбыта. Кини мээр эрдэҕинэ, төһө да мэһэйдэр, араас таһымнаах утарсыылар баалларын үрдүнэн, төрөппүттэр туруорсууларын өйөөн «Айыы кыһата» оскуола арыллыбыта, толору сахалыы буолара мэктиэлэммитэ. Онтон Айсен Сергеевич Ил Дархан буолбутун кэннэ бырабыыталыстыбаҕа Тылы сайыннарар салалта арыллыбыта, тыл сайдыытыгар анал бырагыраама оҥоһуллубута, онно үп көрүллүбүтэ элбэҕи этэр. Былырыын 56 мөл., быйыл — 100 мөл. Ойуулуктар бөҕө оҥоһуллаллар, тылбаастаналлар. Быйыл эмиэ тылга элбэх быһаарыы, ураах ылылынна. Тыл күнүгэр кини эппит тылын сүрдээҕин биһирии, олуһун үөрэ иһиттибит.
Айсен Сергеевич омук сайдыытыгар тылы суолталыыр өйдөбүлэ олоҥхоһут эһэтин батыһа сылдьан иҥэриннэҕэ, ийэтин иитиитин, үөрэтиитин-такайыытын ылыннаҕа.
Тамара Сергеевна сиэннэрин сайдыытыгар эмиэ үлэлэһэр эбит. Куоракка үөрэнэн испит сиэнин бэйэтигэр Үөһээ Бүлүүгэ көһөрөн үөрэттэрбитэ элбэҕи биэрбитин бэлиэтиир. Кини, оҕо, сахалыы эрэ буолбакка, хайаан да үс тылынан толору саҥарарыгар болҕомто уурар.
Оннук ээ, сахалыы саҥарбакка, нууччалыы-сахалыы булкуйан кэпсэтэр, эбэтэр олох нууччалыы эрэ тыллаах оҕо биир эрэ тылланар. Оччоҕо толкуйдуур да дьоҕура ситэри арыллыбат, саҥарар да таһыма мөлтүүр. Оҕо сахалыы саҥардаҕына толору, атын тылы булкуйбакка сахалыы эрэ саҥарыахтаах, нууччалыы саҥардаҕына эмиэ оннук. Оттон атын үһүс омук тылынан саҥарар буоллаҕына, мэйиитин үлэтэ өссө күүһүрэр.
Онон, бу холобурунан оҕо сайдыыта төрөппүттэн тутулуктааҕын өйдүөххэ: ийэ, аҕа оҕо сайдар эйгэтин олохтууруттан, эбэтин-эһэтин иитиититтэн.
Вилюяна Никитина, «Ийэ тыл кэскилэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта
+7 (999) 174-67-82