Хойутаан баран, хобону охсуу
Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар
Нефпит, газпыт турбалара тардыллан ырааппыттарын кэннэ айылҕабытын харыстыаҕыҥ диэн айдааран эрэбит. Нефть турбата тардыллара биллибитэ уонна былааннаммыта ыраатта. Ким да тугу да саҥарбатаҕа. Мин тута норуот айдаарара, быһаарсыы барара буолуо дии санаабытым да, барыта им-ньим курдук этэ. Радионан да эппитим, кинигэлэрбэр да киллэрбитим. Ону иилэ хабан ылан, сөптөөх кэмигэр туруорсар дьон көстүбэтэхтэрэ. Олохтоох дэнэр омуктар съезтэрэ буолбута, онно даҕаны сөптөөх тыл этиллибэтэҕэ, барыта уруй-айхал этэ. Дьэ, кэлэн, «Эмэкэлди» көс община ассоциациятын президенэ Мария Винокурова «Уйан айылҕабытын харыстыаҕыҥ» диэн ыстатыйата «Ил Түмэн» хаһыакка (атырдьах ыйын 17 күнэ 2007 с.) бэчээттэннэ. Буряттар улахан түмсүүлээх омуктар буоланнар, нефть турбата кинилэр сирдэринэн тардылларын тута күүстээхтик утарбыттара, нэһилиэнньэни барытын өрө көтөхпүттэрэ, элбэх мунньахтары ыыппыттара, Путиҥҥҥа тиийэ үҥсүбүттэрэ. Бурятия Үрдүкү Суута маны өйөөбүтэ уонна Россия бары гражданнара тулалыыр айылҕаларын көмүскээһиҥҥэ конституционнай бырааптарын туруорсалларын сөптөөҕүнэн аахпыта, бу Сокуону ким даҕаны хаһан да кэһиэ суохтааҕын ыйбыта. Биһиэхэ да маннык үлэ барыахтаах этэ. Ол суох. Дьокуускай куоракка 100 общественнай тэрилтэ бэрэстэбиитэллэриттэн 2 эрэ киһиэхэ илии баттатан баран, трубопроводу тутуу общественность дьүүлүн 100% ааста диэн эппиттэрин Мария Винокурова саамай сөптөөхтүк ыйар. Бу албыннааһын! Бу иэдээннээх трубопровод Элиэнэни 5 сиринэн, Алданы, Амманы, 100 үрэҕи быһан туоруур. Иэдээннээх бырайыак буолбат дуо!
Сахабыт сиригэр 26 тыһыынча олохтоох омуктар хаһаайынынан уонна төрүт олохтоохторунан ааҕыллаллар. Биһиги 400 000-тан тахса саха төрөөбүт дойдута суох буолан тахсабыт. Ити барыта «биһиги түүрдэрбит да түүрдэрбит, көһөн кэлбит омуктарбыт» диэн куолулааһын түмүгэ. Хантан эрэ соҕуруу сиртэн түүрдэр тоҕо көһөн кэлэн, манна олохсуйбуттарын туһунан «научнайдык» быһаарыылар итиннэ эмиэ тирэх буоллулар. Түмүгэр, Сахабыт сирэ биһиги төрөөбүт дойдубут буолбатах буолан таҕыста. Түүрдэр историяларын үчүгэйдик чинчийэр улахан суруйааччы Аджи Мурад «Ленаттан Рейҥҥэ дылы, өссө биһиги эрэбыт иннигэр, түүрдэр олорбуттара» диирин сорох дьоммут утараллар. Дьиҥэр, ити саамай сөптөөх этии. Элиэнэҕэ сахалар былыргыттан олороллор. Бу төрүкү төрөөбүт дойдубут буолар. Хайдах, санаан да көрдөххө, олохтоох омуктар бу киэҥ Саха сиригэр көһөн кэлбит аҕыйах түүр дьонун тылларын ылыныахтарай?! Бу тыл Элиэнэҕэ, Саха сиригэр былыр-былыргыттан баара. Эбэҥкилэр, монгольскай биистэр Саха сиригэр сахалар кэннилэриттэн кэлбиттэрэ. Кинилэр көс омуктар этилэр. Билигин Россия сорох хаһыаттарыгар, сахалар соҕурууттан кэлэн, олохтоох кыра омуктары кыргыбыттара, билигин кыра омуктары уонна нууччалары баттаан олороллор диэн ис хоһоонноох суруйаллар. Дьиҥэр, сахалар олохтоох омуктары юкагирдары, эбээннэри, эбэҥкилэри кытары хаһан да маассабайдык кыргыспатахтара да, кинилэри кыргыбатахтара даҕаны. Ити сымыйа. Норуоту норуокка утары туруора сатааһын көстүүтэ буолар. Былыргы хотугу норуоттар кыргыллыбакка, билигин саха буола сылдьаллар. Сахаларга да, олохтоох омуктарга да хардарыта кэргэн ылсыһыыга былыр-былыргыттан ханнык да бобуу суох. Ол курдук үгүс хотугу омуктар ХVII, ХVIII, ХIX үйэлэргэ саха нэһилиэктэригэр маассабайдык көһөн киириилэрин туһунан докумуоннар үгүстэр. Онон билиҥҥи сахалар тымырдарыгар түүрдэр уонна былыргы хотугу омуктар хааннара тыгар.
Дьэ, ити курдук, сахалар олус түүрүмсүйэн, төрөөбүт дойдута суох, атын омук сирин былдьаан ылар, кыргар-баттыыр омук аатырдыбыт. Сирбитин-уоппутун промышленность садаҕалаан ырааппытын кэннэ, хойутаан хобо охсон, Ийэ Айылҕабытын кыһыл тылбытынан көмүскээбитэ буолан эрэбит. Билигин туруорустаххына даҕаны: «Оо, дьэ, барытын үчүгэйдик оҥоруохпут, туох аварията буолуоҕай, айылҕаҕыт туга даҕаны алдьаныа суоҕа, онно долгуйумаҥ», – диэн акаары оҕону албынныыр курдук уоскутан баран, оҥорбуттарын оҥоро туруохтара. Билигин өссө Аан дойду капиталистара Муустаах муора түгэҕин сүргэйэр былааннаахтар. Ити тугунан диэлийэн тахсыа биллибэт!
Арай Аар Айыыларбытыгар үҥэн-сүгүрүйэн көрдөһөрбүт эрэ хаалла быһыылаах.
Cаха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?
Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар
Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх матырыйааллар архыыпка бааллар дуо?
Ойууттар тустарынан суруйуулар
Арҕааттан анысхан тыал үрэриттэн хайдах көмүскэнэбит?
Кутталлаах ыарыылар тустарынан
Сахалар ахсааммыт уонна араас муодалар тустарынан
Алгыстар. Самаан сайыммыт. Көмүс күһүммүт
В.А. Кондаков, «Аар Айыы итэҕэлэ». 5-с чаас. 204-238 с.
+7 (999) 174-67-82