Биир сарсыарда эрим малын хомунан дьиэтиттэн тахсан барбыта…
Биир сарсыарда эрим малын бүтүннүү хомунан дьиэтиттэн тахсан барбыта… Эргиллибэттии, букатыннаахтык… Мин эрдэттэн оннугу тулуйуом дии саныы сылдьыбыт бэйэм, ким эрэ өлбүтүн курдук турукка киирбиппин өйдүүбүн. Сүүрбэ биэс сыл бииргэ олорбут холоонноох доҕорум аны кэлбэппин диэн ыарыылаах тыллары этэн, хаалларан барбыта тустаахха ыараханнык киирбитэ. Бу кэмҥэ мин кинини, кини аймахтарын, тулалыыр дьону барытын буруйдаабытым. Миигиннээҕэр атаҕастаммыт, хоргуппут, хомойбут киһи бу орто дойдуга суоҕа…

Мин бу суруйуубун сүбэ курдук ылыныаххытын баҕарабын. Ыал олоҕо бииртэн биир кэрдиис кэмнэри туоруур. Долгуна суох уу нуурал олох суох. Олортон биир уустук кэм – оҕолор улаатан, дьиэттэн тахсан барыылара эбит. Бу кэрдиис кэмҥэ мин кэргэммин “умнубуппун”. Бэйэбин буруйданарым – дьиэбэр түптээн олорботохпун. Эдэр сылдьан куруутун тэрийэр, уопсастыбаннай үлэҕэ сылдьыбыт киһибин. Эрбинээн өр кэмҥэ тэрилтэҕэ бииргэ үлэлээбиппит. Кини салайааччы, мин тэрийээччи буоларым. Ол кэмҥэ киниэхэ, миэхэ даҕаны табыгастаах курдуга. Ити кэнниттэн уларыйыахтаах, дьиэбэр-уоппар тохтуу түһүөхтээх, түптээх олоҕу олоруохтаах эбиппин. Мин ол оннугар куолубунан барыларыгар көмөлөһө, тугу эрэ тэрийсэ сылдьыбыппын. Доҕотторум, аймахтарым тэрээһин буолаары гынна эрэ миигин ыҥырар идэлээхтэрэ. Ол аайы үөрэ-көтө, ис сүрэхпиттэн көмөлөһөн иһээччибин. Кини миигин хаһан даҕаны “барыма”, “сылдьыма” диэн хааччахтааччыта суох. Ардыгар, биир эмэ өрөбүлгэр олоро түспэккин дуо, диэн ылааччы. Онуоха мин, “оо, господи, кэлиэм буо сотору, аскын сылыттан аһаар”, — диэн баран ойо турааччыбын. Эбиитин барарбар-кэлэрбэр харчы көрдөөн ылааччыбын. Бу миигин кытта бииргэ буолуон баҕарар кэмигэр мин кинини куоттарбыппын…
Билигин олус интэриэһинэй олох кэллэ. Дьахтар эр киһини кытта тэҥнэһэн хаалла. Дьиэлэригэр ас да астаабат буоллулар. Мин икки эдэр кийииттэрдээхпин, харчыланнылар эрэ үлэһэн ону-маны бэлэми аһыыллар. Иккиэн куоракка улааппыт кыргыттар. Баҕар, тыа оҕолоро атын буолуохтара, мин билбэппин буоллаҕа. Ас астыырга бириэмэ бараабаттар, оннук аһыыллара табыгастаах үһү. Үгүс ыалга дьахтар хамнаһа эринээҕэр үрдүк, эбэтэр эр киһи түптээх үлэтэ суох буолуон сөп. Иитээччи-аһатааччы оруолун дьахтар ылынна. Бу маннык көстүү элбэх ыал олоҕун айгыратта. Бары эбээһинэстэрбитин умнан эрэбит. Дьахтар ананан кэлбит соруктардаах, холобура, дьиэ ис бараанын көрүү-истии, тупсарыы… Ийэ киһи дьиэҕэ олорбот буоллаҕына, дьиэ туруга айгырыыра биллэр.
Кыра уолбун эмиэ куоттаран турабын. Төлөппүөнээн: “Дьиэҕэр тиийдиҥ дуо? Аһаатыҥ дуо? Уруоккун оҥордуҥ дуо?”, – диэн буолара, онон кэпсэтии бүтэрэ. Ол аата миэхэ үчүгэй курдуга. Ити эмиэ биир кыһалҕа. Манна бэйэбин буруйданабын: оҕом улаатарыгар болҕомто уурбатахпар. Наар бэйэм туох эрэ дьыалабынан дьарыктанарым, кэлэрим-барарым… Этэллэр дии: “Живи в свое удовольствие”, – диэн. Бу этиини мин олус сөбүлүүрүм уонна баҕарарбынан олорорум. Билигин онтум ханна баарый? Ким да аттыбар суох. Доҕоттор тустарыгар атах тостор дии-дии сүүрүү-көтүү, үрүмэччи курдук кыһалҕата суох сылдьыы… Бүтэһик уон сылым оннук ааһан хаалбыт.
Оҕо улааттаҕына, дьахтар эмиэ уларыйар эбит. Оҕолорум улаатан барбыттарын кэннэ дьиэбэр ким да суох. Кэргэним эмиэ хойукка диэри үлэлиирэ. Оччоҕо тоҕо кураанах дьиэҕэ кэлиэхтээхпиний, диэн ыырым кэҥээбитэ. Киэһээтин үксүн спортивнай саалаҕа сылдьарым. Бириэмэ бөҕөлөөх курдугум. Кини эмиэ ойоҕум, оҕолорум суохтар, тоҕо дьиэбэр эрдэ тиийиэхпиний диэн үлэтигэр олорор эбит. Ити кэмҥэ биһиги олохпутугар алдьаныы барбыт диэн сабаҕалыыбын.
“Бэйэҥ тускар олор, эн эрэ дьоллоох буол, оччоҕуна тулалыыр дьонуҥ эмиэ дьоллоох
буолуохтара” диэн аныгы уйулҕаһыттар этиилэригэр төннүөххэ. Бу этии саха киһитин
менталитетыгар сөп түбэспэт. Бэйэ туһугар олоруу саха дьахтарыгар хайа да өттүнэн барсыбат. Бу тымныы-тыйыс дойдуга силис тардан олорор норуот бэйэтин эрэ туһугар кыайан олорбот. Ыал ийэтэ буолан туран бэйэҕин эрэ таптыырын сатамньыта суох. Мин итини саҥа өйдөөтүм. Баҕардар бу этии суолтата арыый атын буолуо эрээри, үгүс дьахтар толкуйдуу барбакка туруорутунан ылынар.
Билигин барыта көр күлүү, көҥүл олох кэллэ. Мин бииртэн сонньуйабын: сахалар көрбүт-нарбыт эр дьону түһэрии буолбут курдук. Эри сэниир, акаары курдук көрдөрөр, хообурҕуур көр-нар. Көрөөччүлэр ону истэ, көрө олорон күлэн тоҕо барабыт. Итинтэн атын күлүүлээх суоҕун курдук. Аны социальнай ситим кэлиэҕиттэн кыргыттар омук киһитигэр эргэ тахсан олус үчүгэйдик олороллорун көрдөрөллөр. Эдэрдэр эмиэ оннук олоруохтарын, ийэлэр кыыстара эмиэ үчүгэй олохтоох буолуон баҕараллар. Олохпут уларыйбытын кыһалҕаҕа киирэн баран биирдэ өйдөөтүм, хараҕым, дьэ, арылынна.
Дьон хайҕабылын ылаары барыларыгар күүс-көмө буола сылдьыбыппын. Ол хайҕабыл кимиэхэ наада этэй? Миэхэ даҕаны, мин дьиэ кэргэммэр наадата суоҕа. Мин бэйэбин эрэ таптыы сырыттым уонна кими да дьоллообуппун көрбөтүм…
Баарбыт тухары сыһыан, таптал туһугар үлэлиэхтээх эбиппит. Кини арахсан барарыгар истиҥ сыһыаны билбэтим диэбитэ. Бу манна ас астаабытыҥ, таҥас өтүүктээбитиҥ, сууйбутуҥ-тараабытыҥ киирсибэт. Кини баҕарар кыһамньыта атыҥҥа, күннээҕи олохтон ураты сыһыаҥҥа сытара. Бииргэ буолууга… Дьиэҕин-уоккун наһаа хааллардыҥ диэн ийэм этиитин санаан ылабын. Сөпкө бэлиэтээбитин билигин кэлэн өйдүүбүн. Онон, сүбэлиэм этэ, олох тэтимин эккирэппэккэ, бэйэҕит тэтимҥитинэн, бэйэҕит олоххутунан олоруҥ. Чэпчэкини, көрү-нары сырсыбакка чугас дьоҥҥутугар болҕомтото ууруҥ. Эр киһини убаастыахха, өрө тутуохха. Холоонноох доҕоргун кытта
сиэннэри бүөбэйдээһин — бу буолар сирдээҕи дьол. Бүппүтүн, ааспытын, барбытын кэннэ толкуйданар, өйдөнөр олус уустук, хомолтолоох. Ол эрэн, баҕар, биир эмэ киһиэхэ сүбэбин ылыннарбыт, толкуйдаппыт буоллахпына, үчүгэй. Саха дьахтарын
муударай сирэйин сүтэримэҥ, аныгы олоҕу сырсымаҥ. Дьоллоох буолуҥ…
+7 (999) 174-67-82
