Балига саха хомуhа дьуруhуйэр

Бали. Индонезия курдук ыраах, күүстээх нэҥирдээх сиргэ саха хомуһун тойугун олус кэрэхсээн иһиттилэр.

«ТURUK» SAHALWW мэдитээссийэ автордара Саина-Кырымана  МАКАРОВА уонна Ариадна ВИНОКУРОВА араас омук дойдуларыттан мустубут  идэлээх (профессиональнай) музыканнар холбоһуктаах кэнсиэрдэригэр дойдуларын туһунан кэпсээн, Саха сирин кэрэ айылҕатын, кыылын-сүөлүн хомуска хоһуйан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин, махталларын ыллылар! Манна даҕатан, кыргыттар «ТУРУК» сахалыы тылынан, төрүт дорҕоон инструменнарынан доҕуһуолламмыт мэдитээссийэлэрин көмөтүнэн  үгүс саха дьоно эниэргийэтин ыраастанан, олоххо сыһыаннарын уларытан, ситиһиигэ үктэнэн, маннык  туһалаах суолу айан, оҥорон таһаарбыт талааннаах ыччаттарбытыгар махталларын күн аайы аныы тураллар.

Ханна да сырытталлар сахаларын тылын, төрүт култуураларын аан дойдуга билиһиннэрэ, тарҕата сылдьар эдэр, кэскиллээх ыччаттарбытыгар Саина-Кырымаанаҕа — @sainches, Ариаднаҕа — @ariadna_samariy айымньылаах, кэскиллээх аартыктарыгар алгыстаах айаны баҕарыаҕыҥ!

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх