«Айар» кинигэлэрэ Тымныы оройугар

«Айар» кыһаҕа үлэлиир-хамсыыр идэлээхтэрэ  дьоҥҥо саҥаны-билиини тарҕатаары,  кинигэни билиһиннэрээри, ааҕыыны көҕүлүүр соруктаах кыһыннары-сайыннары быыстапкаларынан, ыһыахтарынан сылдьыбыт аҕай бэйэлэрэ.

Быйыл Өймөкөөн улууһугар  Олоҥхо 16-с төгүлүн ыытыллар ыһыаҕар уһук хоту сиртэн тардыылаах дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыалдьыттарга анаан кинигэлэрбитин билиһиннэрэн, атыылаан кэллибит. Бу ылбычча баран кэлии буолбатах, улахан түһүлгэҕэ атыыны тэнитэргэ  эрдэттэн бэлэмнэммиппит.   Маассабай таһаарыылар эрэдээксийэтин салайааччыта  Надежда Андросова  уонна Өймөкөөн улууһун  култуураҕа управлениета буолан биир улахан бырайыакка чуо кыттыгастаахтара, ол чахчы табыллыбыта бу күннэргэ билиннэ.  «Айар» эрэдээктэрэ, суруйааччы Евдокия Иринцеева- Огдо оҕолорго анаан «Дьиибэ Лаабы» диэн бэртээхэй остуоруйаны суруйбута 2Д анимациялаах сонун кинигэҕэ кубулуйан  кулун тутар ыйга күн сирин көрбүтэ. Бу аныгылыы тыыннаах остуоруйаҕа өйүмүлээх Өймөкөөҥҥө баар аатырбыт Лабыҥкыр күөл сүдү иччитэ  ахтыллар, ол барахсан хос-хос сиэнэ  Лаабы уонна киһи оҕото Мэндэ уол доҕордоһуулара дьиҥнээх курдук чаҕылхайдык ойууланар.

Бу дьикти дьоруойдаах остуоруйаны нууччалыы тылынан Нина Дьячковская тылбаастаан номнуо Москуба куоракка сааскы Non-fiction кинигэ быыстапкатыгар саамай атыыламмыт кинигэлэртэн биирдэстэрэ буолбута, аны Казахстан Астана куоратыгар буолбут Евразийскай кинигэ быыстапкатыгар биһирэнэн киэҥ сэҥээриини ылбыта.

  Олоҥхо ыһыаҕын тэрийээччилэр Тымныы оройун кэрэһи бэлиэтинэн Лаабыны билиниэхтэрин баҕараллара өйдөнөр. Онон  бу остуоруйа салгыылаах буола турарыгар баҕалара баһаама үөрдэр. Арай  олоҥхо буолан тахсара буоллар дуу диэбит баҕа санааларын  суруйааччы Огдо эмиэ олоххо киллэрэн, тэттик гына оҕолорго анаан “Хотой куттаах, Луо тыыннаах, Орто дойду олоҕун көмүскүүр аналлаах Мэндэ бухатыыр” диэн олоҥхону суруйбута быйылгы саас бэлиэ тэрээһинэ буолла.

   Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар  онуоха тирэҕирэн «Мэндэ бухатыыр” диэн олоҥхо – испэктээкили Валентина Якимец режиссердаан туруорбута бэс ыйын ортотугар көстүбүтэ. Көрөөччүлэр сөҕө-махтайа, үөрэ ылыммыттара, салгыы аны “Туймаада” ыһыаҕар бу испэктээк көстүбүтэ. “Дьиибэ Лаабы” остуоруйаны дьүһүйүү буолбакка, ол салгыытын кэриэтэ олоҥхонон, тойугунан араарыллан атыннык көстүбүтэ олус тупсаҕай туспа дьүһүйүү остуоруйаны санатар.

“Мэндэ бухатыыры” Өймөкөөҥҥө сыһыаннааҕын, ити эҥээргэ анаан хоһуйуллубутун быһыытынан  “дойдутугар” диэххэ дуу,  кэһии кэриэтэ илдьэн аһаҕас халлаан анныгар туруоруу бэйэтэ ураты көстүүлээх буолбута үөртэ эбээт!  Ити күн оҕо түһүлгэтин кэрэхсээн оонньууну көрө кэлбиттэр Лабыҥкыр кырдьаҕаһы илэ көрөн, Хотой куттаах Мэндэ бухатыыры астына көрөн, аптаах Табачаан кыыһы таптаан, олус бэркэ, биир тыынынан бу олоҥхону ылыммыттара артыыстарга, туруорааччыларга улахан дуоһуйууну тиксэрдэ, үөрүүнү бэлэхтээтэ.   Дьэ онон чахчы анаабыт курдук, бу айымньы ситэн-силигилээн Өймөкөөн ыһыаҕын биир бастыҥ киэргэлэ буолла.

Ыһыах ыалдьыттара, кыттыылаахтара кинигэни, итинтэн да сылтаан диэххэ, сытайан туран ыллылар. Оҕо түһүлгэтигэр киирэр аарка аттыгар турбут бу Олоҥхо дьоруойдарын гиипсэттэн оҥоһуллубут үчүгэйкээн скульптуралар дьон-сэргэ болҕомтотун тарта, кинилэри кытта сэргэстэһэ хаартыскаҕа үйэтийиэх баҕалаах быыстаабата.

Бу мантан ураты “Саха оҕотун бастыҥ кинигэтэ”, “Саха ойуута-бичигэ” (Узоры и орнаменты саха),   “Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана”, “Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ” уонна да атын таһаарыылар,  остуол оонньуулара, сувенирдарбыт атыылаһааччы ыалдьыттар болҕомтолорун тартылар.

Өймөкөөн сиригэр икки күн хонон-өрөөн сырыттыбыт. Сирдэрэ-уоттара кэрэтэ, мусуойдара сөхтөрдө, уонна, биллэн туран, ыалдьытымсах дьоно-сэргэтэ сүрэхпитигэр ыраас санаа буолан үйэ саас тухары сөҥнө.   Улахан махталбытын тиэрдэбит Өймөкөөн түмсүүтүн салайааччытыгар Анна Николаевна Атастыроваҕа, «Сделано в Якутии» холбоһуктан эппиэттээх Ирина Александровна Атласоваҕа, күүс-көмө  буолбут Өймөкөөн олохтоохторугар!

Муҥура суох махталбытын тиэрдэбит айаммытыгар өйөбүл-тирэх буолбут Нам уолаттарыгар — Винокуров Андрей Андреевичка, Антонов Николай Васильевичка, Охлопков Родион Петровичка.

Баҕарабыт үтүө санааҕыт сөҕүрүйбэтигэр, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаланыҥ, дьолу-соргуну иэйэбит!

“Айар” сырыыларын социальнай ситимнэрбитигэр кэтээҥ.

ВКонтакте https://vk.com/ayar2022

Телеграм https://t.me/ayarbook

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх