Абааһылыын охсуһуу. Буолбут түгэн

Новая страшная история на конкурс сайта SAKHALIFE от нашей читательницы.

Биһиги ийэбит Саввинова (Захарова) Анна Николаевна сэрии сылларын оҕото. Кини бииргэ төрөөбүт балтылара уонна эдьиийэ сэрии инньинэ ыалдьан өлбүттэрэ, муҥурдарынан. Ийэлээх аҕата Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр хоргуйан өлбүттэрэ. Кини ол кэмҥэ уон да сааһын туола илик кыракый кыысчаан, бииргэ төрөөбүт бэйэтиттэн арыый аҕа убайынаан тулаайах хаалан ордубуттара эрээри, эрэйдээх олохтон убайа эмиэ эдэр сааһыгар, суох буолбута. Ийэбит биһигини түөрт оҕону күн сирин көрдөрбүтэ. Кэргэнэ олус эрдэ күн сириттэн барбыт буолан оҕолоро арыыйда улаатыахтарыгар диэри бэйэтэ күннэри-түүннэри харыстаммакка үлэлээн иитэн таһаартаабыта. Икки кыралара, өссө оскуолаҕа орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сырыттахтарына, бэйэтэ эмиэ баара суоҕа түөрдүөн икки сааһыгар суох буолбута.

 Кини дьүөгэлэригэр эһэтин туһунан кэпсээбит кэпсээниттэн суруйабыт.

 Биһиги ийэбитин Аннаны кыһыл оҕо эрдэҕиттэн эбэлээх, эһэтэ ылан ииппиттэр. Эһэтэ онно-манна барарыгар, сиэнин Аннаны хатыҥ туоһуттан тигиллибит сүгэһэр суумкатыгар уктан баран, илдьэ сылдьара. Сиэнин бэйэтиттэн харыс да сиргэ хаалларбакка, сүгэн баран, туох баар дьыалатын барытын быһаарсан, ситиһэн кэлэрэ. Оннук сылдьан, эһэтэ биир үтүө киэһэ иккитин ааспыт сиэнин илиитигэр көтөҕөн, сайылыктан дэриэбинэҕэ дьиэлэригэр баран иһэн, сирэйэ-хараҕа туран, эмискэ айан суолун ортотугар тохтуур. Онуоха кыысчаан иннин диэки баран иһэр суолларын хоту туох эрэ иннилэригэр сүүнэ улахан хара күлүк барыҥнаан иһэрин көрөн, кырата бэрт буолан, куттаммакка, дьиибэргээн эһэтигэр көтөхтөрөн олорор. Эһэтэ уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, сиэнин төгүрүк ботуоҥка суумкатыгар уган баран, кытаанах куолаһынан дьаһайар: “Хамсаабакка олор, олох көрүмээр!”-диэт, оҕолоох суумкатын суол кытыытыгар чөҥөчөк турарыгар олордон кэбиһэр. Уонна модьу илиитин сиэхтэрин ньыппарынан баран, иннин диэки дьүккүччү көрөн туран, ис-иһиттэн абаккаран: “Бэртэн бэрт ордуоҕа…!”-диэн тииһин быыһынан сыыйан ыган таһаараат, хара бэкир күлүккэ сутуруктарын ыбылыта туттумахтаан, охсуһардыы иннин хоту күүстээхтик тиҥилэхтээн, түһүнэн кэбиһэр. Оо, онно кырыктаах киирсии оргуйан барар. Эһэтэ ол хара күлүк абааһыга охсуһардыы туох баар күүһүнэн түһүөлүүр. Истиэххэ ынырык, инчэҕэй эттээх киһи кыайан тулуйбат ынчыгын-бөтүөҕүн таһааран, эһэтэ барахсан күүскэ охсуһан, батыччахтаан, хамсанан-имсэнэн барар. Кыракый кыыс онтон куттанан, икки ытыстарын сыыһынан сирэйин саптан, хараҕын уута саккырыырын быыһыгар тарбаҕын быыһынан уоран көрө сатыыр. Аттынааҕы үүнэн турар оту-маһы тоҕута барчалаан, Анна олорор чөҥөчөҕүн эргийэ, быыстала суох охсуһан холоруктууллар. Эмискэ-эмискэ оҕо олорор суумкалаах чөҥөчөгөр эһэтэ кэлэн охтон, сиирэ-халты түһүөлээн ылаттыыр уонна дьэбидийэ кытарбыт сирэйэ түрдэстэн, туох баар сымсатын киллэрэн, ойон туран иһэр. Ол курдук өр мадьыктаһан, эһэтэ тыын былдьаһар кырыктаах кыргыһыы кэнниттэн, эмискэ киэһээҥҥи тыа сатарыар диэри: “Кыайдыбыа-ат”,-диэн өрөгөйдөөбүт, илистэн кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан хаһыытаатын кытта, били сүүнэ улахан хара күлүк эмискэ тимис гынан, ханна да барбыта биллибэккэ-көстүбэккэ сүтэн хаалар. Эһэтэ уоскуйан, арыый сэниэ ылан олоро түһэр, кыыһын кууспаҕалаан, сыллаан баран, салгыы дьиэлииллэр.

 Ийэбит Анна: “Ол түбэлтэҕэ, эһэм абааһылыын биир айан суолугар сүүс сүүскэ харсыһа түбэһэн баран, охсуспакка ааһа турбута буоллар, былыргы кырдьаҕастар этэллэринэн өлүөхтээҕэ эбитэ үһү..”-диирэ. Уонна: “Охсуһан кыайбыт буоллаҕына, эбэһээт түргэн соҕустук: “Кыайдыым!”-диэн хаһыытаан тыынын өрүһүнүөхтээх үһү”-диэн кэпсиирэ.

 Ити курдук ийэбит Анна кэпсээниттэн, биһигиттэн атын, бу сиргэ эмиэ биллибэт эйгэ баарын билбиппит, итэҕэйбиппит.

Ийэтин кэпсээниттэн суруйда кыыһа

Домна Слепцова

Условия конкурса по ссылке ниже. Победителей и самых активных участников ждут призы от наших спонсоров и постоянных партнеров:

Магазин «Унция».

«Камелёк»— популярный якутский бренд национальной посуды и сувениров с 18-летней историей.

Подписаться
Уведомить о
guest
1 Комментарий
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх