Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх матырыйааллар архыыпка бааллар дуо?

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Историяҕа биллэрин курдук, 1696 сыллаахха М.И. Арсеньев бойобуода Аар Айыы итэҕэлин анал ыйааҕынан боппута. Киин улуустарга бу итэҕэл кытаанахтык бобуллубута. Ордук хаҥаластарга Айыы ойууттарын кытаанахтык үүрүү-түүрүү ыытыллыбыта. Иннэ гынан Айыы ойууннааһына, Аар Айыы итэҕэлэ киин улуустарга төрдүттэн сүппүтэ. Дьэ, ол иһин 1742 сыллаахха эрэйдээн-муҥнаан, ыйаан өлөрүллүбүт саха 23 чулуу дьонун, ол иһигэр Уһун Ойууну (Одукей Никини) өлөртөөһүн 100 сыла туолуутугар, ити бириэмэтээҕи Хаҥалас чулуу киһитэ Софрон Сыранов, бу буруйа суох өлөрүллүбүт дьону барыларын сырдык, үтүө Айыы эйгэтигэр, ытык тыыҥҥа таһаарарга, улахан сиэри-туому ыытарга, хайы-сахха бу итэҕэл умнуллан эрэр буолан уонна үчүгэй кыахтаах Айыы ойууна көстүбэккэ, кинини ыраах сиртэн ыҥыртаран, бэрт улахан эрэйинэн ыыппыта.

Онон, 1696 сылга диэри сахалар итэҕэллэрин, Айыы ойууннааһынын туһунан ханнык да суруллубут матырыйааллар суохтар. Кэлин ХVIII үйэҕэ аҕыйах айанньыт (Линденау, Миддендорф уо.д.а.) сахалар итэҕэллэрин туһунан кылгас-кылгастык ахтан ааһыылара ханнык даҕаны, бу итэҕэли чуолкай өйдүүр кыаҕы биэрбэттэр. Оттон кэлин сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар хомуллубут матырыйаалларга саха итэҕэлин туһунан тугу да булан кэпсиир информатордар суох этилэр. Эбиитин үгүс суруйуулар киин улуус информатордарын кэпсэллэрин хаппыттара.

Аар Айыы итэҕэлэ Туймаада, Эркээни хочолоруттан уонна Хаҥалас өрүс уҥуордааҕы сирдэриттэн (Дьөппөннөртөн, Самартай сыһыытыттан) эрдэ куоппут Хаҥалас дьонугар эрэ ордон хаалбыта. Бу дьон ханна тиийэн олохсуйбуттарай? Бастакытынан, Орто Бүлүү сирдэригэр. Манна аатырбыт Айыы ойууннара Лүксүрээни уонна Дуоҕа Боотур, аҕыс бырааттыылар түөрт уон сэрии буойуннарыныын тиийэн, олохсуйбуттара. Бу дьон элбэх нэһилиэктэри төрүттээбиттэрэ. Кинилэр сэбиэскэй былаас буолуор диэри Айыы ойууттардаах этилэр. Онон бу сирдэргэ итэҕэл сүппэтэҕэ. Иккиһинэн, Сунтаар Күүкэйигэр, Кутанатыгар уо.д.а. сирдэргэ эмиэ Хаҥалас дьоно олохсуйбуттара. Эмиэ маннык Ньурбаҕа икки Хаҥалас нэһилиэгин төрүттээбиттэрэ. Бу дьон ханнык Айыы ойууннардаахтарын уонна Аар Айыы итэҕэлэ бу дьоҥҥо хайдах быһыылаахтык уонна хаһааҥҥа дылы баар эбитин өссө чуолкай билбэппит. Ол гынан баран бу икки улууска ырыа-тойук, алгыс куруук баалларынан уонна С.А. Зверев курдук улуу тойуксут, олоҥхоһут, оһуокайдьыт киһи үөскээн ааспытынан сыаналаатахха, Аар Айыы итэҕэлэ бу сирдэргэ эмиэ хойукка дылы сылдьыбыт эбит диэн чуолкай сабаҕалыахха сөп.

Үсүһүнэн, Дыгын уола Хардаҕастай Бэргэн элбэх Хаҥалас дьонун илдьэ бэрт эрэйинэн айаннаан тиийэн, Орто-Халымаҕа Эбээх уонна Өлөөкө Күөл нэһилиэктэрин төрүттээбитэ биллэр. Чуолкайдаан эттэххэ, Өлөҥкө Күөл – I Хаҥалас нэһилиэгэ, Эбээх – II Хаҥалас нэһилиэгэ дэнэллэр. Хардаҕастай Бэргэн Халымаҕа Өймөкөөн диэкинэн барбыт бадахтаах. Элбэх хайалары (переваллары) туораабыт, онно биир сиргэ букатын хаайтаран, ыксаабыттарын кэннэ, биир тыһы ыт бу хайалары ханан туорууру ыйан барбыт суолунан сирдэтэн, бу иэдээннээх хайалары туораабыттар. Бу дьон бэрт хойуккуга диэри, сэбиэскэй былаас буолбутун да кэннэ, Аар Айыыларын итэҕэлин илдьэ сылдьыбыттара биллэр. И.А. Суздалов фольклору хомуйааччыларга Айыы ойуунун туһунан суруйтарбыта баар. Төһө да хотугутуйбутун иһин, бу матырыйаал балачча сыаналаах матырыйаал буолар.

Дуоҕа Боотурдаахха төннөн кэлэн, кэпсээтэххэ маннык. Дуоҕа Боотур убайа Айыы ойууна Лүксүрээнини туматтар өлөрбүттэрин кэннэ, бэйэтэ Айыы ойууна буолбута. Сүрдээх аптаах-хомуһуннаах, суостаах-суодаллаах, улахан дьоҕурдаах, киэҥ тэрээһиннээх буолан, кини Бүлүүгэ илдьибит хаҥаластарын үчүгэйдик олохсуппута, киэҥник тэниппитэ уонна Аар Айыы итэҕэлин хайдах Мунньан Дархан уонна Дыгын саҕана баарын курдук илдьэ сылдьыбыта. Бэйэтэ сүөһү тардар сиэригэр-туомугар халлаантан үрүҥ сүөһү иһэгэйин (түүтүн) сир туртайыар диэри түһэрэрэ. Кини бэрт хойукка диэри эһэтин Мунньан Дархан кэпсэллэрин, былыргы Тойон Ууһун – Ытык Хаҥаластар тустарынан сэһэннэри ыччаттарыгар кэпсиирэ уонна балары кэнэҕэһин ыччаттан ыччакка биэрэллэрин курдук кэриэһин этэрэ. Ордук кичэйэн, Аар Айыы итэҕэлин хаһан да сүтэрбэккэ, кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэн иһэргэ эппитэ. Дуоҕа Боотур: «Биибиттэн Кырамайтан тохсус киһи, миигиттэн онус киһи бу итэҕэли уонна ити ытык сэһэннэри дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдиэҕэ. Бу киһи миэхэ майгылыыр киһи буолуоҕа», – диэн кэриэһин этэн хаалларбыта. Дьөккөн сиригэр маны барытын түмэн, сэһэн оҥортообут киһинэн хос эбэм кэпсээнньит Бороскуобуйа-Парасковья Саввична Николаева буолар.

Дуоҕа Боотур олохсуйан олорбут сирин дьонун лүүчүннэр диэн ааттыыллар. Сэһэн быһыытынан лүүчүннэр эмиэ кэлии дьон. Хаҥаластар көһөн кэлэн, бу лүүчүннэри кытта булкуһан, кинилэр ааттарын ылбыттар. Ити кэмҥэ нуучча былааһа олоҕурбут буолан, Дуоҕа Боотур дьонун хаҥаластарынан ааттаналларын боппута. Онон, Орто Бүлүүгэ кэлбит хаҥаластар лүүчүннэр, дьөккөттөр, тоҕустар диэн ааттанар буолбуттара. Бу улахан өйдөөх политика этэ. Былааһы ылбыт нууччалар кинилэри Ытык Хаҥаластар сирдэриттэн кэлбит диэн курдук буолбакка, ити сирдэргэ олохтоох дьон курдук өйдөөбүттэрэ. Онон бу дьон хаҥаластар курдук ураты үүрүүгэ-түүрүүгэ түбэспэтэхтэрэ. Сэбиэскэй былаас буолуутугар лүүчүннэр Тумус Мэхээлэ диэн Айыы ойууннаахтара. Бу киһини мин урут хаста даҕаны Михаил Павлов диэн суруйан турабын. Ону билигин докумуоннары элбэхтик чинчийбит М.П. Григорьев: «Тумус Мэхээлэ аата-суола, арааһа, Михаил Михайлов диэн быһыылаах», – диир. Буолуон сөп. 1897 сыллаахха Тумус Мэхээлэ Орто Бүлүү киинигэр Таҥара дьиэтин тутуллуутун алҕаан турардаах.

Дуоҕа Боотур кырдьаҕас улуу Кучан Эбэ томторугар сытар. Кини билигин даҕаны сүдү улахан дьайыылаах. Биирдэ отчуттар тиийэн, кини томторугар тохтообуттар уонна куобах ороҕо дии санаан, оҕонньор «уулуу» киирэр суолугар туһах ииппиттэр. Туһах ииппит киһи Харлаампый киирэн, отуутугар нуктуу сыттаҕына, сүрдээх сүдү оҕонньор киирэн кэлбит уонна сөҥ-дьааһын куолаһынан: «Нохоо, үчүгэйдик сылдьыаххын баҕарар буоллаххына, ити туһахтаргын эһитэлээн кэбис. Эһиги аһыыр аскыт, булкут ити да туһаҕа суох элбэх буолуоҕа», – диэбит. Итини истээт, Харлаампый ойон туран, туһахтарын эспит. Сайын устата отчуттар уйгу-быйаҥ олоххо сылдьыбыттар. Кус, балык бөҕө, сотору-сотору күөллэригэр таба, тайах киирэн биэрэллэрэ үһү.

Хос эбэм Бороскуобуйа муспутунан уонна кэпсээбитинэн, ити былыргы Дуоҕа Боотур сэһэттэрин миэхэ ытык сэһэнньиттэр: Сэмэн Уус-С.С. Егоров, Ф.С. Андреев-Көдьөлгү, Петр Григорьев-Ойоо үчүгэйдик тириэрдибиттэрэ. Мин бу олус сүдү суолталаах, туохха да умньамматах кырдьыктаах сэһэннэри маҥнай ситэ өйдөөбөккө, көннөрү түөлбэ сэһэннэрэ дии санаабытым. Ону баара бу дьиҥнээх Тойон Ууһун – Ытык Хаҥаластар былыргы итэҕэллэрин туһунан туохха да сыаналаммат матырыйааллар эбиттэр. Маҥнай саха итэҕэлин туһунан мин эмиэ сыыһа олоҕурбут алҕастаах өйдөбүллэргэ олоҕуран кэпсиирим, быһаарарым, суруйарым. Онтон 1996 сылтан, дьиҥнээх ытык өбүгэм Дуоҕа Боотур сэһэннэригэр олоҕуран, саха былыргы итэҕэлин – Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх сэһэннэри үөрэтиини уонна суруйууну саҕалаабытым. Онтукам кырдьыктааҕын, сөптөөҕүн толору итэҕэйдим. Бу кырдьыктааҕа Үөһээ Аар Айыыларга үҥтэххэ, алгыс алҕаатахха тута биллэр. Маннык алгыстары уонна Аар Айыылары сөпкө ааттааһыны Аан дойду сөпкө ылынан, Үөһээттэн, Үрдүктэн үтүө долгуннар кэлэллэрин уонна алгыс туоларын дьиҥнээхтик билэн, итэҕэйдим. Ол иһин билигин сөптөөх суолга сылдьарбыттан үөрэбин. Мин үөрэнээччилэрим эмиэ маннык алҕаан-силээн, үҥэн-сүгүрүйэн, бу итэҕэл уонна Таҥаралар сөпкө ааттана сылдьалларын билэн эрдэхтэрэ.

Онон, архыыпка саха итэҕэлин туһунан ханнык да матырыйааллар ууруллан, быыллыйа сытар буолбатахтар. Итинник этии кураанах дойҕох буолар. Архыыпка сытар матырыйааллар үгүстэрэ дьонтон хомуллубут үгэс, олох-дьаһах, сирдээҕи сиэр-туом, көннөрү күннээҕи бытовой таһымнаах матырыйааллар буолаллар. Мин элбэх матырыйаалы көрбүтүм, аахпытым. Кырдьык, кинилэр сорохторо оҕону иитэргэ, норуот педагогикатыгар сөп түбэһэр уонна онно сыһыаннаах, сөптөөх буолуохтарын сөп. Өскөтүн «Кут-сүр» дэнэр дьон, бэйэлэрэ этэллэринэн, Айыы үөрэҕин үөрэтэ сылдьар дьон, бу сүүрбэччэ сыл устата Айыыларын үөрэппэккэ, иччилэри эрэ үөрэтэ сылдьыбыт буоллахтарына, бу улахан хаалыы эбит.

Саха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх