Аар Айыы итэҕэлин туһунан
Олох оҥкулларын, очурдарын, омсолорун уонна ол—бу араас көнө да, тиэрэ да көстүүлэр тустарынан оччугуйдук аҕыйах тылы этиэм
1. Аар Айыы итэҕэлин туһунан
Аар Айыы итэҕэлэ миэхэ хайдах тиксибитин туһунан урут ахтан ааспытым. Ону өссө төгүл ахтан, кылгастык кэпсээтэххэ маннык. Дыгын убайын тоҕус уолаттарын Улуу Туймаадаттан үүрэн турардаах. Ону барытын кэпсээтэххэ, бэйэтэ туспа кинигэ тахсыан сөп. Ол уһуна бэрт. Тоҕус уолтан сэттэтэ Орто Бүлүү Лүүчүнүн сиригэр, оттон биирэ Дьөккөн сиригэр олоҕурбуттара. Сэттэ уолтан иккилэрэ Таас Уллуҥах Такылы Сүүрүк, Дуораан Уус Көлүйэ Баайы кытта, тиийдэхтэрин сыл, улуу добдурҕа саҕана, Танараҕа буолбут сэриигэ өлбүттэрэ. Оттон улахан уол, аатырбыт Айыы ойууна Лүксүрээни, сэриинэн ииригирбит туматтары кытта кэпсэтиһиигэ баран, өлбүтэ. Онон Лүүчүн сиригэр түөрт уол: Дуоҕа Боотур, Лэбиэрийэ Бөҕө, Дагдаҕар Боотур, Миикээн ойуун олохсуйбуттара. Орто Бүлүү Дьөккөнүн сиригэр саамай кыра уол Кырамай олохсуйбута. Сэһэннэргэ үгүстүк Тымпыалыкы сүүрүк ахтыллар. Ол гынан баран Тымпыалыкы Дуоҕа Боотурдааҕы кытта бииргэ төрөөбүт буолбакка, бу дьон хайаларын эрэ уола быһыылаах. Биир инилэрин Ырыа Чоҥкунааны Элиэнэ эбэ илин эҥэригэр саһыаран олохсутан, сүөһүлэрин сороҕун киниэхэ хаалларан барбыттара. Онон барааччыларга дойдубутугар төннүөхпүт диэн санаа күүстээх эбит.
Бүлүү сиригэр хайдах айаннаан тиийбиттэрэ, хайдах сир-уот булан, дьиэ-уот, баай-дуол тэринэн, хайдах тарҕанан, кэргэн-уруу тэринэн олохсуйбуттара эмиэ бэрт уһун кэпсэл. Ону кэпсээбэппин. Дуоҕа Боотур өссө бэйэтин хамаандатын түөрт уон идэтийбит сэрии дьонун илдьэ барбыт эбит. Бу дьон Орто Бүлүү сиригэр олохсуйбуттарын таһынан Бүлүү өрүһүнэн киэҥник тарҕаммыттар, Сунтаар сиригэр тиийэ олохсуйбуттар. Лүксүрээни өлбүтүн кэннэ Дуоҕа Боотур Айыы ойууна буолбут. Кэлин улам сайдан, күүһүрэн, дьиҥнээх улуу Айыы ойууна диэн сэрэнэн ахтыллар киһи буолбут. Кини өбүгэттэн ыччакка бэриллэн иһиэхтээх тылыттан тылыгар диэри чуолкайдык этиллиэхтээх сэһэннэри хаалларбыт. Сэһэннэр: «Биһиги Ытык Хаҥаластар ыччаттара! Тойон ууһун дьонун утумнара буолабыт! Үрүҥ Аар Тойон үрдүк дьаһалынан үгүс үүнэр үйэлэргэ Үрүҥ Күн анныгар үтүө олоҕу тэнитэн испиппит…», – диэн тылларынан саҕаланаллар.
Сэһэннэри түмпүт, ыччакка тэниппит киһинэн хос эбэм Парасковья Саввична Николаева буолар. Кини Дуоҕа Боотуртан төрүттээх дьиҥ Лүүчүн киһитэ буолар. Киниэхэ ити сэһэннэр аҕатыттан, ийэтиттэн тэҥҥэ бэриллибиттэр. Аҕата Савва Николаев Орто Бүлүү улууһун быыбарынай кулубата, Лүүчүн кинээһэ этэ. Оттон ийэтэ Анисия Андреевна Попова (кини биир фамилията Жиркова – автор). Чускуона сэтээтэл – Чускона Бытыгыев-Андрей Попов (он же Жирков) диэн докумуоннарга суруллар киһи этэ. Ол аата Чускуона Бытыгыев үчүгэйдик сэтээтэллээбитин иһин Андрей Попов диэн сүрэхтэммит. Оттон аҕата, бииргэ төрөөбүттэрэ бары Жирковтар. Чускуона эһэтэ – Күһэнээк, ол аата Михаил Жирков уонна Дуоҕа Боотур кыра кыыһа аатырбыт Нэлчэкэ удаҕан үгүс оҕолоруттан биирдэстэрэ быһыылаах.
Парасковья уһун үйэлэммитэ. Бэйэтэ сааһын ааҕынарынан, 104 сааһыгар өлбүт. Оттон докумуон көрдөрөрүнэн, кини 1832 сыллаахха төрөөбүт эбит уонна, арааһа, 1918-1920 сыллар эргин өлбүт диэн сабаҕалыахха сөп. 1905 сыллаахха төрөөбүт аҕам А.И. Кондаков: «Эбэм уоммун ааспытым кэннэ, улаатан эрдэхпинэ уолугар А.Н. Кондаковка — Дьалыска олорон, өлбүтэ», – диир буолара. «Үрдүк көнө уҥуохтаах эмээхсин этэ», – диэн ахтара. Ол аата Парасковья 86-88 сааһын эргин өлбүт. Үйэтин туолбут. Туох эрэ улахан уратылаах киһи сиргэ кэлэн олорон, биллэрбэккэ бардаҕа буолуохтаах… Өлөрүгэр: «Ыччаттарым туругура туруох буоллахтарына, үрдүбүттэн хатыҥнаах тиит үүнүөхтэрэ», – диэбитэ туолан турар. Ойууттар кэлэн, сии сатаан баран, тумаҥҥа мунан төннөллөрө үһү.
Парасковья ити сэһэннэрин оҕолоро үчүгэйдик билэллэрэ. Киниттэн ити сэһэннэри истибит дьонтон Сэмэн Уус — Семен Сергеевич Егоров, Көдьөлгү Силип — Филипп Степанович Андреев, Ойоо – т бю..Петр Григорьев сэһэннэри тылыттан тылыгар билэллэрэ. Сэмэн Уус мин алтам буолан эрдэҕинэ, Көдьөлгү Силип 23 саастаахпар, Ойоо 31 саастаахпар өлбүттэрэ. Онон «Дуоҕа Боотур ытык сэһэннэрин» ити дьонтон өр истибитим. Сэһэннэри Парасковья улахан сиэнэ Орто Бүлүү улууһун бүтэһик кулубата, үөрэхтээх киһи Г.А. Кондаков сурукка киллэрбитэ. Мин бу сэһэннэри дьиҥнээх былыргыттан ордон кэлбит дьиҥ кырдьыктаах улахан, сыаната биллибэт баай курдук сыаналыыбын. Онно этиллэр итэҕэл сүрүн төрүттэрин эрэ ахтан аһарыам. Оттон сорох өттүн кэлин кэпсэниллиэн сөп. Уһуна бэрт. Сороҕун «Аар Айыы итэҕэлэ» диэн биэс чаастаах суруйуубар киллэрбитим. «Аар Айыы итэҕэлэ» диэн былыргы итэҕэлбит ааттанар эбит. Таҥараларбыт Аар Айыылар дэнэллэр. Аар диэнэ суох айыылар диэн тыл өйдөбүлүнэн Айыы диэн улахан үөр эмиэ ааттаныан сөп эбит. Кэпсээччилэр итинник быһаараллара. Онон Дуоҕа Боотур сэһэннэригэр уон икки Таҥара киирбиттэр. Олор манныктар:
- Үрүҥ Аар Тойон – Үс дойду, Аан дойду, Бүппэт Куйаар Улуу Баһылыга.
- Күн Күбэй Хотун – Күн Таҥарата.
- Одун Хаан.
- Чыҥыс Хаан – иккиэн Үрүҥ Аар Тойон дьаһалынан Аан дойдуну ыйаах, оҥоһуу таһааран салайаллар эбит.
- Дьылҕа Тойон – Орто дойду саҥа төрүүр оҕолорун дьылҕалыыр.
- Уһун Дьурантаайы Суруксут – Үрүҥ Аар Тойон дьаһалларын, Одун Хаан оҥоһуутун, Чыҥыс Хаан ыйааҕын, Дьылҕа Тойон дьылҕалааһынын бүппэт уһун аҕыс кырыылаах таас остолбоҕо суруйар. Кини Халлаан Улуу Суруксута.
- Сүҥ Дьааһын Тойон – Аан дойдуну Айыы уотун кымньыы оҥостон алыастыыр, ыраастыыр. Кини өссө уоту кытта сибээстээх идэлэр Таҥаралара буолар.
- Улуу Хотой Айыы – Көмүскэстээх Аар Айыы дэнэр. Кини Айыы дьонун көмүскүүр, харыһыйар, араас өлүүттэн, ыарыыттан, батталтан, атаҕастабылтан көмүскүүр, быыһыыр.
- Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон – уйгу-быйаҥ, сылгы сүөһү, күүстээх түөстээх, көмүөллээх күөмэйдээх уол оҕолор Таҥаралара.
- Ала Мылахсын Хотун, эбэтэр, Иһэгэй Иэйэхсит – уйгу-быйаҥ, ынах сүөһү Таҥарата.
- Ахтар Айыыһыт – оҕо үөскээһинин, төрөөһүнүн Таҥарата.
- Эдьэҥ Иэйэхсит – таптал, ыал буолуу Таҥарата.
Дьэ, маннык. Мантан ураты Таҥара былыргы сахаларга суох эбит. Таҥара буолаары Үрүҥ Аар Тойон дьүүлүгэр Дьылҕа, Билгэ, Таҥха диэн ини-бии күүстэр турбуттар эбит. Онтон Үрүҥ Аар Тойон Дьылҕаны эрэ Таҥараларга ылбыт уонна Дьылҕа Тойон диэн ааттаан, Орто дойду төрүүр оҕолорун төлкөлөө, үөскүүр ыччаттарын дьылҕалаа диэн дьаһайбыт. Ол аата Билгэ, Таҥха иччи таһымыгар хаалбыттар. Бу туһунан Сэһэн Боло эмиэ үчүгэйдик суруйан хаалларбыта.
Дуоҕа Боотур сэһэннэринэн Саха итэҕэлэ 12 халлааны билинэр. Ол иһигэр бастакы халлаан 9 хаттыгастаах дэнэр. Орто дойду айыллыар диэри ити хаттыгастарга дьон олорбуттар эбит. Былыргы итэҕэлбитигэр Ийэ Айылҕаҕа, ууга, салгыҥҥа, уокка, дьыл түөрт кэмнэригэр, үүнэр ыччакка, үлэҕэ, дьон-сэргэ майгытыгар улахан болҕомто ууруллар эбит. Балартан, холобур, дьон-сэргэ майгыта алдьаныытыгар тохтоотоххо, маннык быһаараллар эбит. Майгы-сигили туох эрэ улахан иэдээннэр: сэриилэр, айылҕа иэдээннэрэ уо.д.а. буолуохтарын иннигэр алдьанар эбит. Киһи куһаҕан дьайыылара, майгыта, тыла-өһө Аан дойду алдьаныытыгар тириэрдиэн сөбүн кэпсииллэр уонна олору чуолкайдык ыйаттаан этэллэр.
Саха былыргы итэҕэлин туһунан XVII үйэҕэ улуу Айыы ойууна диэн билиниллибит киһи Дуоҕа Боотур ыччаттарыгар хаалларбыт сэһэнэ, үөрэҕэ итинник. Кини XVII үйэтээҕи Дыгын Улуу Айыы ойууттарын көрбүт, хайдах-туох, сиэр-туом, үҥүү-сүгүрүйүү ыыталларын этинэн-хаанынан билбит, эт кулгааҕынан истибит, кэлин бэйэтэ Улуу Айыы ойууна буолбут киһи сыыһа сэһэннэри ыччаттарыгар хаалларбатах буолуохтаах. Мин билигин бу үөрэҕи бигэтик тутуһабын. Урут олус А.Е. Кулаковскай суруйууларынан бараммын тоҕус Таҥара, тоҕус халлаан диэн өйдөбүллэргэ киирэммин Улуу өбүгэм Дуоҕа Боотур үөрэҕиттэн туораан сылдьыбыт буруйдаахпын, сыыһалаахпын. Ол урукку суруйууларбар киирэн хааланнар, билигин моһол, туорай буола сылдьаллар. Билигин дьиҥнээхтик үҥэн-сүгүрүйэн, улуу өбүгэм үөрэҕэр дьиҥнээхтик толору төнүннүм. Ити миигин үөрдэр, кынаттыыр. Г.А. Кондаков өбүгэтин үөрэҕин, былыргы хаҥаластар, Аар Айыы итэҕэлин туһунан сэһэннэри Г.В. Ксенофонтовка биэрбэтэҕэ икки өрүттээх буолуон сөп. Биир өрүтэ – Г.В. Ксенофонтов бу үөрэҕи суруйан кэбиһиэн сөбө. Оччоҕо элбэх чуолкай өрүт киириэ этэ. Оччоҕо билигин ким да өйүттэн саҥа Таҥаралары айа сатыа суоҕа этэ. Иккис өрүтэ – арааһа, Георгий Алексеевич Кондаков бу үөрэҕи бэйэм суруйан таһаарыам дии санаабыт бадахтаах. Бу үлэни суруйууну кини бэйэтин эбээһинэһин курдук санаабыта чуолкай. Бэйэтэ олус түбүктээх киһи этэ. Төрөөбүт нэһилиэгэр типовой оскуола, медпуун туттаран, арыйбыта. Дьөккөн дьонугар барыларыгар родословнай таблица оҥорон, биир тутум халыҥнаах дьоһуннаах кинигэни оҥорон таһаарбыта. Ол кинигэ Өлөксөкөөн Гоголев диэн киһи сэбиэттиир кэмигэр 1930-с сыллар ортолоругар сүппүтэ. Г.А. Кондаков аны кооперация, сэбиэскэй атыы-эргиэн боппуруостарынан дьарыктаммыта. Сотору ыалдьан баран, сыыстаран, үгүс үтүөкэннээх былааннарын, суруйууларын ситэрбэккэ өлбүтэ.
Миигин А.Е. Кулаковскайы намтатта диэн сыыһа өйдөбүлгэ кииримэҥ. Кини үгүс боппуруостарга олус сөптөөх эппиэттэри биэрбитэ. Үрдүкү Таҥарабытын Үрүҥ Аар Тойон диэн чуолкайдык ааттаабыта. Оттон Үрүҥ Айыы Тойон диэни бу христианскай кэмҥэ Үрүҥ Аар Тойону сорох христианскай аҕабыттар итинник ааттыыр буолбуттара диэн олус муударайдык быһаарбыта. Ол аата миссионердар сахалар былыргы Таҥараларын аатын умуннараары Үрүҥ Айыы Тойон диэн Христостарын сахалыы ааттаан баран, сахаларга аҕалан, соҥнообуттара. Алексей Елисеевич улуу өйдөөх киһи быһыытынан маннык суруйан кэбиспитэ: «Итак, Үрүҥ Айыы Тойон раньше не существовал отдельно от Үрүҥ Аар Тойона, и это имя позднейшего происхождения (христианской эры)», – диэн дьиҥнээх түмүк, уларыйбат вердикт курдук ылыныллыахтаах. Ол аата А.Е. Кулаковскай быһаарыытынан саха итэҕэлин үрдүкү Таҥарата Үрүҥ Аар Тойон буоларыгар мөккүөр суох буолуохтаах.
Ону баара билигин сахалар итэҕэлбит үрдүкү Таҥаратын аатын нуучча ыраахтааҕытын политиката уларытарын туһунан суруйар дьон баар буоллулар. Ол курдук А. Павлов-Дабыл диэн киһи «Кэскил» ыам ыйын 9 күнүнээҕи 2007 сыллааҕы нүөмэригэр оҕолорго уонна учууталларга маннык билиини соҥнуур. Бу киһи этэринэн, 1801 сыллаахха былааска Александр I кэлиэҕиттэн ыла либеральнай өй-санаа тиллэ быһыытыйбыт үһү. Салгыы маннык суруйар: «Либерализм тиллиитэ «Үрүҥ үйэ» эргиллиитин курдук өйдөбүллэммитэ. Сахаҕа Үрүҥ Айыы өйдөбүлэ хаттаан тиллибитэ. Ыһыах алгыһыгар Аар Тойоҥҥо буолбакка, Үрүҥ Айыыга хайыһыы тутуһуллар буолбута».
Хайдах маннык, хантан ылан, туох өйүнэн маннык сымыйалыахха сөбүй?! Эчи, сүрүн! Ол аата ыраахтааҕы политиката, кини либерализма саха былыргы итэҕэлин үрдүкү Таҥаратын Үрүҥ Аар Тойон аатын уларыттаҕа дии! Дьиҥэр, сахалар бутуллан, Үрүҥ Аар Тойону, сороҕор, Үрүҥ Айыы Тойон дии сылдьар кэмнэрэ этэ. Ол аата саха өйдөбүлүгэр бу биир Таҥара. Оччоҕо ол хайдах биир Таҥараны икки оҥорон, биириттэн иккиһигэр хайыһыы үөскүүрүй?! Ол аата бу киһиэхэ бэйэтигэр сыһыаннаан эттэххэ, маннык тахсар буоллаҕа дии: «А. Павловы хаалларан, Дабыл диэки хайыһыы үөскээбитэ», – дииргэ тэҥнээх этии буолбат дуо?!
Итэҕэл Таҥараларын аатын ким да, ханнык да император, ханнык да политика уларытар кыаҕа суох. Холобур, былыргы Египет, Греция Таҥараларын ааттарын билигин уларыталаан көр эрэ. Улахан суутунан сууттуохтара. Оттон Александр I либерализмын, үрүҥ политикатын туһунан эттэххэ дьиҥэ маннык. Англичаннары кытта саагыбар тэринэн төрөппүт аҕатын, Павел Первэйи, оронугар тууйан өлөрбүт Александр төһө либеральнайа, төһө айыылыыта, төһө үрүҥэ өйдөнөр суол. М.И. Кутузов баһылыктаах нуучча сэриитэ Наполеону үлтүрүппүт үтүөтүн бэйэтигэр суруммут, Европа жандарма буолбут Александр I: «Сахалар үрдүкү Таҥараҕытын Үрүҥ Айыы диэн ааттааҥ уонна ыһыаххытыгар кинини ахтыҥ», – диэн, бука, дьаһал биэрбэтэҕэ буолуохтаах. Кини хабараан политикатыттан 1825 сыллаахха ахсынньы ыйга декабристар бастаанньалара буоллаҕа дии. Бэйэтэ ити аҕай иннинэ Россияны кэрийэн айаннаан, норуот олоҕун көрөн баран, икки суолунан күрэннэҕэ буолуохтаах.
Сорох дьон итэҕэл туһунан матырыйааллар архыыпка симиллэ сыталларын курдук этэллэр. Мин 1960-с, 1970-с сылларга архыыпка итэҕэл туһунан матырыйааллары элбэхтик көрдөөбүтүм да, дьиҥнээх, күттүөннээх матырыйаал баарын көрбөтөҕүм. Дьонтон хомуйуллубут матырыйааллар сорохторо олус сэбиэскэйдии буолбут, уруккуну үөҕэр хабааннаах этилэр. Кырдьыга да, 1696 сыллаахха бобуллубут итэҕэли ким, икки сүүстэн тахса сыл буолан баран, хантан өйдөөн, булан суруттарыаҕай? Итэҕэл тыыннаах хаалбыт сирдэриттэн Бүлүү хаҥаластарыттан, Лүүчүннэртэн ким да чуолкайдык анаан-минээн матырыйаал хомуйбатах. Холобур, 1861 сыллаахха төрөөбүт I Лүүчүн киһитэ М.З. Игнатьевтан-Тумус Мэхээлэттэн биир да киһи ыйытан, тугу да суруйан хаалларбатах. Оттон урут эппитим курдук, Георгий Алексеевич Кондаков «Дуоҕа Боотур сэһэннэрин» матырыйаал хомуйар дьоҥҥо биэрбэтэх. Онон итэҕэл тыыннаах хаалбыт дьонуттан Бүлүү хаҥаластарыттан итэҕэл туһунан дьиҥнээх матырыйаал хомуллубакка хаалбыт. Оттон киин улуустартан итэҕэл дьиҥнээхтик, кытаанахтык бобуллан сүппүт сирдэриттэн, 1696 сыл кэнниттэн итэҕэл туһунан матырыйааллары булар, бука, кыаллыбата буолуо.
1990 сылтан саҕалаан, дьону үлэҕэ ылан, эмиэ матырыйааллары көрдөтөн көрдүбүт да, уларыйыы суох. 1742 сыллаахха маннааҕы хаҥаластар Соппуруон Сыранов салалтатынан түмсэн, Айыы ойуунунан былыргылыы алҕатан, 1642 сыллаахха Головин бойобуода ынырыктык сэймэктээн өлөртөөбүт, 23 саха бас-көс дьонун сырдык тыыннарын, куттарын-сүрдэрин ытык таһымҥа таһаарбыттара. Ону Линденау диэн айанньыт ахтыбыт суруга баар.
Бу кэнниттэн маннааҕы Хаҥаластар Айыы ойууннаах сиэр-туом ыыппатахтара. Арааһа ити сиэрдэрин-туомнарын иһин нуучча администрациятыттан сэмэлэммит буолуохтаахтар. Соппуруон Сыранов үһүс хос эһэтин – Бөдьөкө Бөҕөнү итинник кэриэстээн ахтыбыта мээнэ хаалбатах буолуохтаах.
Аны билигин «Олоҥхо – библия» дии сылдьар дьон бааллар. Саха былыргы дьиҥнээх олоҥхолоруттан сахалар Үс дойду туһунан космологическай үөрэхтэрин, үгүс Таҥаралар ааттарын, элбэх этнографическай да матырыйааллары билиэххэ сөп. Дьиҥнээх олоҥхолорго П.А. Ойуунускай «Ньургун Боотура», Григорий Оросин суруйбут олоҥхолоро, аҕыйах улахан түөлбэ олоҥхоһуттар олоҥхолоро киирэллэрэ буолуохтаах. Маны таһынан элбэх өйтөн оҥоруу, маарыннаһар сюжеттаах олоҥхолор, үтүктүү олоҥхолор хара баһаамнык үөскээбиттэрэ. Бу балары барытын саха библиятын курдук ылыннахпытына, бука, улахан бутуур тахсара буолуохтаах. Ол курдук, сорох олоҥхолорго саха былыргы сорох Таҥараларын хараҥа күүс курдук ахтыы кытта киирэн сылдьар. Олоҥхонон олус үлүһүйүү ХVIII үйэттэн сэбиэскэй былаас сылларыгар диэри олус тарҕаммыта. Сорох дьон олоҥхону идэ оҥостон, айаҕы ииттинэр суол курдук көрөллөрө. Нэһилиэктэри, улуустары кэрийэ сылдьан, олоҥхолууллара. Олоҥхонон олус үлүһүйүү бу эйгэҕэ араас дьон кэлиилэригэр тиэрдибитэ. Мэник-тэник соҕус тыллаах саҥа олоҥхолор эмиэ баар буолбуттара. Онон олоҥхо былыргы каноническай өйдөбүллэрэ элбэхтик токурутуллубута, уларытыллыбыта.
Олоҥхо уус-уран айымньы буолар. Уус тыл, олоҥхо персонажтарын үчүгэйдик быһааран кэпсээһин, ырыаларын кэрэхсэбиллээхтик толоруу сүрүн оруолу ылар. Кини библия буолбатаҕа чуолкай. Онон архыып докумуоннарынан, олоҥхонон саха былыргы итэҕэлин быһаарабыт диэһин омсолоох. Мин бэйэм балачча элбэх олоҥхоһуту истибитим. Холобур, Ф.С. Андреевы-Ньыппа Силипиэни, Егор Николаевы-Малтархай оҕонньору, Николай Николаевы-Нөкөөрөр оҕонньору, Афанасий Васильевы-Хоохураны, В.О. Каратаевы, Н. Максимовы уо.д.а. Билигин өссө Ийэ олоҥхоһут диэн тылы үөскэтэн таһаардылар. Эр киһини Ийэ олоҥхоһут диэһин соччо үчүгэйдик иһиллибэт. Олоҥхону киһи төрөппөт. Өбүгэлэрбит үтүө олоҥхолорун уларыппакка (оригиналынан) илдьэ сылдьар олоҥхоһут – ол сыаналаныахтаах. Олоҥхоҕо айылҕаттан олоҥхо эйгэтигэр тардыылаах, дьоҕурдаах киһи кэлиэхтээх. Оҕолору барыларын маассабайдык олоҥхонон үлүһүтүү сөптөөх дии санаабаппын.
«Аар Айыылыы эмтээһин», В.А. Кондаков. Дьокуускай. 2008. 143-151 с. СӨ Аар Айыы итэҕэлин тэрилтэтэ.
Дэҥҥэ көстөр сүүһүнэн сылларга биирдэ төрүүр дьонтон биир бастыҥнара этэ
+7 (999) 174-67-82