Аан Дархан тапталлаах доҕоро: Таптал тылларын этэрин умнубат этэ, хойукка диэри сибигинэйэн этэрэ
Аан Дархан тапталлаах доҕоро
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович уонна кини олоҕун эрэллээх аргыһа Дора Никитична дойду үрдүнэн хааннаах репрессия хабыр кэмигэр күн сирин көрбүттэрэ, аҕата суох хаалыы, кырыымчык олох кыһалҕаларын, оҕо эрдэхтэриттэн үлэ үөрүйэхтэрин, мындырдарын эттэринэн-хааннарынан билбиттэрэ уонна бастакы ыраас тапталларын иэйиитинэн сүрэхтэрин, олохторун, дьылҕаларын холбообуттара.
Сир үрдүгэр олох баарын тухары дьахтар тэллэҕин уон уотуттан, оронуттан оһоҕор диэри түөрт уонна уларыйар санаатыттан эр киһи олоҕо быстыспат тутулуктаах. Туохха да хараҕа туолбат ымсыылаах, иҥсэлээх-оботтоох дьахтар ускайдаах санаатыттан судаарыстыба эрдэрэ да бурайыстахтара, судаарыстыба баайа-дуола да хоро сиэнилиннэҕэ, күн-ый ыһыаҕа буолан көттөҕө, сэриилэр да күөртэннэхтэрэ…
Оттон бүгүн биһигинниин санаатын үллэстэр Бастакы Аан Дархаммыт кэргэнэ Дора Никитична Николаева олох суолугар Михаил Ефимовиһы кытта эдэркээн сааһыттан бииргэ буолуоҕуттан өрөспүүбүлүкэ муҥутуур кылаан чыпчаалыгар диэри тэҥҥэ хардыылаан да баран, ис туругун ырааһын ыспатах, төрүт өйүн-санаатын, сиэрин-майгытын уларыппатах киһи. Олоххо бииргэ буолууларыгар ыраастара, олоҕу, үлэни, дьону сыаналыыллара саха норуотун дьылҕатыгар Бастакы Президент кэлиитигэр туох да омуна суох дириҥ оруолланан Дьылҕа хаантан ыйаахтаммыт курдук. Дора Никитична Бастакы Президент олоҕун харааннаан, көрөн-истэн, дьаһайан саха норуотугар умнуллубат күүрээннээх кэмнэрин ситиһиилэрин уһансыбыт ытык киһи буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев тапталлаах кэргэнэ Дора Никитична билигин Москваҕа олорор. Кини биллэ-көстө сатаабат, сахалыы сиэрдээх, сэмэй майгылаах, үрдүк ис культуралаах, киэҥ-холку көҕүстээх, мындыр, дьиҥнээх саха Далбар Хотуна. Аан Дархаммыт тапталлаах доҕоро. Эрэллээх эркинэ. Дора Никитичналыын төлөпүөнүнэн кэпсэтэбит. Дойдутун ахтылҕанын туох диэҥ баарай, Дора Никитична олоҕу кытта тэҥҥэ дойду, Сахатын сирин сонуннарын, туох буола турарын барытын истэ-билэ олорор. “Ютубунан “Мой эфир” сонуннарын көрөбүн. Сарсыарда, киэһээ «Тэтим” араадьыйаны холбоон, дойдум сонуннарын истэ-билэ олоробун. Саха мелодистарын, норуот ырыаларын истэрбин сөбүлүүбүн. Уоһум иһигэр биир эмэ ырыаны киҥинэйэн ыллааччыбын. Нуучча, саха литературатын классиктарын сөбүлүүбүн. Өйүм үлэтин күүһүрдээри, өйгө тутар дьоҕурбун дьарыктаары хоһооннору нойосуус ааҕабын. Пушкин “Евгений Онегиныттан”, остуоруйаларыттан, Лермонтов хоһооннорун нойосуустуубун. Оҕолор суохтарыгар дьиэбитигэр төрдүө буолан хаалабыт: доҕорум – тэлэбиисэр, атаһым – араадьыйа, аргыһым – кинигэ, билигин хараҕым мөлтөөн аудиокинигэ. Сааһым аҕыс уон сэттэм буолла” – диэн кэпсиир Дора Никитична.
Дора Никитична ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар күөх Ньурбаттан төрүттээх. Ийэлээх аҕата төрүт Ньурбалар, ийэтэ Дария Семеновна (кыыс эрдэҕинээҕи араспаанньата Иванова) Чаппанда Бэстээҕиттэн, аҕата Никита Ефремович Сухаринов Омолдоонтон төрүттээхтэрэ. Сухариновтар аҕалара буҕаалтыр этэ, ийэлэрэ – дьиэ хаһаайката. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Никита Ефремовиһы Маалыкайга Наспо кылаабынай буҕаалтырынан анааннар, Маалыкайга олорбуттара. Онтон Ньурбаҕа көспүттэрэ. Дьиэ кэргэнин манна олохтоон баран 1948 с. аҕалара ыалдьан өбүтэ. Ийэлэрэ уон иккитэ оҕоломмутуттан аҕыс оҕо, биэс кыыс, үс уол дьон буолан, бары үрдүк үөрэҕи ылан, туруу үлэһит буолбуттара. Аҕалара күн сириттэн барарыгар улаханнара уон сэттэлээх уолтан саҕалаан ийэтин иһигэр хаалан, саҥа төрөөбүт кыһыл оҕоҕо тиийэ, уу кырбас аҕыс оҕотун кытта аҥардас хаалбыт ийэлэрэ соҕотоҕун иитэн дьон оҥортообута. Аҕалара өлөрүгэр ийэлэригэр “хайаатар да оҕолоргун үөрэхтээх дьон оҥортоор” диэн эппит кэриэһин дьоһуннук толорбута. Билигин биэс кыыс үрдүк үөрэҕи ылан, үлэлээн-хамсаан, сынньалаҥҥа тахсыбыт ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ. Хомойуох иһин уолаттар кылгас үйэлэммиттэрэ. Алталаах Дора оскуолаҕа киириэх баҕата батарымына, алта сааһыгар эдьиийдэрин батыһан оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ.
Төрөппүттэрин, эбэтин, оҕо сааһын, Маалыкайдааҕы сылларын туһунан Дора Никитична маннык ахтар: “Аҕам наһаа сымнаҕас, иһиттэн үтүө санаалаах киһи этэ. Түөрт кылаас үөрэхтээҕэ, оччолорго ол улахан суолталаах үөрэх буолара. Аҕам дьоно туох дьон буолан оҕолорун үөрэттэрбитэрэ буолуой дии саныыбын, ону билбэппин. Аҕабыт баара эрэ биэс уон биир сааһыгар орто дойдуттан ыалдьан барбыта. Миигин ат миинэргэ үөрэппитэ. Аҕам үөрэҕинэн кэлин идэлээх үлэһит буолан баран ат миинэн пиэрмэлэри кэрийэрим. Ийэм дьахтар сатыырын барытын сатыыра, аҕыс оҕолоох киһи түбүгэ элбэҕэ. Ийэбиттэн аһы астыырга, куһу үргээн буһарарга, балыгы үөстүүргэ, иистэнэргэ үөрэммитим. Эбэм, ийэм ийэтэ —Очоо, Леонтьева Наталья Андреевна хорсун-хоһуун эмээхсин этэ. Билиҥҥи үйэҕэ төрөөбүтэ буоллар, урбаанньыт, пиэрмэр бэрдэ буолуох эбит. Бэйэтэ сүөһү бөҕөтүн иитэн-көрөн, отун-маһын дьаһанан, бэйэтэ тиэйэрэ. Сайылыктааҕа. Кэргэнэ, эһэм Нэкчэк Сэмэн диэн сырдык хааннаах, күөх харахтаах, бэрт киҥнээх, тоҥус хааннаах киһи эбитэ үһү. Кыыһыран биир сылабаары “талкылаан” кэбиспитэ үһү диэн кэпсииллэрэ. Мин төрүөм иннинэ эрдэ өлбүт.
Эбэм хаһаайыстыбатын көрөрүн сэргэ, бурдук ыһара, ньэчимиэни кэлиилээн, бурдук тардан лэппиэскэлиирэ. Ыһыахха дэппиэскэлээн, оҕуһун сыарҕатыгар остуолун, сылабаарын, иһитин-хомуоһун, лэппиэскэлээн тиэйэн илдьэн хорчуоппалыыра. Ол харчытыгар чэйин, табаҕын, саахарын булунара.
Дьоллоох оҕо сааһым кэмнэрэ Маалыкайга ааспыттара. Киһи соруйан оҥорбутун курдук, дэхси, көнө хонуу ап-араҕас сибэккилэринэн симэнэрэ. Ол өйбөр иҥэн, билигин да харахпар бу баардыы көстөр. Ол хонууга дэриэбинэ оҕолоро оонньоон, көҥүл сүүрэн-көтөн биэрэрбит. Өрүскэ киирэн сөтүөлүүрбүт. Дьиэбитигэр кэлэн быырпаҕы ыймахтыырбыт, лэппиэскэ сиирбит.
Иккис кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Кыайыы буолла диэн оскуолабытыгар үөрүүлээх линейка оҥорбуттарын өйдүүбүн.»
Уон биирдээх Дора кыысчаан Араҥастаах оскуолатыгар учууталлыыр эдьиийигэр кыһыл оҕону көрсө эдьиийигэр олоро, кини оскуолатыгар көспүтэ. Бастаан эбэтэ сиэнин Дораны акка мэҥэһиннэрэн Кугдаарга эдьиийигэр, Архиповтарга аҕалбыта. Күтүөт дьоно Архиповтар уонча ынахтаах дьон этилэр. Онно Дора аан бастаан ынах ыырга үөрэммитэ. Кугдаарга оскуола суох буолан эдьиийэ оҕотун, Дораны, кэргэнин аймахтарын кытта Араҥастаахха көспүттэрэ. Архиповтар ньирэйдээх ынаҕы биэрбиттэрэ. Эдьиийэ үлэтигэр сылдьар кэмигэр уон биирдээх Дора оҕону көрөн, өссө эбиитин ынах ыан тоһуйара. Таҥас-сап да кырыымчыга. Эдьиийэ биирдэ эмэ детдом оҕолорун кэтиллибит эргэ таҥастарыттан аҕалан кэтэрдэрэ. Биирдэ истээх сон аҕалбытыгар үөрбүтүн эриэхсит!
«Ийэм икки балтылааҕа, биир бырааттааҕа. Таайым Баһылай сылгыһыт, элбэх оҕолордоох киһи этэ. Аҕа дойду сэриитигэр 1941 с. баран баран Сталинград кыргыһыытыгар хорсуннук сэриилэһэн сэрии бүтүүтэ биир да бааһа-үүтэ суох, наҕараадаларын иилинэн дойдутугар эргиллибитэ. Мин түөртээхпэр таайбын сэриигэ атаарбыттарын өйдүүбүн. Эбэм таҥараһыт этэ. Таайым сэриигэ сылдьар кэмигэр мэлдьи кини туһугар таҥараҕа үҥэрэ. Ол көмөлөһөн этэҥҥэ эргиллиннэҕэ дии саныыбын. Таайбын олус сөбүлүүрүм. Ийэм биир балта Мария Семеновна Архипова учуутал этэ. Бастаан Бүлүүтээҕи педучилищены, салгыы Дьокуускайдааҕы учуутал институтун бүтэрбитэ, химия, биология предметтэрин үөрэтэрэ. Кэргэнэ сэриигэ сылдьыбыт киһи, армия кэнниттэн бэстилиэтинэн ытыалаата диэн дьыала оҥорон Петразаводскайга хаайыыга ыыппыттара. Онно эдьиийим кэргэнигэр чугас сылдьаары Ленинградка үөрэнэ тиийэн баран ыарахан буолан төннөн кэлэн оҕолонон сайынын кэргэнин дьонугар Кугдаарга олорбута. Миигин киниэхэ көмө буоллун уонна айах көҕүрэтэ диэн эбэм илтэҕэ дии. Онон сайыны быһа оҕо көрсүбүт киһи эдьиийбин кытта Араҥастаахха кииристим. Мин оҕо көрсөн, ынах ыан, күөс күөстээн көмөлөһөн олорбутум. Араҥастаахха сэттиһи бүтэрбитим. Үөһээ кылаастары – ахсыһы, тохсуһу, онуһу Ньурба 1№-дээх оскуолатыгар үөрэнэн бүтэрбитим”.
Дора оҕо сылдьан олоҥхоһуттары, тойуксуттары, оһуохайдьыттары умсугуйан, ылларан туран истэр идэлээх этэ. Өссө оскуолатааҕы сылларыгар Ноҕуруодап латыынныы алпаабытынан суруллубут “Ньургун Боотур” олоҥхотун хаста да аахпыттааҕа… Дора оскуолаҕа ордук гуманитарнай предметтэри ордороро. Капитолина Ивановна Афанасьева диэн нуучча тылыгар, Петр Николаевич Попов историяҕа үөрэппиттэрэ. Ябловскай диэн учуутал нуучча тылыгар үчүгэйдик үөрэппитэ. Кэлин Николай Чуор диэн бэйиэт буолбут Коля Харитоновы кытта биир кылааска үөрэммитэ. Нуучча тылыгар үчүгэй сыана иһин Коля Доралыын күрэстэһэр идэлээҕэ. Өйтөн суруйууга Коля Харитонов биэһи ыллаҕына, Дора кыһыйан ытыыра. Эбиитин уол ойоҕостон хараҕын араарбакка кинини одуулуурун Дора сөбүлээбэт этэ. Кэлин Дора үрдүк үөрэххэ үрдүкү кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, бэйиэт буолуох диэх курдук, Дораҕа оскуолатааҕы сылларын, баанчыктаах баттаҕын эҥин ойуулаан ахтан, “мин маҥнайгы тапталым” диэн тыллардаах суругун ыыппытыгар, Дора ылыммакка, хардарбатаҕа…
Александр Николаевич Чусовской оскуолаларын дириэктэрэ этэ. Нина Панфиловна Иноземцева диэн математика учууталыттан элбэхтэ мөҕүллэн, кыһаллан туран үөрэммитэ. Новопашин диэн учуутал астрономияҕа үөрэппитэ уонна оччотооҕу оскуола программатыгар психология предметэ диэн эмиэ баар этэ, психологияны эмиэ үөрэппитэ. Дора психологияны наһаа сөбүлүүрэ.
Оччолорго Саха сирин тыатын сиригэр нуучча учууталлара кэлэн саха оҕолорун үөрэтэллэрэ. Онон сайдыы саҥа тыынын киллэрэллэрэ. Дора Никитична оскуолатааҕы учууталларын туһунан төһөлөөх мин курдук оҕолорго билиини, сырдыгы саҕан, үлэһит дьон буолан тахсар олукпутун ууран, олох суолугар үктэннэрбиттэрэ буолуой диэн иһирэх махталынан ахтар.
Эдэр саас хатыламмат кэрэ кэмнэрэ
Оскуоланы бүтэрэригэр ийэтиттэн харчы көрдөөбөт туһуттан хайаан даҕаны истипиэндьийэлээх үөрэххэ киириэхтээхпин диэн бигэ санааланан, Дора дьүөгэтинээн Омскай куоракка айаннаабыттара. Тэлгэһэлэриттэн хаһан тэйбиттэрэ баарай, дойдуларын, дьоннорун ахтан аара ытаһаллара да баара. Дора иһигэр дьиҥэр, быраас буолуон баҕарара. Ол гынан баран барыта санаа хоту буолбат. Истипиэндьийэлээх үөрэх диэн ветеринарнай институкка ветеринария салаатыгар үөрэххэ ситиһиилээхтик туттарсан уон алталаах кыыс устудьуон буолбута. Устудьуоннуур кэмигэр Шитиков диэн физкультура преподавателэ Дораны физкультура уруоктарыттан босхолонон спортивнай гимнастика секциятыгар дьарыктанарга этиитин ылынан, Дора умсугуйан туран спортивнай гимнастиканан дьарыктаммыта. Куорат гимнастикаҕа күрэхтэһиилэригэр кыттан иккис разрядтаах биир бастыҥ спортсменка буолбута. Үөрэнэр институтун үрдүнэн гимнастикаҕа чөмпүйүөннээбитэ. Кини туһунан институт эркинин хаһыатыгар таһаарбыттара.
Төрдүс кууруска тахсыбыт кэмнэригэр саҥа саха оҕолоро кэлбиттэр үһү диэн сураҕы истибиттэрэ. Саҥа оҕолор истэригэр Михаил Николаев баара.
Биирдэ Михаил Доралаах хосторугар киирэн кэлбитигэр, миигин кытта билсээри гынара буолуо диэн хантан билиэй, бииргэ олорор кыраһыабай кыыспытыгар Марианнаҕа кэлбит быһыылаах, кэпсэттиннэр диэн усулуобуйа оҥорон Доралаах тахсан барбыттара.
Оччолорго Омскайдаҕы ветеринарнай институкка Саха сириттэн отучча оҕо үөрэнэрэ, ону сэргэ Омскайдааҕы Киров аатынан тыа хаһаайыстыбатын институтугар сахалар элбэхтэрэ. Бырааһынньыктарга, бэлиэ түгэннэргэ биир дойдулаахтар түмсэллэрэ. Өктөөп бырааһынньыгар биир дойдулаах устудьуоннар көрсүһүүлэрэ куортамнаммыт чааһынай дьиэҕэ буолбута. Онно Михаил Николаев Дораны үҥкүүгэ ыҥырбыта. Биэчэр кэнниттэн уопсайыгар диэри атаарбыта. Тута бэйэ-бэйэлэригэр тардыһан, таптаһан, доҕордоһон, өрүү бииргэ сылдьыбыттара. Михаил биир саастыылаахтарыттан олохтоох өйүнэн-санаатынан, тылынан-өһүнэн, дуоспуруннаах майгытынан таһыччы уратыта. Дора үөрэҕин бүтэриитигэр Михаил сайыҥҥы сынньалаҥар иккиэн бииргэ аргыстаһан Дьокуускайга теплоходунан айаннаан кэлбиттэрэ. Михаил Өктөмҥө ийэбин, дьоммун кытта билиһиннэриэм диэн Дораны илдьэ барбыта. Айан массыынатыгар түбэһэн Өктөм мырааныгар диэри олорсон тиийэн, мыраантан дэриэбинэҕэ сатыы киирбиттэрэ. Михаил инилэрэ сыарҕа кэннигэр саһан олорон буорунан тамнаан, тургута оонньоһон көрсүбүттэрэ. Михаил ийэтэ Мария Михайловна көрдөххө, тоҥ нуучча эрээри уу сахалыы саҥалаах буолан биэрбитэ. Михаил ийэтигэр Дораны кэргэн ылар кыыһым диэн билиһиннэрбитэ. Ийэтэ “сөбүлэһэр буоллаххытына, холбоһуҥ” диэбитэ. Дора ыал буоларга ийэтин көҥүлүн ыла салгыы дойдулаабыта. Михаил киирии аҕатын кытта оттуу барбыта. Дора ийэтэ Дарья Семеновна кыыһын кытта кэпсэтэн, санаатын истэн, ыал буоларга быһаарыныытыгар сөбүлэспитэ. Эдэрдэр холбоһоллоругар Михаил ийэтэ Мария Михайловна Сэбиэт сэкирэтээрин саахсалыырга дьиэлэригэр ыҥырбыта. Сэбиэт кэлэн Михаилга “үөрэхтээх киһи буочарыҥ үчүгэй буолуо” диэн эрдии-ойохтуу буолуу сибидиэтэлистибэтин бэйэтэ толороругар эппитэ. Онон Михаил илиитинэн суруйбут докумуонун куоппуйата архыып-библиотекаҕа баар. Михаил ыал буолар күнүгэр убайын киэнин уларсан, үйэтигэр аан бастаан көстүүмү кэппитэ. Уруу оҥорботохторо, чугас дьоннорун кытта көрсүһүү чэйин испиттэрэ. Ыал буолбуттарынан Михаил табарыстара икки тимир биилкэни бэлэхтээбиттэрэ. Дора Никитична “ол былыргылыы киэҥ арыттаах биилкэлэри алаадьылыырга туттарым, билигин биирэ хаалбытын уура сылдьабын” диир. Дора ийэтэ кыргыттарыгар “ким аан бастаан ыал буолбукка бэлэхтиэм” диэн сибэкки ойуулаах кытай холуста ыскаатарын уура сылдьыбыта. Оччотооҕу кытаанах олоххо хантан Өктөмҥө айаннаан кэлиэй, онон өссө Ньурбаҕа саҥа ыалга диэн уура сылдьыбыт сүрдээх үчүгэй ыскаатарын бэлэхтээбитэ. Матараас табыгар оту хаалаан утуйар оронноммуттара.
Дора Никитична: “Михаилы хара маҥнайгыттан дуоспуруннааҕын, дьоһуннааҕын бэлиэтээбитим. Бары да кини бэрээдэктээҕин, библиотекаттан тахсыбатын этэллэрэ. Түүннэри таһаҕас куруустаан харчылаһара. Биһиги бииргэ циркэҕэ сылдьарбытын, ордук гимнастары көрөрбүтүн сөбүлүүрбүт. Михаил бэйэтиттэн хас да сыл аҕа Семен Петров диэн доҕордооҕо. Өйдөспөт түгэммитигэр кини иккиэммитин кытта быһаарсан холбуура. Михаил үөрэхпин бүтэрэрбэр миэхэ кэргэн таҕыс диэбитэ. Арааһа, үөрэҕин бүтэрэн баран, эргэ тахсан хаалыа диэн дьиксинэ саныыр эбит быһыылаах. Дьахтар киһи үтүө тылы кулгааҕынан истэрин сөбүлүүрүн кини билэрэ. Таптал тылларын этэрин умнубат этэ, хойукка диэри сибигинэйэн этэрэ. Мин биэс уон сааспын туоларбар Кубаҕа баран иккистээн эдэр сааспытыгар түспүт, мүөттээх ыйбыт курдук буолбута”, — диэн иһирэхтик ахтар.
Түөрт уон борооскуну — биир күн иһигэр
Үөрэҕин саҥа бүтэрбит кыыс Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын министерствотын ветеринария салаатын начаалынньыгар Крутиковка киирэн, салгыы гимнастиканан дьарыктанарыгар усулуобуйалаах сиргэ, куоракка хаалларалларыгар көрдөспүт этиитин кулгааҕын таһынан аһарбыта, истэ да барбатаҕа. Өссө “тыа сиригэр оҕустар бааллар, олорго көрдөрөн ыстаҥалыаҥ буоллаҕа” диэн дьээбэлээбитэ. Эдэр исписэлииһи Уус Алдаҥҥа анаабыта. Дора Никитична Николаева Уус Алдан киинигэр Бороҕоҥҥо ананан үс сылга үлэлии барарыгар кэргэнэ Михаил Ефимович олоҕун булларан баран үөрэҕэр Омскайдаабыта. Эдэр ветбырааска аҕа састаах, уһун сылларга үлэлээбит, уопуттаах дьон сүбэ-ама буолбуттара. Оччолорго холкуос үлэтэ оргуйан олорор кэмэ этэ. Сүөһү ыарыйдаҕына, пиэрмэлэргэ түүн-күнүс ыҥыраллара. Эдэр кыыс сылаас кэмҥэ бэлэсипиэти сыыдам атах оҥостон сылдьара. Атын кэмҥэ ыраах даҕаны буоллун, сатыылыыра. Ол сылдьан, биирдэ халтарыйан охтон түһэн, бастакы оҕотун куоттаран кэбиспитэ.
Дора Никитична ветбыраас быһыытынан бэйэтэ даҕаны уопуттаах исписэлиис этэ. Төрдүс кууруска устудьуоннуу сылдьан дойдутугар быраактыкатын барбыта. Аҕатын үөрэҕинэн ат миинэн пиэрмэлэри кэрийэрэ. Көлө гына биэрбит аттарын аата Күлүгээн диэн этэ. Аатын курдук ахсым майгылаах ат этэ. Дора атын атаҕар адаҕа кэтэрдэн аһатара, онтон устан пиэрмэлэргэ айанныыра. Антоновкаҕа хамнастаах ветбиэссэр уоппускаҕа барарыгар сарсыҥҥаттан саҕалаан уотууга анаммыт түөрт уон борооскутун аттыырга сорудахтаабыта. Биэссэр биир борооскуну охторон хайдах аттыыры көрдөрөн биэрбитэ. Үс-түөрт эр киһи борооскулары охторон, кэлгийэн биэрэллэрэ. Бырактыкаан кыыс этиллибит түөрт уон борооскуну биир күн иһигэр аттаан кэбиспитэ. Учаастакка өссө тоҕус атыыр сылгыны аттаабыта. Аттаммыт сүөһү, сылгы бары туох да уустугуруута суох үчүгэйдик оспуттара. Онон чэпчэки илиилээх ветбыраас эбит диэбиттэрэ. Ол кэмнэргэ Дора ийэтэ Куочайга олороро. Олохтоохтор чэпчэки илиилээҕин истиһэн, Дораны ыҥыран аны сибиинньэлэрин аттаталлара. Сорохтор кыыска махтанан сүөгэй биэрэллэрэ. Билигин Дора Никитична аан бастаан биир күн иһигэр түөрт уон борооскуну аттаабытын, быраактыкатын кэминээҕи бэйэтин үлэтин бэйэтэ да сөҕөр…
Эдэр үлэһит кыаҕын бэлиэтии көрөннөр, Дораны хомсомуол райкомугар иккис сэкирэтээринэн анаабыттара. Ол саҕана үҥсүү суруктары, ол сүнньүнэн быһаарсыыны, дьон тус олоҕор орооһор табаарыстыы сууттары Дора иһигэр киллэрбэтэҕэ. Онон ити хайысханан салгыы үлэлиир баҕата суоҕа.
Дора үлэтин быыһыгар Уус Алдан улууһун уус-уран самодеятельноһын көхтөөх кыттааччыта этэ, Семен Гаврильев тэрийбит хоругар ыллыыра, үҥкүүлүүрэ, акробаттыы нүөмэри толороро.
Михаил устудьуоннуу сылдьан түөрт ыйдаах производственнай быраактыкатын көрдөһөн Уус Алдаҥҥа барбыта. Сыл аҥардаах быраактыкатыгар айанын суолун харчытын үлэлээн булунуохтааҕа. Араас үлэни барытын – Бороҕон пааркатын тутуутугар маһы солооһуҥҥа, кэрдиигэ, сүгэн-көтөҕөн таһыыга үлэлээн, айанын үбүн булуммутун сэргэ өссө оччолорго дэҥҥэ көстөр, маҕаһыыҥҥа мээнэ атыыламмат уонна киһи эрэ барыта баҕарбытын да иһин атыылаһар кыаҕа суох ыарахан сыаналаах иистэнэр массыынаны атыылаһан таптыыр доҕоругар бастакы сыаналаах бэлэҕи оҥорбута. Өссө ол быраактыкатын кэмигэр Уус Алдан оройуонугар штанганы анньыыга күрэхтэһэн бастаабыта, салгыы Уус Алдан оройуонун аатыттан өрөспүүбүлүкэ спартакиадатыгар ситиһиилээхтик кыттыбыта.
Дора Никитична: “Мин үөрэхпин бүтэриибэр, кини иккис кууруһу бүтэриитэ холбоспуппут. Мин Уус Алдаҥҥа үлэлиир, онтон кини Омскайга үөрэнэр кэммитигэр үс сылы быһа суруйсубуппут. Ол суруктары бырахпыппыттан хомойобун. Наһаа да кэрэ өйдөбүлү харыстаан хаалларбатахпын диэн”, — санаатын үллэстэр.
Эдьигээнтэн саҕалаан
Дора Уус Алдаҥҥа үлэлииргэ болдьохтоох үс сылын туолуута Михаил үөрэҕин бүтэрбитэ. Ити сыл улахан кыыстара Ольга күн сирин көрөн аҕата кэлэригэр түөрт ыйдаах оҕо көрсүбүтэ. Михаил Ефимович үөрэҕин кэнниттэн улааппыт сиригэр Эдьигээҥҥэ үлэлии барар халбаҥнаабат бигэ санаалаах кэлбитэ. Эдэр ыал Эдьигээҥҥэ олоро, үлэлии тиийбиттэрэ. Дора Никитична кыһыл оҕотугар олорбута. Үөрэҕин саҥа бүтэрбит исписэлииһи сонно кылаабынай ветбырааһынан анаабыттара. Эдьигээн улууһа оччоттон баччаҕа диэри таба иитиитинэн дьарыктанар. Ыстаадалар кый бырах сирдэргэ бааллар, бэйэ бэйэлэриттэн ыраах сыталлар. Суол-иис да, сибээс да диэн суох буоллаҕа. Аҕалара ыстаадаларга сылдьан үлэлиир кэмигэр, Дора оҕотунаан бэйэлэрэ хаалаллара. Оччотооҕу олох ыарахана. Иккис сылларыгар Николаевтар иккис кыыстарын, Татьянаны оҕоломмуттара.
Михаил Ефимович салайар дьоҕурдааҕын көрөн хомсомуол райкомун бастакы сэкирэтээринэн быыбардаабыттара. Үлэтэ, командировката элбэх буолан, аҕалара дьиэҕэ аҕыйахтык көстөрө. Оҕолор дьааһыла дьоно буолбуттара. Дора Никитична оҕолорун дьааһылаҕа таһа-таһа үлэлээн барбыта. Кыра оҕолордоох ийэни хата, ыраах ыстаадаҕа ыыппаттара, бөһүөлэк иһигэр сүөһүнү, саһылы көрөрө. Эдьигээҥҥэ түөрт сыл олорон баран, Дьокуускайга көспүттэрэ. Михаил Ефимовиһы хомсомуол обкомун отдел сэбиэдиссэйинэн, онтон хомсомуол куораттааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн анаабыттара. Эдэр эрчимнээх салайааччыны Москваҕа икки сыллаах Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыттара. Үөрэҕин ситэ бүтэртэрбэккэ Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбатын дьаһайыыга партия райкомун үһүс сэкирэтээринэн анаабыттара. Иккис сылын кэтэхтэн үөрэнэн туйгуннук бүтэрбитэ. Дора Никитична тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар ветеринария салаатыгар статистигынан үлэлээбитэ, ветеринария салаатын дааннайдарын түмэрэ. Онтон тыа хаһаайыстыбатын техникумугар преподавателлээбитэ. Фармакологияны, паразитологияны үөрэтэрэ. Бүтэртэрэр кылаастаах буолан, бии сыл Дьокуускайга хаалан үлэлээбитэ. Михаил Ефимович Үөһээ Бүлүүгэ бастакы сылыгар соҕотоҕун олорон үлэлээбитэ. Эһиилигэр дьиэ кэргэн толору түмсүбүтэ.
“Кэргэмминээн өйдөһөр, өйөһөр истиҥ сыһыаннаах этибит. Эдьигээҥҥэ олорон, мин идэбин үрдэтинэ биир ыйдаах кууруска барарбар Михаил түөрт ыйдаах кыра оҕотун кытта хаалбыта. Онтон стажировкаҕа барарбар уон ыйдаах Таняны кытта хаалбыта. Пеленкатын сууйан, куурдан, дьааһылаҕа илдьэрэ…
Михаил хомсомуолга үлэлиир сылларыгар маҥнай утаа дакылаатын суруйан баран миэхэ көрдөрөн эрэдээксийэлэтэрэ. Грамматика өттүнэн көннөрөн биэрэрим.
Михаил Ефимович миэхэ хара маҥнайгыттан «дьиэ-уот хотуна эн буолаҕын” диирэ. Мин тыыл буоллаҕым, онон барыта фронт туһугар олордоҕум дии. Ыскааптарбын, лүүстэрэбин бэйэм ыйааччыбын. Дьиэни-уоту, аһы-үөлү, таҥаһы-сабы көрөн-истэн дьаһайдаҕым. Ийэм үөрэҕинэн иистэнэрбин сөбүлүүбүн. Устудьуон эрдэхпиттэн сиитэһинэн былааччыйа тиктэн модница аатырар этим. Михаил Ефимовичка Үөһээ Бүлүүгэ олорор кэммитигэр муодунай френч тикпитим. Кыргыттарбар андаатар өрөҕөлөрүн кырааскалаан, сон тикпиппин нуорка дуо дииллэрэ.
Михаил Ефимович лапсалаах миини сөбүлүүрэ. Ийэтэ Мария Михайловна миигин сымыытынан лапса оҥорорго үөрэппитэ. Хааһы, миин, ис миинэ буһарааччыбын, кэтилиэттиирим, бэлимиэннээччибин. Сэдэхтик бөрүөк астааччыбын. Алаадьы, билинии астааччыбын. Уһаатынан хаппыыста тууһуурбут. Мария Михайловна шинковка биэрбитэ. Хаппыыста – остуолбутугар хайаан да баар буолара, Михаил хаппыыстаны сөбүлүүрэ. Кэлин диабеттаах буолан, доруобуйатын көрүнэрэ. Эти аҕыйатан, балыкка көспүтэ.
Үөһээ Бүлүүгэ олорор кэммитигэр Михаил Ефимович биирдэ обком инструктора Слепцов диэн киһини аҕалла. Мин тэллэйдээх хортуоппуй астаан тоһуйдум. Ыалдьыппыт “хайа, бу төһө да сайынын иһин этэ суох дьон эбиккит дуу” диэн, райком сэкирэтээрэ этэ суоҕуттан соһуйдаҕа буолуо, хомуруйан турардааҕын өйдүүбүн. Көнөтүнэн олордохпут дии.
Оҕуруот, сибэкки олордон көрөрүм-харайарым. Билигин дьиэ сибэккилэригэр уу кутабын…
Үөһээ Бүлүүгэ бастаан иититэр систиэмэтэ суох маһынан оттуллар оһохтоох чааһынай дьиэҕэ олорбуппут. Онно аҕабыт суоҕар, командировкаларга, айаҥҥа сылдьар кэмигэр бэйэм дьаһанан, наада буоллаҕына бэйэм маһы хайытан, кыстаан, оттунан, оҕолорбун көрөн олорорум. Түүн уон икки чааска диэри отторум. Онтон хааччыллыылаах дьиэҕэ көспүппүт. Эдьигээҥҥэ эмиэ оннук этэ. Бастаан чааһынай дьиэҕэ, онтон хааччыллыылаах дьиэҕэ олорбуппут. Олорбут мас дьиэбит билигин Михаил Ефимович музейа буолан турар.
Үөһээ Бүлүүттэн 1975 с. Дьокуускайга кэлбиппит. Платонов өлбүтүн кэннэ Совмиҥҥа анаабыттара. Мин тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар салайар каадырдары бэлэмниир техникумҥа – урукку партийнай оскуолаҕа үлэлээбитим. Уон түөрт сыл устата зоотехниктарга анатомияны, сүөһү физиологиятын үөрэппитим. Дьиэм-уотум кыһалҕатын үмүрүтэн баран, түүн икки-үс чааска диэри уруоктарбар бэлэмнэнэрим – учуутал үөрэтэр предметин эҥкилэ суох билиэхтээх буоллаҕа. Сирдэрбэтэҕим, ССРС орто анал үөрэхтээһинин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ буолбутум. Техникуммун наһаа үчүгэйдик саныыбын, кэлэктииппит наһаа үчүгэй этэ. Саабыспыт Семен Захарович Борисов кэргэнэ Мария Егоровна Борисова этэ. Техникуммут сабылларыгар үлэһиттэрбит тыа хаһаайыстыбатын техникумугар көспүттэрэ. Биэнсийэҕэ тахсар сааспытын туолбуттар тохтоон сынньалаҥҥа барбыппыт. Онон тыа хаһаайыстыбатын техникумнара бэтэрээн оҥостон сылын аайы ыҥырааччылар. Эдэрбэр тыа хаһаайыстыбатын теникумугар үөрэппит, куурустарын салайан бүтэртэрбит оҕолорбун наһаа сөбүлүүбүн, кинилэр эмиэ миигин наһаа сөбүлүүллэр. Техникум бэлиэ кэрдииһигэр көрсүбүппүт.
Михаил Ефимовичтыын ыал буолан олорбуппут алта уон биэс сыла туолуо сүүрбэ биэс хонук хаалбытын кэннэ кини орто дойдуттан бардаҕа. Алта уон биэс сыл диэн эмиэ да балачча кэм курдук эрээри, эмиэ да кылгас эбит. Кэм олус түргэн эбит. Кырдьыбыккын кэлин эрэ билэн хаалаҕын.
Михаил Ефимович собуоттаммыт массыына курдук биир да субуотата, өрөбүлэ, уоппуската суох үлэлиирэ. Ол эмиэ дьайдаҕа. Дьиҥэр, кини удьуорун генетиката үчүгэй. Ийэтэ Мария Михайловна сүүһүгэр чугаһаан баран, тоҕус уон аҕыс сааһыгар олохтон барбыта. Хотуммун, Мария Михайловнаны наһаа үчүгэйдик саныыбын. Кини төрдө былыр Полтаваттан кэлбиттэр. Козлова диэн этэ. Миэхэ сүрдээх үчүгэй сыһыаннааҕа. Ольгабын оҕоломмутум кэннэ түөрт уон хонук устата киниэхэ, Племхозка олорбутум. Сиэнин сууйан-тараан көрсүбүтэ-истибитэ. Түөрт уон хоммуппун кэннэ быраас балтым Дария миигин көрөн-истэн, Уус Алдаҥҥа оҕобун кытта тахсыспыта. Аймахтар өйөбүллэрэ элбэх.
Куоракка дьиэбитигэр, даачабытыгар бырааһынньыктарга аймахтар мустар үгэстээх буоларбыт.
Англияҕа
Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ Бастакы Президенэ буолан баран аан дойду таһымнаах үлэтин ыыппыта. Араас улахан судаарыстыбалар салайааччыларын кытта көрсүбүтэ, культурнай, экэнэмиичэскэй сибээстэри олохтоон бииргэ үлэлээһини тэрийбитэ. Биир дьахтар Дора Никитичнаҕа “мин эн оннугар кэргэммин кытта барытыгар барсан иһиэм, сири-дойдуну көрүөм этэ” диэбит. Ол гынан баран Дора Никитична санаата суоҕа. Эдэрдэригэр иккиэн муораҕа сынньаналлара. Онтон өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салайааччыта буолбутун кэннэ үйэтигэр биирдэ Англияҕа барсыбыта. Ол туһунан Дора Никитична маннык кэпсиир: “Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ Президенэ буолбутун кэннэ Англияҕа алмаас боппуруоһугар Оппенгеймери кытта көрсүһүүгэ барса сылдьыбытым. Омук тылын билбэт диэн олус куһаҕанын билбитим, горничнай киирэн тугу эрэ этэр, ону өйдөөбөккүн. Дьиэлэригэр-уоттарыгар приемнаабыттара. Тус хаһаайыстыбаларыгар барааннаахтара, кууруссалаахтара, барыта бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын аһын-үөлүн аһаан олороллоро. Хаһаайка бэйэтэ лимонтан барыанньа оҥорбутун амсаппыта. Хапыталыыс кэргэнэ диэтэххэ, үлэһит бөҕө, икки-үс үлэһиттээхтэрэ.
Ат сүүрдүүтүгэр сылдьыбыппыт. Мин аҕам сыһыарбытынан аты сөбүлүүбүн. Биир акка уксан, кыайаммын, ылбыт харчыбар сибэкки дьөрбөтө атыылаһан түспүт ыалбытыгар биэрбитим.
Алта уон биэс сыл бииргэ
Михаил үлэтин-хамнаһын дьиэтигэр-уотугар кэпсээбэт, ырыппат этэ. Кэпсэтэрбит – дьиэ-уот, оҕолор үөрэхтэрин, үлэлэрин туһунан буолара. Оҕолор үчүгэйдик үөрэнэллэриттэн, ситиһиилэриттэн үөрэр-хайгыыр буолара. Оҕолор аһылыктарын хааччыйыыны өрүү сэргиирэ.
Кинигэ бөҕөнү мунньан баай библиотекаламмыппыт. Энциклопедия арааһын, тылдьыттары, уус-уран литератураны. Оҕолорбут, сиэннэрбит, хос сиэннэрбит туһаналлар. Оҕолор бары да олус үчүгэйдик үөрэнэллэрэ. Ольга билигин “Дети Саха-Азии” фонда салайааччыта, Татьяна – АЛРОСАҕа үлэлээбитэ, билигин сынньалаҥҥа, кэлэр-барар, миигин көрөр-истэр. Сиэммит Марина – юрист, Катерина – лор быраас. Манна да5атан эттэхпинэ, мин быраас буолбатахпын кини буолла. Ол гынан баран син биир эмчит буоллаҕым дии. Катерина ординатуратын бүтэрэн научнай үлэнэн дьарыктанар. Илиим-атаҕым – кини. Уолбут Максим уола, сиэммит Михаил, Елена – устудьуоннар. Мария – оскуола үөрэнээччитэ.
Михаил Ефимович соҕурууттан командировкаттан кэлэригэр миэхэ да, оҕолоругар да хайаан да кэһиилээх кэлээччи. Урукку, үчүгэй таҥас кэмчи эрдэҕинэ кримплен муода эрдэҕинэ, миэхэ кримплен сон аҕалбыта. Соппуоска, платформалаах түүппүлэ… Оруобуна буоллаҕына, үөрэрэ. «Размербытын таппыппыт, чэ, үчүгэй», — диирэ. Дьааһыгынан фрукта аҕалара. Сиэммит Катя төрөөбүтүгэр Москваттан «Детская вода» диэн оҕоҕо аналлаах ууну таһара. Оннук кыһанар этэ.
Миэхэ өрүү тыыннаах сибэкки, киэргэл бэлэхтиирэ. Миигиттэн аһылыгыҥ баар дуо диэн ыйыталаһааччы. Мин сөбүлүүр козам сыырын өрөбүлгэ супермаркеттан атыылаһааччы.
Михаил Ефимович эрэллээх, киһи эрэнэр, киэҥ көҕүстээх, өһү-сааһы туппат киһи этэ. Үөһээ Бүлүүгэ олордохпутуна, ыарыы тииһигэ киирэн, Михаилы дьиэтигэр наһыылканан аҕалан, систиэмэ туруоран эмтээтилэр. Онно Егоров диэн киһи кыра холуочук киирэн ыалдьыбыт киһини сэтэрээн “киһи эрэ буолларгын, быраастар илиилэригэр киирбиккин, өрүттүбэт буолбуккун” диэн кэрээнэ суох тылласпыта. Мин билиҥҥим эбитэ буоллар, үрдүгэр түһэн таһырдьа анньыам эбитэ буолуо. Оччолорго соһуйдарбын да, саҥата суох истэн эрэ кэбиспитим. Михаил Ефимович тыа хаһаайыстыбатын министринэн үлэлии олорон ол киһини үлэҕэ ылбыта. Кини курдук киһи эрэ үлэҕэ ылыа суоҕа эбитэ буолуо дии саныыбын…
Кини биһиги олохпутугар арааһы туораатахпыт. Оччолорго хаһыатынан мөҕүү-этии, баһааҕырдыы да баһаама. Бастаан утаа чугастык ылынан, онтон санааҕа-онооҕо ылларан олус эрэйдэнэрим. Онтон “тириим халыҥаабыта”. Михаил Ефимович да инчэҕэй эттээх киһи буоллаҕа, санаата түһэрэ, хомойоро кэмнээх буолуо дуо, ону ханна да хардаран айманааччыта, айдааны тардааччыта суоҕа. Ордук “Туймаада саҥата” диэн хаһыат арааһы суруйара. Оччо-бачча хамнастаах диэн киһи айаҕар батарбат үбүн суруйаллара. Итиччэ хамнастаах эбитэ буоллар, ааппытын билбэт гына байбыт буолуох этибит дэһэбит кыргыттарбынаан. Сымыйа сураҕы тарҕатааччылар бааллара, “уола наркоман”, “кыыһа норуоту мунньан арыгылааһыны тэрийбит” диэн суос-сымыйанан суруйаллара. “Канадскай дэриэбинэҕэ көһөн олорор үһү” диэн суруйаллара – Чиряев уулуссатыгар олорбуппут курдук олоробут, куорат таһыгар Сэргэлээххэ даачалаахпыт. Ону да көрбүт дьон сэмэй тутуу эбит дииллэр. Биһиги да арааһы истэн, тулуйан кэлбиппит. Михаил Ефимович үһүс болдьоҕор барбатаҕар мин үөрбүтүм. Өссө төһөлөөх сиилиэхтэрэ этэй диэн… Олохпутугар саамай ыарахан – уолбут Максимы сүтэрии этэ…
Михаил Ефимович ханна да буоллун, даачабытыгар, тэлгэһэтин иһигэр чааһы быһа, Бэс Чагдаҕа күннэтэ хаамара. Оннук салгыҥҥа хааман үйэтин уһатыммыта буолуо дии саныыбын. Скандинавскай хаамыынан дьарыктанара. Ону көрөн Оһуохай Уйбаан «Бастакы Президент буорайбыт, икки өттүгэр торуоскаланан сылдьар буолбут” диирин истэн сонньуйбуппут эрэ…
Кини мэлдьи баар курдук. Михаил Ефимович өрүү барара-кэлэрэ этэ буоллаҕа. Мин дьиэбэр кэтэһэрим. Оннук олоххо үөрэннэҕим дии. Кураанахсыйбыт курдук санамматаҕым – санаабар кини баран баран кэлиэхтээх курдуга. Онтон кэлин хаһан да кэлбэттии барбытын өйдөөн иһэҕин. Ол эрээри түүлбэр-биппэр өрүү баар. Бэйэм да дьикти айылгылаах киһибин. Оҕо сылдьан аҕам өлбүтүн кэннэ түүнүн аайы аҕабын тыыннааҕын түһээн көрөрүм. Аҕабын көрөөрү хаһан утуйа охсорбун күүтэрим…
Михаил Ефимович көмүс уҥуоҕа төрөөбүт буоругар Таҥара дьиэтин аттыгар кистэммитинэн үөрэбин. Төрөөбүт, кэргэннэммит сиригэр эргиллэн үйэ-саас хааллаҕа…
Түмүккэ Дора Никитична төрөөбүт сахатын норуотун туһунан уонна “Далбар Хотун” сурунаалбыт ааҕааччыларыгар баҕа санаатын тиэртэ: “Михаил Ефимович Саха сиригэр төрөөбүтүттэн киэн туттара. Саха норуота түмсүүлээх, тулуурдаах, хоһуун, талааннаах, сатабыллаах норуот. Саха дьахтара тулуурдаах, талааннаах, сатабыллаах, уйан дууһалаах. Билигин олох сайдан, саха дьахталлара эдэрдэр, кэрэлэр, наһаа сайдыылаахтар. Дьоллоох ыал элбииригэр, арахсыы аҕыйыырыгар, оҕолонуу дьолун элбэх киһи билэригэр баҕарабын.
Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэтин сайыннарыыга элбэҕи ыраланара. Ол ыралара барыта олоххо киирэн иһэллэрэ. Өрөспүүбүлүкэбит сайда турдун!».
Оннук буоллун!
+7 (999) 174-67-82