Үрүҥ Аар Тойон илдьиттэрэ
Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар
Аар Айыы итэҕэлэ баар эрдэҕинэ былыргы сахалар: «Үөһээ халлаантан сүүнэ улахан, үрүҥ моойдоох, бастаах хотойдорунан Үрүҥ Аар Тойон сиргэ Айыы дьонугар илдьит ыытар», – диэн кэпсииллэрэ. Былырыын, 2006 сыллаахха, бэс ыйыгар, даачаҕа сааскы үөрэхпитин ыыта сырыттахпытына, халлаантан үрүҥ моойдоох, бастаах сүүнэ улахан хотой супту сурулаан түһэн намтаан, мустубут үлэһиттэр уонна үөрэнээччилэр үрдүнэн үстэ эргийбит уонна эмиэ Үөһээ Халлааҥҥа тубус-туруору өрө сурулаан тахсан, Бүппэт Улуу Куйаар киэҥ дуолугар киирэн, сүппүт. Мөлтөх соҕус аппараатынан хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ, ити билигин баар. Үрүҥ бастаах Америка хотойо маҥан кутуруктаах. Оттон бу хотой хараҥа кутуруктаах.
Кэнники икки сылга Хаҥалас сиригэр тахсан, анаан-минээн көрдөспөтөхтөрүн да иһин, өҥү-быйаҥы, уйгуну көрдөһөн, Алгыс алҕаатым. Быйыл 2007 сылга от ыйын 7-с күнүгэр тахсан, Эркээни хочотун ортотугар алҕаатым. Алгыыр сирим хайа тэллэҕиттэн чугас соҕус. Массыынанан айаннаан тиийэн, уот оттуохтаах, алгыахтаах сирбитин көрдөнө сылдьан, эмискэ хайа үрдүн диэки көрбүтүм, туох эрэ сүүнэ улахан хайа үрдүгэр ыйанан турар эбит. Миигин кытта сылдьар уолаттар эмиэ көрдүлэр уонна «Самолет, самолет!» диэтилэр. Ону мин: «Самолет хайдах хамсаабакка, биир сиргэ туруоҕай? Туох эрэ атын курдук дии», – диэтим. Онтон, эмискэ, били көстүүбүт иннин диэки сыҕарыс гынна уонна элиэтээн эргийдэ. Улахана улахан самолет саҕа. Элиэтиирэ хотой көтөрүн курдугуттан кини көтөр буоларын биллибит. Ол гынан баран наһаа улаханыттан олус дьиктиргээтибит. Көтөр анараа өттүнэн, халлааҥҥа кэкэлэһиннэрэ сурааһын курдук, үрүҥ-көмүс курдук дьикти дьүһүннээх, тырыы маҥан былыт таҕыста. Сүүнэ улахан хотой үстэ эргийэн, элиэтээн баран, ол сурааһын былыттар диэки көттө уонна биир сурааһын былыкка киирээт, сүтэн хаалла. Ыраах буолан, төбөтө хайдах өҥнөөҕүн көрбөтүбүт. Бу сырыыга бинокла да, фотоаппараата суох дьон буолан биэрдибит.
Дьиҥнээх айылҕаҕа улахан самолет саҕа хотой баар буолуон табыллыбат. Онон, бу көстүүнү наһаа улахан дьикти курдук өйдүүбүн. Бу эмиэ чуолкай Үрдүкү Таҥарабыт Үрүҥ Аар Тойон улахан илдьит көтөрө кэлэ сырытта! Бу чахчы көтөр буоларын биһиги, итиннэ сылдьар дьон, бары чуолкайдык көрдүбүт. Туох сүдү улахан Илдьитэ Үрүҥ Аар Тойонтон кэлэ сылдьыбытын ким билиэй?! Ол гынан баран син быһа холоон билиэххэ сөбө буолуо. Маны инники кэлэр кэмнэр биллэриэхтэрэ диэххэ сөп.
Үрүҥ Аар Тойон үтүө хараҕынан көрдүн! Аар Айыылар алҕаатыннар, силээтиннэр, абыраатыннар, араҥаччылаатыннар!!!
Домм! Домм! Домм!
Cаха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?
Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар
Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх матырыйааллар архыыпка бааллар дуо?
Ойууттар тустарынан суруйуулар
Арҕааттан анысхан тыал үрэриттэн хайдах көмүскэнэбит?
Кутталлаах ыарыылар тустарынан
Сахалар ахсааммыт уонна араас муодалар тустарынан
Алгыстар. Самаан сайыммыт. Көмүс күһүммүт
В.А. Кондаков, «Аар Айыы итэҕэлэ». 5-с чаас. 204-238 с.
+7 (999) 174-67-82