Виктория Варламова-Контоева СВО-5а геройдуу охтубут күндүтүк саныыр күтүөтүн туһунан — VI

Күтүөппүт Вася кылгас олоҕуттан истиҥ ахтыылар?6 чааһа

Күндэлэс күннээх тиһэх сайын

Вася тохсус сылын байыаннай систиэмэҕэ үлэлии сылдьар буолан СВО хара саҕаланыаҕыттан утары турсуу сиригэр бирикээһинэн утаарыллыбыта. Биһиги уонна кини чугас дьоно уол туһугар долгуйар ыргымталаах күннэрбит үүммүттэрэ. Васяны таһынан иккис оҕотун күүтэр кыыспытыгар эмиэ санарҕыыр этибит.

Нарыйа Дайаанатынаан аҕаларын Хабаровскайга байыаннайдар олорор микрорайннарыгар баар дьиэлэригэр аҕаларын күннэтэ көһүтэ иккиэйэҕин эрэ хаалбыттара. Биһиги Вася эрийдэ дуо, суруйда дуо диэн сураһарбыт. Уол сибээскэ таҕыстаҕына, чугас аймахха үтүө сонун, сэргэхсийии, уоскуйуу буолара. Антах буола турар балаһыанньаны араас каналларынан кэтиирбит.

Арай муус устарга ыйы быһа Вася суруйбат да, телефоннаабат да буолан хаалла. Кыыспыт долгуйар, ыксыыр. Мин оҕом туһугар уонна ис иһигэр сылдьар кырачааҥҥа тэҥинэн долгуйабын. Уол байыаннай чааһа тугу да биллэрбэт. Оо дьэ хайдах гынан уолу булуохха сөбүй диэн Москватааҕы постпредство нөҥүө оборуона министиэристибэтигэр тахсар кыаллыа дуо диэн дьонтон ыйытаһа сырыттым. Ол эрээри оччолорго байыаннайдары кытта сибээс олохтоно илигэ, кими да чугаһаппаттар диэн буолла.

Ол күннэргэ Нарыйа балыыһаҕа киирдэ. Бэйэбит манна, сүрэхпит Хабаровскайга. Алаадьы буһаран барыта этэҥҥэ буоллун диэн сахалыы көрдөһөрбүтүгэр эрэ күһэлиннибит.

Арай биир күн Нарыйа эрийдэ. «Маама, Вася телефоннаата. Барыта үчүгэй диэтэ. Туох да сибээһэ суох сиргэ байыаннай сорудахха сылдьыбыттар», — диэн оҕом дьолломмут куолаһынан биллэрдэ. Һуу, дьэ бэрт диэн оруобуна биир ый ыгылыйыыга сылдьыбыт дьон чэпчии түстүбүт.

Кыра киһибит бэс ыйыгар кэлиэхтээх. Вася оҕом төрүүрүгэр хайаан даҕаны уоппуска эбэтэр отгул ылан дьиэлээбит киһи диэн баҕа санаалаах салалтатын хараҕар көрдө да ыйыталаһар, көрдөһөр эбит. Ол эрээри дьоно ээх да, суох да диэбэккэ эрэйдиллэр.

Кырачааммыт аҕыйах күнүнэн эрдэлээн төрөөтө. Эдэр ыалга кыыс о5о күөх окко төкүнүс гына түспүт үөрүүтэ буолла. Дьэ, доҕоор, аны Васябытын оҕоломмутунан уоппускаҕа ыытар буолбуттар диэн иккис үчүгэй сонун тирилээн кэллэ☺️????????

Мин уоппускабын Хабаровскайдаары эрдэ быланнаабыт буолан выписканы баттаһабын, оҕуруоппун сыыһа-халты олордоот оҕолорбунаан Хабаровскай диэки көтө турдубут.

Анаабыт курдук биһиги Дьокуускайтан Хабаровскайга көтөн кэлэр сарсыардабытыгар Вася самолета Москваттан кэлэн түстэ. Аэропортка көрсүһүү буолла. Багаһы ылар саалаҕа арай Вася икки нуучча уолун кытта турарын көрөн кыргыттарбынаан Ваасяя диэбитинэн аттыгар баар буола түстүбүт. Кини туһугар олунньуттан долгуйууга олорбут буоламмыт үөрүүбүттэн ийэлии кууһан ылаары гыммыппар уолум сахалыы иитиилээх буолан симиттэн хаалла, «эээс» диэн баран кэтэҕин сууралаата. Баттаҕа үүнэн хаалбыт. Өрүү кэтэр кыһыл футболкалаах, сиэрэй спортивнай ыстааннаах, айан суумкалааҕын көхсүгэр быраҕыммыт.

Васябытын кытта бииргэ куоракка тахсыбыппыт. Аҕатын олус күүскэ ахтыбыт, салгыбакка күннэтэ күүппүт биэстээх Дайаана күндү киһитин көрөн долгуйан ытаабытын хаһан да умнуом суоҕа. Дьэ ол кэннэ син уоскуйан һуу һаа буолан мин кэһиилэммит аспынан эбиэт бэлэмнээн бары үөрэ-көтө чэйдээбиппит.

Ыраах айантан кэлбит киһи суунан баран сынньан, утуйа түс диэбитим, онтум дьиэҕэ итии уу суох буолан биэрдэ. Хабаровскайга сайын ууну биэрии өрүү эрэйдээччи, онон уу ититэр бойлер ылыыһыкпын диэн дьиэ хаһаайына Вася былаанныы охсубута.

Вася сыта түстэ дуу, суох дуу сотору буолаат, роддом диэки Нарыйалаахха сатыы элэстэтэ турбута. Наһаа да үөрүүлээх күннэр этэ бу санаатахха. Санаабар Вася үөрүүтүттэн көтө сылдьар курдуга. Дьиэтигэр, оҕотугар, кэргэнигэр кэлбит буоллаҕа. Уонна саҥа киһи төрөөһүнэ, кинини кытта бастакы долгутуулаах көрсүһүү.

Мин киэҥ соҕустук миин уонна алаадьы буһара хааллым. Саллааты уонна саҥа төрөөн сытар Нарыйаны үчүгэйдик аһатарга диэн соруктаахпын. Выписка малын атыылаһыыга Вася барытын бэйэм дьаһайыам диэбитэ. Онон роддомҥа ас аҕалан, түннүгүнэн Нарыйабытын көрөн баран кыра кыргыттары кытта Хабаровскай устун күүлэйдиибит, оонньуур сирдэри, аттракционнары кэрийэбит.

Ити күннэргэ Васялыын аннараа буола турар быһыы-майгы туһунан элбэҕи кэпсэппиппит. Мин сэриигэ сылдьар киһи уларыйбыта буолуо дии санаабытым. Ол эрээри Вася бэйэтэ бэйэтинэн этэ. Кэлин кыыспыттан эмиэ ыйыппытым, уол баҕар ыарахан, нүһэр майгыламмыт буолуон сөп диэн ийэ киһи долгуйар курдугум. Онно Нарыйа «суох, маама, Вася ессө ордук сымнаабыт, биһиэхэ кыһамньылаах, болҕомтолоох буолбут» диэбитэ. Бу кэлин санаатахпына, сэриигэ арааһы көрбүт киһи олоҕу, оҕолорун өссө күндүтүк санаабыт, сыаналаабыт буолуон сөп. Уонна саамай чугас, тапталлаах дьонун кытта тиһэх сайына буоларын ханан эрэ сэрэйэн хас биирдии күнүн дьолго тиксии курдук ылыммыта буолуо дии саныыбын?

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх