Тойбохой хотойо – Лүөччүк Аркаадьый
Аркадий Николаевич Михайлов 1949 с. атырдьах ыйын 27 күнүгэр Тойбохой нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Саввинова Елена Федотовна, аҕата Михайлов Николай Афанасьевич – күҥҥэ көрбүт суос-соҕотох оҕолоро. Аҕата сэлликтээн 1953 с. орто дойдуттан баран, ийэтэ соҕотоҕун ииппитэ.
Уолчаан 1956 с. оскуола «ньулобуой» кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ. Онтон ыла үөрэх, билии-көрүү диэн тугун кытта ыкса билсэн, «тулалыыр эйгэ», «төрөөбүт дойду», «дьон-сэргэ өйөбүлэ», «доҕордоһуу» диэн өйдөбүллэргэ сыстан барбыта.
Ити туһунан бэйэтэ маннык кэпсиир.
– Киһи-хара буоларбар улахан көмөнү интэринээт диэн тэрилтэ уонна үөрэммит оскуолам оҥорбута, оҕолорум, учууталларым улахан оруолу ылбыттара. Ол интэринээт дьиэтигэр элбэх оҕо биир хомууна буолан олорон иитиллибиппит, оскуолаҕа хас да солбугунан үөрэппиттэрэ. Кинигэ диэн киһи олоҕор улахан билиини биэрэр, өйгөр өй эбэр, барыны бары быһаарар «кумааҕы» баарын аан бастаан билбитим. Бибилэтиэкэрбит Анна Михайловна Данилова кинигэни сыаналыырга, ааҕар баҕаҕа уһуйбута. Аһара үчүгэйдик, уус-ураннык кэпсиирин өйдүүбүн. Бары кэриэтэ тыыннаах муннукка дьиэ харамайдарын, араас кыылы көрөр-харайар этибит. Саас-күһүн, сайыҥҥы сынньалаҥҥа кытта ботаническай саадка үлэлиирбит. Ону барытын Г.Е. Бессонов иилиир-саҕалыыр этэ. Саас хаардаахха оттук маспытын илии эрбиитинэн бэлэмниирбит. Кылааһынан араас субуотунньуктарга, эбии аһылык бэлэмигэр, сопхуос тэрийэр илии үлэтигэр көхтөөхтүк кыттарбыт. Онтубут барыта, аны санаатахха, үөрэппиккин үлэнэн чиҥэтэр курдук буолар эбит. Бэһис кылааска үөрэнэ сырыттахпытына Саҥа дьыл кэннэ оскуола-интэринээт диэн тэриллибитэ, детдом оҕолорун кытта холботолоон, барыбытын бииргэ олордуталаабыттара. Саҥа икки этээстээх оскуола дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Аһара тымныы буолан чылыгырыайканан олорон үөрэнэр этибит. Чэрэниилэбит тоҥон харандааһынан сурунарбыт. Ол да буоллар, мин бэйэм «туругум» тупсан барбыта, эйэҕэс доҕоттор, кыһамньылаах иитээччилэр, киэҥ билиилээх учууталлар көмөлөрүнэн киһилии сыһыаҥҥа иитиэхтэнэн, киһи буоларбар сырдык суол аһыллыбыта.
Ити курдук, оҕо сааһыттан тахсан, Аркадий Михайлов 1967 с. Тойбохой интэринээт-оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн, дьиэ иһинээҕи уонна чугас дьоно сүбэлээн, Дьокуускайга аттанар. Онно үөрэххэ киирбэккэ ааһа көтөн, Благовещенскай куоракка тиийэр, ол сыл сварщик идэтин баһылаан, улахан собуокка үлэлии-үлэлии, киэһээҥҥи оскуолаҕа киирэн хаттаан үөрэнэр. 1968 сыл сааһыгар аармыйаҕа ыҥырыллан сулууспалыы барар. Бастаан Владивостокка, онтон салгыы Камчаткатааҕы Петропавловскайга сулууспалыыр. 1970 с. сулууспатын бүтэрэн, төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлэр.
Ол сайын үөрэппит учууталларын сүбэлэринэн, үөрэххэ бараары, сиэбигэр икки мөһөөхтөөх Сунтаарга киирбит. Онно киирэн, Сылгытов Пётр Васильевичтаахха түһэн сыппыт. Кини сүбэлээн-такайан, Аркадий салгын суолун (авиация) үөрэҕэр сыстар санааҕа кэлбит.
Ол сыл, санаа курдук, Бугуруслаҥҥа лүөччүк үөрэҕэр киирэр. 1972 сыл күһүнүгэр ити үөрэх кыһатын икки «түөрт», уоннааҕыта «биэс» сыананы ылан ситиһиилээхтик бүтэрэр.
Ол кэннэ Ньурба авиационнай этэрээтигэр Ан-2 көтөр аалга иккис пилотунан ананар уонна биэс сылынан аал хамандыыра буолар. Эмиэ ол сыл «Лучший работник народного хозяйства района» диэн ааты, «За безаварийный налёт 3000 часов» диэн бэлиэни тутар.
1998 с., П.В. Сылгытов уонна Сунтаар аэрэпордун кэлэктиибин көрдөһүүлэринэн, төрөөбүт төрүт сиригэр, Сунтаар аэропордугар начаанньыктыы кэлбитэ. Ити сылларга бүтүн дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ буолан эрэр кэмэ этэ. Дьон үксэ сылы-сыллаан хамнастарын көрбөт этилэр. Аэропорт ночооттоохтук үлэлиир буолан, хамнас кэллэҕинэ даҕаны быстар кыра буолара.
Ол эрээри, табыгастаахтык салайыы туһата көстөн барбыта. Сунтаар аэропорда икки сыл иһинэн ночооттон барыска тахсыбыта, хамнас икки аҥаар төгүл эбиллибитэ. Саҥа тутуулар үлэҕэ киирбиттэрэ, көтөр балаһа өрөмүөнэ барбыта, тиэхиньикэ саҥардыллан испитэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатын көмөтүнэн аэропортар түмсүү тэриммиттэрэ. Итинтэн салгыы, Росавиация ылсан, аны федеральнай тэрилтэлэр тэриллэн барбыттара. Сунтаар аэропорда итиннэ барытыгар көҕүлээччинэн сылдьыбыта. Үлэ-хамнас биллэ тупсубута. Кэлэктиип, улуус иһигэр эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах күрэхтэһиилэригэр, уус-уран көрүүлэригэр, о.д.а. тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттан барбыта. Итиннэ барытыгар тэрилтэ салайааччытын таба дьаһаныыта, олоххо саҥалыы сыһыана, тэрийэр дьоҕура быһаарар суолталаммыта.
Ити сыллардааҕы кэм туһунан кини маннык ахтар.
– Сунтаарга үлэлиирим тухары суол-иис суоҕуттан дьонум-сэргэм эрэй бөҕөнү көрсөрүн көрөн улааппыт буоламмын, онно көмөлөһөөрү үлэлии сатыырым. Өрүс үрдүгэр олорор Элгээйи эҥээр нэһилиэктэргэ сөмөлүөт ордук хос көтөрө. Оттон суола суох Тойбохой, Уһун Күөл, Дьаархан, Маар Күөл нэһилиэктэригэр күҥҥэ биирдэ, эбэтэр күн өрүү-өрүү көтөрбүт. Ону көннөрөөрү, Пётр Васильевич хаста-хаста оройуон салалтатын диэки сылдьыбытын ааҕан сиппэккин. Ол гынан, туруорсууну өйдөөн, быһыы-майгы кэнникинэн тупсан испитэ. Онно мин кыра да көмөлөөх буоларбынан киэн тутта саныыбын. Ол кэмҥэ билиэт сыаната, таһаҕас таһыытын төлөбүрэ чэпчэки буоланнар, биһиги үлэбит аһара элбэҕэ: пассажир да баара, таһаҕас, почта да дэлэй буолара. Күн аайы 12 чаас, оттон ыһыах, атын тэрээһин кэмигэр 14 чааска тиийэ үлэлиирбит.
Сунтаарга ити курдук уонтан тахса сыл үрдүк көрдөрүүлээхтик үлэлээн, 1982 с., Ан-24 көтөр аалы салайа үөрэнэн, Дьокуускайга көһөр.
Аркадий Николаевич бу аалга 12300 чааһы эҥкилэ суох көппүтэ. 1987 с. Ан-24 хамандыыра, 1993 с. бастакы кылаастаах пилот буолбута. Киниэхэ «Ветеран труда авиации Якутии», «Отличник воздушного транспорта России» диэн ааттар иҥэриллибиттэрэ.
Саха сирин авиациятын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэтин кавалера Аркадий Николаевич Михайлов кэргэниниин, Зоя Ефремовналыын, алта оҕону төрөтөн, иитэн-үөрэтэн, атахтарыгар туруортаатылар. Араас идэлээх, араас үөрэхтээх оҕо-уруу, элбэх сиэн ортотугар барыларыгар дурда-хахха буолар, сүбэ-ама биэрэр. Иллээх дьиэ кэргэн аҕа баһылыга дойдутун, дьонун олоҕун уйгута тупсарын туһугар кыаҕа, күүһэ баарынан, санаата тиийэринэн ыалдьа, үлэлии олорор.
Биһиги, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтара, төрөөбүт нэһилиэкпит муниципальнай тэриллиитин бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутааттарын сүбэтин уурааҕынан киэн туттар киһибитигэр «Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» ытык аат иҥэриллибитин уонна туһааннаах бэлиэни, туоһуну Тойбохой олохтоох дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Семён Олегович Михайлов кэлэн туттарбытын уруйдуу көрүстүбүт.
+7 (999) 174-67-82