Суутка Чомчоев – Степановка: Эн заказчиккын дуо?

Тоҕо олуона быһыыланабыт?

Бүгүн, от ыйын 11 күнүгэр, Анатолий Чомчоевка саба түһүү түбэлтэтин айдааннаах суута хаһыс да төгүлүн буолла.

Коридорга арай биир саха олорорун көрөн кэпсэтээри ыйыталастыбыт. Анатолий Игнатьевич өттүттэн кэллэҕэ буолуо дии санаан.

Онтубут тутатына «абааһытынан» тыынна:

 —        Я с вами не разговариваю…

Ким кэлэн буруйданааччылар өттүлэригэр туоһу буолбут эбитий диэтэххэ интэриниэт булбут информацията.

Степанов Валерий Егорович, доктор физико-математических наук, профессор, заведующий лабораторией Северо-Восточного федерального университета имени М.К. Аммосова.

Кини суукка Анатолий Игнатьевичтыын 1994 билсэрин, республикаҕа соҕотох атомщик буоларын, хас даҕаны патеннааҕын, ол гынан баран кинини ким даҕаны ылымматын-билиммэтин кэпсээтэ.

Судьуйа: — Буруйданааччыны билэҕин дуо? — диэн ыйытыытыгар малтаччы: — суох.

Онтубут баара, маннык чыыннаах-хааннаах киһи анаан-минээн Анатолий Игнатьевиһы хоруотуу-хараарда кэлбит эбит?

Араас интэриниэт ситимигэр Кэнкэмэ ыалын туһунан сонун, эбэтэр быһылаан туһунан суруйуу таҕыста да араас ааттаах БОТ-тар Чомчоев дипломун, патенын туһунан токкоолоһоллоро.

Ол иһин, анаан-минээн ити «дьиҥнээх» учуонайы аҕалан суукка тыл этиттэрдилэр.

Дьиҥинэн, ким ханна үөрэммитэ дуу, көмүскээбитэ дуу түүн ортото ыал тэлгэһэтигэр служебнай массыынаннан итирик киирэн кырбаабытыгар, ытыалаабытыгар, ситэри сиэри быһахтаабытыгар туох сыһыаннааҕа отойдуун өйдөммөт.

Бииргэ үлэлэһэ сылдьыбыт Степанов хамнаһа кыччаан дуу, харчыга ыктаран дуу итинник сидьиҥ дьону сирэй билбэт эрээри суукка туоһу буолан хармаанын халыҥатар ньымалааҕа төһө сөптөөҕүй?

Анатолий Игнатьевич туран:

 —        Валерий Егорович эн заказчиккын дуо?   

Дьэ, киһи өйүгэр баппат түгэн буолла.

Аны туран, мөлүйүөн аҥаарыгар тиийбэт аҕыйах ахсааннаах САХА-лары утары туруора сатыыр кэрээнэ суох быһыылаах сиргидэхтэри өйүүрбүт итээбит?

Өй мөккүөрэ хайа да омукка баар. Баар буолуохтаах даҕаны.

Ол гынан баран, күлүү-элэк гынар дьаамаҕа хааллыбыт омуктар тустарынан анекдоттарыгар курдук САХА-лар хаһан бэйэ-бэйэни намтатан, тэпсэн, аллараа баттаан бүтэбит?

В статье приводится личная точка зрения и оценочные суждения автора на события, получившие широкий общественный интерес.

1 Комментарий
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх