Владислав Коротов: «Мин буолбатахпына, ким оҥоруой, кыайыай?”
«Сарсыардам төлөпүөнтэн саҕаланар. Харахпын хайа тардаат, бассааппын, электроннай буостабын, социальнай ситимнэри көрөбүн. Бэйэм хамнастаах үлэбэр, уопсастыбаннай хамсааһыннарга, суруналыыс эйгэтигэр туох сонуннар баалларын көрөбүн, наадалааҕын бэлиэтэнэбин, ыйытыктарга хоруйдуубун…» Бу маннык саҕаланар биир дойдулаахпыт, суруналыыс, успуорт эйгэтигэр биллэр кылаатын киллэрсэ сылдьар Владислав Коротов. — Дорообо, Владислав Петрович. Мин Эйигин мэлдьи үлэлии-хамныы, сүүрэ-көтө сылдьар, «уоскуйбат», тэһиттэҕэс, уһуктаҕас айылгылаах […]