Альберт Бүлүүйүскэй, Варвара Потапова ааҕааччыга төнүннүлэр
Мин хоһоон сатаан суруйбат буолан, олох эдэр эрдэхпиттэн поэттары ураты, таҥараттан бэлэхтэппит дьоҕурдаах дьонунан ааҕарым, ыраахтан ытыктыы, ымсыыра көрөрүм. Билигин даҕаны, төһө да суруналыыстыкаҕа кэлбитим балайда бириэмэ ааспытын үрдүнэн, хоһоонньуттарга сүгүрүйэбин. Олох кыра сааспыттан ааҕарбын сөбүлүүр буолан, кинигэ эйгэтигэр улааппытым, ол эрээри прозаны ордорорум. Онтон миигин хоһоон эйгэтигэр чугаһаппыт киһинэн Альберт Бүлүүйүскэй буолар. Кинини кытта […]