Былаас туhугар утарыта турсуу
🔥КЫРДЬЫК ТУҺУГАР КИИРСИИ. 🔥ИСТОРИЯ ҮӨРЭҔЭ. 📕Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Саха тыйаатырын Олоҥхо түһүлгэтигэр Иван НИКОЛАЕВ «ПРОТИВОСТОЯНИЕ» («Утарыта турсуу») кинигэтин сүрэхтээһин буолла. Ыҥырыы сурукка бу тэрээһини «Былаас уонна интеллигенция сэһэргэһиитэ» диэн чопчулаабыттар. Көрсүһүүгэ интеллигенция өттүттэн билим үлэһиттэрэ, норуот суруйааччылара, искусство, култуура биллэр-көстөр дьоно, бэлиитиктэр, суруналыыстар, устудьуоннар кэлбиттэр. Ол иһигэр бараммат сырдыкпыт буолар Авксентий МОРДИНОВ төрөппүт кыыһын, […]