Оронтон уордайан, тойон дьиэлээх туран кэлиэ: Эр киһи сэттэ мэтириэтэ
Эр киһи сэттэ мэтириэтэ. Бастакы мэтириэт Киирэн-тахсан, кэлэн-баран,Саҥаран-иҥэрэн, күлэн-салан,Билсэн-көрсөн, эрбэх үөһэ эргийэн,Дьэ уол оҕо кылааннааҕа диэтэҕиҥ.Биирдэ көрсөөт бэрт киһи дэтэн,Элбэҕи эрэннэрэн өйү сүүйэн,Тугу эрэ «дук»гыннараат суола сойуо,Кураанаҕы куустаран хомотуо. Иккис мэтириэт Оронтон уордайан,Тэллэхтэн тэбиэһирэн,Сыттыктан сымарынан,Суорҕантан суоһурҕанан,Тойон дьиэлээх туран кэлиэ.Күргүйүнэн көбүөлэнэн,Сутуругунан суоһурҕанан,Ойоҕор ордоотоон,Оҕолорун дьарыйталаан,Түөрт эркин иһигэр,Муҥур тойон буоларын,Муҥура суох былааһын,Өйдөппүтүнэн барыа.Аһаан кэллэҕинэ абытай,Иһэн кэллэҕинэ иэдээн. Үһүс […]