Орто Дойду оло5о уонна Аар Айыы итэ5элэ
Орто Дойду олоҕо киһи-аймах өйө-санаата сайдарыгар, үчүгэйи-куһаҕаны араара үөрэнэригэр, үлэлээн олороругар, үлэнэн сайдарыгар олус табыгастаах буолбута. Төһө да сиик тыыннаах, симэһин хааннаах, босхо бастаах, мутугунан быраҕар муҥур үйэлээх аатырдар Улуу Халлаан дэлэй олоҕунааҕар төһө эмэ кэрэхсэбиллээх, олоххо күүстээх тардыһыылаах буолбута. Түүнү күнүс, кыһыны сайын солбуйбута, сарсыарда күн тахсыыта, тымныыны итии солбуйуута, үлэ-хамнас кыайыылаахтык түмүктэниитэ, Ийэ […]