Дьиктилэр: Яков Васильев саата да, быһаҕа да суох сылдьан бөрөнү кырбаан өлөрбүтэ

Күүлэччимэ дьиктитэ

1942 с. сайын уруккутунан II Атамай Сталин аатынан холкуоска Аччыгый Күүлэччимэ күөлүгэр «сыыҥкабай туу курдук моһуоннаах» улахан эттик түспүт. Нөҥүө сааһыгар күөл балыга өлбүт, кэлин хатыҥнара хаппыт. Атамай оҕолоро хаста да күөлү чинчийдилэр.

Силээҥҥэ

1943 с. кулун тутар 5 к. Солоҕон Силээнигэр сууллубут самолет быһылаанын туһунан, Амма Аччыгыйа «Алдьархай» диэн сэһэнин суруйбута.

Дьолоҕо

Дьолоҕо «Дуглас» самолет сууллубута. Хас да сыллааҕыта өҥнөөх металга туттараары тиэйэн киллэрбиттэр, ону Дьокуускайга ФСБ-лар туппуттар.

Дьикти үһүйээн

Мытаахха Өлбүт күөл диэн сиргэ улахан баай киһи олорон өлбүт. 9 хостоох иин хаспыттар. Түгэх саамай улахан ииҥҥэ атын мииннэрэн, өлбүт тойоннорун, кини икки өттүгэр саамай кыраһыабай уоллаах-кыыһы ат мииннэрэн тыыннаахты көмпүттэр. Ол дойдуга арыаллаан тиийэн, тэһиин тутуохтаах үһүлэр. Үс ииҥҥэ 9-туу киһини

тойоннорун көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ, аһатыахтара, таҥыннарыахтара диэн тыыннаахтыы көмпүттэр. Атын үс ииҥҥэ 9 ынаҕы, 9 сылгыны, 9 табаны өлөрөн кистээбиттэр. Икки ииҥҥэ тойоннорун таҥаһын-сабын, иһитин-хомуоһун, сэриитин сэбин-сэбиргэлин укпуттар. Бу дьон ыһыыта-хаһыыта сир анныттан 9 хонукка ньиргийбитэ үһү. Онтон саллан дьоннор көһөн барбыттар, күөллэрин «Өлбүт күөл» диэн ааттаабыттар. (Бу күөл тулатын археолог И.В.Константинов экспедицията хаһан көрбүтэ).

Эһэ өрүтэ бырахпыта

Маҥаны олохтооҕо, суоппар Степан Филиппович Слепцов 1973 с. бултуу сылдьан эһэҕэ түбэспит. Мутук мэһэйдээн саатынан ытыан иннинэ, эһэтэ сүүрэн кэлэн саба баттаабыт, өссө ылан өрүтэ бырахпыт. Онтон атын туох да куһаҕаны оҥорботох, итинник оонньоон баран куоппут.

Бөрөнү кырбаан өлөрбүтэ

1978 с. Атамай отделениетын сылгыһыта Яков Васильев саата да, быһаҕа да суох сиргэ сылдьан, бөрөнү утары көрсөр. Уһун күнү быһа күрүө тоһоҕотунан кырбыыр, сэниэтэ эстэн дьиэлиир. Сарсыарда кэлбитэ бөрөтө өлө сытара.

Солоҕонтон төрүттээх кытай

1996 с. бэс ыйыгар народнай поэт Савва Иванович Тарасов кэргэнинээн Акулина Христофоровналыын Кытайга Удальянчи диэн куоракка сынньаммыттара, эмтэммиттэрэ. Онно нууччалыы иһиллэринэн Деректор диэн кытайы билиһиннэрбиттэр. Ол киһи дьоно, төрдө-ууһа Маньчжурияҕа олохтоох Солоҕоон тоҥустара эбит. Олус соһуччу көрсүһүү буолбут, рестораҥҥа илдьэн аһаппыт, элбэҕи ыйыталаспыт.

Ньукуолун кэнниттэн

1999 с. Кэптиҥҥэ сааскы Ньукуолун 9 хонук ааспытын кэннэ, ыам ыйын 31 күнүгэр тутумтан ордук муҥур сүөмҥэ чугаһыыр, ып-ыраас хаар түспүт. Сарсыарда 2 кыраадыс тымныы этэ. (И.Е.Лукин).

Саамай элбэх муус тобурах

1957 с. атырдьах ыйын 4 күнүгэр Кировскай нэһилиэгин Хаахынайдаах учаастагар биир илии халыҥнаах бөдөҥ, үлтү сынньыллыбыт курдук муус, 15 мүнүүтэ устатыгар түһэн ааспыт. Муус түспүт сирин кэтитэ 10 км. оттон устата төһө сиргэ түспүтэ биллибэт. Муус балтараа суукка устатыгар ууллубакка сыппыт.

Утуйар ыарыыга ылларбыт

Никифоров Спиридон Егорович 1956-57 сс. диэки үөрэнэ илигинэ утуйар ыарыыга ылларбыт. Икки ый курдук. Ону Николай Максимович-Буденай: «Оҕоҕут өлбүт быһыылаах, кистииһигит» диирэ, ону ийэтэ «тыыннаах-тыыннаах, сүрэҕэ тэбэр», – диэн этэрэ. Кэлин кини уһун кэмҥэ МСО-ҕа суоппардаабыта.

Сэттэлээх оҕо уһулуччу билиилээҕэ

«Сэттэлээх, уһулуччу дьоҕурдаах оҕо тоҕо үөрэммэтий» диэн редактор В.Алексеев ыстатыйата «Саха сирэ» хаһыакка тахсыбыта. Онно Аһымаҕа олорор Гриша Хартиков туһунан суруллубута. Ол ыстатыйаттан. …Төгүллээһин таблицатын билэр: 22-ни 11-гэ төгүллэттибит, суоттаата, 1999-һу 2000-ҕа өйүгэр ааҕан баран, 3998000 диэтэ. Английскай тыл алфавитын билэр, 8 кылаас «Анатомиятын» учебнигын ааҕа сылдьара. Холобура, маннык кинигэлэри аахпыт: Киплинг «Маугли», А.Власов «Огненный бой марранов» 190 страницалаах, Григорий Остер «Задачник» 327 задачалаах о.д.а. Кинини бу ыстатыйа кэнниттэн Дьокуускайга Татьяна Березина чааһынай оскуолатыгар үөрэппитэ. Иккилии кылааһы көппүтэ. Кэлин Нина Алексеева оскуолатыгар үөрэнэр.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх