Күтүөппүт Вася кылгас олоҕуттан истиҥ ахтыылар?5 чааһа
Парашютист-отличник эбэтэр Вася беседката???♀
Биһиги үс кыыстаах ыалга сүгэр-көтөҕөр үлэҕэ эр киһи көмөтө өрүү наада. 2019 сыллаахха чааһынай дьиэ ылан көһөн баран кэргэним күтүөтүн күн аайы саныыр буолла. «Васялаах Нарыйа Дьокуускайга олороллоро буоллар күрүөбүтүн күтүөт биһикки ньачаас тутуо этибит», «Вася уоппуската хаһан буолара буолла?», «Уол кэллэр быйыл гарааһы саҥардыбыт киһи». Чэ ити курдук күн аайы?
Атыыласпыт дьиэбит гарааһыгар массыына нэһиилэ батан киирэр, ону ааһан истиэнэтэ чап-чараас, кыһынын тыбыс-тымныы. Үөһэ өттүгэр беседкалаах. Онто хата үчүгэй баҕайы. Киһи көтүрэн быраҕыан баҕарбат.
Гарааһы көтүрэргэ, беседканы. ыспакка сиргэ түһэрэн учаастак түгэҕэр сынньанар зона оҥосторго диэн буолла. Дьэ уонна Васябытын Хабаровскайтан күүт да күүт. Ити 2020 сыллаахха пандемия күһүнэ этэ.
Уолбутугар үлэтигэр нэһиилэ уоппуска биэрдилэр. Ол сарсыныгар Вася о5отунаан Дайааналыын Дьокуускайга көтөн кэллилэр. Папа оҕото аҕатын харыс да сири хаамтарбат, батыһар, сайыһар. Нарыйа полиция үлэһитэ оҕо көрөр солото суох.
Стас Васяҕа беседканы көтүрүү, көһөрүү, түһэр сирин оҥоруу, муосталааһын уонна септигы, турбаларын «утепление» диэн үлэни анаата. Наймыласпыт биригээдэтэ гараж тутар буолла. Уһаайбаҕа үлэ күөстүү оргуйда??
Васяны кытта бииргэ алтыспыт, тутууга үлэлээбит дьоно харса суох баҕайы этэ дииллэр. Сатаа сатаама түһүнэн иһэр. Онон СВО-5а да оннук сылдьыбыт буолуохтаах диэн этэллэр. Кырдьык да оннук. Буулдьа аннынан дьону быыһыы киирээччи кини. Саамай уустук сорудахха барааччы эмиэ кини.
Беседканы ыспакка гаражтан араарыы түбүгэ буолла. Уолаттар толкуй бөҕөҕө түстүлэр. Кран массыына кэллэ. Беседка аллара өттүн гаражтан араардылар. Аны үөһэ түөрт муннугуттан трос быанан баайан көтөхтөрүөххэ наада. Вася страховка курдук синньигэс биилигэр быа баанна, ону краҥҥа ииллилэр. Дьэ уонна гараж үөһэ турар беседка сыырынньа сарайыттан умса сыыллан муннукка трос баайа түстэ?Кутталыын… Биир муннук буолуо дуо, түөрт муннук буоллаҕа. Сэрэхтээх да баҕайы эбит бу санаатахха.
Аны туран беседканы кранынан туттаран баран атын сиргэ тиэйии баар. Баран иьэн беседка салгыҥҥа тэйбэҥнээн дьиэҕэ охсуллуон сөп. Онон үөһэ хонтуруоллааччы наада. Онон Вася беседканы кытта «көтүһэр» буолла.
Спецназ разведкатын байыаһа парашютунан элбэхтэ ыстаммыт буолан үөһэттэн куттаммат эбит этэ. Васяны көмөргө мэтээллэрин бэрийбиппин, онно «Туйгун парашютист» диэн бэлиэ баара.
Вася бу иннинэ беседка түһүөхтээх оннун кыһыл кумахтаан, гравийдаан оҥорбута. Онно беседка көтөн кэлэн лоп курдук миэстэтигэр олорбута ??????
Күтүөт уол кыа5ыттан, харса суоҕуттан тутааччылар соһуйуу бөҕө. Аҕа кынна астынан Вася саннын кэлэн таптайар да таптайар.
Сарсыҥҥытыгар уол беседканы бэртээхэй бэйэлээхтик муосталаабыта. Остуол ньуурун курдук көнө муоста буолан тахсыбыта. Хас да сыл буолла турбута, ханан даҕаны арда аппыта, хоппойбута диэн суох. Септик да боппуруоһун үөрүйэхтик туттан-хаптан ситэрэн-оҥорон кэбиспитэ??Биһиги үлэ үмүрүйэн үөрүү-көтүү.
Вася беседкатыгар саас аайы кини аймахтарын, оҕолорун кытта шашлыктыыр үгэс олохтуохпут, уолбутун саныахпыт, ахтыахпыт?
?1. Вася беседканы муосталыы олорон Нарыйа5а ыыппыт селфита.
2. Вася Хабаровскайтан биһиэхэ тутууга көмөлөһө кэлбит күнэ. Стас портка көрсө киирэн баран түһэрбит. Дайаана эһэтин атыҥыраабыт, аҕатын кэннигэр саспыт?