Виктория Варламова-Контоева СВО-5а геройдуу охтубут күндүтүк саныыр күтүөтүн туһунан — IV
Күтүөппүт Вася кылгас олоҕуттан истиҥ ахтыылар?4 чааһа
#василийданиловотважныйкомандир
#викиныневыдуманныеисторииизжизни
Хабаровскайга саха ыалын буруота унаарбыта??❤??
Васялаах Нарыйа ыал буоллахтарына Хабаровскайга өрүү дьиэ куортамнаһыахтара дуо, ыал дьон дьиэлээхтэрэ буоллар диэн санаа үүйэ-хаайа тутар буолбута. Ипотека бырыһыана оччолорго олус үрдүк. Кыыс устудьуон, үлэтэ, хамнаһа суох. Уол саҥа үлэлээн эрэр. Байыаннай ипотека диэн баар эбит даҕаны олоҕун устата контракт баттаһыаххын наада. Онон Вася ити варианы соччо ылыммат этэ.
Балачча толкуйдаан баран о5олор сыбаайбаларыгар киирбит бэлэх харчыга эбэн Хабаровскайга саатар хос ыларга диэн былааннанным. Улахан кыраттан са5аланар. Кэлин хосторун бэйэлэрэ кэҥэттиэхтэрэ диэн буолла.
Сыбаайба бүппүт киэһэтигэр оҕолор хосторугар киирэн харчылаах кэмбиэрдэрин барытын хомуйталаан ыллым? Эдэр дьон харчыны толкуйа суох окко-маска ыйаан бүтэрэн кэбиһиэхтэрэ диэн ыксыыбын. Хабаровскайга хос ыларга туруммутум сүр. О5олор барахсаттар олох байан олорор курдук санаммыттар этэ. Кыратык маннык ?со5ус сирэйдээх, ол эрээри биир-биэс тыла суох харчыларын биэрбиттэрэ?
Сайыны быһа Хабаровскайга дьиэ-уот атыытын сайтарын уһаты-туора хастым. Куорат оройуоннарын эҥин үчүгэйдик билбэппин. Аны улахан куоракка албын-көлдьүн дьон да баар буолуон сөп. Онон олохтоох риелтор наада эбит дии санаатым. МегаФоҥҥа үлэлиирбэр киин офиспыт Хабаровскайга буолан элбэх коллегалаах этим. Олортон ыйыталаһан киһи эрэнэр риелторын буллум.
Күһүн уоппускабын ылаат Хабаровскайга көттүм. Хос ыла охсон Дьокуускайга төннөргө ыксыыбын. Вася үлэтинэн учебка5а барбыт этэ. Онон кыыспынаан хас да варианы кэрийдибит.
Арай биир хоһу сөбүлүү көрдүбүт. Син кэҥэс хос, сабыс саҥа ремонт. Автобус тохтобула чугас. Саамай үчүгэйэ диэн санузел (туалет, душ) хос иһигэр баар. Хос иһигэр хос курдук оҥорбуттар. Докумуона бэлэм. Ол эрээри харчыбыт кыранан тиийбэт, атыылааччы туох да иһин түһэрбэт??♀
Ол киэһэ Васябыт учебкаттан кэллэ. Нарыйа биһикки аантан кэпсии тоһуйдубут. Сүбэ-мунньах буолла. Вася сарсыныгар үлэтин быыһыгар хоһу баран көрө сырытта. Атын үчүгэй вариант суо5унан ыларга диэн буолла. Иэс харчы көрдүүр түбүккэ түстүбүт уонна булбатыбыт. Мин кухня5а киэһэ хойут хомойуохпунан хомойон ахан олордохпуна, Вася аа дьуо киирэн кэллэ, хайдах эрэ буруйдаммыт курдук дьүһүннээх. «Виктория Геннадьевна, баран утуйбаккыт дуо? Сарсын мин тугу эмит толкуйдуом», — диэтэ.
Чэ, ол гынан эбии харчы буламмыт хоспутун ылбыппыт??Үөрүү-көтүү буолла. О5олор арендалаан олорор квартираларыгар бастакы дьиэ кэлбитинэн ас астанныбыт. Мин үөрбүтүм бэрдиттэн Васяны шампанскайда ылан киир диэбиппэр о5олор бэйэ бэйэлэрин кытта көрсөн кэбистилэр, күлүстүлэр. Ол киэһэ селфибытын булбатым.
Оҕолор үөрэн-көтөн хосторугар көспүттэрэ. Малы-салы тиэйэргэ Вася байыаннай табаарыстара көмөлөспүттэрэ. Мин дьиэлээбитим. Кэлин хоско баар бэйэ оҥоһуута санузел моһуоктуур буолбут этэ. Ону Вася барыны бары сатыыр буолан бэйэтэ өрөмүөннээн иһэрэ☺️??
Кэнники о5олор хосторун атыылаан, былаан быһыытынан кэҥэтиммиттэрэ, бастакы квартираларын ылыммыттара??
Салгыыта тахсыа5а)
+7 (999) 174-67-82