Ушла из жизни педагог, мать учителя из Екюндю, обвиненного в педофилии

Учуутал Николай Григорьевич Сивцев күн күбэй ийэтэ Арассыыйа СФСӨ, СӨ үөрэҕин туйгуна, СӨ «Гражданскай килбиэн», СӨ ҮөМ «Учууталларын учуутала» бэлиэлэр туһааннаахтара, Өкүндү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ СИВЦЕВА Розалия Терентьевна алтынньы 4 күнүгэр, орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барда.

ИЙЭМ ХАРАХТАРА

Ийэм кэтиир харахтара

Элбэҕи да эрэйэллэр,

Ийэм кистиир харахтара

Куруук уулаах буолаллар.

Ийэм ахтар харахтара

Аҕабыт ханнаный дэһэллэр,

Ийэм саныыр харахтара

Сылаас сыһыан күүтэллэр.

Ийэм күүтэр харахтара

Уолум кэллэ дуо дииллэр,

Ийэм сэмэлиир харахтара

Тугу гынаҕыт диэхтииллэр.

Ийэм аймаммыт харахтара

Абаккатын дэһэллэр,

Ийэм өчөс харахтара

Суукка илдьиҥ дуу дииллэр.

Ийэм кэпсиир харахтара

Сынньаныам этэ дэһэллэр,

Ийэм кэлэйбит харахтара

Үөһээ диэки көрөллөр.

«Дойдум туһугар олортум,

Дьонум туһунан суруйтум.

Оҕо бөҕөтүн үөрэппитим,

Онтон бэйэм мэлийдим».

Ийэм дьоллоох хараҕын

Көрүөхпүн мин баҕардым,

Ийэм үөрбүт хараҕын

Көрбөтөхпүт ырааппыт.

Ийэм кэрэ кэпсэллээх

Аҕабар тиийиэн баҕардым,

Хайаан даҕаны уолун көрсөн,

Кууһан ылыан санаатым.

Бүлүүм дьоно, бүдүрүйүмэҥ!

Дойдум дьоно, тостумаҥ!

Кырдьык иһин, олох иһин

Охсуһууну тохтотумаҥ!

Саргылана РУМЯНЦЕВА.

1 Комментарий
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх