Ситиһии  кынаттаах

Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390сылын,  Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын,  саха суругун-бичигин төрүттээччитэ С.А.Новгородов 130с., «Бастааҥҥы   сурук-бичик” 125с., саха тылын үөрэтии саҕаламмыта 100с., саха тыла судаарыстыбаннай таһымнаах буолбута 30с., үбүлүөйдээх сыллары көрсө Арассыыйа таһымнаах күрэххэ кыттан улахан ситиһиилэммиппит  үөрүүбүтүн өссө үрдэтэр.

Ставропольскай кыраай Пятигорскай, Железноводск, Ессентуки куораттарынан  балаҕан ыйын  11-18 күннэригэр аан бастакынан ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы  «Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литэрэтиирэ бастыҥ учуутала»  күрэх түмүктүүр түһүмэҕэ буолан ааста. Бу улахан суолталаах, үрдүк таһымнаах, киэҥ ис хоһоонноох  күрэххэ 68 эрэгийиэнтэн барыта 69  төрөөбүт тыл учуутала, ол иһигэр 6 эр киһи учуутал кыттыыны ылла. Күрэх кыттааччылара 30 араас тылынан (нуучча, калмык, татаар, ингуш, хакаас, шор, нанай, саха, коми, чуваш, башкир, бурят, аваар о.д.а) саҥараллар.

Биһиги өрөспүүлүкэбититтэн бу күрэххэ С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала  Сардана Николаевна Гоголева I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөөбүт тыл учууталларын күрэҕин кыайыылааҕа буолан бүтүн Саха сирин чиэһин көмүскүүр улахан эппиэтинэскэ тиксибитэ.

Күрэх сүрүн сыала-соруга төрөөбүт тылы уонна төрөөбүт литэрэтиирэни үөрэтэр бастыҥ учууталлар уопуттарын тарҕатыы,  төрөөбүт тылынан үөрэтии-иитии уратытын,   култуураны көрдөрүү, тиэрдии уонна төрөөбүт тылынан үөрэтиини өйөөһүн, сайыннарыы, харыстааһын. Бу  улахан суолталаах тэрээһини Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Үөрэҕин  министиэристибэтэ, Төрөөбүт тыллар бэдэрээлинэй үнүстүүттэрэ  (ФИРЯ) иилээн-саҕалаан тэрийэн ыыттылар.

«Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литэрэтиирэ бастыҥ учуутала»  күрэх түһүмэхтэрэ: кэтэхтэн  уонна истэн ыытыллыбыттара. Кэтэхтэн түһүмэххэ  (“Медиавизиткаҕа”)  кыттааччылар идэлэрин, төрөөбүт тыл  учууталын быһыытынан тус ураты «буочардарын”, оскуолаларын  үлэлиир-хамсыыр хайысхаларын уһаабыта  3 мүнүүтэҕэ эрэ  көстөр  видеоролик оҥорон  ыыппыттарын  дьүүллүүр сүбэ анал кэриҥнэринэн  көрөн сыаналаабыта. Бу түһүмэххэ  төрөппүтү  кытта үлэҕэ   болҕомто уурбут, ол хайысханы ордук киэҥник сырдаппыт  9  учуутал, ол иһигэр бастакынан  Сардаана Гоголева аата ааттанан, талыллан «Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларын харыстыырга, сайыннарарга дьиэ кэргэн оруола” диэн төгүрүк остуолга кыттыыны ылбыттара. Сардаана Николаевна  «Эр хоһуун» диэн аҕа уонна уол, дьиэ кэргэҥҥэ эр дьон оруолун үрдэтэр сыаллаах бырайыак туһунан  видеоролик көмөтүнэн хомус доҕуһуоллаах иһитиннэрии оҥорбутун күрэх дэлэгээттэрэ, ыалдьыттар сүрдээҕин сэргээбиттэрэ.

Бастакы түһүмэх кэнниттэн 69 кыттааччыттан лауреат үрдүк аатын ылбыт 17 эрэ учуутал салгыы күрэстэһэллэригэр  кыах бэриллибитэ. Ол 17 лауреат иһигэр Сардана Николаевна  аата ааттанан бүттүүн  Саха Өрөспүүбүлүкэтэ үөрүүтэ үрдээбитэ.

17 кыттааччы кылаас чааһы  ыыппыттарын кэннэ тута алта кыттааччы  эрэ талыллан маастар кылаас ыыппыттара. Күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан Хотугу Осетия-Алания Өрөспүүбүлүкэтиттэн осетин тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Бекоева Яна Ирбековна ааттаммыта.  

Онон бачча улахан таһымнаах күрэххэ кыттыыны ылыы,  маннык  үчүгэй түмүк көрдөрүү,  биллэн турар, халыҥ хамаанда (Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын), Чурапчы гимназиятын кэлэктиибин, С.Н.Донской-II аатынан ҮөСИҮҮ салалтата (дир.Павлов Н.М), дириэтэри солбуйааччы Михалева О.И., улуус куратора Аммосова В.В, хос уэрэхттээьин кафедратын сэбиэдиссэйэ Никифорова Е.С  таһаарыылаах үлэлэриттэн тахсар. Биир санаанан, биир хайысханан бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ Чурапчы гимназиятын   учууталлара Болдовская Ф.Н., Моисеева А.Б., Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатыттан Новгородов И.И., Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүттэн Ядрихинская Ф.В., арыаллааммыт бары түһүмэхтэригэр күүс-көмө буоллубут.

                          

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх