Саха киинэтэ үрдук таһымҥа тахсыбытын туоһута — «Карина» киинэ!

Муус устар 17 кунугэр, Дьокуускай куорат 17-с оскуолатын 1000 тахса оҕо 2 сеансынан, «Карина» киинэни умсугуйа көрдүбүт. Сахабыт киинэтин бастыҥ премьераларын биир бастакынан көрдөрөр «Лена» киинэ тыйаатырын салалтатыгар, чуолаан директоры солбуйааччы Георгий Николаевка улахан махталбытын тиэрдэбит!
Саамай үөрүүлээҕэ диэн — киинэ иннинэ оҕолору кытта сүрүн оруолу оонньообут София Прибылых сыанаҕа тахсан оҕолору кытта көрүстэ, тыл эттэ. София билигин 7 саастаах эбит, Саха гимназиятын маҥнайгы кылааһын үөрэнэччитэ, киинэҕэ уһулларбар 5-тээх этим, Өлүөхүмэ улууһугар уһуллубуппут, балтараа ый оскуола5а олорбуппут диэн кэпсээннээх буолла.

Мин, оҕолордоох киьи буолан дуу, наьаа уйан буоламмын дуу, киинэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ытыы олордум, сүрэ5им хара маннайгыттан ыга тутан киирэн барда. Наһаа да учугэйдик устубуттар, умсугутуулаахтык оонньууллар! Саамай тоһо5олоон этиэм этэ — уолаттары иитиигэ, эр киһи оруолун дьиннээхтик олоххо, общество5а сырдатыы бэккэ кестер! Спасатель, волонтер дьиҥ быһылааҥҥа ыарахан үлэтин, психологическай моменнары олох үчүгэйдик арылыччы көрдөрдулэр! Бу дьиннээх профориентационнай киинэ буолбут! Оксана Ивановна Борисова- дириэктэры иитэр үлэ5э солбуйааччы.

2014 с. атырдьах ыйыгар Өлүөхүмэ улууһун Олом сэлиэнньэтигэр түөрт саастаах Карина Чикитова ойуурга муммутун туһунан иһитиннэрии Аан дойдуну аймаабыта. Бу түбэлтэ туһунан «Арт-дойду» хампаанньа киинэ уустан улахан экраҥҥа таһаарда. Киһи биир тыынынан, олус уйадыйа, долгуйа көрөр киинэтэ. Каринаны муммута 12-с хонугар булбуттара. Оҕо түҥ ойуурга тыыннаах хааларыгар Наайда диэн ытын көмөтө улахан. Маны барытын сиһилии көрдөрүү-бу киинэни устубут хамаанда улахан ситиһиитэ. Карина Чикитова оруолун толорбут София Прибылых 300-тэн тахса хандьыдааттан талыллан олус чаҕылхайдык оонньоото дии саныыбын. Маны таһынан киинэҕэ биллиилээх артыыстар Вячеслав Лавернов, Мария Кычкина, Петр Баснаев уо.д.а. оруолларын олус үчүгэйдик арыйдылар. Манна дьону быыһыыр сулууспа түбүктээх үлэтэ, тыа дьонун олоҕун араас өрүттэрэ ымпыктаан-чымпыктаан көрдөрүлүннүлэр. Бу киинэ төрөппүт ийэни эрэ буолбатах, хас биирдии Саха сирин олохтооҕун долгуппут буолуохтаах. Төрөөбүт дойдубут айылҕатын кэрэ көстүүтэ эрэ көстөр буолбатах, төрөөбүт айылҕабыт араҥаччылыыр, харыстыыр күүһэ эмиэ көстөр. Ол курдук Карина Айылҕаны кытта олус чугастык алтыһа улаатан эрэр буолан, куттаммакка тулуйбут, тыыннаах хаалбыт буолуохтаах. Ону кырачаан София олус итэҕэтиилээхтик көрдөрдө.
Бу быһылаан түмүгүн төһө да биллэрбин, хас биирдии хартыынатын олус дириҥник ылынан, долгуйа олордум. Киинэни устубут хампаанньаҕа барҕа махтал, ситиһиилээх үлэҕит өссө да сайда турдун. /Мария Матвеевна Попова- саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, педагогическай улэ ветерана/

Саха киинэтэ урдук таьымна тахсыбытын туоьута-«Карина» киинэ! Киинэ бастакы кадрдарыттан керееччуну умсугутар куустээх. Куустээх хамаанда улэлээбитэ биллэр, сценарий олус табыллыбыт, оператор улэтэ уьулуччу! Артыыстар наьаа да итэгэтиилээхтик оруолларын тиэртилэр, кырачаан Софья оонньуурун суус бырыьыан ылынагын! Оскуола оголоро олус бэрткэ кердулэр, бутэьигэр ытыс таьыныылаах буолла! /Любовь Святославовна Заровняева- алын кылаас учуутала/

История про чудо случившееся в 2014 году с четырехлетней Кариной Чикитовой, после 12 дней поисков сотрудниками МЧС и волонтёрами дала надежду и веру всему человечеству!
Фильму отлично удалось передать всю атмосферу тревоги и опасности. Сегодня мы по-новой переживали за судьбу маленькой девочки, которая осталась с маленьким щенком в бескрайней тайге.
Особое восхищение вызвала София Прибылых, которая очень правдоподобно сыграла свою роль, несмотря на свой юный возраст. /Айыы Куо Айсэновна Максимова, советник директора по воспитанию/

Мин кылааһым оҕолорун кытта «Карина» диэн киинэҕэ сырыттыбыт. Киинэни Сиэгэн Марияталааннаах режиссер устубут. Сүрүн дьоруойу 4 эрэ саастаах кыракый кыысчаан София Прибылых олус итэҕэтиилээхтик оонньообут. Мин бу киинэни көрөн баран, Карина Чикитова олус хорсун санаалаах эбит диэн биллим. Кини 12 хонук устата тыаҕа аһа, сорох кэмҥэ уута суох сылдьыбыт, араас кыыллары, ол иһигэр тыатааҕыны көрсүбүт. Хаста да өлөр өлүүттэн аҕыйах хардыы сылдьыталаабыт. Киинэҕэ Каринаны  быыһааччылар, полициялар уонна волонтердар көрдөөбүттэр. Мин санаабар, көрдүүр–быыһыыр сулууспа үлэһитэ  буолар диэн  олус уустук, эппиэтинэстээх эбит. Араас түбэлтэҕэ түбэспит дьону ылыныахтаах, өйдүөхтээх. Каринаны Артем Борисов диэн волонтер булан быыһыыр сулууспа үлэһитигэр биэрбит. Киинэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри мин Крина туһугар олус долгуйа олордум. Карина оруолун София наһаа үчүгэйдик оонньоото.  Биһигини кытта көрсүстэ, киинэ хайдах уһуллубутун кылгастык кэпсээтилэр. Ол биһигини олус үөртэ, долгутта. Мин киинэни олус сөбүлээтим. Киинэни уһулбут хамаандаҕа, киинэни көдөрүүнү тэрийбит оскуолам администрациятыгар, кылааһым салайааччытыгар Мария Даниловнаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин. /Туйаара Третьякова, 7 г кылаас, 17-с оскуола, Дьокуускай/

            «Карина» диэн олоххо дьиҥнээхтик буолбут түбэлтэ туһунан киинэҕэ сырыттым. Ити түбэлтэ Өлүөхүмэ улууһугар 2014 сыллаахха буолбута. 4 саастаах Карина Чикитова диэн кыысчаан Найда диэн ыт оҕотун кытта, 12 күнү быһа тыаҕа соҕотоҕун сылдьыбыт. Бу киинэҕэ 300-чэкэ оҕоттон талыллан Карина оруолун София Прибылых диэн кыысчаан олус дьиҥнээхтик, ис туругун долгутуулаахтык көдөрбүт. Ону таһынан Карина эһэтин мин абаҕам, артыыс  Петр Баснаев, биллиилээх артыыстар Лавернов, оонньообуттар. Мин бу киинэни олус сөбүлээтим, дуоһуйа көрдүм. /Алиала Баснаева, 7 г кылаас, 17-с оскуола, Дьокуускай/

Кылааспын кытта «Карина» диэн олоххо дьиҥнээхтик буолбут түбэлтэ туһунан киинэҕэ сырыттым. Карина оруолугар София Прибылых диэн кыыс уһуллубут. Кини, кыра да буоллар, үөрүүнү-хомолтону, долгуйууну, ытыыры олус үчүгэйдик көрдөрбүт. Төһө да алта эрэ саастаах буоллар, олох дьиҥнээх актриса курдук оонньуур. Көрөөччүлэри кытта наһаа үчүгэйдик кэпсэтэр, боппуруостарга эппиэттиир. Тыаҕа 12 хонугу быһа, күһүҥҥү тымныыга, хараҥаҕа соҕотоҕун аһа, уута суох кыра оҕо сылдьара олус уустук буолуо. Ол эрээри Карина сылдьыбыт, барытын тулуйбут. Хорсун, тулуурдаах кыысчаан туһунан киинэ оҥоһуллубута саамай сөптөөх уонна наадалаах дии саныыбын. Киинэни устубут дьоҥҥо махтал буолуохтун! /Виолетта Николаева,7 г кылаас, 17-с оскуола, Дьокуускай/

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх