«Наһаа да нелепайдык өлөн эрэбин дии санаабытым…»
«Улахан алабай ыт хардьыгыныы-хардьыгыныы төбөбүн кирэрин истэ сытаммын, муннубунан, айахпынан хааҥҥа бөтө сытан наһаа да нелепайдык өлөн эрэбин дии санаабытым»
Үтүө күнүнэн, үөлээннээхтэрим!
Бары истибит буолуохтааххыт ҮРДЭЛ паркаҕа сынньана тиийэн баран Алабай ыкка ытыттаран өйбүн сүтэрэн, хааным баран ыарахан туруктаах РБ-2 нейрохирургия отделениятыгар киирэн 20 күн эмтэнии аастым. Реанимацияҕа 4 чаас 50-тан тахса шов тигэннэр өйө суох сыппытым. 2,5 л.хаан кутан анараа дойдуттан кыл тыын быстарынан бэттэх аҕалан, билигин син аҕай туруктанным. Билигин салҕыы амбулаторно эмтэнэ таҕыстым. Улахан реабилитационнай эмтэниигэ наадыйабын. Сосудисто-ноотропной терапияны сылга 4 ылыахтаахпын. Дальше хирурга перевязкаҕа, неврологка,лорга,сурдологка,психологка эмтэниэхтээхпин, санаторийга реабилитация барыахтаахпын.
Дьэ, киһиэхэ алдьархай кэлэрэ ардах кэмигэр чаҕылҕан курбуулуурун курдук түргэнник кэлэр эбит! Аарыма улахан алабай ыт хардьыгыныы- хардьыгыныы төбөбүн кирэрин истэ сытаммын, муннубунан, айахпынан хааҥҥа бөтө сытан наһаа да нелепайдык өлөн эрэбин дии санаабытым, оҕолорбун-сиэннэрбин санаан быраһаайдаһан иһэн ийэм мөссүөнүн көрөн санаабар күүс киирэн, ол кэмҥэ доҕотторум көмөлөһөннөр тыыннаах хааллым.
Ол ыты билигин ыт притонугар тутан эмтээн,аһата туруораллар. Мин санаабар итинник улахан ыты аһатар кэккэ ыарахаттардаах буолан, сотору босхо ыыталлара буолуо, хаһаайына суох ыт диэбиттэр этэ. Мантан саас улахан алдьархай тахсыбатар ханнык! Онон, барыгытыгар сэрэнэ сылдьаргытыгар сүбэлиэм этэ.
Итини этэн туран, итии-истиҥ тыллардаах өйөбүл тыллары суруйбут, бириэмэлэрин кэрэйбэккэ минньигэс, сылаас ас аҕалан уонна харчынан көмө оҥорбут үөлээннээхтэрбэр:
1.Андрей Филиппович К.
2.Александра Ильинична Ф.
3.Надежда Васильевна П.
4.Антонина Петровна И.
5.Валентина Николаевна Б.
6.Людмила Прокопьевна Д.
7.Сусанна Терентьевна Д.
8.Прасковья Егоровна Н.
итии-истиҥ махталбын тириэрдэбин.
Диагноһым: ОЧМТ.Сотрясение головного мозга. Множественные укушенные рвано-скальпированные раны правой теменно-височной- затылочной области,левой теменной области и затылочной области слева. Геморрогический шок. Постгеморрагическая анемия. Гемотрансфузия-1.Двусторонняя тугоухость. Контузия.Пресбиопия. Ангиопатия сетчатки OU. Хайаҕытыгар даҕаны маннык алдьархай ааҥнаабатын! БАРЫ ДОРУОБАЙ БУОЛУҤ!
+7 (999) 174-67-82