Site icon SAKHALIFE

За клевету на Савву Михайлова привлекать некого…

Вице-спикер Ил Тумэна, лидер якутских коммунистов Виктор Губарев заявил, что нет персональных данных корейца, якобы изнасилованного Саввой Михайловым, как нет и заявления от него в полиции. Так что за клевету некого привлекать, сообщает тгк Аартык, ссылаясь на информацию Кыым:
Губарев быһаарар
Биһиги КПРФ Саха сири­нээ­ҕи салаатын сэкирэтээрэ, Ил Түмэн вице-спикерэ Виктор Николаевич Губаревка тахса сырыттыбыт. Кини: “Савва Анатольевич Михайлов дьыалата олох кураанах. Ол үҥсүбүт киһини эппиэккэ тардыаҕы, полицияҕа сайабылыанньата да, туга да суох”, – диэтэ. Ол аата, итинник айдааны таһаа­ран, болҕомтону тардар эрэ туһугар тэриллибит “оҥоһуу” дьыала буолара өйдөнөр. “Савва бойобуой дьайыылар буола турар сирдэригэр этэҥҥэ сылдьарыгар баҕарабыт”, – диэтэ Губарев.
Иккис дьыала туһунан: “Би­һиги манна ити туһунан олох да билбэккэ олордохпутуна, федеральнай ханаал суруйа охсубут этэ. Бу туох ханаала буолара, кини кэннигэр ким турара, иһитиннэрии хантан барбыта өйдөммөт. Мин Сер­гейи, кини буруйа суоҕун итэ­ҕэ­йэбин, кини дьахтары кырбыыр киһи буолбатах”, – диэтэ. Бу дьыалаҕа саарбах түгэн­нэр баалларын, силиэстийэ бара турарын, дьокутааты Ленскэйдээҕи СИЗО-ҕа икки ый тутарга диэбиттэрин аҕын­на. Билигин албакааттара ону атын миэрэнэн солбуйарга көрдөһүү суруйан бэлэмнээбиттэрин, онно мэктиэһит буолбутун эттэ. Виктор Николаевич СМИ-лэр, саайтар маннык иэмэ-дьаама биллибэт дьыалалары дьон аата-суола алдьаныа диэн наадыйбакка күүркэтэн, үлүннэрэн, дарбатан суруйалларын сөбүлээбэтин эттэ.

Exit mobile version