Бүгүн Аан дойдуга кинигэни таптааччылар күннэрэ бэлиэтэнэр
Ааҕааччыларбыт саамай сөбүлээн ааҕар айымньыларыттан биирдэстэрэ Иван Андросов-Айанньыт «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» диэн 5 олуктаах историческай арамаана буолар. Бастакы үс олугун Литрес сервистэн булан ааҕыаххытын сөп
Оттон арамаан 4-с уонна 5-с олуктарын «Айар» маҕаһыыннарыттан уонна ayar.ru интернет-маҕаһыыныттан булуоххут.
Бары ааҕааччыларбытын эҕэрдэлээн туран «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» арамаан «Дьылҕа. Дагдаҕар Боотур» 4-с олугуттан быһа тардыыны таһаарабыт.
ДЬЫЛҔА. ДАГДАҔАР БООТУР
1.
Сайыҥҥы өҥүрүк куйаас сатыылаан, ыраах көстөр мыраан дьирбиилэнэ эйэҥэлиирэ. Итийбит салгынтан туох барыта иһийбиккэ, кирийбиккэ дылыта. Бэл сабыта түһэр бырдах симэлийэн, күүгэстэр сүрэҕэлдьээбиттии дыыгынаһан ылаллара. Дьэрэкээн, дыргыл сыттаах чэчиктэртэн үрүмэччилэр дайаҥнаһан, көрсө түспүт үөрүүлэригэр, үҥкүүлээн эрэрдии эргичийэ, кынаттарынан даҕайса тэлибирии, үөһэ тэмтэйэллэрэ. Эбэ эниэтинэн бүөрдүү үтэн тахсыбыт чычаас түөлбэ- тин иирэ талахтарын күлүгүттэн эрдьигэн саастаах иинэ- ҕэс уол ойон турбута. Хараҕар саба түспүт кулуук бэргэһэтин өрө анньынан, нэлэһийэр өрүһү, сиккиэр салгынтан оргууй суугунуур оттоох хочону одууласпыта. Туох даҕаны уратыны булан көрбөккө, көһүйбүт этин-сиинин хамсатан, имиллэҥнии чохчоҥолообута. Хараара сатаан баран көҕөрүмтүйэн көстөр көхсө килэриҥнии, охсуллан сыыгынас буолбут оту сыгынньах атаҕынан хаһыйа, ходуһаҕа киирбитэ. Бэргэһэтин туура тардынан, харахтарын быһа симэн, сирэйин күҥҥэ мылатан турбахтаабыта. Күнтэн сэниэ ылбыттыы тыыллаҥалаабытыгар, этирик түөһэ дьурааланан хараарыҥнаабыта. Чохчоҥноот, охсуллубут от анныгар аспыт хотуурун ылан, охсон куһуйбутунан барбыта. Төбөтүн үрдүнэн хотуура килбэҥнээтэҕин аайы, ойоҕоһун уҥуохтара адыгыраан көстө, иэмэх талахтыы имиллэҥнээбитэ.
Ол аайы хойуу от бөчөх-бөчөх субуруччу тэлгэнэн, киэҥник уурбут атахтарын суола күлүктэнэ тыраадыйара. Хочо уҥуоргу өттүттэн дуулаҕата килбэҥнээн ыла, дьэргэлгэн дьирибинигэр кыччыы-улаата аттаах киһи киирбитэ. Хайа диэки барабын диэбиттии атын тохтотон, иҥэһэтигэр туран, тулатын кыҥастаспыта. От охсо сылдьар киһини таба көрөн, уу дьоруотугар бигэтэн, утары күөгэҥнэппитэ. Охсоругар үлүһүйбүт уолга чугаһаан иһэн, атыттан ыстанан түһэн, көмүс сирэйдээх ыҥыырын бүргэтигэр тэһиинин иилэ бырахпыта. Охсон иэмэхтэнэр уолу умсугуйбуттуу одуулаһа турбахтаат, көстүмээри бөкчөччү туттан, үүнүүлээх от быыһынан сүүрэр-хаамар былаастаан иһирдьэ киирэн, кыра томтор кэннигэр сытынан кэбиспитэ. Уол арыылаабыт сирин кэҥэтэ дайбаарыччы охсон, салгын харааччы сиэбит сирэйдээх, бытыктаах киһи кирийбит оттоох томторугар улам чугаһаан испитэ.
— Дагда, Дагда-аа… Кэл, кэ-ээл… — диэн эйэҕэс, билэр куолаһа эйээрбитигэр уол тохтуу түспүтэ. Кэннин эргиллэн, ийэтэ кэлбитин көрөн, хотуурун охсуллубут от анныгар анньаат, сүүрэн быыппастыбыта. Ийэтигэр чугаһаан иһэн, төбөтүн үрдүнэн салгыҥҥа хойуостанаат, тиритэн килэрийбит хара сирэйигэр маҥан тиистэрэ килэйэн, тура түспүтэ.
— Ноо… Сэрэниэххин! Сискин быһаарыгын, — ийэ соһуйан, уолун тутуохтуу даллах гынаат, мөхпүтэ буола мичээрдээн ылбыта. — Уу, оҕом барахсан, баһаам сири нэлэһиппит дии… Мин Дагдам, мин хоһуун отчутум… Һыччыай, ымдаанна ис, утаттаҕыҥ, — дии-дии, муос чохоолу уолугар биэрэ, санныттан имэрийбитэ.
— Ийээ, тоҕо миигин Дагда диигин? Үүт үрдэ дагда, күөрчэх үһүбүн дуо? Оҕолор иһиттэхтэринэ күлүү гыныахтара …
— Ыы, оҕобун даа… Ити таптаан, кылгатан ааттыыр быһыым. Дагдаҕар диэн уһуна бэрт дии уонна дагдаҕаччыйар даҕаны көрүҥүҥ суох, — ийэтэ күлэн ылбыта. Уолун кулуук бэргэһэтин устан, баттаҕын көннөрө, кэтэҕиттэн сыллаан сырылаппыта.
— Оттон тоҕо итинник ааттаабыккыный? Бөрө дуу, Кырбый дуу диэн ааттыа этиҥ буоллаҕа, — уол чохоолун туппутунан олоро түспүтэ. — Биитэр Батас диэбитиҥ буоллар…
— Ы-ыы, Батастаах ээ… Бөрө аһыҥастаах кыыл, сиэмэх эҥин. Кырбый, дьиҥэр, тыҥырахтаах көтөр… Киһиттэн төрөөн бараҥҥын кыыл, көтөр ааттаныаҥ дуо? Уонна кырбый мин төрүттэрим ытык көтөрдөрө. Мээнэ саҥара сылдьыбаттар. Киниэхэ сүгүрүйэллэрэ, туох эмэ буоллаҕына көрдөһөн-ааттаһан, хамсаныытын үтүктэллэрэ. Хата, улааттаххына төрүттэргин санаан, биир эмэ сири ааттаар…
— Ээ, ыалдьа сытаммын көрбүтүм ээ… Эн араан тула бэдьэйэ, араастаан хамсанан, көтө сатыыр курдугуҥ. Онтон утуйан иһэн көрдөхпүнэ, көтөн эрэриҥ…
— Саҥарба… Ол эйигин үтүөрдээри… Хамсаныыбын өйдөөн хаалбыт буоллаххына, ыксаатаххына үтүктээр. Баҕар, эн эмиэ көтүөҥ, — ийэ уолун одуулуу, тыастаахтык өрө тыынан ылбыта.
— Эйигин айбыт аҕаҥ Нүүйэттэн төрүттээх Сэгэнэ Боотур ааттаабыта. Кыра эрдэххиттэн боотурга уһуйар баҕалааҕа. Бөдөҥ-садаҥ, боотур бэрдэ буолуо диирэ… Истэҕин дии, көстүүлээх, күүстээх көрүҥнээх дьону өрө туталларын. Кинилэри ким даҕаны мөҕө-этэ, атаҕастыы эҥин сатаабаттар.
Куттаналлар даҕаны буоллаҕа. Бу олоххо аат суолтата улахан. Ааттаммыт биигин Туоҕа Боотуру көрөҕүн дии, хайдах курдук тыыллан-хабыллан боотур буолбутун. Хата, кини баар буолан, баччаҕа тиийэн кэллэхпит. Улааттыҥ, мантан инньэ бултуоҥ-алтыаҥ, оттуоҥ-мастыаҥ. Мин көмөм кыра буолуо…
— Аҕабын олох өйдөөбөппүн… Ийээ, Туоҕа Боотурдьонноох, холомолоох эрээри, тоҕо биһиэхэ кэлэн, хонон-өрөөн барарый? Тоҕо булт аҕаларый, көмөлөһөрүй?
— Эн аҕаҕын хантан өйдүөххүнүй?.. Тыгын Тойон тус манабыл боотура этэ. Эдэр даҕаны сылдьан, күн-ый курдук көстөн эрэ ааһара… Элбэх хааны-сиини, өлүүнү көрөн, кэлин киһи киэбин сүтэрэн, ойуур дьиэлэммитэ. Ол сылдьан, былаҕайга былдьаннаҕа, сүппүтэ… Кээнньэли дьоҥҥо түбэспэтэх буоллаҕына, тыатааҕы баттаатаҕа. Аҕаҥ Сэгэнэ Боотур эдэр сылдьан сырыылаах эр бэрдэ этэ. Туоҕаны кини уола дииллэрэ. Баҕар, буолуо ээ, билбэтим… Эчи көрүҥүнэн-күүһүнэн маарынныыр курдук. Туоҕа, хаана тардан буоллаҕа, кыра эрдэҕиттэн биһиэхэ сыстыбыта. Оччолорго оҕолоно илик этибит, аҕаҥ Туоҕаны уолун курдук көрөрө. Иллэҥ буоллар эрэ боотур үөрэҕэр такайара. Уол онтон сылтаан өрүү кэлэ турара. Боотур буолар баҕата оннук күүстээҕэ эбитэ дуу… Уонна холомолоро кыра. Биилэрэ даҕаны сүгүн сынньаппаттара буолуо… Бээ, ону-маны ыаһыйалаһыма… Хата, көр эрэ, ол киһи иһэр дуо?
— Киһи даа, — диэбитинэн Дагда ойон турбута. — Боотур таҥастаах… Оо, Хотоҕой Боотур!
— Хотоҕой Боотур даа… Бу алдьархайы! Быар куустан, нөрүйэн көрсөөр. Соҕотох дуо? Кини киһи хайаан… Ааһан иһэр ини. Тугу даҕаны саҥараайаҕын, — дии-дии ийэтэ ойон туран таҥаһын тэбэнэ, баттаҕын сирэйигэр саба түһэринэн, быар кууста тоҥхойбута.
Киһи чугаһаан иһэн, тохтуу түспүтэ. Ийэлээх уолу кимнээхтэрин билээри чочумча тура түһээт:
— Ээ, Өкүүндэ эбиккин дуу? — диэбитинэн, хааман лиһирдээн кэлэн, Өкүүндэни икки окумалыттан тутан, өрө тарпыта. — Тугун баран… Олор, олоруҥ. Хата, сөрүүн ымдаан баар дуо? Абытай, тиритии барда, — диэбитинэн дуулаҕатын, саадаҕын устан ынчыктаспыта.
— Баар, баар… Дагда, оҥкучахтан ымдааны аҕал эрэ, —дии-дии Өкүүндэ баттаҕын икки аҥыы силэйэ, сирэйин кистии умса туттан, чараас сарыыга суулаан аҕалбыт үтэтин сүөрэн бодьуустаспыта.
— Бээ, олус түбүгүрүмэҥ. Кэлиҥ, олоруҥ, соруктаах кэллим… — Хотоҕой Боотур куйаҕын тиһиликтэрин сүөртэлээн, бэлэпчитин устан туора уурбута. — Бу уолуҥ дуо? Ким диэн ааттаах буолаҕын? — диэбитинэн иһиттээх ымдааны аҕалбыт Дагданы эрилийбит киэҥ харахтарынан үөһэттэн аллараа көрөн ылбыта.
— Дагда… Ээ, Дагдаҕарбын, — уол иһитин дарпыга уураат, туора хааман истэҕинэ, Хотоҕой Боотур уолу харытыттан харбаары, кылгас эрээри модьу тарбахтарын саратан эрдэҕинэ, уол туора ыстаммыта.
— Көр эрэ! — Хотоҕой сыыһа харбаан, харахтара кэҥээнылбыта. — Сэгэнэ Боотур уола дуо? — Хотоҕой Боотур бытыгын имэринэ, уолу одуулуу Өкүүндэттэн ыйыппыта.
— Киниэнэ… Бастакы уолбут, хаамар буолан иһэн таарымталанан, бараахтаабыта… Бу оҕобун хаамыар диэри күннээххэ таһаарбакка, иннинэн сирэйдээххэ, иэгэйэр икки атахтаахха көрдөрбөккө бүөбэйдээбитим. Син бороохтуттум. Кини баар буолан, күнү уруйдуу көрсөбүн… — Өкүүндэ тугу эрэ сэрэйэн, хайыҥ охсуна, чараас сонун уолугун харбаммытынан олоро түспүтэ.
— Дьэ, Өкүүндэ! Биир түөлбэҕэ олордохпут. Син ону-маны көрөн-истэн эрдэҕиҥ. Быһыы-майгы, биһиэхэ эрэ буолбатах, барыбытыгар ыарыах курдук. Бүгүн баарбыт, сарсын суохпут… Көрөрүҥ курдук, Сэгэнэ Боотур саастыылааҕа дьон сааһырдыбыт, кырыйдыбыт… Манна диэн эттэххэ, солбук көрдөөн эрэбит, — Хотоҕой Боотур кыра буор көһүйэҕэ кутуллубут ымдааны иһэн киллиргэппитэ. Ытыһын көхсүнэн уоһун сотто, күөмэйин чөллөрүтэн сөтөллөн ыла, салгыы саҥарбыта.
— Быһата, көрбөтү көрөр, истибэти истэр, сытыы-хотуу, түгэн түбэстэҕинэ, дьону салайар эдэр боотурдары такайыахтаахпыт. Омугун туһугар олоҕун толук уурарын кэрэйбэт боотур кэрэмэһэ буолуохтаах… Манна диэн эттэххэ, Тыгын Тойон тыын харбаһа, манабыла, күлүгэ… Чугас эргинтэн уонна түөлбэттэн сыымайдаан үс-түөрт эрэ оҕону талбыттар. Олор истэригэр уолгун киллэрбиттэр. Таба көрбүттэр… Онон биэрбэтэххинэ даҕаны, ылан бараары кэллим… Дьаһал оннук… Боотурдары ыытан ылларыахпын сөбө эрээри, Сэгэнэ Боотуру ытыгылаан, бэйэбинэн кэллим, — Хотоҕой Боотур умса туттан олорон оргууй саҥарбыта.
— Оо… Хайдах?! Соҕотох оҕом дии, кинитэ суох иэдэйэбин… Инитэ Туоҕа Боотур Тыгын Тойоҥҥо баара сөп буолбатах дуо?
— Куттаныма… Эн үөрүөх эрэ тустааххын. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, аҕыйах сылынан уолуҥ Тыгын Тойон чугас киһитэ буолуо. Оҕоҕун суохтатыахтара суоҕа… Оккун оттуохтара, маскын мастыахтара, ас-үөл кэлэ туруо…
— Хотоҕой Боотур, көрүүй, бу оҕо уҥуох-тирии, дьараал буолар чинчилээх… Киниттэн туох боотура, буолаары буолан, тойон манабыла тахсыай?! Оҕом, оҕобун биэрбэппин! — Өкүүндэ сүр эрчимнээхтик ойон турбута. Аттыгар турар уолун бүүрэ харбаан, түөһүгэр ыксары тардан күөмчүлүү кууспута. Бураллыбыт баттаҕын быыһынан кырыыламмыт харахтарынан Хотоҕой Боотуру кынча- рыйбыта. — Биэрбэппин! Дьэ, хайдах ылан бараҕын? Бэрт киһи дьахтары кыайбакка, сирэйиҥ саатыа…
Хотоҕой Боотур этэрбэһин оһуттан быһаҕын сыыйа тардан таһааран, саҥа көрбүттүү эргичиҥнэппитэ.
Тойон тарбаҕынан быһаҕын биитин бигии, сирэйэ ханньары тартаран сонньуйа, бэркиһээбиттии төбөтүн быһа илгистибитэ. Быһаҕын уһуктаах төбөтүнэн илээҥкини тобулута анньыалыы, тиэрэ кэдэрийэн, сиһинэн талахха өйөммүтэ.
— Бээ, Өкүүндэ… Уорда намырый… Уһуну-киэҥи санаа, — диэн оргууй саҥара, күн уотуттан хараарбыт сирэйин өрө мылаппыта. — Уолгар харайтарбакка, оҕоҕун хараҕыҥ уутунан сууйан, өбүгэлэригэр ыытаары гынаҕын дуо? Куһаҕаны талан эттэххэ, кыргыһы өрө туппут кээнньэли дьон кэллэхтэринэ хайдах буолаҕыт? Бастакы оххо биитэр батас далайыытыгар кыргыс сэбин туппатах, ньымалары, албастары билбэт уолгун утары анньаҕын дуу… Бэйэҕинэн бүөлээн, дьон-сэргэ күлүүтүгэр, сиитигэр-хоһуутугар олоҕун моҥотоҕун дуу… Онто даҕаны суох ньуулдьаҕай оҕоҕун кэҕитиннэрэн ньүкэн оҥороору… — Хотоҕой Боотур кэлэйбит дуу, кыыһырбыт дуу киһилии, илээҥкини тобулу аспыт быһаҕын дарпыга тыастаахтык бырахпыта.
Өкүүндэ уолун ыга кууспут илиилэрэ холкутаан, харахтара уунан бычалыйан, саннылара титирэстээбитэ.
— Ийээ, ытаама. Мин эйигин көмүскүүр боотур буолуом… Барсыам, — Дагда ийэтин кууспут илиититтэн босхолонон, турбут сиригэр олоро түспүтэ. Тугу эрэ саныы, оту быһа тардан ыстыы, оргууй саҥарбыта. — Ийээ, эн хараҕыҥ уутунан суунуохпун баҕарбаппын… Мин өлүөм суоҕа…
— Дьэ, бу эр санаа, — Хотоҕой Боотур көнньүөрэ түспүтэ. — Өкүүндэ, уолуҥ аккыраҥыттан санаарҕаама. Аҕыйах кэминэн тыыллан-хабыллан туруо… Сэгэнэ Боотур билэн ааттаабыта буолуо… Бэйэҥ Тыгын Тойон көрүүтүгэр-истиитигэр киирэҕин. Чэ, Дагда, туох хомунар дааххын хомун. Хабыалыы түһэн баран айанныахпыт, — диэбитинэн, Хотоҕой Боотур ийэлээх уолга кыһаллыбакка, аһаан кимиритэн барбыта. Өкүүндэ уолун таһыгар сэрэнэн олоро, ытаан сыҥырҕаабыта. Хотоҕой Боотур аһаан бүтэн, аттыгар сытар бэлэпчитин харбаат, дьирэс гына тура түспүтэ. Бэлэпчитин иилинэн, икки ытыһын холбоччу тутан: «Кээх, кээх», — диэн саҥа таһаараатын, тэйиччи сылдьар ата иҥэрсийэ, тыбыыра, сиэлэн битигирээн кэлбитэ. Хотоҕой Боотур куйаҕын тиһиликтэрин ыксары тардан, кэтит түөһүн мөтөтөн, тыыллаҥалаан ыла:
— Өкүүндэ, санааҕар тутума, олохпут оҥкула маннык… Уонна дьоҥҥо ыаһах оҥостоойуккунуй… Иэгэйэр икки атахтаа билиэ суохтаах. Чэ, Дагда, барыах, — диэбитинэн, атыгар сыстан иһэн, ыҥыырын үрдүгэр олоро түспүтэ. Дагда ытаан бөтүөхтүү сытар ийэтин көхсүн имэрийэн ылаат, куотан эрэрдии ойуоккалаан тиийэн, Хотоҕой Боотур ууммут илиититтэн тардыстан мэҥэстибитэ. Ат сөбүлээбэтэхтии өрө хантаарыҥныы, иччилээхтик иҥэрсийэ, сиэлэн сиксиппитэ.
Ыраатан иһэн Дагдаҕар эргиллэн көрбүтэ, ийэтин баттаҕа бураллаҥныы, уһун сарыы сонун тэллэҕэ тыалга тэлимнии, икки илиитин даллаахтанан эрэрэ. Дагда Хотоҕой Боотур тимир тиһиликтээх кэтит куруттан ыксары тутуһан, хараҕын быһа симэн, көтөн эрэрдии санаммыта.
Хотоҕой Боотур Дагданы мэҥэстэн, айаннаабыттарын иккис күнүн утута, сис ойуур иһигэр бөдөҥ тиит мастарынан төгүрүччү үүммүт ырааһыйа кытыытыгар тахсан кэлбиттэрэ. Төһө даҕаны сай ортото буоллар, манна сөрүүнэ уонна борук-соруга. Эмискэ, хантан кэлбитэ биллибэккэ, иннилэригэр хара бэкир күөрэс гына түспүтэ. Аттара соһуйан, тыбыыра түһээт, туора ыстанан эрдэҕинэ, хара бэкир суларыттан харбаат, сыста түспүтэ.
— Киһини соһуттуҥ! Тэбистэрээйиккиний, ситэри тут… Дагда, түс, кэллибит, — Хотоҕой Боотур уол булумахтанан эрдэҕинэ, хаҥас илиитинэн окумалыттан ылан тардан иһэн, сиргэ туруору аспыта.
— Хотоҕой Боотур, эн дуо? Анараа бүөргэ атыҥ туйаҕа битигирээн киирбитигэр дьаарханан, кыргыһардыы оҥостон таҕыстым… Саҥаҕыттан биллим, — диэбитинэн титириктэринэн хаххаламмыт холомо таһыттан, тайах тириитинэн хатаҕаланан тиһиллибит куйаҕа саҕах сырдыгар килэҥнээн ыла, батас тутуурдаах киһи ырааһыйа ортотугар содьороҥноон тахсыбыта. Хотоҕой Боотур атыттан түспүтүн көрөн, уһун уктаах батаһын сүрэҕин туһунан тута, нөрүйбүтэ.
— Мин, мин… Истэриҥ тоҕо сүрэй?! Эн кулгааххын кулгаах гыммыт киһи… — диэбитинэн Хотоҕой Боотур саадаҕын устан, атын ыҥыырыгар иилэ бырахпыта. – Миҥэбин ыраатыннарыма, — диэн хара бэкиргэ туһаайан саҥара, сиһин көннөрөн кэдэрэҥнээбитэ.
7
Сарсыарда киһини дьагдьатар тымныы сииктээх тума ынан оту-маһы ньалҕаарыта бүрүйбүтэ. Күн тэмтэйэн истэҕин аайы, сиик таммахтара чопчулаһа, араас өҥүнэн оонньуура. Кытыылара чараас мууһунан чарчылана тоҥмут көлүччэ нууралыгар сиэттиспиттии иилии эргийбит хатыҥнар сипсиһэн эрэрдии суугунаһаллара. Кэрэ сэбэрэлэрин көрүнээри ыксаабыттыы долгулдьуһаллара. Орохсутар тыалтан маҥан сотолоро кылбаҥныы, ыыс араҕас дуйдаммыт сэбирдэхтэрин ууга тамнааттыы нусхалдьыһаллара. Күнүһүн кураанахсыйбыт, сырдаабыт сири-дойдуну сылааһынан угуттуур, түлэй тымныы түүнүн сулустаах суорҕанынан бүрүйэ тардар күһүҥҥү күннэр үүммүттэрэ.
Сайыны быһа сүүрэн-көтөн, эттэрин-сииннэрин имитэн буспут-хаппыт, мэктиэтигэр улааппыт уолаттар бултуу бараары тэринэ сылдьыбыттара. Эмискэ бэрт ич- чилээхтик суор кыламмыта. Бары чөрбөһө түспүттэрэ. Араан таһыгар олорбут Ытыган оҕонньор сааһыгар холооно суохтук чэпчэкитик ойон турбута.
— Симэлийиҥ! Бэлэмнэниҥ! Бэлиэ биэрдэхпинэ биирдэ… — диэбитинэн холомоҕо
содьороҥнообута. Уолаттар бэйэ-бэйэлэрин көрсөөт, алаҥааларын туппутунан үс аҥыы сырсыбыттара. Аттар хобурҕаччы хаамар тыастара чугаһаан эрдэҕинэ, холомоттон боотур таҥаһын тилэри кэппит Ытыган тахсан кэлбитэ.
Ырааһыйатын кэриччи көрө, уһун уктаах батаһын сиргэ тобулу анньыбыта. Дуулаҕатын ыксары тардынан, атахтарын ахчаччы соҕус уурталаан, быар куустан, сымара таастыы сөҥмүтэ.
— Ытыган, Ытыга-аан! Алҕас хамсаныыны оҥорумаҥ, — диэн хаһыы дуораһыйбыта. Ону даҕаспытынан ырааһыйа иһэ ыҥыыр аттаах дьонунан, суугун-сааҕын, тимир-тимиргэ охсуллар тыаһынан-ууһунан туолбута.
— Ээ, Тыгын Боотура Хотоҕой эбиккин дуу… — Ытыган Боотур ыксары туппут батаһын угун ыһыктан, сүрэҕин туһунан тутта нөрүйэн ылбыта. — Кулгаах истэр, соххор харах көрөр диэтэҕиҥ дуу… — диэбитинэн көнөн, аттаахтары кыҥастаһа, Хотоҕой Боотурга утары содьороҥнообута.
— Хайа, дьонуҥ ханналарый? — Хотоҕой Боотур атын тула кулахачытан иһэн, атаҕын ыҥыырын үрдүнэн күдээритэн, ойон түспүтэ.
— Бааллар, бааллар… Тэҥкэ Боотуру көрбөтүгүт дуо? Багдайан, улахан даҕаны буолуохтаах этэ, — Ытыган ымаҥнаан ыла дуулаҕа бэргэһэтин устубута. Итини күүппүттүү ырааһыйа үс өттүттэн алаҥааларын бэлэм туппут уолаттар, боотурдары кыраҕытык кэтии, тахсан кэлбиттэрэ. Аттаахтар киирбит сирдэринэн Тэҥкэ Боотур ата буһуурҕаан, дьахтар талаҕын күөнүнэн тоҕо анньан тахсыбыта. Боотурдар соһуйан, тула холоруктаппыттара.
— Хайа, тэһитэ ытыллыбыт эбиппит буолбаат!
— Оо, кырдьык даҕаны…
— Һы, туох сүрдээх бөтөстөрөй!
— Куотар сир хаалларбатылар… — боотурдар сөхпүттүү саҥа аллайа аттарыттан ыстаҥалаһан түспүттэрэ.
Ытыган уолаттарын астыммыттыы көрө:
— Боотурдары айхаллааҥ… — диэн эрдэҕинэ, уолаттар алаҥааларын аллара санньытан, охтоох илиилэринэн сүрэхтэрин тутта нөрүйбүттэрэ. Хотоҕой Боотур уолаттары сыныйан одуулуу:
— Бу котокулары көр! Чахчы ытыалыах эбиттэр ээ, — диэн сөхпүтүн биллэрэн чыпчырынан ылбыта. — Тэҥкэ Боотур, тоҕо дьоҥҥун сэрэппэтиҥ? Хойутуу сыстыҥ дии, — Хотоҕой Боотур биил баттана Тэҥкэ Боотуру кыҥастаспыта.
— Эһиги сэрэҕэ суох айаннаатыгыт. Мыраан анныттан ох саа бэргэниттэн айаннаһан кэллим. Уолаттары тургутан көрөөрү, баарбын биллэрбэтэҕим, — Тэҥкэ Боотур атыттан ыстанан түһэн, нөрүйэ бобуллаҥнаабыта.
— Боотурдар, иһиттигит дуо? Биир түүн утуйбаккаҕыт, сэрэххит сыппаабыт… Түөлбэбитигэр тиийдэхпитинэ кэпсэтиэхпит! Ылыҥ, хабыалыы түһэн баран, нуктуу түһүҥ. Бөтөстөр маныахтара, — Хотоҕой Боотур саҥата кытаатан, боотурдарын кынчарыйа Ытыгаҥҥа эргиллэн: — Биһиги холомоҕо киириэх, кэпсэл элбэх, — диэт, хаама турбута.
— Уолаттарыҥ хайдахтарый? Дагдаҕар сыстан эрэр дуу… — Хотоҕой Боотур холомо иһин эргиччи көрө, куйаҕын тиһиликтэрин сүөрэ тардыалаабыта.
— Көрбүтүҥ курдук, этэҥҥэлэр… Боотур сатыырын сатыыллар эрээри, күүстэрэ киирэ илик.
Охпут ыраах көппөт, батаспыт хахыйаҕы быһа түспэт… Ол эрээри түргэннэрэ-тарҕаннара,
сылбырҕалара уонна санааларынан тугу барытын кыайаллар. Кинилэр күүстэрэ онно… Чэ, биир-икки сылынан үчүгэй буолуохтара, — Ытыган араан үрдүнэн мас көхөлөргө хатарылла ыйаммыт көһөҥө эттэртэн биири талан ылбыта. Эргим-ургум тута, томороон оҥоһуулаах кыра сандалыга ууран, бадаайынан быһыта баттыалаабыта. — Дагда диэ… Дагдаҕарыҥ хатыҥырын көрүмэ, иҥиир-ситии, онно эбии баламат санаалаах. Арай майгыбыт быһымах соҕус… Ситтэҕинэ-хоттоҕуна, нэмнээн илдьэ сырыттахха, боотур бэрдэ буолуо, — Ытыган бадаайытын туппутунан эргиллэн, соххор хараҕынан Хотоҕой Боотуру тонолуппакка одуулуу:
— Эн киһи манабылланан-таймаланан, мээнэ кэлбэтэҕиҥ буолуо… Туох соруктаах сылдьаҕын? Кэпсиэ…
— Кэпсээтэххэ элбэх буоллаҕа… Дьон-сэргэ олоҕо кэм сиэринэн. Өлүү-сүтүү үгүс. Сорук диэ,
сорук, дьэ, баар… Эн, олор, түбүгүрүмэ, — диэбитинэн сандалы таһыгар турар үүс тириитинэн бүрүллүбүт олбоххо олорбута. — Манабыла, сэриитэ суох сылдьыбат күннэр-дьыллар ыктылар. Кээнньэли дьон быгыахтаһаллар. Быстах кыргыһыылар буолан аастылар. Дьэ, итинник… — Хотоҕой Боотур тыастаахтык өрө тыынан ылбыта. — Эһиги диэки туох биллэр? Баҕар, сылгылары, аттаах дьону көрбүккүт буолаарай?
— Эчикийэ суох… Үрэх баһа дойдуга туох эрэйин көрөн сыбыытаатахтарай?! Уонна эйигиттэн, ити боотурдартан ураты бу сири билэр да киһи суох ини… Тэҥкэ Боотур тугу эмэ көрбүтэ буоллар кэпсиэ этэ. Ырааҕынан-чугаһынан кини чуҥнуур, — Ытыган сыҥаһа ороҥҥо олоро түспүтэ. — Сэппит-сэбиргэлбит баар, сирбитин-уоппутун билэбит. Быстах кээнньэли дьонтон көмүскэнэр инибит…
— Һы, бытыккын быһа үктүөххэр диэри санааҥ модунун… Улаханнык саҥарыма. Атын урдус хоһууннара таба үктэннэхтэринэ, ити уу ньуулдьаҕай оҕолоргунуун кыргыһаары гынаҕын дуо? Хата, куотар, хорҕойор сиргин тобула сырыт.
— Ы-ыы, туох диэн эттэххиний… Кырга кэллэхтэринэ, саһыара оонньуохтара диэтэҕиҥ дуу… Тэҥкэ Боотурбун, уолаттарбын кытта хайа баҕарар сэриигэ кэннибин кэтэммэккэ киириэм. Оҕочоосторун көрүмэ, — Ытыган онто даҕаны суох чарчыстыбыт сирэйэ мырчыстан, уолбут күөл хайыта барбыт оннунуу тыраадыспыттара.
— Этиэх эттэҕинэ, эмиэ даҕаны сөп курдук… Өлөрө- өһөрө кэллэхтэринэ, көмүскэнэргэ эрэ
тиийэҕит. Эбии биир-икки боотуру хаалларабын дуо?
— Кэбис, кэби-иис… Биһиги аайы боотурдары өлүүлээмэ… Аар айылҕабыт көмөтүнэн сүтэн-оһон биэрбэт инибит.
— Тыгын Тойон үөрүн-сүүрүгүн сүтүктээн айдаан бөҕөтө. Турар-турбат барыта көрдөөтө. Сирдээн тимирбиттэрэ дуу, халлааннаан көппүттэрэ дуу биллибэт. Бэ- йэбит эҥээрбитин уонна чугас баар уҥуоргу аҕа уустарын кэрийэн мэлийдибит. Ыраах сирдэргэ тэҥсиктэри ыыталаабыттара. Чэ, ол мөҥүрүөн сылгы диэн… Дьиҥэр, Тыгын Тойон онтон улаханнык эстэн-быстан барбат. Кырытыннарбыттар, сэнээбиттэр диэн санааттан… Кини киһи күлүгүн быһа хаамтаран, улаханнык атаҕастаммыттыы санаммыт. Ол кыһыыта-абата сыттаҕа…
— Дьэ, кырдьык… Аҕа ууһум атаҕастаммытыттан биир бэйэм даҕаны кыһыйыах-абарыах курдукпун…
Ойууннарбыт тугу көрүүлэнэллэр? Тыгын Тойон кырыктааҕын, бардамын, өһүн өрүү ситиһэрин истибэтэх ол туох айылаах биистэрий?.. Тутулуннахтарына, бастара көтөр буолбут. Ол эрэ буолуо дуо?! Аҕа ууһун быһыытынан быстыахтара турдаҕа. Дьэ, иэдээн диэтэҕиҥ… Баҕар, кыыл-сүөл куттаан, ойуурга кыйдаммыттара буолаарай, төһөнү үүрбүттэр?
— Икки мөҥүрүөн үһү. Ойууннар: «Ыраахтан анаан кэлбит биистэр. Урааҥхайдар…» — дииллэр. Суоллаан, Эбэҕэ киллэрэн сүтэрэллэр.
— Оннук ини? Таба көлөлөөхтөр биһиги сылгыбытыгар дураһыйбаттар. Үүрэн барбыт буоллахтарына, Эбэ уҥуордааҕы биллибэт-көстүбэт аҕа уустара буолуо. Эһиги, баҕар, таба түбэһиэхпит диэн, кэриимниир буоллаххыт?
— Таарыччы диэххэ сөп… Дьаһайыахпын сөбө этэ эрээри, олоҕу билбит кырдьаҕастан сүбэлэттэхпинэ сатанар, — Хотоҕой Боотур тугу этиэҕин билбэтэхтии ойон туран, төттөрү-таары хаамыталыы, халҕаны арыйан таһырдьаны өҥөҥнөөбүтэ. — Дагдаҕары ыла кэллим… Билэ-билэбин хааллараммын диэн санааҕа-онооҕо ыллардым. Туоҕа Боотур кэлэ сылдьыбыта, биитин сүтүктээн… Өйдөөбүтэ эрээри, Тыгын Тойону көрсүө диэн, Өкүүндэттэн саллар. Өскүөрүтүн тиийдэҕинэ, Сэгэнэ Боотур туһунан хоп-сип тарҕаныа… Бэйэҥ билэҕин.
— Ээ, дьэ… Сэрэйбитим… Өкүүндэ төһө даҕаны өйдөөтөр ийэ буоллаҕа… — Ытыган бүк түһэн, көхсө бөгдьөйөн тахсыбыта. — Үчүгэй боотур буолуох оҕо… Илдьэ барар буоллаҕыҥ… Хотоҕой Боотур, ити уолу симэлиппэт инигин? Күнү-дьылы аһаран, этэҥҥэ эргилиннэҕинэ, бэйэҕэр сыһыараар. Кэлин махтаныаҥ… — Ытыган оргууй саҥара, көнөн кэлбитэ.
— Бээ, Ытыган Боотур, уолу тургутан көрүүм. Онтон көстөн иһиэ. Симэлитиэм кэриэтин төттөрү аҕалыаҕым… Эбэ уҥуор таһааран, кээнньэли дьону суоллатан көрүөм. Уонна ол диэки туох быһыы-майгы баарын билиэ этэ. Тыгын Тойону билинэллэр этэ эрээри, баҕар, сэриинэн кэлээри бэлэмнэнэллэрэ буолуо… Туох диигин ону? Кыайан сылдьыа дуо?
— Һы… Сылдьарын сылдьыа… Ити оҕо онно туох сыһыаннааҕый? — Ытыган соһуйан ходьойо түспүтэ.
Алҕас иһиттим дуу дии санаан Хотоҕой Боотуру кыҥастаспыта.
— Аҕыйах хонуктааҕыта Эбэ уҥуоруттан бырда быстыбыт уолу булан аҕалбыттара. Уһаабатаҕа, өлөөхтөөбүтэ… — Хотоҕой Боотур кыыһырбыттыы лиһиргэччи хааман кэлэн олоро түспүтэ. — Олоҕо кылгаһын иһин, биһиэхэ туһалаары күн сирин көрбүт эрэйдээх быһыылаах…
Тыына быстыан иннинэ, элбэҕи кэпсээбитэ. Олорбут түөлбэтин, кимнээҕин субу диэн билбэт эрээри, урааҥхайдыы тыллаахтар кыргыбыттар үһү. Хайдах тыыннаах орпута буолла… Куотан, атах балай барбыт. Ол сылдьан, элбэх сылгыны үүрэн иһэр дьону көрөн, эккирэтэ сатаан куоттарбыт. Таҥастарыттан сабаҕалаатаҕына кинилэртэн ырааҕа суох олохтоох, биис уустара үһү. Олоохунаттан килэгир таас үрэхтэн түһэр, салаа үрэх диэки түөлбэлээхтэр диэбитэ. Сылгынан дьарыктанар Урааҥхай биистэрэ үһү…
— Оттон онно тумус боотурдары тоҕо ыыппатыгыт? Биитэр, чахчы кинилэр буоллахтарына, сэриинэн барыахха буоллаҕа, — Ытыган тиэрэ чинэрийэн эркиҥҥэ көхсүн суураламмыта. — Тымныылар түһүөхтэрэ, Улуу добдурҕа саҕаланыа… Дагда оҕо, эргиллиэ дии саныыгын дуо?
— Билбэтим, этэр кыаҕым суох. Сүттэҕинэ сүтэр буоллаҕа… Атыны тобулан көрүөхпүт. Оннооҕор буолуох боотурдар өлөллөр, биир оҕонон итээбэт инибит… — Хотоҕой Боотур кыыһырбыттыы дуулаҕатын ынтакалары туура тардынан, сыҥаһаҕа бырахпыта. — Хас аҕа ууһун кытта кыргыһыахпытый? Тумус боотурдары ыытар сатаммат. Ити боотурдары көрөн туран, уорбут-талаабыт даҕаны буоллахтарына, билиммэттэрэ чахчы. Баҕар, кинилэр буолбатахтара буолуо… Оччоҕо кыргыһыыны күөртээн, ол алдьархайа тахсыа. Уонна ыйы-ыйдаан ыытар кыаллыбат. Добдурҕа саҕана барар-кэлэр сирдэрэ онто суох элбэх. Атын сыһыан ирдэнэр. Тыгын Тойон ол диэки сылдьан, Илтүһэрсэн хары тутуспуттааҕа. Онон сурах хоту күлүк түһэриэн баҕарбат. «Чахчы кинилэр буоллахтарына, атыннык кэпсэтиэхпит… Бэйэм барыам. Кыргыллыахтарын баҕарбатахтарына, ити өттүгэр манабыл оҥостуохпут», — диэбитэ.
— Бээ, бээ… Оттон Дагда оннугар Кутугу биитэр Өргөһү илдьэ бардаххына? Сылдьыахтара этэ…
Сиргэ-уокка, сэпкэ-сэбиргэлгэ син үөрэннэхтэрэ… Биитэр ойууннарынан Дагдаҕа ол оҕо кутун иҥэртэриэххэ. Аҥаардас дьүһүн кубулуйан тиийэрэ ыарахан буолуо…
— Һы… Ол быстаахтаабыт уол сааһыгар, уҥуоҕар- иҥиэҕэр даҕаны Дагда сөп түбэһэр. Өлбүт оҕо оннугар ол түөлбэҕэ аймах буолан барыа. Ойууннар куту иҥэрэргэ элбэх күнү-дьылы көрдүүллэр. Кэм кэмчи, уһуур табыллыбат… Хас күнү утутуон, хас ыйы төрөтүөн этэр кыаҕым суох. Көрдүү даҕаны буолбатар, добдурҕа саҕана боотурдар бара сылдьыахтара.
— Төһө даҕаны дьүһүн кубулуйдар, оҕо буоллаҕа. Сыыһа-халты туттуон сөп. Биирдэ баран эттэххэ, билиниэхтэрэ диэтэҕиҥ дуу… Хайа, атын тыллаах, сиэрдээх-туомнаах буолаайаллар? Ичээннэр, ойууннар баар ахан инилэр…
— Оҕо түргэнник улаатар, кыра эрдэҕинэ көрбүттэрэ, истибиттэрэ суолталаныа. Ол уол атаҕын таҥаһа, соно туспа тигиилээхтэр. Хааны-сиини көрбүт, кыргыһыыттан тыыннаах хаалбыт оҕо уйулҕата хамсыыра ханна барыай? Баҕар, аһынан уонна этэрбэһиттэн сылтаан, сыһыарыахтара… Чэ, сылайыы барбыт, харахпын симэн ылыым. Эн уолга ханна барарын этимэ.
Аара бэйэм кэпсиэҕим. Күн намтааһына уһугуннараар, турдахпына хабыалыам. Элэтэ, — диэт, Хотоҕой Боотур сыҥаһа ороҥҥо тиэрэ нарыһыйаат, мунна хаһыҥыраан барбыта. Ытыган санаатыгар баттатан, уоһун ньимиччи туттан, уорастан олорбохтоот, таһырдьа харбыаласпыта.
Күһүҥҥү күн үөһэ тэмтэйэн, барбах сылааһынан угуттаан, оттон-мастан сиигин көтүтэн суугунаппыта.
Саһарбыт сэбирдэх наллаан тэлимнээн, ырааһыйа кытыытыгар утуйа сытар боотурдары бүрүйэ тэлээрэрэ.
Кутук чуумпуну иһиллии, араан үрдүнэн ачаахтаах мастарга ууруллубут эттээх модьу үтэһэлэри эргитэлии турдаҕына, Ытыган атаҕын сырдырҕаччы соһон тиийэн кэлбитэ.
— Хайа, эйигин күөсчүтүнэн хааллардылар дуо? Дьэ, үчүгэй. Күөсчүт ойууннартан, уустартан итэҕэһэ суох айылгылаах киһи. Ордук даҕаны буолуо ээ… Хатан Тэмиэрийэ бырдьа бытык оҕонньор сыа таммалыырыттан, хоргун тохторуттан үөрэр. Ол иһин күөсчүккэ махтанан, сылааһынан илгийэн күүс-уох, өй-санаа эбэн эрдэҕэ. Һэ, һэ, — диэн күлэн ыла, тула олоотообута. — Дагда хайа диэки манабыллаан турар?
— Этээ, бу эт буспута буолуо дуо? Сүмэһинэ сүүрбэт буолбут, сыата тохтор… Дагдаҕар боотурдар аттарын маныыр. Үрэх диэки киллэрэн эрэрэ, — Кутук үөттүрэҕинэн ыйан көрдөрбүтэ. — Ол диэки.
— Бар, ыҥыр эрэ. Мин ситэри буһарыым. Эн Дагдаҕар оннугар аттары маныы хаалаар.
— Һуу, мин ойдум, — диэт, Кутук талахха ыйаабыт ох саатын, охтордоох кэһэҕин ылаат, талахтар быыстарынан аҕыйахта элэҥнээбитэ.
Өтөр буолбатаҕа, Дагдаҕар ыксаабыттыы сүүрэн кэлбитэ.
— Этэ, кэллим… — Дагдаҕар аҕылыырын кыатана, утуйа сытар боотурдары олоотуу, тула эргийбэхтээбитэ.
— Ээ, кэл эрэ, бэттэх олор. Кэпсэтээри ыҥыртардым… — Ытыган ууламмыт соххор хараҕын ытыһынан уолбут иэдэһигэр ньиккирийбитэ. Дагдаҕары саҥа көрбүттүү кыҥастаһа, салгыны эҕирийэн, омурдун үлүннэрэн, уоһун үмүрүччү тутан, тыастаахтык үрбүтэ.
— Дагда, мин этэрбин болҕойон иһит. Боотурдары кытта барсар буоллуҥ… Ханна, тоҕо илдьэллэрин билбэтим. Айан уһун буолуо, ол устата Хотоҕой Боотур быһаа- рыа… Өтөрүнэн көрсүбэт дьылҕаланныбыт быһыылаах. Чэ, хайыахпытый… Сэби-сэбиргэли тутта үөрэнниҥ. Кыргыс үөрэҕин толору ааспытыҥ буоллар… Ылыммыт билиигин, хамсаныыларгын, быыс эрэ булларгын, чочуйа сылдьаар. Бороохтуйдуҥ, көмүскэнэр кыахтааххын эрээри, биилээҕи килбэҥнэтэр, уһуктааҕы утары тутар кэмиҥ эрдэ. Өстөөх даҕаны буоллар, киһи тыыныгар туруу ыарахан… Уйулҕаҥ хамсыан сөп. Ону өйдөө… Билигин эн кыаҕыҥ — сымсаҕар, тулуургар уонна чаҕылҕанныы охсуллан ааһар өйгөр. Уолҕамчы санааҕын үүннээн-тэһииннээн сылдьаар. Сатыыргын, билэргин дьоҥҥо биллэрэ сатаайаҕын… Күүстээҕи көрөн туран күөнтэспэккэ, кыайаргын кыһарыйбакка киэҥ көҕүстэнээр.
Төһө өр хара тыаны кэтиэххин, муҥу-таҥы көрүөххүн этэр кыаҕым суох. Аар айылҕаҕын хорҕойор хороон оҥостоор, көрдөһө-ааттаһа сылдьаргын умнаайыккыный. Эйигин барытын тулуйуо диэн, эрэнэн илдьэ бараллар. Ситигирдик, — Ытыган бакырыспыт модьу тарбахтаах ытыһын уол санныгар уурбута. — Этэҥҥэ эргилиннэххинэ, кэм туохха эмэ такайбыппын диэн үөрүөм… Бээ, аҕаҥ Сэгэнэ Боотур туһунан этэрдээх этим. Чэ, этэҥҥэ эргилиннэххинэ кэпсиэм. Билигин санаа-оноо оҥосто сылдьыаҥ… Холомоҕо киирэн сытан ыл. Бука, түүннэри айанныыргыт буолуо. Өргөстөөх Кутукка тугу даҕаны этээйэҕин, бэйэм кэпсиэҕим…
+7 (999) 174-67-82