Айыы итэҕэлин сурун төруттэрин туhунан кылгастык

Аар Айыылар ханныктарый, хастарый?

Биһиги, сахалар, үҥэр-сүктэр таҥараларбыт Аар Айыылар диэн ааттаналлар. Аар Айыыларга итэҕэйээччилэр Аар Айыы итэҕэйээччилэрэ эбэтэр биир тылынан Айыы дьоно дэнэллэрэ. Онон Айыы дьоно диэн итэҕэлгэ киирбит, күн аайы Аар Айыыларга үҥэр-сүктэр, кинилэри билинэр, ытыктыыр, Аар Айыы итэҕэлигэр киирэн өйдөрө-санаалара ырааһырбыт, үрдээбит, куттара-сүрдэрэ чэгиэрбит дьону ааттыыллар. Айыы киһитэ куһаҕаны утары охсуһааччы буолуохтаах. Куһаҕаны, аньыыны оҥорбут, киһини дэҥнээбит, өлөрбүт-өһөрбүт, уорбут-алдьаппыт, халаабыт-былдьаабыт киһи кыайан Айыы киһитэ буолбат. Айыы киһитэ, Айыы аймаҕа диэн өйдөбүллэри туспа чуолкайдаан суруйуоҕум. Онон билигин сүрүн боппуруоһу быһаарыыга киирэбин.

Киһи улуу Кырдьыкка, дьиҥнээххэ кэлэрэ бэрт уһун уонна уустук дьыала. Мин эмиэ маҥнай үчүгэйдик ырытан толкуйдаабакка эрэ, дьон этэрин хоту, тоҕус Халлаан, тоҕус Аар Айыы баар дии саныырым. Суруйууларбар даҕаны ити өйдөбүл кииртэлээбитэ баар. Ол гынан баран, былыргы Аар Айыы итэҕэлин үөрэтэн, чинчийэн, ырытан истэҕим аайы ити өйдөбүллэргэ сөпсөспөт буолан испитим. Тоҕо тоҕус Аар Айыы итэҕэлигэр сүрүн муҥутуур абсолютнай ахсаан буолуохтааҕый диэн өйдөбүл миэхэ киирэ турара. Биһиги аҕа ууһугар, Бүлүү Дьөккөнүн Хаҥаластарыгар, былыргы кэпсээннэр, номохтор, ол иһигэр кистэлэҥ даҕаны кэпсээннэр элбэхтэр. Ити былыргы өбүгэлэрбит кэлэр ыччаттаргытыгар кэпсээҥ, тарҕатыҥ, кимнээхтэрин биллиннэр диэбит кэриэстэринэн ити кэпсэллэр, сэһэннэр, быһаарыылар миэхэ эмиэ тиксибиттэрэ.

Хос эбэм — саха уһулуччулаах дьахтара, былыргы Хаҥаластар өбүгэттэн ыччакка бэриллэн иһэр сэһэннэрин, кэпсээннэрин барытын түмпүт киһи — Сөдүөччүйэ: » Биир сиэним сороҕун суруйуоҕа, биир хос сиэним сурукка элбэҕи киллэриэҕэ,» — диэн кэбиспитин чугастык ылынаммын, иэһим курдук санааммын суруйабын. Сөдүөччүйэ 104 сааһыгар өлбүтэ, бары оҕолоро, сиэннэрэ кини сэһэнин, кэпсэлин иҥэринэн улааппыттара. Уола Алексей Николаевич Кондаков — Орто Бүлүү улууһугар кулубалаан сылдьыбыт киһи, улуу кэпсээнньит, үчүгэй олоҥхоһут этэ. Биир уола — Андрей Николаевич Кондаков — улахан уус, олус үчүгэй куоластаах ырыаһыт этэ. Ыллаатаҕына иһит-хомуос барыта тыаһыырын иһин, оччотооҕу дьон куттанан ыллаппат эбиттэр.

Биир биллиилээх өбүгэбит — уон икки муостаах дүҥүрдээх Айыы ойууна Махсыын Гоголев, Орто Бүлүү улууһун маҥнайгы административнай баһылыга (Маамыктаах судьуйа), элбэх быһаарыылара эмиэ сыыска-буорга хаалбакка, билиҥҥэ диэри тиийэн сылдьаллар. Махсыын Гоголев дүҥүрэ тоҕо уон икки муостааҕын маннык быһаарбыт: «Уон икки Халлаан баар. Үөһээ Аар Айыылар эмиэ уон иккилэр. Тоҕус Халлаан диэн ити былыр дьон-сэргэ тарҕанан үөскээбит кээмэйдэрэ. Онус, уон биирис, уон иккис Халлааҥҥа Үрүҥ Аар Тойон тиийэр. Ити бүтэр уһуга суох Халлааннар. Ол иһин саамай Улуу Айыы Ойууна уон икки муостаах дүҥүрдээх буолуохтаах. Мин курдук дьон Сиргэ бэрт дэҥҥэ төрөөн ааһаллар.»

Өр кэмҥэ бу этии туох ис хоһооннооҕун толкуйдаабытым. Маҥнайгы сабаҕалааһыннарбын оҥорбутум. Онон Аар Айыылар ааттарын-суолларын быһаарыыбын К.Д. Уткин «Религиозные и философские воззрения коренных народов Якутии» диэн кинигэтигэр киллэрбитэ алҕастардаах буолбут.

Мин өр кэмҥэ бу боппуруостары толкуйдаабытым. Аар Айыылар чуолкай ааттара кимнээҕий, кинилэр чуолкай хастарый? — диэн боппуруос миигин өр аалбыта. Кинилэр ааттарын мин бэйэм өбүгэлэрим кэпсээннэриттэн билэрим. Холобур, Тэрис, К. Уткин, Дабыл Улуу Тойону идэ уонна уоту биэрбит таҥара быһыытынан суруйаллар. Оттон биһиги былыргы өбүгэлэрбит, чуолаан М. Гоголев-Маамыктаах судьуйа быһаарыытынан, Улуу Тойон Аар Айыыларга киллэриллибэт эбит. Сахалыы билбэт чинчийээччи В.Ф.Трощанскай «Эволюция черной веры якутов» диэн үлэтигэр этиҥ, идэ, уот Аар Айыыта Сүҥ Дьааһын оннугар Улуу Тойону киллэрэн кэбиһэн, үс саханы бутуйбут, түөрт саханы тиэрэ толкуйга киллэрбит. Кини алҕас этиҥ, чаҕылҕан таҥарата Улуу Тойон диэн кэбиспит.

  Саха өйдөбүлүгэр Улуу Суорун Тойон элбэх хара сылгы сүөһүлээх, уолаттардаах, кыргыттардаах, чаҕардардаах-хамначчыттардаах Соҕуруу Халлааҥҥа ыал буолан олорор. Кини аччыгый уола сиргэ суор буолан көтө сылдьар. А.Е. Кулаковскай суруйарынан, Улуу Тойон кулуттара охсуһууктар, аттара тэбииктэр, ынахтара кэйииктэр, ыттара ытырыыктар. Үгүс кэпсээннэргэ кини уолаттара сиргэ түһэннэр дьахталлары кытта күүстэринэн кэриэтэ көрсүүлэһэллэр. Сиргэ үөскээн сылдьыбыт, археологтар хостоон көрбүт киһилэрин Дьорхо Баайы былыр оннук үөскээбит оҕо этэ диэн кэпсииллэр эбит. Бу туһунан И.Г. Березкин суруйан турар.

   Улуу Тойон монголлар итэҕэллэриттэн киирбит үрдүкү күүс быһыылаах. Уопсайынан даҕаны, итэҕэлбитигэр икки итэҕэл — тенгрианскай уонна монгольскай — киирэннэр, булкуһан, улахан бутууру таһаараллар быһыылаах.

  Мөккүөр барар: «Сүрүн улуу таҥарабыт кимий?» — диэҥҥэ. Дьиҥэр, бу судургутук быһаарыллар боппуруос. Л. Афанасьев, А. Павлов аан маҥнай алҕас Үрүҥ Айыы Тойон диэн кэбиспиттэрин көннөрбөккө, догма оҥорон, салгыы тураллар. А.Павлов, наһаа баран, Үрүҥ Аар Тойон Үрүҥ Айыы Тойон уола диэбит. Били Христос таҥара уола дэммитин үтүктэн суруйуу.  Саха итэҕэлигэр Таҥара уола Сиргэ үөскээн сылдьыбытын туһунан номох да, өйдөбүл да суох. Бэйэ сыыспытын кэлиилии кэбэн, тосту-туора да өйдөбүллэри киллэрэн туран көмүскүөххэ дии санааһын көстүүтэ буоллаҕа дии, хайыаҥый?!

   Улуу чинчийээччи А.Е. Кулаковскай маны үчүгэйдик быһааран маннык суруйбута: «Үрүҥ Аар Тойон или Айыы Тойон (белый бог господин) некоторые считают его властелином восьмого неба, некоторые считают его властелином восьмого неба, некоторые смешивают его с Үрүҥ Аар Тойоном. Я думаю, что это тот же Үрүҥ Аар Тойон, и вот по каким мотивам. Айыы, как говорилось, понятие общее для всех богов. С введением христианства понятие о главном и добром боге Үрүҥ Аар Тойон смешалось с понятием о христианском боге, у которого функции оказались тождественными с функциями первого, по крайней мере, в существенном — в отношении создания мира, доброты и справедливости. А с другой стороны, христианские священники должны были запрещать вновь обращаемым называть господа-бога таким фигурным именем, как Үрүҥ Айыы Тойон. Понятно, что с обеих сторон должен быть компромисс и согласились на название Айыы Тойон (божество-господин), под которым якуты свободно могли подразумевать, в силу значения слова «Айыы» своего главного бога Үрүҥ Аар Тойон и под которым до сих пор разумеют христианского доброго бога. Священники же не могли видеть опасности для христианства в том, что якуты называют своего бога на своём языке «господином богом». Ныне якуты обыкновенно становятся в тупик, если спросить их о разнице между Үрүҥ Аар Тойоном и Үрүҥ Айыы Тойоном и начинают пускаться во всевозможные догадки, чтобы только ответить на вопрос, чем повторяю, вводят в заблуждение исследователя. Итак Үрүҥ Айыы Тойон раньше не существовал отдельно от Үрүҥ Аар Тойона, и это имя позднейшего происхождения (христианской эры).» Мантан ордук хайдах быһаарыахха сөбүй? Улуу А.Е.Кулаковскайы уҥуордуу куоһаран, А.Павлов-Дабыл диэн эдэр оҕо киһи Үрүҥ Аар Тойон Үрүҥ Айыы уола этэ диэн өйдөбүлү киллэрэр. Христианскай таҥара дьиэтин ыгыытыттан куттанан, Үрүҥ Аар Тойону кыччатан, сымнатан Үрүҥ Айыы Тойон диэн ааттаабыттар диэн А.Е.Кулаковскай мантан ордук хайдах чуолкайдык өйдөтүөй?! Онон Үрүҥ Аар Тойон уонна Үрүҥ Айыы Тойон — биир таҥара. Кини — саамай үрдүкү Аар Айыы. А.Павлов-Дабыл бу үрдүкү таҥарабытын хайытан (аньыы даҕаны, эчи сүрүн!)  аҕа уонна уол таҥара оҥортуур. Бу эмиэ христианство ыгыытыттан  куттаныы дуу эбэтэр өссө саҥатыйан Айыы итэҕэлин христианскай итэҕэлгэ үтүгүннэрии дуу?! Дьэ, сүрдээх дьыала. Төһө да тугу баҕарар суруйар, этэр көҥүлүн иһин, саатар улуу А.Е. Кулаковскайы истиэххэ, билиниэххэ наада этэ. Олус чиэскини кэпсэнэн, кэпсээн, суруйан сайдыы уонна былыргыбытын билии суолугар киирбэппит чахчы. Дьиҥнээхтик бэйэбитигэр былыргыттан баары эрэ сөргүтэр, сайыннарар наада ини. Наһаа баран искусственноска киирдэхпитинэ киһи күлүөх эрэ хартыыната тахсыан сөп.

Салгыыта бэчээттэниэ…

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх