Айсен Николаев: Олонхо – гордость якутского народа
Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю с национальным праздником – Днём Олонхо!
16 лет тому назад ЮНЕСКО объявило якутский народный эпос Олонхо – шедевром устного и нематериального наследия человечества, тем самым признав его огромную ценность для мировой культуры.
Олонхо – гордость якутского народа, жемчужина нашей самобытной культуры и богатейшего языка, пронесённая через века, передаваясь из уст в уста от дедов и отцов сыновьям и внукам. Несмотря на то, что эпос не записывался в рукописи, его сохранили талантливые сказители – олонхосуты, державшие в памяти многие Олонхо, в каждой из которых от 10 до 40 тысяч строк. Первые записи отдельных частей-песен Олонхо были сделаны Афанасием Уваровским и Отто фон Бётлингомв 40-х годах XIX века. В сохранение и популяризацию эпоса бесценный вклад внёс выдающийся государственный и общественный деятель республики, писатель и учёный Платон Ойунский.
В былые времена Олонхо для якутян было главным видом культурного отдыха. По сути Олонхо – это театр одного человека, олонхосут искусно изображает разные персонажи, поёт и говорит разными голосами своих героев. Когда сказитель приезжал к кому-то погостить, то у них вечерами на представление собирались все близко живущие соседи. Через Олонхо якутяне с детства впитывали в себя всё богатство, красоту, многообразие и яркость красок родного языка.
Олонхо в нашей республике живо и сегодня. Ежегодно проводится республиканский Ысыах Олонхо, на котором сказители соревнуются в искусстве исполнения эпоса. В этом году Ысыах прошёл в Олёкминском районе, в рамках которого по традиции состоялся республиканский конкурс исполнителей Олонхо среди детей, молодёжи и взрослых исполнителей.
В течение трёх дней участники исполняли героический эпос. Самое главное радует то, что в конкурсе в категории «молодёжь» приняли участие 20 человек. Уверен в том, что они в будущем станут именитыми сказителями.
В нашей республике работа по сохранению и развитию Олонхо ведётся по трём основным направлениям. Так, в Якутске работает Театр Олонхо, который ставит спектакли по мотивам якутского эпоса. Последняя работа театра – комедийный молодёжный спектакль по Олонхо знаменитого Амгинского сказителя Тимофея Захарова — Чээбий «Ала Булкун». Спектакли по якутскому эпосу ставятся на сценах мировых театров, завоевывая любовь и признание зрителей всего мира.
Большую работу по сохранению, популяризации и обучению сказительскому искусству Олонхо ведёт Центр Олонхо по научно-методической деятельности и международным связям. Центр проводит традиционные фестивали сказителей на республиканском и международном уровнях, семинары, мастер-классы конференции, выпускает научно-методические серии «Олонхоолуктара», «Ийэ тыл биһигэ».
Плановую работу по подготовке и изданию текстов Олонхо, монографий, сборников, статей по проблемам изучения якутского героического эпоса и переводу уникальных памятников эпического наследия на языки народов мира ведёт Научно-исследовательский Институт Олонхо при Северо-Восточном федеральном университете имени М.К. Аммосова.
Дорогие земляки!
В этот праздничный день призываю вас всех активно поддержать развитие и популяризацию Олонхо путём участия в мероприятиях, посвящённых якутскому эпосу. Так, ежегодно в республике проводится Декада Олонхо. В этом году в программу включены более 50-ти мероприятий: цикл телевизионных программ, конкурсы и фестивали, спектакли, научно-практические конференции, круглые столы, семинары, мастер-классы, творческие вечера.
Желаю всем крепкого здоровья, благополучия и счастья! Слушайте и читайте Олонхо – хранилище духовных ценностей и мировоззрения народа, учите детей и подрастающее поколение любить и уважать родной язык!
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэлиибин!
ЮНЕСКО 16 сыл анараа өттүгэр Олоҥхону киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт нэһилиэстибэтин шедевринэн биллэрбитэ саха олоҥхото аан дойдуга сүҥкэн суолталааҕын билинии буолар.
Уон тыһыынчаттантүөрт уон тыһыынчаҕа тиийэр устуруокалаах олоҥхону өйтөн кэпсиир,устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, дэгиттэр талааннаах олоҥхоһуттарбыт айан хаалларбыт айымньылара былыргы өттүгэр төһө да сурукка тиһиллибэтэллэр, үйэлэри уҥуордаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уостан-уоска бэриллэн, норуоппут киэн туттуута, төрүт култуурабыт, баай тылбыт күндү чөмчүүгэ буолаллар. Олоҥхо ырыаларын сорох чаастарын ХIХ үйэ 40-с сылларыгар Афанасий Уваровскай, Отто фон Бётлингк сурукка аан бастаан киллэрбиттэрэ. Саха норуотун сүдү айымньытын чөл хаалларыыга уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятелэ, суруйааччы уонна учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай сүҥкэн кылааты киллэрбитэ.
Урукку дьылларга Олоҥхо өбүгэлэрбит култуурунай сынньалаҥнарын биир сүрүн көрүҥүнэн буолара. Дьиҥэ даҕаны, Олоҥхо – биир киһи тыйаатыра. Олоҥхону толорооччу куолаһын уларытан хас да араас киһи оруолун толорор. Былыр олоҥхоһут кэлэрин истиһэн, ыаллыы алаастартан оҕолуун-уруулуун элбэх киһи мустара. Ол курдук,саха дьоно төрөөбүт тыл бараммат баайын, эриэккэс эйгэтин, дэгэтин, кустук өҥүнэн оонньуур өҥүн-дьүһүнүн эттэригэр-хааннарыгар оҕо эрдэхтэриттэн иҥэринэллэрэ.
Олоҥхо биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр билигин даҕаны тыыннаах. Сыл аайы Олоҥхо ыһыаҕа ыһыллар. Быйылгы ыһыах Өлүөхүмэ улууһугар тэриллэн, оҕо, ыччат, улахан дьон ортотугар олоҥхону толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустара ыытыллыбыттара. Олоҥхо доллоһутар тойуга Өлүөхүмэ туонатыгар үс күн устата дуорайбыта. Бу ыһыахха ччаттар бөлөхтөрүгэр 20 киһи кыттыбыта киһини үөрдэр. Инникитин кинилэр ааттаах-суоллаах олоҥхоһут буолуохтара диэн эрэнэбин.
Олоҥхону чөл хаалларыы уонна сайыннарыы үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ үс хайысханан барар. Ол курдук, Дьокуускайга Олоҥхо Тыйаатыра ситиһиилээхтик үлэлиир. Кэнники кэмҥэ ыччакка анаан Амма биллиилээх олоҥхоһута Тимофей Захаров – Чээбий олоҥхотунан “Ала Булкун” диэн комедия-испэктээги туруорда. Саха олоҥхотун матыыбынан оҥоһуллубут испэктээктэр тас дойдулар сыаналарыгар тахсан, аан дойду көрөөччүлэрин сэҥээриилэрин, билиниилэрин ылаллара кэрэхсэбиллээх.
Иккис хайысханы Научнай-методическай үлэҕэ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ Олоҥхо Киинэ салайар. Бу Киин өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа үгэс буолбут олоҥхоһуттар бэстибээллэрин, сэминээрдэри, маастар-кылаастары, кэмпириэнсийэлэри ыытар, “Олоҥхо олуктара”, “Ийэ тыл биһигэ” научнай-методическай сиэрийэлэри таһаарар.
Үһүс хайысхаҕа М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка тэриллибит Олоҥхо научнай-чинчийэр института олоҥхо тиэкистэрин бэчээккэ таһаарыыны, саха олоҥхотун кыһалҕаларын үөрэтэн уонна олоҥхолору аан дойду омуктарын тылыгар тылбаастаан монографиялары, хомуурунньуктары, ыстатыйалары бэлэмнээн таһаарыыны былааннаан үлэлиир.
Күндү биир дойдулаахтарым!
Бу бэлиэ күҥҥэ анаммыт тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан Олоҥхону сайыннарыыга уонна киэҥник тарҕатыыга бэйэҕит кылааккытын киллэрэргитигэр ыҥырабын. Олоҥхо Дэкээдэтэсыл аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйда. Быйылгы Дэкээдэ бырагырааматыгар 50-тан тахса тэрээһин киирдэ: тэлэбиисэринэн биэриилэр эргиирдэрэ, куонкурустар уонна бэстибээллэр, испэктээктэр, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, төгүрүк остуоллар, сэминээрдэр, маастар-кылаастар, айар киэһэлэр.
Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну уонна дьолу баҕарабын! Саха норуотун духуобунай сыаннастарын уонна аан дойду олоҕун анаарыытын иҥэриммит сүдү айымньыны – Олоҥхону – истиҥ уонна ааҕыҥ, оҕолоргутун уонна эдэр ыччаты төрөөбүт тылы таптыырга, ытыктыырга үөрэтиҥ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
+7 (999) 174-67-82