Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэрэ — XI
Аар Айыы итэҕэлэ киһини сөптөөхтүк сылдьарга, олорорго, айылҕаҕа сөптөөх сыһыаннаах буоларга үөрэтэр. Киһи иннигэр айылҕа аналын толоруу ирдэбиллэрин туруорар. Элбэх бобуулар баалларын өйдөтөр. Бары сыыһаларга аньыы-хара, сэт-сэлээн ааҕылларын, дьай кэлэрин, кут-сүр киртийэрин этэр. Дьэ, итилэри барытын ырытыы уустук. Уопсайынын, умнуллубуту сөргүтэр саҥаны айан суруйардааҕар ордук уустук. Тоҕо диэтэххэ, урукку баары төһө кыалларынан уларыппакка, токуруппакка, сымыйалаабакка киллэриллиэхтээх.
XI Аар Айыы итэҕэлин бүттүүн бар-дьоҥҥо, норуокка өйдөтүүлэрэ:
1. «Бар дьон күүһэ — көмүөл күүһэ.»
2. «Сэрии үрдүгэр буор ыспат».
3. Норуоту ыһаары бастыҥ дьону дьонунан кыртарар ньыма былыргыттан баарын умнума.
4. Бастыҥ дьон норуот төбөтө буолаллар.
5. Төбө быһылыннаҕына илии, атах туһалаабаттар.
6. Төбөнү кыайдылар да букатын кыайаллар.
7. Бас-көс, төбө буолар дьоно суох буолбут норуот эстэр.
8. Сэриилээн ылааччылар үксүн норуоту төбөтүнэн таҥнары туруораллар. Атах үөһэ буоллаҕына, төбөнү баттыыр уонна туһата суох оҥорор. Кыра дьон салайан туһаны оҥорботтор.
9. Бүттүүн норуот төбөтүнэн таҥнары турдаҕына, ол норуот эстэр. Атах төбөнү сатаан салайбат.
10. Норуот өркөн өйдөөхтөрө инники суолу сырдатааччылар буолаллар. Кинилэри сөпкө туһанар норуот кэскилэ улахан.
11. Ханнык баҕарар норуот бэйэтин бэйэтэ салайыныахтаах.
12. Салайар бас-көс киһитэ суох норуот кэскилэ суох.
13. Итэҕэлэ суох норуот эстэр. Ол эрээри итэҕэл кырдыктаах буолуохтаах.
14. Бас-көс дьоно суох хаалбыт норуот олус өр кэмҥэ мунар. Кини хараҕа саба баайыллыбыт киһи тэҥэ. Бу норуот симэлийиэн сөп.
15. Атын норуот төбөтүн быһа үөрэммит дьон кутталлаахтар.
16. Былааска дьиҥнээх бас-көс дьон кэлиилэрэ норуот дьоло буолар. Ол эрээри оннук дьол аҕыйах норуокка эрэ тиксэр.
17. Бас-көс дьон эмиэ ананан төрүүллэр.
18. Ханнык баҕарар норуоту салайарга ол норуот итэҕэлин уонна дьиҥнээх кутун-сүрүн өрө тутуохха наада.
19. Ханнык да норуоту тастан кэлбит күүс нөҥүө салайбаттар.
20. Норуоту салайар күүс кини эрэлигэр, итэҕэлигэр уонна ис кутугар-сүрүгэр сытар. Олору таба тайаммыт салайааччы элбэҕи ситиһиэн сөптөөх.
21. Норуоту өр кэмҥэ хараҕын баайар уонна кулгааҕын бүөлүүр табыллыбат.
22. Норуот, эн таһыллыбыт ыт курдук куттас буолума.
23. Куттана үөрэммит норуокка аҕыйах да киһи тойон буолуон сөп.
24. Норуот иннин бэйэтэ быһаарынар буоллаҕына, норуот буолар.
25. Норуокка үөрэх киириитэ икки өрүттээх. Биир өттүнэн, бу хараҥаҕа сырдык тыкпытын тэҥэ, иккиһинэн, ол норуот сыыһа үөрэхтэн ыһыллыан уонна мөлтүөн сөп.
26. Норуокка тастан киирэр үөрэх, омук таҥаһын кэппиккэ тэҥнээх.
27. Хас биирдии норуот анал туспа үөрэхтээх. Умнуллубут үөрэхтэр эмиэ үгүстэр.
28. Хас биирдии норуот сирдээх-уоттаах, баайдаах-дуоллаах. Ону атын кимиэхэ эмит бас биллэрбит норуот сотору эстэр.
29. Кулут буолууну кытта эйэлэспит норуот инники дьылҕата иэдээннээх. Кулуттан кулуттар төрүүллэр.
30. Кулут буолбут норуоту өрө көрдөрбөттөр. Кулукка кулуттуу сыһыаннаһаллар.
31. Кулут буолбут норуот аны бэйэтин салайынар кыаҕа сүтэр.
32. Бэйэтин тыынын харыстаан кулут буоларын ордорбут норуот син биир кулут. Кини үйэтэ эрэ арыый уһуур.
33. Бэйэтин тыынын харыстаан норуотун атыылаабыт киһи дьиҥнээх таҥнарыахсыт. Кини норуот дьүүлүгэр туруохтаах.
34. Норуот бэйэтин көҥүлүнэн, бас-көс дьоннорунан уонна үтүө ыччатынан сыаналанар.
35. Сиргэ норуот сүтүүтэ — улахан сүтүк.
36. Норуот дьүүлэ — үрдүк дьүүл.
37. Норуоту тиэрэҕэ уһуйуу уонна ыһыы ыар аньыы буолар.
38. Хас биирдии киһи норуокка үтүөнү аҕалара буоллар, норуот тупсуо уонна үтүө санааланыа этэ. Ити иһин охсуһуҥ.
39. Норуоту албыннаан былааска тахсыы — ыар аньыы. Норуот өр албыннаппат.
40. Норуокка эрэннэриитин толорбот тойон — кини дьиҥнээх албынньыт. Кини бэйэтэ олорор мутугун кэрдинэр.
41. Төрөөбүт норуотуҥ төлкөтө өрүү чугас буолуохтаах.
42. Ийэ сиргин алдьатыма, үөҕүмэ, атыылаама! Төрөөбүт норуоккун эмиэ. Ийэ сириҥ уонна төрөөбүт норуотуҥ биирдэрин умнума. Бас-көс киһи норуотун үтүөҕэ аҕалар.
43. Куһаҕан дьаллыктартан быыһаммыт норуот улуу норуот буоларын умнума.
44. Куһаҕан дьаллыктары норуокка аҕалыы — саамай ыар аньыылартан биирдэстэрэ. Ону өйдөөн кэбиһиҥ.
45. Эйигин төрөөбүт норуоккун утары үлэлэтэр буоллахтарына, ыар аньыыга киирбиккин. Бэйэҥ ким буолбуккун өйдөө.
46. Хайа баҕарар норуоту омугунан көрүмэ, киһитинэн көр.
47. Сэриинэн былдьаммыт туһалаабат. Ол былдьаммыт барыта харах уулаах. Оттон харах уута ыар дьайыылаах.
48. Халабырдьыттар уһун үйэлэммэттэр. Кинилэр үрдүк таҥара кырыыһыгар уонна дьүүлүгэр түбэһэн эстэллэр.
+7 (999) 174-67-82