40 дней как погиб верхоянский поэт Василий Рожин
Сегодня, 21 декабря исполнилось 40 дней как погиб Василий РОЖИН, поэт из Верхоянья, повторно добровольцем отправившийся на СВО. Его вспоминает Марина ПЛАТОНОВА — ХОМПОРУУНА, издатель и общественный деятель.
Вася -доҕорум, атаһым, табаарыһым этиҥ
Бу орто дойдуттан барбытыҥ бүгүн 40 хонуга.
Биһиги Васялыын билсибиппит быданнаата. Оскуоланы бүтэрээри сылдьан мин Москваттан кэлэ сылдьар дьүөгэлэрбин кытары Киһилээххэ тахсарбытыгар Вася грузчик быһыытынан тахсыспытыҥ.
Атын сылга атырдьах ыйыгар кэккэ табаарыстар буолан ыҥырар, угуйар Киһилээхпитигэр элбэх хоно диэн тэриллэн баран истэхпитинэ эн:
– уопсайынан эһиги туох эрэ сектаннаргыт дуу?…- диэн сонньуйбуттааҕыҥ.
Иккис күммүтүттэн эн-мин дэһэн отойдуун даҕаны бэйэ киһитэ буолан сырыыбыт түмүктэнэригэр Туостаах базатыгар “Тэтим” бөлөх диэн ааттанаммыт хойукка дылы бары лабааларбытын хамсатан үҥкүүлээн битийбиппит.
Онтон ылата кыһын ортото даҕаны Элгэскэ тиийдэхпинэ Вася үөрүүннэн Ытык Хайаҕа арыаллыырыҥ.
Василий – биир санаалаах сүбэһитим, тирэх буолан көмөлөһөр эрэнэр үлэһитим этиҥ
Эдэр табаарыһым биһиэхэ “Кистэлэҥ Күүс” редакциятыгар таһаарыылаахтык үлэлэспитиҥ.
Дойдугар олорон английскай версия дизайнерскай программатын баһылаабыт улахан ситиһиилээххин.
Ол сылларга саҥа санааҕын суруйар буолбутуҥ.
“Наһаа курус тыллары тиһэҕин дии…” диэбиппэр “…итинник баламат соҕустук тириэртэхпинэ дьон болҕомтото тардыллар уонна ис хоһоонун сыныйан өйдөөн хаалаллар”- диэбиттээҕиҥ.
Бастаан аахтахха Вася хоһуйууларыҥ “тыҥ-тыҥ” дуорааннанан тыастаахтык, уратытык киһи өйүгэр хатаналлара. Сатамматах таптал диэн туора иһиллии кыбытык буолан эйигин Вася аһыныах санаалар кыттыһаллара.
Онтон төһөннөн сырыы аайы тартаран ааҕаҕын эн бөлүһүөктүү көрүүлэриҥ-ырытыыларыҥ киһиэхэ дьиктитик дьайаллара.
Арай биирдэ, эн саҥа бичийиигин ааҕа олорон, рэп курдук ыллаабыттааҕым. Оннук эн эниэргийэҥ эйгэҕэ ыраахтан бэриллэрэ.
Онон сылыктаатахпына, ордук эдэр дьон дууһатын кылын таарыйталаабыт, олоххо көрүүлэрэ уларыйан сүрдэрэ бөҕөргөөбүт, туруктара тупсубут буолуохтаах.
Васябыт аһаҕас анаарыларыҥ, субуруспут суруктарыҥ, таайтарыылаах тылларыҥ, чочуллубут чоргуйууларыҥ, ыаһахтаах ырыаларыҥ, тэтимнээх туттунууларыҥ, хорсун хамсаныыларыҥ эйигин бэйэҕин сиэрдээх санаалаатахтара, сэниэлээх силгэлээтэхтэрэ, күүстээх күрүөлээтэхтэрэ…
Охсуһуу кэнниттэн сутуругунан далбаатамматах ордук диэҥҥэ мин атаһым Вася эмиэ сөбүлэһиэҥ этэ. Иккиһин тылланан туран дойдубутун көмүскүү көтүөҥ иннигэр бүтэһигин Баатаҕайтан эрийиигэр «…төннөн кэллэхпинэ сэлэһиэхпит буоллаҕа…» — диэн эрэллээхтик эппитиҥ даҕаны, атын олохпутугар дуу, эйгэҕэ дуу көрсүөхпүт турдаҕа доҕорум Вася. Онон, быраһаайдаспаппын.
Молодой поэт из Верхоянска погиб на спецоперации… — SakhaLife
Последние стихи верхоянского поэта со спецоперации… — SakhaLife
Поэт-солдат Василий Рожин: Не жалей, что погиб я до срока… — SakhaLife
+7 (999) 174-67-82