Сыл бастыҥ уһуйааччыта-2023  

Саха дьонугар олоҥхобут аан дойдуга тиийэ аатыран,  духуобунай шедевр быһыытынан сыаналаммыта киэн туттуубут. Олоҥхо философиятын чинчийэн, дириҥник үөрэтэн, кэлэр кэскилбитигэр тиэрдэр учуутал (иитэээччи) — уһуйааччы ытык иэһэ.   Уһуйааччы үлэтин түмэн бар дьон көрүүтүгэр таһаарыы биир суолталаах хайысха буолар.

«Учуутал уонна уһуйааччы сылын” чэрчитинэн киһи сирдээҕи аналын туһунан өйдөбүлү олоҥхоҕо тирэнэн, иитэр-үөрэтэр хайысхалаах, ураты тыыны көрдөрөр олус интэриэһинэй сонун тэрээһин «СЫЛ БАСТЫҤ УҺУЙААЧЧЫТА-2023» I өрөспүүбүлүкэтээҕи  олоҥхону толорууга уһуйааччы маастар-педагогтар күөн-күрэстэрэ  Дьокуускай куорат Айыы кыһатын гимназиятыгар үрдүк таһымнаахтык аан-бастаан ыытылынна.

Күрэскэ барыта 10 уһуйааччы Мэҥэ-Хаҥалас, Ньурба, Кэбээйи, Бүлүү, Амма, Чурапчы, Нам улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан икки күн устата аһаҕас дьарык ыыттылар, тус үлэлэрин хайысхатын  быыстапка  быһыытынан арыйан көрдөрдүлэр.

Ол курдук Александра Аргунова Кыһыл Сыыр нэһилиэгин «Сайдыы» оҕо айымньытын дьиэтин эбии үөрэхтээһин педагога (Нам улууһа), Айталина Верховцева Төхтүрдээҕи  «Мичил» дьыссаат иитээччитэ (Мэҥэ Хаҥалас), Ульяна Ефремова, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин педагога (Мэҥэ Хаҥалас), Дьокуускай куорат уокуругуттан Людмила Семенова 21 №-х «Кэнчээри» дьыссаат  иитээччитэ, Хатас сэлиэнньэтин 70-с №-х «Кэрэчээнэ» дьыссааттан, Вера Старкова, эбии үөрэхтээһин педагога, Н.Н. Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатыттан, Тамара Федорова, төрүт култуура учуутала (Ньурба улууһа),  Сахаяна Харитонова, О.П. Иванова–Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинин эбии үөрэхтээһин педагога (Амма улууһа), Татьяна Максимова, Кэбээйи нэһилиэгин 13 №-дээх «Кустук» дьыссаат иитээччитэ, Маргарита Григорьева Н.Н. Каратаева аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын учуутала (Бүлүү улууһа), Лена Яковлева, П.М.Васильев  аатынан Соловьев орто оскуолатын «Радость» оҕону сайыннарар киин  эбии үөрэхтээһинин педагога (Чурапчы улууһа).

Олоҥхону толоруу үгэһин оҕоҕо иҥэрэр уһуйааччылар үлэлэрин билиһиннэрии, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, олоҥхону толорууга уһуйар мындыр идэҕэ култуура уонна үөрэх үлэһиттэрин, идэтийбит тыл үөрэхтээхтэрин, эбии үөрэхтээһин педагогтарын болҕомтолорун тардыы, баай уопуттарын үллэстии күрэс сүрүн сыалынан-соругунан буолла.

Күрэҕи сыаналыыр сүбэ кыттааччы сатабылын, олоҥхоҕо үөрэтии ньымаларын баһылааһынын, олоҥхо эйгэтин тэрийиитин уонна олоҥхону истиини сайыннарыыга тиһиктээх, көдьүүсттэх  үлэ ыытыллыытын  ордук болҕойдо. Норуот үйэлэргэ муспут муудараһа түмүллүбүт айымньытын, олоҥхо көмөтүнэн сиэрдээх майгылаах, олоххо бэлэмнээх  киһини (үөрэнээччини) үөрэтэн-иитэн таһаарар ньыма-албас арааһын, олоҥхо курдук уустук айымньыга оҕону чугаһатар, интэриэһиргэтэр гына дьарыгы сөптөөхтүк тэрийии уратытын көрдөрдүлэр.

Икки күннээх күрэс кэннэ сыаналыыр сүбэ  маннык быһаарда:

«СЫЛ БАСТЫҤ УҺУЙААЧЧЫТА-2023» I өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс кылаан кыайыылааҕынан Маргарита Григорьева, Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын уһуйааччы-учуутала (Бүлүү улууһа) ааттанна. Күрэс кыайыылааҕа өйдөбүнньүк кубогынан, Үөрэх уонна наука министиэристибэтин бочуотунай кыраамататынан  наҕараадаланна.

Ону таһынан анал аат иҥэрилиннэ:

«Эйгэни тэрийээччи» анал аат  Вера Старковаҕа,  Хатас нэһилиэгин 70-№-дээх “Кэрэчээнэ” дьыссаат эбии үөрэхтээһинин педагогар.

«Идэтийбит уһуйааччы” анал аат – Айталина Верховцевҕа, Майа сэлиэнньэтин «Мичил» дьыссаат иитээччититигэр (Мэҥэ Хаҥалас улууһа);

«Саҥаны киллэрээччи” анал аат – Ульяна Ефремоваҕа, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын эбии үөрэхтээһинин иитээччитигэр (Мэҥэ Хаҥалас улууһа).

Кэлэр көлүөнэни иитиигэ тус кылааттарын, таһаарыылаах үлэлэрин иһин С.Н.Донской-II аатынан Үөрҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт бочуотунай кыраамататынан Тамара Федорова,  Н.Н.Чусовской аатынан Антоновка орто оскуолатын төрүт  култууратын учуутала, Вера Старкова, Хатас нэһилиэгин 70-№-дээх “Кэрэчээнэ” дьыссаат эбии  үөрэхтээһинин педагога наҕараадаланнылар.

Үөрэх уонна наука министиэристибэтин бочуотунай кыраамататынан М Григорьева, Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын учуутала (Бүлүү улууһа), Татьяна  Максимова, 13-№-дээх  “Кустук ” дьыссаат иитээччитэ (Кэбээйи улууһа) бэлиэтэннилэр.

Тэрээһин  үрдүк таһымнаахтык ыытылларыгар сүрүн тэрийээччилэринэн  С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүүт,  Олоҥхо Ассоциацията, Олоҥхо тыйаатыра, научнай-методическэй уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо киинэ, Айыы КыҺата национальнай гимназия буоллулар. Дьокуускай куораттан баай уопуттаах Наталья Мордовская  маастар кылаас ыытан тэрээһин ис хоһоонун байытан, ситэрэн-хоторон биэрдэ.

Күөн-күрэс дьүүллүүр сүбэтин састаабыгар үлэлээтилэр:

Галина Попова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора, п.н.х, бэрэссэдээтэл, Февронья Ядрихинская, С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт үөрэх чааһын салайааччыта, бэрэссэдээтэли солбуйааччы, Февронья Шишигина, саха омук эпоһын харыстааһыҥҥа «Олоҥхо ассоциацията” өрөспүүбүлүкэтээҕи  общественнай тэрилтэ бэрэсидьинэ, Мария Боппоенова, Александра Васильева, А.Д.Макарова аатынан култуура уонна ускуустуба кэллиэһин этнокултуура уонна фольклор кафедратын аҕа учууталлара, Лена Троева, Дьокуускай куорат 23 №-х оҕо уһуйаанын аҕа иитээччитэ, Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт  сетевой лектора, Елена Протодьяконова, “Научнай-методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ «Олоҥхо киинин” сүрүннүүр исписэлииһэ, “Олоҥхо ассоциациятын” вице-бэрэсидьиэнэ. Күрэх бырагырааматыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн үлэлиир «Олоҥхо» национальнай кэмитиэт салайааччыта Александр Жирков суолта биэрэн, анаан ыҥыран, көрсөн, олоҥхо эйгэтин тэрийиигэ киэҥ кэпсэтиини ыытта. Бу кэпсэтии түмүгүнэн киирбит этиилэри олоххо  киллэриини тэрийиигэ үлэни салгыы ыытарга быһаарыы ылылынна.

«СЫЛ БАСТЫҤ УҺУЙААЧЧЫТА-2023» I өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхону толорууга уһуйар маастар-педагогтарга  ыытыллыбыт күөн-күрэс үрдүк таһымнаахтык, дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна. Аһаҕас дьарыктарга Айыы кыһата национальнай гимназия алын сүһүөҕүн үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кыттан тэрээһини сэргэхситтилэр.

Күрэс кыттааччылара махтал суругунан, уопуту тарҕатыы туһунан туоһу суругу, өйдөбүнньүк бэлэҕи, оттон кыайыылаах уонна анал аат ылбыт дьон харчынан бириэмийэ туттулар. Олоҥхо көмөтүнэн иитэр-үөрэтэр сонун тэрээһин үтүө үгэскэ  кубулуйуо диэн эрэнэбит. Төрөөбүт тылга ытыктабылы, тапталы иҥэрэр сүдү айымньыбыт иитии эйгэтигэр дириҥ ис хоһооннонон сайда турдун. Онон үөрэтии хаачыстыбата тупса турарыгар олоҥхобут бигэ тирэх буолара саарбахтаммат.

С.Н.Донской – II аатынан үнүстүүт Пресс – киинэ

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх