Саха эстрадатын туһунан аһаҕастык …
«Үрдэл» бириэмийэ туһунан санаалар
Ытыктабыллаах ааҕааччылар, мин төһө да ырыаһыт да, ырыа айааччы да буолбатаҕым иһин, үчүгэй ырыаны олус диэн сөбүлээн истээччилэриттэн биирдэстэрэ буолабын.
Хас биирдии киһи сөбүлээн истэр ырыалаах, муусыкалаах буолуо дии саныыбын. Күн сирин көрөөт оҕо биһигэр сытан ийэтин аргыый аҕай таптаан биһик ырыатын ыллыырын истэр, ол курдук улаатан истэҕин аайы эйгэтэ кэҥиир, ону кытта олоҕун тулалыыр араас тэтимнээх, тыллаах-өстөөх, матыыптаах ырыалар аргыс буолаллар. Бастаан кини ис хоһоонун араарбакка, сирбэккэ-талбакка истэр эрэ, улам ханнык эрэ матыып кини сүрэҕин быарын абылыыр, куруук истэ сылдьыан баҕарар ырыалаах, ырыаһытаах буолан барар. Муусыка, ырыа-тойук олоҕор суолтата анал миэстэни ылар.
Онон Сэмэн Данилов “Ырыа туһунан ырыа” диэн хоһоонугар эппитинии “Дьиҥнээх ырыа диэн тугуй?”-диэн ыйыыыга хоруй көрдүүр курдук турукка киирэр. Онно поэт салгыы этэр: “ырыа – сүрэх төлөнө, ырыа санаа көҥүлэ, дьол дуу, сор дуу оонньуута, хаарыаннаах харах уута, ырыа-сүрэх кыланыыта…Ырыа үөскүүр ылланаары…”
Билиҥҥи үйэҕэ араас иһитиннэрэр, көрдөрөр, тарҕатар тэриллэр элбээн саҥаттан-саҥаа ырыа айыллан хара сасыардаттан хара киэһэҕэ диэри араас ис хоһоонноох ырыа ылланан тохтоло суох киһини дөйүтүөх курдук кутуллар… Дьэ бу маннык түбэлтэҕэ, нууччалыы эппиккэ дылы: “количество во вред качеству” – курдук быһыы-майгы үөскүүр эбит. Онон бу туһунан “дьиҥнээх ырыа диэн тугуй”- диэн кэпсэтии наада диэн этии киирдэ. Ол иһин мин төһө кыалларынан араас идэлээх, бу эйгэҕэ сыһыаннаах да, соччо сыһыана суох истээччилэр, поэттар, мелодистар санааларын истэн, тиһэн ааҕааччылар болҕомтолоругар тиэрдэргэ сананным.
Бастатан туран, миэхэ батсаап нөнүө история билимин кандидатытан, Хотугу Форум, РФ суруналыыстарын Түмсүүтүн чилиэниттэн ытыктабыллаах Егор Спиридонович
Шишигинтан киирбит суруктан саҕалыым. Бу долгутуулаах ис хоһоонноох сурук батсаап ситим нөҥүө республика олохтоохторун бука барыларын тилэ көттө, элбэх ырыаны сөбүлээччи дьон дууһатын аймаата диэтэхпинэ алҕаһаабатым буолуо.
Кини бу курдук ис хоһоонноох суругу суруйбут: “Кланураны “Үрдэлтэн” устуҥ! Саха омук олус сөбүлүүр, ылыммыт, табыллыбыт Иван Егорович Федосеев (Доосо) тылларыгар, Денис Данилов мелодийатыгар “Сардаана” ырыатын Кланура диэн эдэр ырыаһыт саҥа мелодиялаан ыллыырын радиоҕа түбэһэн 4-тэ иһиттим. Дьэ, буолар да эбит!!! Бу ырыаһыты бу ырыатынан “Үрдэл” премияҕа түһэрбиттэр. Бэртээхэй ырыаны Россия народнай ырыаһыта Альбина Борисова-Кычкина олус үчүгэйдик ыллааччы. Георгий Белоусов “Көмүс түгэннэр” диэн биэриитигэр талааннаах мелодист, улахан музыкант “Сардаана” ырыаны айбыт, норуотугар бэлэхтээбит Денис Данилов туһунан бэртээхэй биэрии оҥорбута. Биллиилээх ырыаһыт Сиэйэ Уола Денис Даниловтан “Сардаананы” ыллаары көҥүл ылбытын кэпсээбитэ…Ону кимҥэ да биллибэт Кланура диэн ырыаһыт уларытан ыллыы сылдьар, өссө премияҕа түспүт. Мелодията куһаҕанын, ыллыыра, куолаһа мөлтөҕүн. Норуокка силлээһин буолар. Олус бас баттах барыы. Премияттан устун!!! Норуот модьуйар, миэхэ элбэх киһи телефоннуур” Е. С. Шишигин, РФ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
Дьэ киһи эрэ дьиксиниэх ытык кырдьаҕас суруга эбит! “Тоҕо бэрдэй” — дии санаан мин олус диэн ити “Үрдэл” бириэмийэ туһунан биэриини урут көрөөчүм суох этэ, ол гынан анаан – минээн, токоолоһон туран көрдүм, иһиттим, элбэх дьонтон туоһуластым. Дьиҥ кырдьыкпынан эттэхпинэ, бу ырыаны Кланура диэн ырыаһыт толоруутун да, саҥа матыыбын да олох диэн ылымматым да, өйдөөбөтүм да диэн билинэрбэр тиийэбин. Урут Денис Данилов мелодиятыгар араас таһымнаах толорооччулар ыллыылларын олус сөбүлээн истэээччибин. Олох соторутааҕыта эрэ, саха дьоно сөбүлүүр ырыаһыта Саарын уонна Монголия аатырбыт ырыаһыта Сарантуйаны кытта дуэттаан толорууларын Ютубка астына эмиэ истибитим. Онон бастатан туран «Саха» НКИХ креативнай продюсерын,”Үрдэл” бириэмийэ тэрийсээччитин Михаил Павлович Сергеевтыын кэпсэтэргэ холоннум.
ВМЕ: Михаил Павлович, “Үрдэл” – диэн «Саха» НКИХ ыытар күрэҕин туһунан көрөөччүлэртэн, истээччилэртэн элбэх ыйытыылар киирэллэр. Онон ити бириэмийэ сыалын — соругун, толорооччулар хайдах талыллаларын туһунан сырдата түһүөххүт дуо? Туох ирдэбил баарый, төлөбүрдээх дуо? Аны ыыттылла турар “Үрдэл” түмүгэ хаһан тахсарый уонна ким онно бу кэмҥэ бастаан иһэрий, дьүүллүүр сүбэ кимнээҕий?
С.М.П. «Ырыа — дууһа иэйиитэ», «Саха оҕуһун үрдүгэр олордо да ырыаһыт» дииллэр. «Саха» НКИХ бу этиини кытары толору сөпсөһөр. Тоҕо диэтэххэ, Сахабыт сиригэр талааннаах дьон үгүс. Эстрада сайдарыгар, сахалыы тыллаах ырыа-тойук үксүүрүгэр биһиги хампаанньабыт улахан болҕомтотун уурар. Бэйэтин кэмигэр «Саҥа ырыа» диэн интерактивнай ырыа күрэҕиттэн билигин эстрадаҕа ыллыы-туойа сылдьар үгүс ырыаһыт тахсыбыта. «Эн-сулускун» диэн оҕолорго анаммыт күрэх 60-тан тахса оҕолорго анаммыт сабыс-саҥа ырыа айылларын ситиспитэ. Билигин ол ырыалары оҕолор ортолоругар ыытыллар үгүс күрэхтэргэ истэбит. «Эн-сулускун. 50+» аҕа саастаах дьон ортотугар ыытыллыбыт күрэх Саха сирин киэҥ араҥаҕа биллибэккэ сылдьыбыт талааннаах дьонун-сэргэтин арыйбыта. Билигин ырыаны толорооччулар видеоклиптары үгүстүк устар буоллулар. Онон бу хайысханы биһиги эмиэ өйөөммүт ханаалга сахалыы ырыа видеоклиптарын көрдөрөргө анал бириэмэни тыырабыт. «Мамонт» диэн спорт-муусука ханаалыгар үгүстүк көрдөрөбүт. Сөп матыып, биитэр сыыһа, атын матыып диэн араарбакка, истиҥник иэйэн-куойан туран ыллыыр дьону-сэргэни, быдьары, куһаҕаны «күндүмсүтэн» тарҕаппат эрэ буоллун, биһиги өйүөхтээхпит дии саныыбын.
«Үрдэл» Саха ырыатын бириэмийэтин туһунан эттэххэ, быйыл 7-с төгүлүн ыытыллар. Бу бириэмийэҕэ кыттыы ырыаһыттарга туох да төлөбүрэ суох, номинааннары быһаарыы судургу — «Тэтим. Саха араадьыйата» долгунугар сүрэхтэммит уонна дьон-сэргэ ордук сэргээн-сэҥээрэн, ол аата элбэхтик сакаастаан истибит ырыаларыттан талабыт. Билигин кытта сылдьар номинааннар — ити ааспыт 2020 сыл устата араадьыйаҕа элбэхтэ ылламмыт ырыалар буолаллар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу бириэмийэҕэ ырыаһыты, толорооччуну буолбакка, ырыаны талабыт, ким да ыллаатын – ЫРЫА хоһоонун, муусукатын уонна аранжировкатын ааптардарыгар болҕомтобутун уурабыт, итиэннэ билиҥҥи истээччи бу ырыаны хайдах ылынарын учуоттуубут.
Бу бириэмийэни тэрийии үгүс үлэни эрэйэр. Ол эрэн сахалыы ырыа-тойук сайдыытыгар, ырыаһыттар, артыыстар да сайдалларыгар төһүү күүс буолар диэн эрэнэбит. Эбиитин урукку сылларга муусука эйгэтигэр бириэмийэ элбэх эбит буоллаҕына, билигин соҕотох «Үрдэл» бириэмийэ эрэ хаалла. Ырыаһыттар ортолоругар күрэстэһии баар буолуохтаах, ол онтон эстрада сайдыахтаах диэн санаанан салайтаран биһиги хампаанньабыт салалтата бу бириэмийэни сыллата тэрийэр. Быйылгы «Үрдэл» бириэмийэни туттарыы кулун тутар 8 күнүгэр “Юрий Гагарин” аатынан култуура уонна аныгы искусство киинигэр буолуоҕа. Онон көрөөччүлэрбитин, сахалыы ырыаны-тойугу сэҥээрээччилэри күүтэбит.
ВМЕ: Михаил Павлович, дьон сэргэ «Сардаана» диэн киэҥник биллэр ырыаны саҥа матыыптаах эдэр ырыаһыт Кланура диэн толоруутун сөбүлээбэтэхтэр ол иһин араас кэпсэтии тахсыбыт, туһаайан Егор Спиридонович Шишигин суруга ватсап нөҥүө киэҥник таргаммыт. Ону туох дии саныыгын? Манна диэн эттэххэ мин эмиэ олус сөбүлээн А.Борисова (Кычкина) толоруутун истээччибин.
С.М.П. Быйылгы «Үрдэлгэ» номинанынан буолбут «Сардаана» ырыа тула үгүс ырытыы баар эбит. Быйыл ити ырыаны араадьыйа нөҥүө элбэхтэ сэҥээрэн иһиттилэр, билигин да истэллэр. Эдэр толорооччу Кланура урукку ырыа мелодиятын уларытан ыллаабытын да иһин, мин тус санаабар, ити ырыаны бобор сатаммат, маннык да толоруу барсыан сөп. Маннык көстүүнү урукку, хара маҥнайгыттан ылламмыт олус истиҥ матыыбын умуннара сатааһын буолбакка, билиҥҥи ыччат хайдах ылынарын учуоттаан, бу хоһоону үйэтитиигэ өссө биир ньыма курдук көрөбүн, төрөөбүт тылбытын үйэтитии хайысхаларыттан биирдэстэрэ курдук сыаналыыбын. Холобура, биллэр поэтесса Наталья Михалева — Сайа биир хоһоонугар араас матыып баарыттан кини астынарын биллэрэр. Ол курдук, биир хоһооҥҥо араас мелодия буолуон сөп дии саныыбын. Биллэн турар, хайа баҕарар ырыа атын матыыптанан кэллэҕинэ, аан бастакы толоруутугар тэҥнэһэрэ уустук. Ол эрэн атын да матыыбынан хоһоон тылларын үйэтитии эмиэ үтүө өрүттээх. Урукку Сиэйэ уола толорор «Сардаанатын» тылларын билиҥҥи ыччат Кланура «Сардаанатыттан» билэн инникитин ыллыы сылдьар буолуон сөп. Оччотугар Иван Федосеев-Доосо аата, кини хоһооно үйэтитиллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Алексей Егоров маннык бэлиэтиир: «Ханнык баҕарар кэмҥэ биир хоһооҥҥо араас матыып айыллара баар суол. Бу да сырыыга Саха ырыата чахчы сүүйтэрбэтэ, Иван Федосеев-Доосо тылларыгар Денис Данилов матыыбыгар «Сардаана» ырыаны үгүс киһи билэрин биллибит», — диир. Чахчы, айар киһи көҥүл буолуохтаах, ону хааччахтыыр табыллыбат. Аныгы ыччат итинник матыыбынан саатар тылларын билэн хааллаҕына, кэлин дьиҥ бастаан хайдах ылламмытын син биир интэриэһиргиэҕэ. Билиҥҥи тэтимнээх олоххо ону ылыныах тустаахпыт. Сахалыы тыллаах-өстөөх ырыаны айааччылары биһиги өйүүбүт. Тоҕо диэтэххэ ырыа нөҥүө кэнчээри ыччаты сахалыы тылга-өскө иитии улахан суолталаах. «Рейтинг», «топ» диэн өйдөбүллэр быыһыгар, төрөөбүт тылбыт ханнык да матыыбынан үйэлээх буоларыгар эмиэ болҕомтобутун уурабыт. Онон эдэр толорооччулар суолларын быспакка төттөрүтүн өйөбүл, көмө-тирэх буолан, айар ыллыктарын сөпкө сирдээн сахалыы тыллаах ырыа үксүүрүгэр кыһаллыахха диэн ыҥырабын.
ВМЕ: Михаил Павловичка санаатын кытта үллэстибитигэр махтанан баран мин СР култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, музыкальнай критикка Владимир Петровичтан муусыка, ырыа туһунан санаатын истээри хас да ыйытыылары ситим нөҥүө ыытым. Владимир Петрович суһаллык уонна дириҥ ис хоһоонноох эппиэттэрин ыытта.
ВМЕ. Владимир Петрович, эн профессиональнай музыкальнай үөрэхтээх специалист быһыытынан билиҥҥи үйэҕэ ырыа-тойук, муусыка эдэр көлүөнэ сайдыытыгар оруолун, суолтатын үчүгэйдик билэҕин. Онон сибээстээн бу билиҥҥи кэмҥэ СР-гар ити өттүгэр сырдатыы үлэ хайдах ыытылларый дии саныыгын? Эн тус санааҥ?
ИВП: Мин букатын оҕо сааспыттан ыла, онтон кэлин устудьуоннуу сылдьан муузыканы, ырыаны ис дууһабынан сөбүлүүрүм, ону таһынан ырыа матыыбын айарга холонорум. Онтон олохпун бу эйгэҕэ анаан анал үөрэх ылан, идэбин ис-иһиттэн дириҥник, ымпыгын-чымпыгын син баһылаатаҕым дии саныыбын. Муусыка бэйэтэ туспа, киһи кыайан быһаарбат да таайбат да айылҕа күүһэ, “үөһэттэн кутуллан кэлэр” диэтэхпинэ өйдөнөрө эбитэ дуу? Онон ыллыҥ да бу эйгэҕэ улахан да, кыра да сэттэ нотаны эрэ туттан айан — суруйан барбаккын…Туспа турук, иэйии, талант наада. Ол да буоллар, хас биирдии киһи иһигэр муусыка алыыптаах дорҕооно тыаһыыр, ону хас киһи араастаан истэр, муусыка киһи олоҕун киэргэтэр.
Мин үйэ-сааһым тухары эдэр ыччаты бу эйгэҕэ үөрэтэн, үчүгэй айымньылары киэҥ араҥаҕа араас ньыманнан тарҕатан, норуокка тиэрдэр үлэни ыытан кэллим. Ол гынан, кэнники кэмнэргэ бу өттүнэн үлэ таһыма соччо уота – күүһэ суохтук ыытыллар диэм этэ. Биһиги республикабытыгар талааннаах, идэтийбит, үрдүк таһымнаах консерваторияны бүтэрбит ырыаһыттар элбэхтэр, Үрдуку муусыка оскуолата (ВШМ) баар, олор үөрэтэн, такайан таһаарбыт аан дойдуга аатырбыт скрипачтар ансамбыллара да баар, ол гынан биһиги көрдөрөр, иһитиннэрэр хампааньыйабытыгар кинилэр суохтар, ааттара ааттаммат, ырыалара, муусыкалара иһиллибэт. Ол да иһин буолуо, эдэр көлүөнэ Г. Кривошапко, Ф. Баишева, М. Лобанов, А. Ильина онтон да атын аатырбыт дьоннорбут ааттарын, суолларын, хомойуох иһин, билбэттэр, тоҕо диэтэххэ олор тустарынан кэпсэммэт. Сотору кэминэн опера, балет, онтон да атын үрдүк таһымнаах классическай туруорууларга, концертарга сылдьар да киһи суох буолуох курдук…
ВМЕ: Ырыа айыллан ылланар, дьон-сэргэ сүрэҕэр-быарыгар киирэн сүппэтии сөҥөн хатанар ырыалар бааллар. Холобур, Доссо тыл., Д.Давыдов мел. “Сардаана” , А. Варламова “Аҕам алааһа” онтон да атын, киһи эрэ аатыы туруох ырыалар.Эн олоххор оннук “маяк”, сирдьит буолбут ырыалар бааллар дуо?
ИВП: Хас биирди норуот бэйэтин ис дууһатыгар, айыллыбыт айылҕатыгар, тулалыыр эйгэтигэр сөп түбэһэр ырыалаах-тойуктаах, муусыкалаах. Этэн аһарбытым курдук, биһиги норуоппут, сахалар, хоту дойду норуоттара маннык тыйыс, уһун тымныы кыһыннаах, кылгас куйаас сайыннаах дьон маннык услуобуйаны тулуйан хас эмит тыһыынча үйэлэри уҥуордаан бу баччаҕа этэҥҥэ тиийэн кэллэхпит. Онно бу норуот бэйэлэрин истэриттэн тахсар айымньылара, олоҥхолоро, тойуктара күүс-көмө буолбуттара саарбаҕа суох. Талааннаах дьон хоһоон хоһуйар, онно матыып айыллар ырыа буолан ылланан киэҥ куйаар эйгэҕэ көтөн дьон дууһатыгар киирэр, иҥэр, норуот ырыата буолан хаалар. Дьэ бу маннык айымньылар үйэлэри унуордаан норуот духуобунай баайа буолар. Хас кэм кэрдии, көлүөнэ бэйэтэ сөбүлүүр ырыалаах буолар. Ырыаҕа олох бары кэмнэрэ арыйхайдык көстөллөр: революция, сэрии, онтон да атын историческай түгэннэр, ол да буоллар олоххо, бэйэ-бэйэҕэ таптал ханнык да кэмҥэ баар, ылланар. Ама киһи умнуо дуо З. Винокуровы, Д. Даниловы, И. Слепцовы, В. Ноевы, О. Иванованы онтон да атын талааннаах мелодистары. Кинилэр ырыалара биһииэхэ сирдьит сулус курдуктар.
ВМЕ: Хоһоон+мелодия+ырыаһыт= истээччигэ көтөр. Итилэртэн ырыа уһун үйэлэнэригэр хайата ордук суолталааҕый?
ИВП: Бу манна тэҥ-тэҥэ диэм этэ. Тоҕо диэтэххэ бу үс айааччы холбоһон ырыаны истээччигэ тиэрдэллэр. Хоһооно суох ырыа суох, онтон толорооччута суох ырыа эмиэ суох. Ол гынан, өскө хоһоон да, матыып да, толорооччу да таһыма намыһах буоллаҕына ырыа норуокка тарҕаммат, кылҕас үйэлээх буолар, умнуллар. Эбэтэр сорох ырыа бэйэтин кэмигэр сөп түбэспэт курдук ис хоһоонноох буолар, кэмэ кэлэ илик, кини дьылҕата инники дииллэр, бу уйулҕа (философия) боппуруоһа.
ВМЕ: Дьэ, урукку кэмнэргэ айыллан дьон кутун-сүрүн туппут “уостан түспэт” ырыалар
бааллар. Ону билиҥҥи ыччат саҥалыы тэтимнээн, мелодиятын уларытан да, атыннык, уратытык толордоҕуна, ыллаатаҕына сорох дьон, ордук аҕа көлүөнэ ылыммат, өссө букатын да уордайыан сөп. Ырыа дьайыыта оннук күүстээх. Ону эн туох дии саныыгын? Холобур, эн айбыт ырыаларгын дьон –сэргэ сөбүлээн ыллыыр, истэр. Онтон ити хоһоонно мелодиятын уларытан ыллаатахтарына эн, ааптар быһыытынан, туох дии саныаххыный?
ИВП: Билигин биһиги хайдах эрэ ураты ирдэбиллээх дуу, сайдыы саҥа өйдөммөт кэмигэр олоробут дуу диэх курдук. Холобур, ким эрэ бэрт суһаллык сасыарда хараҕын тыыра арыйаат да ырыа айбыт буолар, онтон ол киэһэ ити “ырыа” хайыы үйэ телевиденияҕа дуу радиоҕа дуу иһиллибитинэн барар…Олох итии бэрэскиини хобордоохтон тута ылан сиэбит курдук…
Биир өттүнэн эдэр ыччакка эмиэ да судургу курдук эрээри, ханнык баҕарар дьоһуннаах, үйэлээх дьыала, ырыа да буоллун анал үөрэхтээх дьон көрүүтүн-истиитин, сүбэтин аматын, чочуйуутун ирдиир. Оччоҕо эрэ ханнык баҕарар дьыала ситэр-хотор диэм этэ. Онооҕор маҕаһыыҥҥа ас-таҥас араас буолар: сытыйбыт–ымыйбыт да, кэмэ ааспыт, эбэтэр киһи сииригэр сөбө суох састааптаах, дьааттаах да буолуохтарын сөп. Искусство эйҕэтигэр эмиэ оннук. Тоҕо эрэ ыарахан ыарыһаҕы аптека үлэһитэ буолбакка анал үөрэхтээх хирург-быраас эмтиир, эппэрээһийэлиир. Тоҕо диэтэххэ исписэлиискэ эппиэтинэһэ, ирдэбилэ тус-туһунан буоллаҕа. Оччоҕо тоҕо ситэтэ суох, муусыка ирдэбилигэр сөп түбэспэт ырыа үлдьү эпииргэ тахсыахтааҕый? Ол аата, ол онно сөптөөх үөрэхтээх, көрөр-истэр исписэлиис суоҕуттан буолуо…Дьэ, ис иһигэр киирдэххэ бу сүрдээх дириҥ уонна мөккүөрээх боппуруос….
ВМЕ: Владимир Петрович, ити этиигэр тохтоон маннык ыйытыы үөскүүр. Мин билэрбинэн эн өр сыл Саха телевидиниятыгар, радиотыгар музыкальнай редакцияны салайан үлэлээбитин. Анал “Музыкальный салон” диэн биэриилэри ыыппытыҥ. Ол гынан, кэнники кэмҥэ ити барыта тохтоон турар. Ол да буоллар «Саха» НКИХ араас биэриилэри, күрэхтэри тэрийэр онон музыкальнай эйгэ толору курдук. Оччоҕо эн таһаарыыларыҥ уонна билиҥҥи эфиргэ тахсар музыкальнай таһаарыылар, күрэхтэр, холобур “Үрдэл”, “Саҥа ырыа” эҥин диэн туох уратылаахтарый?
ИВП: Мин санаабар ханнык баҕарар иһитиннэрэр, көрдөрөр тэрилтэ араас күрэҕи да, атын да анал тэрээһиннэри ыытар, биэрэр бырааптаах эрээри, дьүүллүүр сүбэҕэ анал үөрэхтээх, сыыһаны-халтыны билэн-көрөн, ыйан-кэрдэн, туоратар, сүбэ-ама биэрэр кыахтаах исписэлиистэри киллэриэхтээх дии саныыбын. Баҕар кинилэр түмүктэрэ атын буолуон сөп, оччоҕо анал суруналыыстар тахсыбыт мөккүөрү хайдах баарынан суруйан-ырытан истээччилэр-көрөөччүлэр дьүүллэригэр таһаарыахтаахтар. Оччоҕо кыайыылаахтар ааттара бары өттүнэн көрүллэн дьиҥнээхтик биллиэ этэ. Онон маннык тэрээһиннэри тэрийээччилэр бу түбэлтэни өйдүөхтэрин наада. Оннук эрэ түбэлтэҕэ саҥа, дьон сүрэҕин-быарын иһинэн киирэр ырыалар айыллыахтара.
Өскөтүн ханнык эрэ эдэр толорооччу ылла да биллэр ырыаны саҥалыы тэтимнээтим дии-дии ылаабытынан, эккирээбитинэн аат-суол ылар буоллаҕына бу кини буруйа буолбатах… Бу сыана быһааччылар таһымнара намыһагыттан, ирдэбиллэрэ суохтарыттан, нотаны да музыкальнай грамотаны да билбэттэриттэн тахсар. Түмүгэр, эстардабыт эйгэтигэр, кэмэ суох элбэх, эппиэтинэһэ намыһах “сулустары, сулусчааннары” көрөбүт. Онтон урукку кэм сулустара, элбэх тиритииннэн-хорутууннан, көлөһүннэрин тоҕон, дьон иннигэр улахан эппиэтинэһи сүгэн сулус диэн ааты сэмэйдик ылаллара.
ВМЕ: Владимир Петровичка махтанан баран истээччи санаатын истээри ааттаах суоллаах оһуохай тылларын Дархан этээччитигэр, уруккута биллэр радиожурналист Марта Тимофеевна Николаева санаатын үллэстэригэр көрдөстүм.
НМТ: Ханнык баҕарар көлүөнэҕэ сааһыттан тутулуга суох,үйэлэри туоруур хоһооннор, ол тылыгар айыллыбыт ырыалар бааллар. Холобур, норуот ырыатыгар “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр”, Чаҕылҕан “Хайыһар”, Альберт Бүлүүйүскэй “Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай”, Уйбаан Доосо “Сардаана”, биһиги көлүөнэбититтэн Владимир Индигирскэй “Ийээ,сыллаан ылыым дуу”, “Сулустар” ырыаларын ама ким умнуой? Хас да көлүөнэни уҥуордууругар эрэл баар. Бастакытынан, тыла өһө чуолкай, суолтата, ис хоһооно дириҥ, өйдөнүмтүө. Аны онно мелодиятын доҕуһуола барсар, тыл суолтатын иччилээн, тыыннаан биэрэр. Холобур,эдэр көлүөнэ ырыаһыттарыттан Сиэйэ уола Доосо тылларыгар “Сардаана” ырыатын, аны мелодиятын айбыт Д.Данилов чочуйбутун курдук, тугун да сүтэрбэккэ тыыннаан ыллыыр. Чахчы бааччы “Сардаана” курдук кэрэ сибэккини илэ чахчы, дууһаҕар ылынан көрөҕүн. Аны Владимир Индигирскэй С. Дадаскинов тылыгар “Ийээ, сыллаан ыллыым дуу?” ырыатын бу билиҥҥи көлүөнэ эдэр ырыаһыттара, композитор айбытыттан улаханнык уларыппакка ыллыылларын, астына истэбин. Ити ырыалар дьиҥ саха иэйиитэ, омук быһыытынан тыынын биэрэр. Аны бассаабынан Арассыыйа, саха культуратын үтүөлээх үлэһитэ Е.Шишигин санаатын үллэстибитин тарҕаттылар. Мин итиннэ оруобуна сүүс бырыһыан санаам биир. Айдыннар, ыллаатыннар эрээри, хас да көлүөнэ норуот уоһуттан түспэккэ ылланан кэлбит ырыаны, ити сахалыы иэйиинэн ыллыыбыт дии саныыллара буолуо даа? Санаалара баран уларытан дьүһүйбүттэрин мин дууһам ылыммат. Уларытан ыллаатыннар эрээри, норуот куоластыыр конкурсугар киирбиттэрэ, наһаа үчүгэй хоһоон суолтатын сүтэрэр. Сүүс сыл умнуллубакка ылланарыгар саарбахтыыбын. Аан дойду таһымын кытта тэҥҥэ хардыылаһар буоллахха, күннээҕи ырыаларынан ырааппаппыт буолуо. Оттон урукку ырыаларынан, дьэ, сахалар ырыаһыттар дэтиэхпитин сөп.
ВМЕ: Эмиэ истээччи, Саха республикатын наруодунай художнига, култуура үтүөлээх үлэһитэ Анна Николаевна Звереваттан санаатын туоһуластым.
ЗАН: Ырыа уһун үйэлэнэрэ, кини бар дьон сүрэҕин быарын ортотунан киирэр, санаатын табар биир тылынан Анастасия Варламова эппитинии “Норуот хорук тымырын таарыйар буоллаҕына». Норуодунай поэт С. Данилов олус бэргэнник этэн турардаах: “Хоһоонньут олох аһыытын, ньулуунун билбит, ону ааспыт буоллаҕына киһини долгутар айымньы айыллар”. Кырдьыга, тыл, сүр соноҕос, ону киһи барыта сиппэт. Дууһаны толорор иэйиилээх, дойдуга таптал күүстээх ырыаларын айар кыахтаах Урастыыровтар, Сметаниннар ханнаҕытый? Көнтөрүк олуттаҕас тыллаах, судургу таптал туһунан ырыаны баҕалаах эрэ барыта ыллыыр буолла. Ырыаны айыы, толоруу маастарстыбатын баһылаабыт искусствоҕа бэринилээх, бэйэлэригэр ирдэбиллээх ырыаһыттар сценаҕа тахсалларын куруук долгуйа кэтэһэбит.
ВМЕ: Саха ырыатын, муусыкатын туһунан кэпсэтии СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ырыа айааччыта, биллэр артыыската Галина Никитична Шахурдината суох табыллыбата буолуо. Мин кини талааныгар сүгүрүйээччилэриттэн биирдэстэрэ буолабын. “Дүөгэлэрим” диэн ырыата наар өйбөр дуу, сүрэхпэр дуу иһиллэ сылдьар… Онон билиҥҥи үйэ тэрилинэн киниэхэ эрийээччи, суруйааччы буоллум уонна бу кэпсэтии тематыгар санаатын үллэстэригэр көрдөстүм. Галина Никитична бэрт түргэнник уонна кылгастык маннык суруйда.
Ш.Г.Н: Мин билигин дойдум дьонун көрдөһүүлэринэн ахтыылары суруйа сатыы олоробун…Барыта ыксал, кинигэ тахсыыта … Өйбүн-төйбүн онно сынньа олоробун…Ол да буоллар маннык диибин: “Павел Семенов «Илиибэр эн илиин баар курдук» уонна эдэр кыыс Кланура “Сардаанатын” тула батсаапка кэпсэтии бара турар”. Урукку көлүөнэ ыллаан, аргыс оҥостон кэлбит ырыата — классика. Мин санаабар дураһыйар баар буоллаҕына, кини бастатан туран ылсыбыт ырыатын историятын билиэхтээх. Биир хоһооҥҥо хас да матыып уруккуттан баар суол. Биһиги ырыа айааччылар үрдүкү сууппут- истээччи. Урут да оннук этэ, билигин да оннук, оннук инникитин да буолуо турдаҕа…
ВМЕ: Кэпсэтииттэн кэпсэтии ситимнэнэн барар. Онон Саха сиригэр да таһыгар да биллэр, СР култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, поэтесса Наталья Владимировна Михалеваҕа (Сайаҕа) тиийдим. Кини хоһоонноро ахсаана биллибэт курдук ырыа буолан көппүттэрэ, көтөллөр, өссө да көтүөхтэрэ иннигэр турдаҕа. Онон Сайа бу тахсыбыт санаа үллэстиитин тула маннык кэпсиир.
Сайа: Сааһыран эрэр буолан эбитэ дуу, баҕар, ырыа искусствотын ханныктык эмит өйдүүр таһымҥа саҥа тахса сатыырым дуу, опера ырыаһыттарын толоруутун ордук биһириир буоллум. Хабаровскайдааҕы култуура институтугар үөрэнэ сырыттахпына Большой тыйаатыр (Москва) артыыстара Японияҕа баран-кэлэн иһэн, биһиги институппут аактабай саалатыгар дьоҕус кэнсиэр биэрэр этилэр. Институппут салалтата ону сүүрэн-көтөн ситиһэр быһыылааҕа. Онно эрэ мин опера арияларын субу тутан олорон истэр хайдах курдук киһиэхэ күүстээх дьайыы оҥорорун биллэҕим. Халлааҥҥа олохтоох, ураты айдарыылаах дьон эрэ ити алыптаах дорҕооннору көннөрү күөмэйтэн көтүтэллэрэ буолуо диэн санаалаах хаалбытым. Эстрада да ырыаларын опера артыыһа толордоҕуна олох атын таһым буолар. Онон билигин мин истэ сатыыр ырыаһыттарым кинилэр буоллулар. Уонна, биллэн турар, сахалыы куттаах ырыаһыттары истэрбин сөбүлүүбүн, Саарынтан саҕалаан.
ВМЕ: Сайа, эн элбэх хоһоонуҥ ырыа буолан ылланна, онон ити эйгэ дьонун кытта балайда алтыһарыҥ буолуо?
Сайа: Мин элбэх ырыаһыты, муусыканы айар дьону кытта алтыһан кэллим. Күннэтэ бэйэм хоһооннорум ырыа буолан араадьыйаттан кутуллаллар, сценаларга толоруллаллар. Ырыа айааччылар бэйэлэрин долгуппут, кинилэр бэйэлэрин туруктарыгар сөп түбэһэр хоһоонноругар тохтоон, ону ырыа курдук истэн, сөптөөх дорҕоону, долгуну таҥан киллэрэргэ кыһаналлар. Холобур, Ангелина Файрушина мин тылбар айбыт «Сахам сирэ» диэн ырыатыгар Сахатын сирин дьиҥнээхтик, муҥура суох таптыыр буолан дьон сүрэҕэр тута тиийэр мелодияны айдаҕа. «Наташа, тугу айбыккын эн бэйэҥ да билбэккин. Бу ырыа миигин суорҕаннаах тэллэххэ сытар ыарыыттан туруорда. Кэнники да айар үлэм бу ырыанан биллэр буолуоҕа» — диэбитэ. Онтон Алексей Егоров «Күһүҥҥү долгураҥ» хоһооҥҥо аан дойду барыта сүгүрүйэр муусыкатын — Огинскай вальсын дорҕооннорун истибит этэ: «Бу тыллар маннык үрдүк муусыканнан доҕуһуолланыахтаахтар» — диэбитэ. Күннэй, быыкаа кыысчаан сылдьан олоҕу олорбут сиппит дьахтар сүрэҕим иэйиитин сатаан истэр, таайар дьоҕурдаах этэ. Мин хоһооннорбор айыллыбыт ырыаларга мелодист, композитор дьоҕурун, талаанын эрэ буолбакка, кини кимин өтө таайан билэбин. Барыларын, айымньым нөҥүө биир долгуҥҥа киирэн тахсар дьонум буолалларынан сэргии, сэҥээрэ, сорохторун таптыы да, махтал санаалаах кэтиибин.
ВМЕ: Мөккүөр баар, биир хоһооҥҥо хас да матыып айылларын эн ааптар быһыытынан туох дии саныыгын?
Сайа: Мин «Эн сэрэй», «Күһүҥҥү долгураҥ», «Баар буолууй» онтон да атын хоһооннорбор хас биирдиилэригэр уончалыы мелодия суруллубута. Ол да иһин ырыам ахсаанын 400-кэҕэ тиэрдэ сатаан баран тохтообуппут. «Сардаана» диэн Иван Федосеев хоһоонугар ырыа, кырдьык, саха олоҕун сорҕото курдук буолбут ырыа. Онон хас биирдии киһи бэйэтин сүрэҕин иэйиитигэр, айымньытын дьылҕатыгар курдук — бас билээччи курдук сыһыаннаста. Айар киһи биллиилээх ырыа хоһоонугар саҥа мелодияны айыан, толоруон иннинэ «Миэнэ мантан ордук буолуо дуо?»- диэн саныахтаах. Ол таһымҥа, чыпчаалга тиийэр уонна ааһа барар кыахтааххын билинэн эрэ туран, киһи кулгааҕа үөрэммит, бар дьон сүрэҕэ ылыммыт тылларын «тыытыахха» сөбө буолуо. Ону Кланура эдэрэ бэрт буолан, толкуйдуу сатаабатах. Бэйэтигэр уонна өссө да күөх от курдук бытыгыраан тахсан иһэр саҥа сүһүөх ырыаһыттарга үөрэх буолар түгэн ити ырыаттан ситимнэнэн таҕыста. Мин кинилэр саха омугар кыбыстыбакка утары уунар өссө ордук ырыалары айыахтарын, толоруохтарын баҕарабын. Урукку да ырыа буолбут хоһооннорго буоллун. Урукку айымньылары ааһа түһэр өссө иэйиилээх уонна долгутуулаах кэрэ ырыалар айылла турдуннар!
ВМЕ: «Саха» НКИХ муусыка, ырыа эйгэтигэр араас хайысхалаах үлэни ыытарын мэлдьэһэр табыллыбат. Кэнники, бу ыарыыннан сибээстээн, хааччыахтааһын, “дьиэҕэ олоруу” кэмигэр дьону аралдьыта диэн санааттан буолуо араас саҥа сүүрээн таһаарыылар баар буоллулар. Олортон дьон олус сэҥээрэн, чорботон да Георгий Белоусов “Көмүс түгэн” диэн биэриитин хас суббота аайы кэтэһэн таптыыр ырыаларын, ырыаһыттарын истэр буолла. Онон түгэни мүччү туппакка Георгийтан эмиэ бу биэрии хайдах үөскээбитин туһунан ыйытааччы буоллум.
Георгий: Саха телевиденийатын көмүс фондатыттан түмүллүбүт «Көмүс түгэн» биэриибэйэм авторскай биэриим. Пандемия кэмигэр студияҕа дьону киллэрбэт буолбуттара, онно толкуйдаммыт биэрии буолар. Дьиҥэр, «разовай» биэрии курдук толкуйдаммыта эрээри, көрөөччү сэҥээриитин ылбытыттан соһуйан уһатарга соруннубут. Биһиги билиҥҥи олох тэтимигэр олорсон, харса суох иннин диэки баран иһэбит, күннэтэ саҥаттан-саҥа биэриилэр уһуллаллар. Оттон телевидение архыыбыгар урут уһуллубут олус хаачыстыбалаах, ис хоһооннорунан баай, иитэр-үөрэтэр, киһи билиитин хаҥытар биэриилэр, спектакллар, клиптэр, киинэлэр баһаам бөҕө буоллахтара дии. Биллэн турар, сорохторо сыыппараҕа көһө иликтэр (рулоннарга сылдьаллар), ол үлэтэ эмиэ элбэх бириэмэни, түбүгү эрэйэр. Олору хостоон, сөргүтэн, билиҥҥи көрөөччү сэҥээрэрин курдук таһаарар баҕа санаа уруккуттан да баара. Аны, төһөнөн кэм-кэрдии ааһар да ол устуулар, биэриилэр ордук суолталаналлар, сыаналаналлар эбээт. Холобур, ырыаһыт, артыыс, спортсмен, биллэр-көстөр киһи туһунан быһа тардан көрдөрөрбөр кини туһунан кылгастык да буоллар кэпсээн, ахтан-санаан аһарабын. Ол түмүгэр, биир биэрии иһигэр хас да киһи туһунан сырдатан ааһыахпын сөп. Ол эмиэ сүүйүүлээх курдук, тоҕо диэтэр, үксүгэр биир толору биэриини биир эрэ геройга анааччылар. Оттон «Көмүс түгэҥҥэ» хас да киһини көрдөрөн, санатан ааһаҕын.
Түмүк оннугар: Кэпсэтии саҕаламмыт тематыгар өссө да баһаам киһи суруйда. Холобур, хоһоон айааччы, дьон сөбүлүүр “Айан” ырыатын тылын ааптара Вера Спиридоновна Солдатова (Нанова), Ньурбаттан поэтесса Ольга Софронова (Суһум), элбэх хоһоонноро эмиэ ырыа буолан ыллана сылдьаллар. Кинилэр санаалара эмиэ бу инники кэпсэппит дьон этиилэригэр дьүөрэлэһэр.
Онон бу статьябын Георгий Белоусов этиитинэн тумуктүөхпүн баҕардым:
-Ити аҕа дьон этэрэ эмиэ оруннаах курдук. Биллэн турар «авторскай быраап» өттүнэн ылан көрдөххө биир хоһооҥҥо хас да ырыаны айыахха сөбө буолуо. Ол эрээри, итинник бар дьон тапталын ылбыт, бэйэтэ культ, норуот ырыатын кэриэтэ буолбут айымньылары тыытар, уларытар олус сэрэхтээх — аҕа көлүөнэҕэ ытыктабыла суох көстүү курдук буолуон сөп. Аата, хоһоон эрэ элбэх дии, дьиҥэр, ити мелодияны атын да тылларга киллэриэххэ сөп этэ. «Мин ити хоһооҥҥо Г.Григорянтан, Г.Комраковтан, Д.Даниловтан, В.Ноевтан, А.Алексеевтан, В.Андросовтан уо.д.а. өссө ордук айыахпын сөп ээ» — диэн санааттан саҥалыы айаллар дуо? Саҥа хоһоону айдыннар, саҥа хоһооҥҥо суруйдуннар — ону уруйдуубут-айхаллыыбыт эрэ. Кэм-кэрдии, бириэмэ эрэ аастаҕына айымньы үйэлээҕэ, норуокка биһирэбили ылбыта кэрэһэлиир, туоһулуур. Хоһооҥҥо барытыгар ырыа айыахха сөп буоллаҕына тоҕо Саха Сирин өрөгөй ырыатын (гимн) тылларыгар ылбыт эрэ киһи ырыа айбатый? Ол аата, дьон саҥарыа, сэмэлиэ диэн син толлор буоллахтара дии. Оттон ити үйэлэргэ дьон сүрэҕиттэн сүппэккэ, уоһуттан түспэккэ кэлбит бастыҥ ырыалар эмиэ гимнтэн итэҕэһэ суох буоллахтара. «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр», «Хайыһар», «Ньургуһуннар» (хара сир устун), «Аҕам алааһа», «Маҥнайгы хаар» (сыһыылар сырдыктар, чараҥнар наҕыллар), «Кыыс Амма», «Илиибэр Эн илииҥ баар курдук», «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ» о.д.а. — сахабыт норуотун духуобунай баайа! Ийэлэрбит-аҕаларбыт, эбэлэрбит-эһэлэрбит сөбүлээн ыллаабыт, олохторун аргыһа оҥостубут ырыаларын уларытар-тэлэритэр сиэр-майгы өттүнэн сыыһа соҕус дии саныыбын. Ону эдэрдэр, биллэн турар, наадыйбаттар, сыаналаабаттар, таптаабыттарынан быһыыланаллар…Хомойо эрэ саныыгын…
Кэпсэтиини ыытта Маргарита Егоровна Винокурова, СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай наука кандидата, Россия суруналыыстарын чилиэнэ.
Олунньу ый 8 күнэ, Дьокуускай куорат
+7 (999) 174-67-82