Орто Дойду оло5о уонна Аар Айыы итэ5элэ

Орто Дойду олоҕо киһи-аймах өйө-санаата сайдарыгар, үчүгэйи-куһаҕаны араара үөрэнэригэр, үлэлээн олороругар, үлэнэн сайдарыгар олус табыгастаах буолбута. Төһө да сиик тыыннаах, симэһин хааннаах, босхо бастаах, мутугунан быраҕар муҥур үйэлээх аатырдар Улуу Халлаан дэлэй олоҕунааҕар төһө эмэ кэрэхсэбиллээх, олоххо күүстээх тардыһыылаах буолбута. Түүнү күнүс, кыһыны сайын солбуйбута, сарсыарда күн тахсыыта, тымныыны итии солбуйуута, үлэ-хамнас кыайыылаахтык түмүктэниитэ, Ийэ сиргэ, бэйэ-бэйэҕэ, оҕоҕо таптал киһиэхэ туспа улахан үөрүүлээх буолбута. Биир улахан үөрүүнү үөскэтээччи уот этэ. Орто Дойду үөскүөҕүттэн сиргэ туспа уот баара. Уот иччитэ  Хатан Тэмиэрийэ улаханнык ытыктанар сирдээҕи үтүө иччи буолбута. Кини ириэрэр, тоҥмуту абырыыр, эйгэни ыраастыыр, ыарыыны-сүтүүнү үүрэр, хараҥаны халбарытар, аһы-үөлү буһартаран үтүө амтанныыр, абааһыттан-дьайтан, адьырҕа кыыллартан көмүскүүр улуу күүс буолбута. Хатан Тэмиэрийэ бэйэтин куруук: » Сир-халлаан үөскүөҕүттэн ыла баарбын», — дэнэр. Дьэ, бу кэмҥэ Орто Дойду дьоно ол иһин олус күүскэ үҥэр-сүктэр буолбуттара. Дьон уоту сөпкө тутта үөрэммиттэрэ. Сыыһа тутуннахха, уот иэдээн буоларын өйдөөбүттэрэ.

Кинилэр бу кэмтэн ыла Хатан Тэмиэрийэ хайдах майгылааҕын билэр уонна араас алгыстары алгыыр, көрдөһөр буолбуттара. Хатан Тэмиэрийэ сүрдээх үөрүнньэҥ, санаата иэйдэҕинэ, олус ылынымтыа, ол эрээри сыыһа быһыыланнахха олус өһүргэс, хомойумтуо, кэлэйимтиэ, кыыһырымтаҕай. Дьоннор кинини аатын ааттаан уот нөҥүө айах тутар буолбуттара. Онно кини аатын араастаан ааттааһыны элбэхтик киллэрбиттэрэ. Эбиитин, сир-дойду ахсын Хатан Тэмиэрийэҕэ алгыстар уратылаһаллар. Ол гынан баран, сүнньүнэн маннык ыҥыран алҕааһыны кини ордук сөбүлүүр:

Улуу Суодуйа!

Хардаҕас мас аһылыктаах,

Дүлүҥ мас үөтэлээх,

Көмүс чох төлөнүнэн

Күн дьонун итиэрбит

Күүс киллэрбит,

Күндү аһы аһаппыт,

Абыраллаах суоһунан

Айыы дьонун абыраабыт,

Араас кутталтан быыһаабыт,

Күл Көбүөрүнньүк,

Хахай саҕынньах,

Көмүс кыламан,

Көмөр сыттык,

Күөх күлүбүр,

Хатан Тэмиэрийэ, Тойон Эһэккэм!

Үрүҥ Аар Тойон Орто Дойду үтүө санаалаах иччитинэн Аал Луук маска олохтоон Аан Алахчын Хотуну анаабыт. Орто Дойду дьоно Аал уокка алгыстарыгар кинини Хатан Тэмиэрийэ кэнниттэн иккиһинэн ааттыыр буолбуттар. Кини аатын эмиэ сорох алгыстарга уратылаһар курдук ааттыыллар. Былыр үксүн аатын-суолун ааттаан маннык алгыыллара:

Айыы дьонугар абыраллаах

Ааттаах-суоллаах

Аан Налыйа Хотун!

Атыннык эттэххэ,

Илбиргэстээх иэдэстээх,

Салбырҕастаах таҥастаах,

Толуу-хаан бэйэлээх,

Томторҕолоох түөстээх,

Айыы намыһын бэйэлээх

Аан Алахчын Хотун!

Үрүҥ Аар Тойон баай хара тыа, булт-ас иччитинэн сэттэ чулуу инилэртэн бастыҥнарын Бардам Барыылаах Баай Байанай буоларын сөбүлээн эппитэ.

Киниэхэ алгыс эмиэ араастаан саҕаланар. Былыргы алгысчыттар айах тутан кинини маннык ыҥыраллара:

Бардам Тутуу,

Барылы Кэскил,

Балысхан биэрии,

Баһаам киэҥ сырыылаах,

Бастыҥ булду тосхотооччу,

Баараҕай кыылы тохтотооччу,

Кылыыга, айаҕа тиксэрээччи,

Күөйэн-хаайан аҕалааччы,

Ыксал сырыы,

Ыраах айан,

Барыылаах Баай Байанай!

Күөх уулар иччилэринэн Күөх Боллох Тойон анаммыт. Кини уу ырааһын,  сир-дойду нүөл буолуутун, көмүс хатырыктаах булдун көрөр-истэр, дьаһайар. Кинини маннык алҕаан ыҥырыахха сөп:

Күндү минньигэс

Күөх ыраас уунан

Күн дьонун көччүппүт,

Көмүс хатырыктааҕынан

Күлүмүрдэс бэйэлээҕинэн

Күндүлээн аһаппыт,

Улуу дойду дьонун

Утаҕын ханнарбыт,

Алаас сыһыы сирдэри

Арыы курдук нүөлсүппүт,

Ходуһа, мэччирэҥ сирдэри

Хонуутугар диэри уулаабыт,

Күөх ойууру

Күлүмүрдэтэ көҕөрпүт,

Арыы чараҥы

Абыраан сиигирпит,

Өҥ-быйаҥ төрдө

Арыы-сүөгэй аргыстаах,

Аатырар балык астаах,

Абыраллаах аналлаах,

Күндү бэйэлээх,

Күөх Боллох Тойон!

Мин бу алгыска киириилэри эрэ суруйталаатым, алгыстары толору суруйарга уһун. Мантан өссө кэҥэтэн, кырааскалаан, оһуордаан -бичиктээн, ойуулаан-мандардаан алгыахха сөп. Сахаларга алгыс уопсай ирдэбилэ, тыла-өһө, дьүөрэлэһиитэ уларыйбат, ол гынан баран кыратык уус тыллаах дьон туора, сыыһа тылы туттубаккалар эрэ сөпкө тупсаран, кырааскалаан ылыахтарын сөп. Былыр Айыы ойуунун таһыма алгыһынан, алгыһын төһө сөпкө ыытарынан, тыла-өһө ырааһынан, сөптөөх турукка киирэн туран саҥарарынан-иҥэрэринэн, Айыы ситимигэр төһө сөпкө уонна түргэнник киирэринэн быһаарыллара. Билигин кэпсээн иһэр сэһэммитигэр төннүөххэ.

Былыргы сахалар бу түөрт улуу иччилэри таһынан өссө сир-дойду, түөлбэ, от-мас иччилэригэр эмиэ үҥэр-сүктэр этилэр. Ол курдук Улуу Элиэнэ Эбэ Хотун иччитэ, Туймаада Эбэ Хотун иччитэ о.д.а. бары ахтыллаллар. Алгысчыт хайа сиргэ баарынан, ол сир өрүһүн, хайаларын, оннооҕу түөлбэлэр иччилэрин барыларын ааттаан, ыҥыран алгыыр.

Аан маҥнай Орто Дойду киһитэ Халлаан үрдүкү үтүө күүстэригэр, Аар Айыыларга үҥэ үөрэммитэ. Тоҕус хаттыгастаах халлаантан аан маҥнай сиргэ түһэриллэн баран, сир киһитэ Үрүҥ Аар Тойон баһылыктаах уон икки Аар Айыыларга үҥэрин-сүктэрин улаханнык күүһүрпүтэ. Кини үҥтэҕинэ эрэ сирдээҕи олоҕо табыллар буолбута. Инньэ гымматаҕына, Адьарай Бөҕө баһылыктаах Арҕаа Халлаан уонна Аллараа Дойду алдьатыылаах дьайыылара Айыы дьонун алдьатар, күн дьонун күллэрин таптайар кутталлара күннэтэ суоһуура.

Бу кэмҥэ дьоҥҥо-сэргэҕэ Аар Айыыларга үҥүү-сүктүү, кинилэртэн көрдөһүү алгыстара  үөскээн, көннөрүллэн, тупсан дьиҥнээх Аар Айыы  итэҕэлин төрүттэрэ оҥоһуллубуттара. Үрүҥ Аар Тойон айыытынан Орто Дойду олохтооҕо тус бэйэтин олоҕор дьиҥнээх Аар Айыы итэҕэлигэр олоҕурбут уонна онтон тахсыбыт тутта-хапта сылдьыы, олоруу, тыл-өс, киһиэхэ уонна айылҕаҕа сыһыан анал ирдэбиллэрин тутустаҕына эрэ, дьоллоохтук олорор кыахтааҕа. Орто Дойду дьоно Үөһээ уон икки Аар Айыыларга үҥэр-сүктэр итэҕэллэригэр сирдээҕи үтүө иччилэртэн көрдөһүү киирбитэ. Бу саха Аар Айыытын итэҕэлин биир сүрүн дьикти уратыта буолар.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх