Ойууттар тустарынан суруйуулар

Ойууттар тустарынан букатын ис дьиҥэ (профессиональнайа суох) суруйуулар бэчээккэ тахса тураллар.

  Саха ойууттара атын омук ойууттарыттан букатын атыттар. Дьэ, ол иһин хас биирдии дьиҥнээх ойуун элбэх кистэлэҥи, бобуулары этинэн-хаанынан, ис туругунан (интуициятынан) тута өйдүүр, билэр. Ити саха ойуунун биир сүрүн уратыта буолар. Өскөтүн үгүс атын ойууннааһыннарга үөрэнээччи ойуун сиэрин-туомун сатаан үтүктэр буолла даҕаны, кинини ойуун диэн ааттыыллар. Оттон сахалыы ойууннааһыҥҥа ирдэбил олус үрдүк. Холобура, Айыы ойууна икки сүрүн эйгэлээх, ол аата Үөһээ Дойдуга уонна Орто Дойдуга тиийэр, үҥэр-сүгурүйэр, алгыһа, тыла ылыныллар буолуохтаах. Маны таһынан кини бэйэтэ туспа Ийэ кыыллаах буолара ирдэнэр. Ийэ кыыла суох ойуун ойуун буолбатах. Кини Ийэ кыыллааҕын чуолкай билэр уонна этинэн-хаанынан ойуунун эйгэтин үчүгэйдик өйдүүр. Оттон эмчит, сиэри-туому толорооччу ойууттар эмиэ сүнньүнэн икки эйгэлээхтэр. Өскөтүн Айыы ойууна Аллараа Дойдуга киирбэт буоллаҕына, бу ойууттар Үөһээ Дойдуга кыайан тахсыбаттар, кинилэр Орто уонна Аллараа Дойдуларга сылдьар аналлаахтар. Кинилэр эмиэ Ийэ кыыллаахтар, онтуларын үчүгэйдик билэллэр.

   Ийэ кыыл туһунан этэр буоллахха, Айыы ойууттара сүнньүнэн хотой, мохсоҕол, үрүҥ мохсоҕол, кырбый, эһэ, уу оҕуһа (мамонт) Ийэ кыыллардаахтар. Оттон эмчит, сиэр-туом ойууттара эһэ, оҕус, тайах, таба, чубуку, ханнык эрэ тыҥырахтаах көтөр уо.д.а. Ийэ кыыллардаахтар. Сиэмэх ойуун бөрө, ыт, хара оҕус, суор Ийэ кыыллаах буолар. Ойууттарга Ийэ кыыллара үйэлэригэр үстэ көстер: бастакыта — ойуун буоларыгар, иккиһэ — ойууннааһынын чыпчаалыгар, үсүһэ — өлөрүгэр.

   Дьиҥнээх саха ойууттара элбэх уһун үөрэҕи, эрчиллиини бараллар уонна кинилэр элбэх бобуулары, кистэлэҥнэри билэллэр. Олортон аҕыйаҕы ахтан аһардахха маннык:

   1. Кинилэр бэйэлэрэ биллэ-көстө сатаабаттар. Элбэхтик кистэнэллэр. Элбэх дьон халҕаһатыгар, ол-бу түмсүүлэргэ, мунньахтарга сылдьа сатаабаттар. Үксүгэр бэйэлэригэр бүгэллэр, күүстэрин-уохтарын түмэллэр, санааларын эрчийэллэр. Ол-бу элбэх тыаһы-ууһу, саҥа үйэ музыкатын адьас сөбүлээбэттэр. Бу барыта ити эйгэлэри кинилэр көмөлөһөр күүстэрэ уонна Ийэ кыыллара сөбулээбэттэриттэн буолар. Бэйэҕэ бүгүү үгүс ойуун таптыыр түгэнэ уонна эйгэтэ буолар.

   2. Дьон хараҕар тосту-туора көстөр гына хаһан да таҥныбаттар уонна олуонатык туттубаттар, араастаан бэйэлэрин рекламаламматтар, биллэр туһугар араас омуктар эйгэлэригэр тахса сатаабаттар.

   3. Атын дьоннор кинилэр тустарынан араас кэпсэллэри тарҕаталларын сөбүлээбэттэр. Эмтээбит да дьонноругар кэпсээмэҥ диэн сэрэтэллэр.

   4. Дьоннор кинилэри ойуун эҥин диэн ааттыылларын сөбүлээбэттэр. Атын омуктарга ойуун диэн аат чиэс-бочуот курдук, оттон биһиэхэ оннун-тойун була илик буолан үөҕүү, намтатыы курдук иһиллэр. Ойуун диэн тылы биһиги норуоппутугар үгүс киһи сыыһа өйдүүр уонна сибилигин даҕаны иһигэр итэҕэйбэт, ылыммат, сороҕор, истэригэр куттанар да буоллаллар, уостарыгар ырбаҕар мичээрдээх туран истэллэр. Бу тыл уонна өйдөбүл оннуларын-тойдорун үчүгэйдик булуохтарыгар диэри саха ойууттара ойуун диэн тылтан өһүргэнэ туруохтара. Ойуун диэн тыл Бүлүү өрүс эҥэригэр ойун дэнэр. Бу, арааһа, бу тылбыт дьиҥнээх сөптөөхтүк этиллиитэ быһыылаах. Ойун диэн тылы киин улуустар дьонноро эҥээритэн саҥаран ойуун диэбиттэрэ чуолкай көстө сылдьар.

   5. Сахаларга Айыы ойууттара күнүс кыыраллар. Билигин күнүһүн ойуумсуйан, муостаах түүҥҥү кыырыы дүҥүрүн күнүһүн охсо олорор дьон көстөн ааһаллара олус олуона көстүү. Күнүһүн Айыы ойууна эрэ төгүрүк дүҥүрү туттан кыырар.

   6. Саха ойууттара бары бэйэлэрин аналларын, дьоҕурдарын таһымыгар олоҕуран кыыраллар. Кыайбаттарыгар киирсибэттэр. Оннук кыһалҕалаах дьону уонна ыарыһахтары улахан ойууҥҥа ыыталлар.

   7. Улахан ойууттар айылҕаҕа, айылҕа иэдээннэрин туоратыыга улахан күүстээх дьайыылары оҥороллор. Бу үксүн Үөһээ Дойду эйгэлээх Айыы ойууттара буолаллар. Кинилэр алгыстара Үөһээ Аар Айыыларга тиийэн, Ийэ сиргэ үтүө сабыдыалы, көмүскэли, иэдээннэри туоратыыны аҕалар. Ону баара, билигин бэйэ таһымын билиммэккэ эрэ араас сыыһа алгыстары оҥорор дьон элбээннэр, айылҕаҕа ыһыллыы тахсар. Ол түмүгэр тымныы түһэр, элбэх хаар-самыыр кэлэр, муустаах толон кутуллар. Ити курдук Айыы ойууна да, Алгысчыт да буолбатах дьон мээнэ түбэһиэхчэ Үөһээ Таҥараларбытын сыыһа ааттаталыы-ааттаталыы алҕаабыта буолаллара — бу былыргы ойууннааһын суруллубатах сокуоннарын тосту-туора кэһии буолар. Улахан Айыы ойууттара Аан Дойдуга буолар улахан иэдээннэргэ хас биирдиилэрэ даҕаны, тус-туһунан даҕаны олус күүстээх дьайыылаах буолуохтарын сөп. Улахан Айыы ойууна Аан Дойду — Бүппэт Улуу Куйаар салайар күүстэригэр тахсан кинилэртэн көрдөһөн уонна үтүөнү, үчүгэйи ыҥырар. Маны оҥороругар атын ханнык да ойууттар тэҥҥэ «генератор» буолан сэргэ дьайса сатыы олороллоро туһата суох, төттөрүтүн мэһэйдээх.

   8. Дьиҥнээх саха ойууттара атын омуктар ойууттарын, идэлээх дьонун кытта билсиһэн иһэргэ дьулуспаттар. Тоҕо диэтэххэ саха ойууннааһынын эйгэтэ, философията адьас ураты уонна атын. Атын ойууттар уонна эмчиттэр эмтиир ньымаларыгар үөрэнэ сатаабаттар. Саха ойууннааһына уонна сахалыы эмтээһин бэйэтэ муҥура суох киэҥ, ураты эйгэлээх, муҥур уһуга биллибэт, уҥуоргута көстүбэт туспа эйгэ уонна күүс буолар. Саха философиятын быһыытынан саха улуу ойууна уонна эмчитэ ойууннааһын уонна эмтээһин эйгэлэрин саамай үрдүк чыпчаалларыгар тиийэллэр. Онтон салгыы кинилэр бара сатаабаттар. Онтон салгыы кэлэр эйгэ таһым — бу үрдүкү таҥаралар таһымнара уонна эйгэлэрэ буолар. Онно киирэр сатаммат, ити бобуулаах. Оттон ойууннааһын уонна эмтээһин чыпчаалыгар ханна да атыҥҥа аралдьыйбатах, бэйэлэрин эйгэлэригэр уһулуччу дьүккүөрдээхтик дьарыктаммыт улуу талааннаах дьон тахсаллар. Дьэ, ол иһин саха ойууна уонна эмчитэ үйэтигэр тохтообокко, күн өрөөбөккө бэйэтин идэтин үрдэтэр уонна сайыннарар ытык эбээһинэстээх. Ити суолтан туоруура сатаммат, ойуун уонна эмчит быһыытынан тута мөлтүүр.

   9. Саха ойууттара олоххо сыыһаны-халтыны, туох сөбүн, туох сымыйатын, сыыһатын тута билэллэр. Ити айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдара буолар. Дьэ, ол иһин олоххо туох сыыһатын-халтытын, туох сөбүн кинилэртэн ыйытар саамай сөптөөх. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр Аан Дойду эйгэтин кытта быһаччы ситимнээхтэр.

   10. Кинилэр Ийэ Айылҕаларын уһулуччу үрдүктүк таптыыллар. Эттэрэ-хааннара, өйдөрө-санаалара эмиэ Ийэ Айылҕаларын кытта быһаччы ситимнээхтэр. Дьэ, ол иһин айылҕаҕа туох сыыһа сыһыан баарын, киһи тугу алдьатарын, туох алдьархайдар буола туралларын, киһи куһаҕан дьайыытын түмүгэр Ийэ Айылҕаҕа туох иэдээннэр кэлиэхтэрин эрдэттэн өтө көрөн билэллэр. Былыр да, быйыл да сахаларга маннык дьоннор бааллар. Саха сиригэр айылҕаны алдьатыы, инники иэдээннэри чугаһатыы билигин промышленность өттүттэн тахса турар. Бу эйгэ дьоно кимниин да сүбэлэспэтилэр, кими да истибэтилэр,  айылҕаттан ыларга дьулуһан, бэрт элбэҕи алдьатан-кээһэтэн эрэллэр. Ити кэлин өттүгэр бэрт элбэҕинэн диэлийэрэ буолуо. Ол сотору кэминэн биллиэҕэ.

   Мантан да атын ойууннааһыҥҥа баар өйдөбүллэри кэпсэтиэххэ сөп, ол гынан баран бүгүн манан тохтуубун. Бу этиилэр дьиҥнээхтэрин уонна сөптөөхтөрүн дьиҥ ойуун эйгэлээх киһи тута өйдүүр уонна кинилэри ылынар буолуохтаах.

 В.А.Кондаков, «ААР АЙЫЫ ИТЭҔЭЛЭ V чааһа», 211-218 с., Дьокуускай 2007 с.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх