КиҺи-аймах то5о Ийэ сиргэ сатаан олорботуй? Саҥа раса киҺитэ кимий? — II

Саҥа киһи Ийэ сири урут алдьаппыттарын барытын чөлүгэр түһэриэҕэ. Ол үлэни эмиэ Аар Айыылар улуу көмөлөрүнэн, Үрдүкү Эйгэ күүстэринэн оҥоруоҕа. Киниэхэ араас куһаҕан гаһынан утуруктуу сылдьар, сири-уоту алдьатар, араас уоттаах-күөстээх массыыналар төрүт наадата суох буолуохтара, дьиэ-уот итиитэ даҕаны сүдү космическай энергиянан уонна күүстэринэн оҥоһуллуоҕа. Билигин биһиги сайдыыта суох буоламмыт, барытын Ийэ сири хаһан, араас куһаҕан массыынаны айан олору оҥосто сатыыбыт. Ити намыһах сайдыы көстүүтэ буолар. Ол аата Үрдүкү Аар Айыыларга чугаһааһын, кинилэр эйгэлэриттэн туһанарга үөрэнии, Аан Дойду хайа баҕарар эйгэлэригэр бириэмэни сүтэрбэккэ тиийии, Аан Дойду- Бүппэт Улуу Куйаар баайын уопсай туһаныы, космос сүдү күүһүн олоххо, үлэҕэ, туһаҕа таһаарыы саҥа кэрдиис кэмин киһитин ситиһиитэ буолуоҕа. Алмаас, көмүс, уран, тимир о.д.а. ити кэмҥэ суолталара сүтүөҕэ, нефть бүтүөҕэ. Сүрүн сыаннастар өйдөбүллэрэ уларыйыаҕа уонна дьон кыаҕыран, өйө-санаата үрдээн байарга дьулуһуута, илин былдьаһыыта уурайыаҕа. Сүрүн баай билии-көрүү, үрдүкү сатабыл буолуоҕа. Дьоннор ханнык да хараабыла суох араас планеталарга, атын галактикаларга да көтөр буолуохтара. Онно анал таҥастар, киһиэхэ өр туһалыыр космическай астар айыллыахтара. Бириэмэ да, кээмэй да мэһэйэ суох буолуохтара. Аан Дойду куһаҕан эйгэтин, ыарыыны-сүтүүнү Аан Дойду үрдүнэн ыраастыыр сүдү күүстээх эйгэлэр, эмтэр, аппарааттар айыллыахтара. Сир диэн планета киһи олорор эрэ базата буолуоҕа. Ол гынан Ийэ сиргэ, Айылҕаҕа таптал өссө күүһүрүөҕэ. Ийэ сир киһи билбэтин курдук тупсуоҕа. Саҥа планеталарга тарҕанан кэҥээн олоруу күүһүрүөҕэ.

Аар Айыыларга үҥүү-сүгүрүйүү ордук күүһүрүөҕэ. Аар Айыылар Аан Дойдуга, киһиэхэ сабыдыаллара, үтүөнү оҥоруулара улаатыаҕа. Саҥа киһи өйүгэр-санаатыгар Үрдүк Таҥаралар үтүө дьайыылара быһаччы киириэҕэ. Киһи-аймахха таҥара баар дуу, суох дуу диэн таабырын уурайыаҕа. Билиҥҥи киһи өйө бааллан, инники кэскилин кытта түстээбэккэ, сир баайын хостооһунунан, онтон барыыс киллэринэн байыынан, промышленноһынан ииригирэн, сэрии сэбинэн үлүһүйэн, Ийэ Айылҕатын садаҕалаан, олоҕун түмүктүөҕэ. Киһи уонна Ийэ Айылҕа икки ардыларыгар сүрүн охсуһуу уонна сэрии барыаҕа. Ол түмүгэр билиҥҥи киһи хотторуоҕа, сүтүөҕэ. Ол хотторуу бүтэһиктээх буолуоҕа. Киһи эт-хаан, өй-санаа өттүнэн мөлтүөҕэ. Кини туох үчүгэйдээҕин иҥсэтэ-хоҥсото, Ийэ Айылҕаны алдьатыыта барытын сотон таһаарыаҕа, суох оҥоруоҕа. Аҕыйах иҥсэлээх, олус байбыт дьон ити курдук билиҥҥи цивилизацияны эһиэхтэрэ.  Билиҥҥи сүрүн итэҕэллэр сүтүөхтэрэ, саҥа сүрүн итэҕэл үөскүөҕэ. Сахалар Аар Айыыбыт итэҕэлэ үөһэ тахсыаҕа. Бу итэҕэл киһи Ийэ Айылҕаҕа сөпкө олороругар сүрүн үөрэх буолуоҕа. Олус үрдүк духуобунай сайдыы кэлиэҕэ. Урут эппитим курдук, үлэ-хамнас үксэ үрдүкү духуобунай күүстэринэн оҥоһуллуоҕа. Физическэй төрүттээх техника үлэтэ-хамнаһа алдьатыылааҕын уонна буортулааҕын иһин сүтүөҕэ. Аан Дойдуга Айыы өттө, сөптөөх өттө баһыйыаҕа. Саҥа дьон Аар Айыыларга үҥэн-сүгүрүйэн, Аан Дойду Чараас Эйгэтигэр мунньуллубут билиҥҥи кири-дьайы, аньыыны-хараны, сэти-сэлээни ыраастаан суох оҥоруохтара.

«Ол хаһан кэлэр, хантан кэлэр саҥа раса дьонун этэрий?»- диэхтэрин сөп. Сөптөөх боппуруос. Саҥа дьон илдьиттэрэ Сиргэ билигин да бааллар. Аар Айыылар эксперимент кэриэтэ биирдиилээн аҕыйах дьону сиргэ ыыталлар. Кинилэр дьон курдук дьүһүннээхтэр. Киһи олоҕунан олороллор. Былааска суохтар. Кинилэр олус өйдөөхтөрүн, олус элбэҕи билэллэрин иһин дьон кинилэри тута өйдүү охсубаттар. Ол иһин кинилэр үтүөх-батаах да сылдьыахтарын сөп. Кинилэр уһулуччу эмчит, олус сүдү талааннаах суруйааччы, улуу художник, инникини өтө көрөөччү, уһулуччу быраас буолуохтарын сөп. Бу дьон хас биирдиилэрэ киһи-аймахха улахан өйдөбүлү хааллараллар. Ити өйдөбүллэр киһи-аймах сайдыытыгар улахан саҥаттан-саҥа олугу угаллар. Үгүс түбэлтэҕэ киһи-аймаҕы иэдээнтэн быыһыыллар. Сир дьоно ордугурҕаан, кинилэри абааһы көрөллөр, туораталлар. Бу дьон олус дьиикэйтэн, намыһах сыһыантан бэйэлэрэ үксүн көмүскэлэ суох буолаллар. Ол иһин, кинилэргэ намыһах эйгэлээх дьон араастаан сабыта түһүөхтэрин сөп. Ол эрээри, илдьит дьоннору Үрдүк Аар Айыылар көмүскүүр буоланнар, ити адьырҕа дьон улахан охсууну ылаллар. Ити илдьит дьоннору, Аар Айыылар сиргэ анаан-минээн, киһи-аймахха саҥа сүүрээни киллэртэрэ ыыталлар. Илдьит дьон сир эрэйдээх олоҕунан олороллор уонна бу олох сыыһа тэрээһиннэрин туһунан үгүс этиилээх, санаалаах  буолаллар. Ити этиилэрэ, санаалара Аар Айыыларга Чараас Эйгэнэн тиийэ тураллар. Илдьит дьон үксүлэрэ эдэрдэригэр бэрт үчүгэй көрүҥнээх буолаллар. Кинилэри дьахталлар сөбүлүүллэр, ол гынан баран кинилэр аҕыйах, сороҕор биир дьахтары сөбүлүүр айылгылаахтар. Кырдьалларыгар улахан муударай, өссө көрбүөччү, сэһэнньит оҕонньоттор буолаллар. Ол эрээри дьон үксэ кинилэри өйдүүр, ылынар таһымнара суох буоланнар, кинилэргэ дьоннор маассабайдык, күргүөмүнэн чугаһаабаттар. Илдьит дьон нөҥүө Аар Айыылар информация ыла турар буоланнар, кинилэр бэрт аҕыйах да буоллаллар киһи-аймах обществотыгар өрүүтүн бааллар. Аар Айыылар киһи-аймах обществотын ити дьон нөҥүө тохтоло суох чинчийэ, үөрэтэ, анализтыы тураллар.

Оттон инникини эттэххэ маннык. Аны уон сылынан Саха сирин айылҕата ынырыктык алдьаныаҕа. Ыраас уу, ыраас салгын проблемата күүскэ туруоҕа. Саха сиригэр Аан Дойду капиталистарын хараҕа хатанна. Ити үтүөнэн аҕаабата биллэр суол. Иитиллэр Эбэбит Элиэнэ барахсан, үөһээ сүүрүгүн уулара быһыллан, нүөлсүтэр үрэхтэрэ бобуллан, ойуура кэрдиллэн куурар-хатар суолга киирэр. Туох ону быыһыа, туох көмүскүө баарай?! Аҕыйах ахсааннаах, баспытын бас билиммэт, бас-көс дьоно суох, барыта ээҕи кытта сылдьар, Аар Айыылар анаабыттарын туһаммат, алаастарбытыгар да тыгар аламай маҥан күн сырдыгыттан да үөрбэт, тойон тугу эппитин толорортон атыны анааран өйдөөбөт, кэлбит аайы эккэлииртэн, көстүбүт аайы тоҥхоҥнууртан атыны сатаабат туу-муку, чой төбө, босхо бас, бороҥ урааҥхайдар буоллахпыт үһү. Тугун сүрэй, эчи даҕаны! Эмиэ даҕаны тоҕо кыһыытай-абатай?! «Эстэр ыал ынаҕа харсыылаах» — дииллэринии, атыттарга барыларыгар тоҥхойон, бэйэ-бэйэбитигэр мордьооттоһон, хорсуммут онно киирэн олордохпут үһү. «Салгын сүһүрдэ, уу киртийдэ, айылҕа алдьанна диигит. Ким онтон чуолкай өлбүтэ биллибэт», — диэн куолунан саптынан, киһи-аймах сотуунтан курдук маассабайдык өлөн-сүтэн бардаҕына эрэ бабат диэри олоробут. Дьиҥнээҕэ оннук. Таҥара иннигэр киһи күндү, кини сыаналаах. Оттон билигин киһи-аймах обществотыгар киһи сыаната суох. Кини сыаната туох эрэ кыра кыыл-сүөл тэҥэ. Уоттаах уран хостонон тунуйдаҕына, уот тыыннаах уһун субурҕа сырыылаах оҕустар орулуу-орулуу тигинии сүүрдэхтэринэ туга-ханныга, минньигэһэ-аһыыта дьэ чуолкай биллиэҕэ. Ону өйдөөн кэбиһиҥ! Аны 10-20 сылынан Улуу саамылаһыы, кэлии олустаныаҕа. Баайа, кэскилэ бараммыт Дьобуруопа уһуктаахтара, Аасыйа сирин араас бэртэрэ аарыгырыахтара. Иирсээннэр, сэриилэр да буолуохтара. Ийэ сирбит, Айылҕабыт Аллараа Дойду уола анаан-минээн алдьаппытынааҕар да амырыын көстүүлээх буолуоҕа. Аны 20-30 сылынан Саха сирэ бүтүннүү кэриэтэ атын омуктарынан туолуоҕа. Оттон түөрт уон сылынан били А.Е. Кулаковскай эппитинии, киһитэ суох сир-уот хаалыа суоҕа, үрэхтэрбитигэр, алаастарбытыгар олохсуйуохтара. Анна Дмитриевна Иванова — Улуу удаҕаммыт эппитинии, хас биирдии мас төрдүн аайы хастыы да киһи буолуо, туох да тиийбэт үлүгэрэ кэлиэҕэ. Итинтэн ыла Сиргэ олох эстиитэ кэлиэҕэ. Сир баайа, булда-аһа, киһини иитэр илгэтэ эстэн, билиҥҥи раса дьонун эстиитэ кэлиэҕэ. Киһи-аймах билиҥҥи соллоҥноох баайдара иҥсэлэрэ олус көбөн, Ийэ Айылҕа, билиҥҥи цивилизация уонна раса эстиитин өссө түргэтэтэр суолга үктэннилэр. Билигин ону тохтотор үтүө күүс сиргэ суох. Араас дойдулар салайааччылара иҥсэ-мэнэгэйгэ ыллардылар. Иҥсэ аан дойдуну эһэр суолга аҕалла. Дьэ, бу эстии кэнниттэн сыыйа саҥа дьоннор үөскээн тэнийиэхтэрэ. Атын омуктар этэллэринэн, бу VI раса дьоно, оттон сахаларга Аар Айыы итэҕэлинэн саҥа дьон — бу үһүс раса дьоно буолаллар. Билиҥҥи киһи Ийэ Айылҕа ис сокуоннарынан олорбот, элбэҕи утарар, ол туһунан кэпсэтиэхпит, быһаарыахпыт. Ийэ Айылҕаны соруйан утарыы, алдьатыы эмиэ бара турар. Ону эмиэ билсиһиэхпит.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх