КиҺи-аймах то5о Ийэ сиргэ сатаан олорботуй? Саҥа раса киҺитэ кимий?

Киһи-аймаҕы өрүүтүн инники диэки уоттаах сулустуу ыҥырар, сороҕор биллибэт да курдук улуу сүдү кистэлэҥнэргэ уонна билиилэргэ сүгүрүйэн туран.

В.А. Кондаков.

Киһи-аймах Сир диэн планетаҕа сатаан олорорго өссө үөрэнэ илик уонна сатаан олорбокко даҕаны саҥа атын расанан солбуллара буолуохтаах. Таҥаралар диэн Аан Дойду салайыллар сокуоннарын ааттыыбыт. Ол сокуоннар хайдах олохтоммуттарын ким даҕаны билэр кыаҕа суох. Ити сокуоннар туох-ханнык төрүттэн кэлэллэрин эмиэ билбэппит. Ити сокуоннар ханнык эрэ тыын дуу, күүс дуу курдук буолаллара эмиэ таабырын. Кинилэр ханнык форманы, дьүһүнү ылынан көстөн кэлэллэрэ эмиэ биллибэт. Онон Аар Айыылары сахалыы таҥастаан, дьүһүннээн көрүү, өссө уруһуйдааһын — бу көннөрү сирдээҕи олус судургу өйдөбүл көстүүтэ буолар. Хайдах эрэ саха таҥарата сахалыы, атын омуктар таҥаралара эмиэ бэйэлэрин курдук дьүһүннээхтэр диэн курдук. Ол аата Христоһу еврей, Будданы азиат курдук дьүһүннээн ойуулааһын эмиэ сирдээҕи судургу өйдөбүллэртэн тахсар. Ол аата «мин таҥарам миэхэ майгылыыр дьүһүннээх буолуохтаах», — диэһин ити өйдөбүл сүрүн көстүүтэ буолар. Үрдүкү Аан Дойдуну салайар күүстэр киһиэхэ таҥаралар диэн өйдөбүлү үөскэтэллэрэ ханнык да мөккүөрдээх буолуон табыллыбат. Ити күүстэр Аан Дойду — Бүппэт Улуу Куйаар уонна киһи-аймах олорор Сир диэн планетатын тыыннаах, бүтүн буолалларын хааччыйаллар уонна кинилэр олохторун бары эйгэлэрин салайаллар уонна дьаһайаллар. Бу күүстэр чопчу биир дьүһүнү, форманы илдьэ сылдьыбаттар. Кинилэр сүүнэ улахан, сүдү кыахтаах, элбэҕи билэр, дьаһайар, салайар, былаанныыр, оҥорор олус үрдүкү сайдыылаах улахан техника кэриэтэлэр. Кинилэр Аан Дойдутааҕы биоэнергоинформационнай эйгэни үөскэтэн, айан дьаһайаллар, салайаллар. Ол аата Бүппэт Улуу Куйаар — Аан Дойду наһаа сүдү оҥоһуулаах, олус үрдүкү сайдыылаах компьютер курдук. Билиҥҥи биһиги компьютербыт сир киһитэ оҥорбут, кини Чараас Эйгэҕэ киирэ сатыыр судургу оҥоһуга буолар. Уопсайынан, Бүппэт Улуу Куйаары судургутук, аҥардас физика сокуоннарынан өйдөөһүн, быһаара сатааһын олус тутах. Бүппэт Улуу Куйаары кээмэйэ суох сүүнэ улахан тыынар тыыннаах уонна ол тыынар тыыннаах олус үрдүк сайдыылааҕын, туспа айыылаах техническэй эйгэлээҕин, оннук билиилээҕин, сатаан быһаарыллыбат дьиктилэрдээҕин курдук өйдүүр наадалаах диэххэ сөп. Судургутук «Таҥара баар», «Таҥара суох», «Аан Дойду диэн — элбэх сулустар эйгэлэрэ», «Аан Дойдуга киһиттэн үөһэ туох да суох», — диэһин, бу барыта тугу да билбэт буолуу олус аллараа көстүүлэрэ буолаллар. Идея дуу, материя дуу, хайалара бастакы турарый диэн мөккүһүү эмиэ киһини сөптөөх өйдөбүллэргэ аҕалбат.

Киһи диэн бу Улуу Куйаар Сир диэн планетатыгар олоро, үөскүү сатыыр, бу Бүппэт Улуу Куйаар ис сокуоннарын, ис-дьиҥин билбэт, элбэҕи сатаабат, оҥорорунааҕар алдьатара элбэх, үрдүкү өй, сайдыы таһымыгар кыайан тиийбэт барамай буолар. Бу барамай Ийэ Айылҕаҕа сатаан олорбот, бэйэтин обществотын, олоҕун, инники кэскилин сатаан салайбат, оҥостубат. Ол гынан баран Бүппэт Улуу Куйаар үрдүкү салайар систиэмэтэ тоҕо эрэ бу барамайдары атаахтатар, үөскэтэ, сайыннара сатыыр. Билиҥҥи киһи-аймах бэйэтин үйэтин моҥоон эрэр. Онон саҥа дьон үөскүүр кэмнэрэ кэллэ. VI раса дьоно үөскүөхтэрэ диир дьону кытта бу боппуруоска сөпсөһөбүн. Билиҥҥи киһи сайдабын дии санаан тулатын барытын сүһүртэ, алдьатта, үчүгэйи суох оҥордо. Үлэ чэпчэтэбин диэн үгүс иэдээннээх массыыналары айда. Сир баайын хостоон, улуу аам-дьаамы оҥордо, алларааттан аргыары таһаарда, алдьархайы адаҕытта. Сир иһиттэн үгүс олус элбэх сыыппаралаах тонна араас баайы хостоото, таста, сиэтэ-аһаата, байда-тотто, Улуу Көҥдөйү үөскэттэ. Айылҕаҕа туох да аһаҕас турбат, туох эрэ атынынан туолар диэн сокуон баар. Бу Улуу Көҥдөй тугунан туолара буолла?! Уунан дуо?! Салгынынан дуу?!

Киһи, бэйэтин олус сайдыылаахха ааҕынан, Аҕа Халлаанын алдьатта, араас ракетанан дьөлүтэ сүүртэ. Аҕа Халлааммыт абыраллаах Айыы бүрүөтэ — озон алдьанан киһиэхэ бэйэтигэр үөһээттэн үргүөр үргүйдэ, үлүгэр кэллэ. Онтуката араас ыарыы доҕуһуоллаах буолла. Киһи тыынар салгынын, иһэр уутун сүлүһүннээтэ, эстэр кэмин чугаһатта. Сир симэһинин сиэн, сороҕун киртитэн, быртаҕырдан бүтэрдэ, булдун-аһын бараата. Киһи өй-санаа, үтүө быһыы-майгы өттүнэн буомтуйда. Өлөрүүттэн, халааһынтан, уоттааһынтан, алдьатыыттан этэ тардыбат буолла. Кыыллыйда диир кыра, абааһытыйда. Илэ дэриэтинньик да киниттэн дьулайар араас дьиикэй дьайыыларын оҥордо. Ити дьайыылара Бүппэт Улуу Куйаар Чараас Эйгэтигэр мунньулунна, эридьиэстэннэ. Аньыы-хара, сэт-сэлээн буолан, киһи-аймахха туһаайылынна. Дьэ ол түмүгэр Бүппэт Улуу Куйаар Үрдүкү Күүстэрэ саҥа киһи-аймаҕы айарга Үрүҥ Аар Тойон үрдүкү дьаһалынан улуу быһаарыы таһаардылар. Оттон ол туоларын ханнык да күүс туорайдыыр кыаҕа суох. Саҥа үөскүүр дьон Ийэ сири араас ядернай сэрии сэбэ мунньуллубутуттан, радиация сутуйуутуттан, Сир, салгын, уу киртийиилэриттэн, сэрии, иҥсэ иэнигийиитин иэдээниттэн, араас ыарыылартан быыһыахтара, Сиргэ улуу сайдыылаах олох туругуруоҕа. Саҥа раса дьоно олус сайдыылаах буолуохтара. Кинилэр киһи куһаҕан өрүттэрин, дьаллыктары утары күүстээх үлэни ыытыахтара уонна кыайыахтара. Кыайыахтара, тоҕо диэтэххэ кинилэргэ киһи куһаҕан өрүттэрэ, дьаллыктара суох буолуохтара. Оттон тоҕо ити куһаҕан өрүттэри, дьаллыктары кыайбаппытый? Кыаллыбат. Тоҕо диэтэххэ ити куһаҕан барыта билиҥҥи дьоҥҥо үгүс өттүгэр, барытыгар да кэриэтэ биһиллэн сылдьар.

Саҥа раса дьоно наһаа өйдөөх уонна эмчит буолуохтара, үгүс ыарыылар сүтүөхтэрэ. Дьон кырдьан эрэ өлөр буолуохтара. Кэлин киһи үйэтэ наһаа уһуоҕа. Эмтээһин, Ийэ Айылҕа күүстэрин уонна Үрдүкү Эйгэ улуу күүстэрин кытта ситимнээн, космическай таһымҥа ыытыллыаҕа. Үгүс эмтэр уонна быһан-отон операциялааһыннар сүтүөхтэрэ. Үрдүкү космическай күүстэр көмөлөрүнэн ыарыыны киһиттэн таһаарыы уонна киһи этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар ити ыарыы хаалларбыт алдьатыылаах дьайыыларын эмтээһин, чөлүгэр түһэрии, киһини күүһүрдүү, чэбдигирдии ыытыллыаҕа. Наһаа аҕыйах ахсааннаах улахан эмчиттэр төрөөн-үөскээн олорон ааһаллар. Итилэр кэлэр саҥа раса дьонун илдьиттэринэн буолаллар. Билигин уопсай эмтээһин сайдыыта мөлтөх таһымнаах. Ити иэдээннээх СПИД ыарыыны дьоннор эбисийээнэттэн булбуттара дииллэр. Оттон билигин эбисийээнэлэр ити ыарыыларын эмтэнэн кэбиһэллэр быһыылаах диэн сабаҕалыыр учуонайдар бааллар. Киһи билиҥҥитэ итинтэн хайдах эмтэнэрин билбэт. Дьэ, намыһах сайдыы диэтэҕиҥ.

Туох барыта кэлэрэ эрдэттэн бэлиэлээх, торумнаах буолар. Дьэ, ол иһин, ити VI раса илдьиттэрэ дьоннор эрдэттэн биллэн ааһаллар, VI расаны Водолей кэмин кытта ситимнээһин биһиэхэ сахаларга туох да наадата суох. Сулустар туруктара уларыйа турар. Билигин Водолей сулустара турар сирдэригэр хаһан эрэ Балык сулустара турбуттара. Водолей эпохатын (кэмин) астрологтар Ельциҥҥэ сөп түбэһиннэрэн хайҕаабыттарын ыраас кырдьыкка ылынар табыллыбат. Саха бэйэтин Аар Айыытын итэҕэлигэр саҥа раса үөскээһинин туһунан туспа дьиҥнээх үөрэх баар. Онно маннык этиллэр: » Былыыр-былыр Үрүҥ Аар Тойон киһини айан бастакы халлаан тоҕус хаттыгаһыгар олохтообут, өлбөт үйэлээбит, эрэйи-муҥу билбэт, барыта дэлэй олохтообут. Ону биир таҥара дьоҥҥо иҥсэни, ордугурҕааһыны, куһаҕан санааны, араас куһаҕан кыдьыктары иҥэрбит, түмүгэр дьоҥҥо араас куһаҕан кэмэлдьилэр үөскээбиттэр. Киһи киһини үөҕэр, холуннарар, баттыыр-үктүүр, туоратар буолбут. Атын киһи баайын былдьаан, сорох байарга дьулуспут. Иэдээн, сэрии үөдүйбүт, айдаан-куйдаан үөскээбит, Үрүҥ Аар Тойон үрдүк үөрэҕин утарыы буолбут. Түмүгэр, Үрүҥ Аар Тойон Чыҥыс Хаанныын, Одун Хаанныын, Дьылҕа Тойоннуун өр сүбэлэһэн бараннар, куһаҕаны саҕалаабыт кубулҕат таҥараны Аҕыс Атахтаах Адьарай Бөҕө диэн ааттаан, оннук дьүһүннээн Аллараа Дойду баһылыгынан анаан аллараа үүрэн түһэрбиттэр, Арҕаа Халлааҥҥа эрэ кыра кэмҥэ тахсан олорор дьылҕалаабыттар. Оттон дьону Сир диэн планетаны айан тоҕус хаттыгастан түһэрэн олохсуппуттар. Олох ыарахан уонна эрэйдээх буолбут, киһи өлөр муҥур үйэлэммит.

— Сиик тыыннаах,

Симэһин хааннаах,

Мутугунан быраҕар

Муҥур үйэлээх,

Эрэйдээх олохтоох

Босхо бастаах

Бороҥ урааҥхай, — диэн буолбут.

Ол аата бу сырыыга Аар Айыылар киһини эрэйгэ-буруйга үөрэтэн, саҥа өй-санаа сайдыытыгар киллэрбиттэр. Бу киһи-аймаҕы Ийэ Айылҕаҕа сөпкө олоруу үөрэҕэр киллэрии саҥа кэрдиис кэмэ. Саха дьоно тыбыс тымныы дойдуну баһылаан, Ийэ Айылҕаҕа саамай сөпкө олорор омук буолан үүнэн-сайдан истэхтэринэ атын тыыннаах, туспа эйгэлээх элбэх ахсааннаах омуктар кэлэннэр баһылаан-көһүлээн, бэйэлэрин үтүгүннэрэн, бэйэлэрин эйгэлэринэн баһылыктаан, туспа суолунан туоратан хаамтаран, атын санаанан аралдьытан мөлтөтөн, улуу үөрэҕи умуннаран кэбиспиттэрэ. Дьэ ол иһин билигин киһи-аймахха саҥа сайдыы кэлэрэ, саҥа киһи үөскүүрэ наада буолла. Билигин Үрүҥ Аар Тойон үрдүк дьаһалынан, үтүө дьүүлүнэн киһи-аймах сайдыытын саҥа кэмин киһитэ үөскүөхтээх. Ол киһи уһулуччу сайдыылаах, ураты кыахтаах, үрдүк өйдөөх, этиэхтэн ураты дьоҕурдаах, наһаа элбэҕи сатыыр, кыайар киһи буолара биллэр да диэххэ сөп. Кини куруубай алдьатыылаах техниканы, сэрии сэбин суох оҥоруоҕа. Үлэни-хамнаһы туох да буортута суох айылҕа бэйэтин күүстэринэн толорторуоҕа. Биир остуолга турар кыракый приборунан барыны бары оҥоруоҕа, айыаҕа-тутуоҕа. Саҥа киһи Ийэ Айылҕаҕа сөпкө олоруоҕа, кини күүстэрин, Аан Дойду сүдү күүстэрин олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сөпкө, үчүгэйдик туһаныаҕа. Ити күүстэр көстөр уонна көстүбэт эйгэлэр да күүстэрэ буолуохтарын сөп. Кинилэр Ийэ Айылҕаҕа туох да буортуну оҥоруохтара суоҕа.

Салгыыта бэчээттэниэ…

1 Комментарий
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх