Күн Боотуровна: Олоҕун тупсар күнэ үүннэ!
Мин аатым Күн Боотуровна.
Мин уйулҕа үөрэхтээҕэбин, дьону көҕүлээччибин, олоҕу хайдах баарынан көрдөрөөччүбүн, санааны сырдыкка салайааччыбын.
Олоххо кыһалҕа үгүс диэн, олох ыарахан диэн бэйэбит төбөбүт иһигэр сааһыланыы суоҕуттан, итэҕэл суоҕуттан тахсар диибин.
Биир аан сабылыннаҕына өссө хас да аан аһыллар диэн бэйэбинэн бигэргэтэбин.
Олоҕу тапталынан, махталынан чэпчэкитик, дьоллоохтук, астына-дуоһуйа олорор кыах хас биирдии киһиэхэ баар. Эйиэхэ эмиэ. Оннук кыаҕы Айбыт Айыы Таҥара күн аайы биэрэр. Ылыахха уонна бэйэ олоҕор киллэриэххэ эрэ наада. Ис көҥүл бэйэҕэ биэрэн. Кэҥээн.
Ону хайдах ылары, хайдах харгыстары ааһары мин бэйэм олохпунан уонна үөрэхпинэн бигэргэтэбин. Мин үөрэхтэрбин билигин 1000 кэриҥэ киһи ааста. Элбэх киһи кэҥээтэ, холкутуйда, олоххо аналларын-сыалларын арыннылар, доруобуйалара тубуста, үп-харчы арылынна, ыра санаалара олоххо киирдэ, дьиҥ буолла. Күн аайы Саха сирин араас муннугуттан махтал тылларын истэбин.
Эн саҥа кэлэр сылга бэйэҕэр дьоллоох, өйдөһөр-өйөнсөр, ситиһиилээх, үөрүүлээх-көтүүлээх, чэгиэн, баай талым олоҕу ыра санааламмыт буоллаххына — мин үөрэхтэрбин уонна билиилэрбин туһан.
Үс эрэ күн: ахсынньы /декабрь 27, 28, 29 күннэригэр мин үөрэхтэрбин БУКАТЫННЫЫ икки бүк чэпчэки сыанаҕа атыылас. Олоҕун устата туһан.
Бу билиилэр олох тирэх билиилэрэ.
Ол эрээри мин аптаах буолбатахпын. Кута буолбут сири эн оннугар чэлгийэр күөх оттоох нүөлсүйбүт сир оҥорбоппун. Мин ол кутаны хайдах үлэлээн, араас ньымалары туттан чэлгитиэххин сөбүн үөрэх-билии, хамсаныы нөҥүө эйиэхэ көрдөрөн биэрэбин. Бэйэҥ үлэлээтэххинэ кини чэчириэ. Сапсыйан, солото суоххар, үбүн-харчын суоҕар, үөрэнэргэр усулуобуйаҥ суоҕар дугунан сырыттаххына салҕыы оннук, билиҥҥи олоҕун халыыбыгар хаалыа.
Ону таһынан, олунньу 6 күнүттэн «Олоҕум күүһэ — бэйэбэр эрэлим» уйулҕаны сааһылыыр үөрэх уонна дьарык төрдүс сүүрээнэ саҕаланар.
Үөрэх 28 күн устата онлайн, сабыылаах инстаграм нөҥүө буолар.
Бу үөрэххэ эн уйулҕан бэйэтин бэйэтэ оһорунан барыа, харахтан сыыһы ылбыт курдук.
Киһи хараҕа арыллар, киэҥник тыынар буолар.
Үс күн эрэ, ахсынньы/декабрь 27, 28, 29 күннэригэр үөрэх сыаната 3000 солк. Атын күннэргэ сыана 5000 солк.
Чэпчэтиини туһанан эрдэ миэстэ уурун.
Эн олоҕун — бэйэҥ илиигэр. Мин эйиэхэ сирдьит буолан Күн уотунан олоҕун суолун сырдатан биэриэм.
Бу үөрэхтэр барыта «киһи чараас эйгэтин — кутун (дууһатын) чэпчэтэргэ, кэҥэтэргэ, холкутуурга, олоҕу көрүүнү сааһылыырга туһааннаахтар».
Үөрэхтэри бу сааһыламмыт бэрээдэгинэн ылар уонна ааһар ордук:
1. «Бэйэни ылыныы» – турукка киирии/сахалыы медитация. «Бу бэйэҥ эккин-сииҥҥин, чараас эйгэҕин, куккун (дууһаҕын) бииргэ холбоон көрөргөр наадалаах. Тохтообокко өрө мөхсө сылдьар өйгүн сынньатаргар туһалаах» — 250 СОЛК.
2. «Хом санааттан босхолонуу» – турукка киирии/сахалыы медитация. «Хом санааны сүгэһэр оҥосто сылдьыбакка, ыраастаныы оҥороргор туһалаах. Аан бастаан төрөппүттэргиттэн саҕалаа. Төрөппүттэрин, атын дьон эн олоххор мэһэйдиир, эйиигин өйдөөбөт буоллахтарына — мантан саҕалаа» — 250 СОЛК.
3. «Хом санааттан уонна өһүргэнииттэн босхолонуу» – көрөн үөрэх/вебинар. «Хайдах хом санааҕа хат ылларан, эмиэ сүгэһэр оҥостубат буоларга үөрэх. Дьоҥҥо өһүргэнэрин олоххор, дьону кытта сыһыаҥҥар мэһэй буолар буоллаҕына — ылан көр» — 500 СОЛК.
4. «Дууһаҥ баастарын эмтиир тыллар» — дууһаҥ бобуутун-хайыытын уһулар “күлүүс” тыллар. — PDF файл. «Хас биирдии ийэҕэ оҕону иитэригэр тирэх билиилэр» Бэйэҕэр хачайдаан ылан этинэн, төрөппүт төлкөлөөбүт хааччахтарыттан босхолонуу. «Дьылҕа диэн айыылартан, төлкө төрөппүттэн». Бу тыллар төлкөҕүн уларытарга, киһи ис көҥүлүн арыйарыгар туһалаахтар. Ис көҥүлүн арыллан холкутуургар, дьиҥ бэйэҥ олоҕун суолун тутуһаргар, дьылҕаҕынан, айыыларын ыйбыт суолларынан олороргор аан арыйыа. «Киэҥ суолу бэйэҕэр, бэйэҥ удьуоргар, оҕолоргор, сиэннэргэр түстүүргэр, кинилэри харыстыыргар туһалаах» — 250 СОЛК.
5. «Бэйэни буруйданыыттан уонна сымыйа кыбыстыыттан босхолонуу» – көрөн үөрэх/вебинар. «Буруйданыы, сымыйа кыбыстыы киһини хааччахтыыр, онтон хайдах босхолонуохха сөбүй? Дууһаҥ сүгэһэрин чэпчэтэр үөрэх» — 500 СОЛК.
6. «Олоҕум күүһэ — бэйэбэр эрэлим» биир ыйдаах уйулҕа үөрэҕэ. «Сааһыланыы, сэниэлээх, бэйэҕэ эрэллээх буолуу. Олоҕун суола ханна сыыһа салайбытын билии, көннөрүү, дириҥ, дьиҥ олох тирэх үөрэҕэ. Бу үлэм чыпчаала» Үөрэх үгүс уруоктартан, дьиэҕэр бэйэҕин кытта үлэлэһэргэр араас дьарыктартан, сорудахтартан, сүбэлэртэн турар. «Үгүс киһи маны ааһан сааһыланна, холкутаата, чэпчээтэ» Икки ыйга дьарыктаныы — 3000 солк.
Букатынныы ылыы — 15 000 солк.
7. »Бэйэбэр эрэллээхпин» — турукка киирии/сахалыы медитация. «Күн аайы бэйэҕэр эрэллээх, ситиһиилээх буоларгар көмө-тирэх медитация» — 250 солк.
8. «Бэйэни таптааһын» — турукка киирии/сахалыы медитация. «Төрөппүттэн кэтэспит, төрөппүт эппэтэх, төрөппүттэн эрэйбит тылларгын бэйэҕэр этиниэн. Киһини сымнатар, сэниэни киллэрэр медитация» — 250 солк.
9. «Мин кимминий, аналым туохханый» — дьарык. «Хас биирдии киһи бу орто дойдуга туох эрэ сыаллаах, талааннаах кэлэр. Ону чопчу булан ыларга дьарык» — 2000 солк.
10. «Үбү-харчыны уйулҕа өттүттэн уйуу туһунан» дьарык. «Байым — талым олох тирэҕэ. Үп-харчы тиһигин быспакка кэлэ турарыгар көмө буолуо» — 2000 солк.
11. «Күннээҕи олоххо бириэмэ аттарыы» — дьарык. «Баҕа санааны сыалга кубулутуу, былааннаныы туһунан. Олоххор элбэҕи ситиһэр киһи буоларгар туһалыа. Олоҕун хас хардыыта ырылыччы аһыллан кэлиэ» — 2000 солк.
12. Киһи кэтэх өйүн иҥэриниилэрин кытта үлэлэһэргэ аналлаах «Мастер кит» сыһыарыыны таба туттарга көмө дьарык. «Киһи өйө — олоҕун 10-30 % эрэ салайар. Кэтэх уонна түгэх өйүн 70-90% дылы сабыдыаллыыр» — 2000 солк.
Олоххуттан астыммат буоллаххына — бу билии-көрүү эйиэхэ анаан.
«Саҥа сылга ситиһиилээх, өлгөм үптээх-харчылаах, чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах, тапталлаах уонна таптатар, дьону кытта истиҥ сыһыаннаах буолуоххун баҕараҕын? — бу билии-көрүү эйиэхэ анаан»
Барытын өссө улахан чэпчэтиилээх биирдэ ылыы — 10000 солк. («ОЛОҔУМ КҮҮҺЭ-БЭЙЭБЭР ЭРЭЛИМ» үөрэхтэн ураты)
Үөрэх бэрээдэгин бэйэҥ кэмҥинэн уонна кыһалҕаҕынан көрөн уларытыаххын сөп.
Ол эрээри, «бастатан туран төрөппүттэргэ хом санааны ыытыыттан саҕалааһын уларыйыыны хас эмэ төгүл түргэтитиэ, туруккун чэпчэтиэ, хайаан да хом санааттан саҕалыыр көдьүүстээх»
Үөрэхтэр барыта судургу саха тылынан. Барытын үтүктэн, сорудахтарын оҥоруон — бэйэҥ олоххун сааһылыан, чэпчиэҥ.
*Мин үөрэхтэрбэр маннык икки бүк улахан чэпчэтии аны суох буолуо.*
БУ САЙТЫНАН КИИРЭН БЭЙЭҔЭР БУКАТЫННЫЫ ЫЛ, ТУҺАН!
+7 (999) 174-67-82