Ийэ олоҥхоһут Көһөҥө Бүөтүр аатынан күрэх биллэрилиннэ
Бу ый 13 күнүгэр, Октябрьскай нэһилиэк үрүҥ тунах ыһыаҕар, Юнеско стипендиата, педагогическай үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, алгысчыт, Ийэ олоҥхоһут П.Е. Решетников — Көһөҥө Бүөтүр төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Күн Оһуохайын оройуттан тутан» диэн күрэх буолаары турар.
Күрэс туhунан Н.Н. Туласынов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Парасковья Филимоновна Татаринова сырдатта:
— Быйыл саас Дьохсоҕоҥҥо Афанасий Попов көҕүлээһининэн оҕолорго улуустааҕы оһуохай күрэһэ буолбута. Манна Чөркөөх оскуолатын оҕолорун Сайыына Гоголеваны уонна Айхал Поисеевы дьарыктааммыт кытыннарбыппыт. Айхал уолаттарга кылаан кыайыылаах буолбута, Сайыынабыт “Түһүлгэлээх оһуохайдьыт” анал ааты сүкпүтэ. Оҕолорбут кыайыыларыттан дьарыктаабыт дьон фольклорга исписэлиис Туйаара Яковлева уонна мин сүрдээҕин үөрбүппүт.
Александр Джурович Данилов салайааччылаах Оһуохай түмсүүтэ бу күрэс тэрээһинигэр улахан күүс-көмө буолбут этэ. Кыайыылаахтарга ботуччу бириистэрин сэргэ хас биирдии кыттааччыны бириэмийэлээбиттэрэ.
Оҕолор барахсаттар үөрэн-көтөн, инникитин өссө оһуохай этэргэ дьарыктанар баҕалаах тарҕаспыттара.
Аны сотору, аҕыйах хонугунан, бэс ыйын 13 күнүгэр Чөркөөхпүт ыһыаҕа буолуохтаах. Манна нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыларыгар оһуохай курэҕин биллэрдибит. Кэлин, сылдьыҥ, ыалдьыттаан!
Онтон өссө эрдэ 2015 сыллаахха олунньу ыйга Тааттаҕа бастакы оһуохай күрэҕэ Чөркөөххө ыытыллыбыт. Ити сыл сайыныгар нэһилиэк ыһыаҕар түмсүүлэр икки ардыларыгар эмиэ оһуохай этээччилэр күрэстэрэ буолбут. Бу тэрээһиннэргэ сүрүн ыытаачынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуохай түмсүүтэ буолбута биллэр. Түмсүүлэр икки ардыларынааҕы күрэскэ “Татыйык” ыччаттар бөлөхтөрө кылаан кыайыылаах буолан 50 000 солкуобайынан наҕараадаламмыттар.
Бу курдук итэҕэлбитин кытта ыкса ситимнээх төрүт үҥкүүбүт сайдыытыгар төһүү күүс буолар Оһуохай түмсүүтэгэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Оһуохай түмсүү тэриллиитин санаатахха…
Дархан этээччи Станислав Иванов: Саха Оһуохайа үүнэ-тэнийэ туруоҕа!
+7 (999) 174-67-82