Site icon SAKHALIFE

Художница преподнесла свой барельеф в дар коррекционной школе

Ко Дню Республики в Республиканской специальной (коррекционной) школе-интернате презентован барельеф «Долина Тумаада» работы художницы Анна САВВИНОЙ. Автор проекта рассказала SakhaLife историю создания. Пусть пример художницы вдохновит как можно больше якутян внести свой вклад в развитие толерантности к особым детям республики.   

 — В Республиканской специальной (коррекционной) школе-интернат со всех уголков Якутии обучаются дети с ограниченными возможностями здоровья по слуху и зрению. Для слепого, слабовидящего ребенка, который познает мир только благодаря тактильным навыкам, барельефное панно раскрывает новые возможности видеть и познать красоту. Поэтому я всегда мечтала поделиться с ними через свое творчество — возможность рассказать историю нашего любимого края. Как говорится, добро творить — себя веселить. В итоге панно стало любимым местом ребятишек, когда с особой гордостью и благодарностью об этом сами рассказали детишки, я чуть не расплакалась. Панно «Долина Туймаада» длиной 8 метров и широтой 1,5 метра представлено на днях. Проект реализован при поддержке народного депутата М.Н. ХРИСТОФОРОВОЙ.

Үтүө санаа – киһини хамсатар күүс. Өрөспүүбүлүкэ күнүн баттаһа, көрөр, истэр уорганнара кэһиллиилээх оҕолор үөрэнэр өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола-интэринээккэ дойдубут историятын кэпсиир “Туймаада Хочото” диэн барельеф ньыматынан тактильнай истиэнэни оҥорон бэлэх ууннум. Бу бырайыагы Саха АССР төрүттээмитэ 100, Дьокуускай куорат 390, “Кыым” хаһыат 100 сыллаах үбүлүөйдэригэр анаан толкуйдаабытым. Бу оскуолаҕа сиэн балтым үөрэнэр. Куруук бу оскуолаҕа ис сүрэхпиттэн тугунан эмэ көмөлөспүт киһи диэн ыраланарым. Сахалар былыр-былыргыттан үтүөнү үксэтэрбитин, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөрбүтүн өрө тутабыт. Бар дьон дьокутаата Мария Христофорова бу бачыымы өйөөн, матырыйаалынан көмөлөспүтэ. Инньэ гынан, 8 м усталаах, 1,5 үрдүктээх паннону оҥорон таһаардым. Харахтарынан мөлтөх оҕолор барельебынан оҥоһуллубут эркинтэн информацияны ордук ылыналлар, тактильнай ылыныылара сайдарыгар көмөлөһөр. Оҕолор барахсаттар махтал тылларын эппиттэригэр кыратык уйадыйан да ыллым. Чахчы, үтүө санаа киһини кынаттыыр. Онон үтүөнү үксэтэ туруҥ!

Exit mobile version